Кэпсээ
Войти Регистрация

Маахыс барахсан

Главная / Кэпсээн арааһа / Маахыс барахсан

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
09.01.2020 12:25
(Олоххо буолбуттан) Кинини билэр дьон үксэ «харыйаны таҥнары соспут» курдук киһи дииллэрэ. Ол курдук Маахыс тугу барытын бэйэтэ билэринэн, хайдах саныырынан оҥорор, ким да ыйыытыгар-кэрдиитигэр наадыйбат ураты майгылааҕа. Туохха эрэ санаата сыттаҕына, биитэр сыал-сорук оҥостон туруннаҕына онтун ситиһэн баран биирдэ тэйэр идэлээҕэ. Оҕо сылдьан улахан дьон тугу эмэ соруйдахтарына, собус-соруйан, наар төттөрүтүн оҥороро. Сымара таас курдук халбаҥнаабат өһөс майгытын дьоно куттана, сөҕө, бэркиһии саныыллара. Уолчаан кими батан итинник киһи буолан эрэрин, борбуйун уйдаҕына, уҥуоҕа кытааттаҕына хайдах киһи буолан тахсыаҕын таайа сатыыллара. Ити эрээри кыракый Максимка, өсөһүн аахсыбатахха, сөбүгэр сымнаҕас, эйэҕэс уолчаан буола улааппыта. Максимы кыра эрдэҕинэ оҕо дьиэтиттэн сааһыра барбыт дьиэ кэргэн, бэйэлэрэ оҕоломмот буоланнар, иитэ ылбыттара. Атын киһи оҕото диэбэккэ, төһө кыалларынан атаахтатан, маанылаан улаатыннарбыттара. Уолчаан чачархай баттахтаах, уһун курбуу унуохтаах буола улааппыта, биир саастыылаахтарын күүһүнэн-уоҕунан, сымсатынан-быһыйынан лаппа чорбойор буолбута. Бастаан бииргэ үөрэнэр оҕолоро, кэлин дэриэбинэ дьоно бука бары Максимҥа Маахыс диэн ааты биэрбиттэрэ. Оскуоланы бүтэриэр диэри дьаныһан туран боксанан, чэпчэки атлетиканан дьарыктаммыта, элбэх ситиһиилэрдээҕэ. Онтуката инники олоҕор улахан оруолу оонньообута... Маахыс оскуоланы бүтэрээт бэйэтэ баҕаран туран СГУ физкультураҕа салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэнэ киирээтин кытары преподавателлэр, тренердэр арыгылаабат, табахтаабат, көтүппэккэ дьарыктанар уолу сөбүлээбит-тэрэ. Оччолорго, 90-с сыллар ортолоругар, суут-сокуон соччо улахаҥҥа ууруллубатын кэриэтэ этэ. Ким күүстээх — ол олохтон тугу сөбүлээбитин хара күүһүнэн тоҕо тардан, былдьаан ылар кыахтааҕа. Маахыс хаһан да күүстээҕимсийэн охсуһууну-этиһиини саҕалаабат этэ эрээри, оччотооҕу олох сиэринэн, доҕотторо онно-манна түбэстэхтэринэ көмүскэһэн тэйэрэ. Бэйэтин даҕаны атаҕастыан баҕалаах киһи көһүннэҕинэ, иннин биэрбэтин ааһан, анарааҥҥы өрүтү кытта тото-хана быһаарсан, кырдьыгын булан эрэ баран тэйэрэ. Ол курдук, доҕотторо дьээбэлэнэн «охсуһа барарбытыгар киһибитин кыыһырдан баран иннибитигэр ыытан кэбиһиэхпит» диэн күлэллэрэ. Икки сыл үөрэнэн баран преподаватели кытары тыл-тылга киирсибэккэ «кутуруктаммытын» тренерэ билэн, хос туттарарыгар кэпсэппитэ. Ону биһиги киһибит өһөс майгыта киирэн «ол хайа эрэ социология сыыһын туттараары ааттаспаппын» диэн барбатах этэ. Үөрэнэн бүттэхпит ол... *** Ийэлээх аҕата төһө да куораттан чугас улууска олордоллор, Маахыс дойдутугар тахсыбатаҕа. Куоракка хаалан түбэһиэх үлэҕэ үлэлээн ускул-тэскил сылдьыбыта. Маахыс баай-талым олоххо быһалыы суолу көрдөөн, бэйэтин курдук кыанар, баламат уолаттары кытта куодарыһан уорар-талыыр олоххо үктэммитин бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Ол, бастаан утаа, туох да куһаҕана суох курдук этэ. Араас массыыналар, уу курдук киирэн тахсар харчы, массыыналар, чэпчэки кыргыттар, рестораннар, «разборкалар», «стрелкалар» хотоҕостуу субуллубуттара. Маахыс ол аайы дэриэбинэҕэ улааппыт кэнэн, сэмэй, бүтэй тыа уола буолбатах. Маатыранан сыыйан саҥарар, «понятиены» билэр, харса суох, саатар-кыбыстар диэни билбэт баламат уол бэйэтин доҕотторугар улахан ытыктабылынан туһанара. Эйгэ обордор оборон ылан испитэ. Спордун бырахпыта, арыгылыыр буолбута. Итиригэр төлөпүөнүнэн кэпсэттэххэ, мэлдьи «Скажи мне брат, в чем сила?»
диэн туох ис хоһооннооҕо ситэ биллибэт, хантан эрэ ылбыт ыйытыытынан кэпсэтиибитин түмүктүүрэ. Оннук чэпчэки олох өр барбатаҕа. Холуочук сылдьан массыынаны күрэтэн 5 сылга түбэспитэ. Суутугар ийэлээх аҕатыгар тыл биэрбиттэригэр ийэтэ эрэйдээх хараҕын уутунан сууна-сууна: «этэҥҥэ эргиллэн кэлээр» эрэ диэхтээбитэ. Аҕата биир да тылы саҥарбатаҕа. «Олорор» кэмигэр куораттааҕы табаарыстара буолбакка, оскуолаҕа, университекка бииргэ үөрэммит доҕотторо тиийэн көрсөллөрө, ас таһаллара. Биирдэ Маахыс ийэтэ уолун көрсө кэлэн баран ытаабытын көрөн «Ийээ, аны манна кэлимэ, ньиэрбэҕин харыстаа. Мин син биир мантан тахсыам!» диэн атаарбыт этэ. Сылаас үтүлүк, саарпык баайан, оннук-маннык мал-сал оҥорон ийэлээх аҕатыгар ыытара. Аҕыйах тыллаах сурук сыыһын суруйара. Үксүн наар дьонун ыйыталаһара. Биэс сыл олорон баран дойдутугар тахсан кыстаабыта. Саҥа дьылга куораттан биир оҕолоох кыыһы аҕалан баран «билсиҥ, бу кийииккит Маша, бу сиэҥҥит Айсен. Эрдэ сиэннээххитин эппэккэ сылдьыбытым» диэн дьонун үөрдүбүтэ. Сааһыары куоракка көһөн киирбиттэрэ. Иэс да буоллар дьиэ атыыласпыттара. Уол биир билэр киһититтэн Камаз түүлэһэн ыраах улуустарынан таһаҕас тиэйэрэ. Быһата, үлэлээн-хамсаан дьон кэккэтигэр киирэн барбыта. Олоххо наар сулуллубут уҥуох тиксэ сылдьар дьон баар буолаллар. Ол курдук, оҕо эрдэҕиттэн тулаайах хаалбыт, хаайыыга олоро сылдьыбыт уол эрэйдээх оннук дьылҕата таайбыта. Биир үтүө күн гаражка массыынатын хасыһа сырыттаҕына кэргэнэ эрийэн «быраатым итирик кэлэн айдаара сылдьар, кэлэн уоскут, мин тылбын истибэт» диэн ыҥырда. Ол бырааппыт буолуохсут милииссийэ сержана буолан биэрдэ. Маахыс тиийэн уоскута сатаабытыгар киһитэ өрө баран хаайыылаах күтүөтүн быдьар тылынан үөхсэн, саанан барбыта... Уоннааҕыта суут тылынан эттэххэ, «нанес тяжкие телесные повреждения сотруднику милиции при исполнении служебных исполнений» диэн боротокуол буолар. Ол милииссийэ үлэһитэ эдьиийин дьиэтигэр итирик туруктаах туох эбээһинэһин толоро сылдьыбыта буолла. Ол сыл күһүнүгэр уолбутун промзона территориятыгар хабарҕата хайа сотуллан өлө сытарын булбуттар этэ. Кимиэхэ эрэ өһөс майгытынан киирэн биэрээхтээбитэ дуу, биитэр урукку иэһэ-күүһэ, аньыыта таайбыта эбитэ дуу? Ким да билбэт. Маахыс өлүөн иннинэ бүтэһиктээҕин төлөпүөнүнэн кэпсэтиибитигэр «суобаһым ыраас» диэбитин эрэ өйдөөн хаалбыппын. Алексей Лукин.
kyym.ru сайтан