Кэпсээ
Войти Регистрация

Аргыс

Главная / Кэпсээн арааһа / Аргыс

K
edersaas.ru Категорията суох
16.05.2018 20:30
Түөрт уонча сыллааҕыта буолбут түбэлтэни төрүт умнубаппын. Оччоллорго билиҥҥи курдук массыына дэлэччи сүүрбэт. Эгэ, такси диэн кэлиэ дуо. Оройуон кииниттэн нэһилиэккэ тахсарга суолтан аара биир эмэ массыынаҕа түбэһэн олорустаххына махтал. Бу кэпсиир түбэлтэм күһүн буолбута. Балаҕан ыйын саҥата. Оройуон киинигэр олорор дьүөгэбэр дьиэтин муостатын кырааскалыырыгар хоно сытан көмөлөстүм. Сарсыҥҥытыгар, эдэрим да бэрт буоллаҕа, киэһэни киэһэ диэбэккэ, дьиэлииргэ быһаарынным. Дьүөгэм сарсын сырдыкка бараар да диэн көрдө, араас абааһылааҕы, кутталлааҕы аҕала сатыы-сатыы кэпсээн да көрдө эрээри, мин эттим да этириэс. Быһата, туһа тахсыбата. Мин бастаан дэриэбинэ таһыгар, санаабар биир эмэ массыына дуу, матассыыкыллаах киһи дуу алҕас кэлээрэй диэн тохтобулга балачча турдум. Хайдах эрэ хараҥарыахча буолан барда. Дьагдьайдым даҕаны. Бу кэриэтин аргыый бара турбутум буоллар, ыраатыннарбыт буолуох эбиппин эҥин диэн санаалар киирдилэр. Барар да сирим оннук ырааҕа суох. Сатыы балтараа, икки чааһынан сылдьыллар буолуллара. Ыллым да түһүнэн кэбистим. Саатар биир да аргыһым суох. Тулам уу чуумпу. Массыына суолунан ортотунан соҕус хааман иһэбин. Икки өттүм тыа. Аны ый таҕыста. Арай, ол иһэн эмискэ өйдөөн көрбүтүм, тыа кытыытынан аттаах киһи сиэллэрэн иһэр. Мин испэр, хата аргыстанным диэн үөрдүм. Эргийэ-эргийэ көрдүм, көхсүбүн этиттим хайаатым. Аргыһым киһи баран иһэр диэн төрүт да кыһаммат курдук. Дьиктиргээтим эрээри, ыҥыран кэпсэтиэх баҕам баһаам. Онтон хайдах эрэ эмискэ өйдүү биэрэн, тулабын иһиллээтим. Уу чуумпу. Ат туйаҕын да тыаһа иһиллибэт, от-мас да тыаһаабат. Аны чугас соҕус ойоҕолуу тиийэн кэллэ. Онно көрбүтүм, ат төрүүт да сиргэ үктэммэккэ, үөһэнэн айаннатан иһэр эбит. Дьэ, мин сүрэҕим онно адьас хайынна. Кэннибэр хайдах да төттөрү куотар кыаҕым суох. Бөһүөлэктэн ыраатан хаалбыппын. Иннибэр эмиэ хайдах да түргээтиир, куотар кыаҕым суох. Дэриэбинэбэр тиийиэм, быһа холуйан, өссө да чаас курдук баар. Эбиитин атаҕым ыбыс ыарахан. Кыаһыланан хаалбыт курдукпун. Санаабар тэпсэҥнии-тэпсэҥнии тураргы дылыбын. Кыайан эмиэ тохтообоппун. Маннык баран истэхпинэ, мин хааман иһэр суолбун кытары бу «айанньыт» ыллыга сотору быһа охсуһуохтаахтар. Хас сүүстэ бу суолунан сатыы кэлбит-барбыт ахан буоламмын, ону үчүгэйдик билэбин. Төбөбөр ол көтөн түстэ. Дьэ, онно туох буолар диэн букатын ыксаатым, ыгылыйдым. Аны ол суолбут чугаһаан барда. Сэниэтэ суох нукаай курдук буолан бардым. Арай, мин дьолбор, утары икки матассыыкыл уота көһүннэ. Тиэхиньикэ өтөр гыныа дуо, өрө бирилэтэн бу тиийэн кэллилэр. Мин кутталбыттан суолтан туоруур аат суох. Далбаатаан тохтоттум. Тылым да сатаан өҕүллүбэт курдук, сап-салыбыраспын. Ытыахчабын. «Миигин баһаалыста дьиэбэр илдьэн биэриҥ» диэн көрдөстүм. Матассыыкыл уруулун адьас ыыппаппын. Уолаттар бурдук ыскылаатыгар үлэлээн баран дьиэлэригэр хойутаан төннөн иһэллэр эбит. Көлөлөрүн төттөрү эргилиннэрэн, миигин мэҥэстэн, дьиэбэр илдьэн биэртэрэ. Мин уолаттарга тугу көрбүппүн кэпсээбитим. Дьиҥ киһи эбитэ буоллар, аттаах киһини бу уолаттар төһө да күһүҥҥү
хараҥа, ыйдаҥалаах буолтун иннигэр, көрүөхтээх, көрсүөхтээх этилэр. Ханныгын да иһин, атын аата атын эбит этэ. Мария. Уруһуй: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан