Кэпсээ
Войти
Регистрация
ТҮҮЛ ТУОЛУУТА (КЭПСЭЭН САЛГЫЫТА)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ТҮҮЛ ТУОЛУУТА (КЭПСЭЭН САЛГЫЫТА)
K
edersaas.ru
Категорията суох
11.05.2018 19:00
«Күн эрдэ, Баһылай эрдэ кэллэҕинэ сырдыгы баттаһа кэлиэхпитин сөп, саарбахтыыр буоллахха киирбэтэх көнө» диэн быһаарыныыны ылынным. Саабын төттөрү ыҥыырбар ииллим, аппын миинэн үүтээним диэки атара сэлиинэн түһэрдим. Үүтээммэр кэлэн, аппын сыбыдахтыы сатаабакка, соннук баайан кэбистим. Оһохпун оттон чэйбин өрдүм уонна, киирэ-тахса, Баһылайбын кэтэстим. Баһылай — хара тыа кырдьаҕаһын» урут хаста да бултаспыт үөрүйэх бөҕөтө киһи, онон кинини кытта бултаһа киирэрбиттэн олох куттаммаппын, санаам бөҕөх. Баһылайым кэтэһиннэрбэхтээн баран кэллэ. Көлөтүттэн түһэн, атын баайарын кэтэһэн, үүтээним иннигэр тэпсэҥнии турдум. Атым ыҥыырдары турарыттан уонна бэйэм сирэйим-хараҕым долгуйбутуттан, туттарым-хаптарым уларыйбытыттан буолуо, Баһылайым сэрэхэдийбиттии, сэрэнэ соҕус ыйытта: — Хайа, саҥа кэллиҥ дуо? Тугу көрдүҥ, биллиҥ? — Ээ, балайда буолла, кырдьаҕаһы буллум. — Туох диигин? — Баһылайым хос ыйытта, хайыһан утары көрдө. — Кырдьаҕаһы, тыатааҕыны буллум… — Ээ-ээ… — тохтоон тугу эрэ толкуйдаата. — Чэ, киирэн чэйдиэх, сиһилии кэпсээр. Чэйдии олорон хайдах булбуппун, хайдах сиргэ сытарын, ыттар билбэтэхтэрин, барытын сиһилии кэпсээтим. — Барбаппыт дуо, сырдыгы былдьаһа? — Баһылайбын тиэтэтэбин, халлаан хараҥаран хаалыа диэн ыксаан олоробун. Баһылайым чочумча саҥата суох толкуйдуу олордо. — Чэ, маннык гыныах, биэрэр буоллаҕына сарсыҥҥа диэри кэтэһиэ. Эн биһи бэлэмнэниэх, сааларбытын сууйуох-сотуох, сүнньүөхтэргин хаһан ииппиккиний? Саҥалар дуо? — Хаһан ииппиппин өйдөөбөппүн, — диибин. — Буоллаҕа ол. Миэнэ да сорҕото эргэ буолуохтаах. Саҥаттан ииттиэх. Сарсыарда халлаан сырдаабытын кэннэ барыахпыт, — диэтэ. Аттарбытын аһаталаан баран, бэлэмнэнэр түбүккэ түстүбүт. Баһылай хатыҥ быһан кэллэ, «тоҥустуу бүө» оҥоруом диэтэ. Хайдах оҥорорун көрө таарыйа тутуһан-хабыһан көмөлөстүм. Маспыт киһи харытын курдук дуу, арыый сонос дуу модьулаах, тутум курдук уһуннаах мутугу быһан маһыгар хаалларбыт, онтугар миэтирэ кэриҥэ уһуннаах маһы иҥиннэрэн туора баайдыбыт, мутуктан аллараа өттүн киһи тута сылдьарыгар табыгастаах буоларын курдук сарбыйдыбыт, мутуктан үөһээ өттүн арҕах дириҥэ бачча буолуо диэн быһа холоон быстыбыт, бүөбүт бэлэм буолла. Илдьэн, сыарҕа үөһэ ууран кэбистим. Бүө сүрүн анала эһэ арҕах иһиттэн эмискэ, сулбу ойон тахсарын бытаардыахтаах, инньэ гынан бултуургар тоҕоостоох түгэни оҥорон биэриэхтээх. Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн сааларбытын ыраастаатыбыт. Баһылай кус буоллун, куобах буоллун, атын да булка сөбүлээн илдьэ сылдьар биир айах уон иккилээх, иһинэн сомуоктаах саалаах. Быйылгы ботуруоннар доробууналарын сүөкээн сүнньүөхтэрбитин онно көһөртөөтүбүт, саабыт-сэппит барыта бэлэм буолла. Аны таҥаспытын тугу кэтиэхтээхпитин, хайдах буолуохтааҕын быһаарыстыбыт. Ханнык ыттары илдьэ барары дьүүллэһии буолла. Баһылай Сындыыһа урут үүһү, бэдэри, бултаһан хорсунун көрдөрөн турар, онон барсара сөп диэн буолла. Итиэннэ элбэх ыт мэһэйдэһиилээх буолуо диэн мин ыттарбыттан биирин илдьиэххэ дэстибит. Сүбэлэһии кэнниттэн, үөрэтэ таарыйа диэн, эдэр ыты Бэргэни илдьэргэ быһаардыбыт. Бэлэмнэнии бүттэ. Сарсыҥҥы күнү долгуйа кэтэһэ утуйдубут. Сарсыарда сөпкө туран, налыччы чэйдээтибит. Антах тиийэн, ким тугу гыныахтааҕын хос быһаарыстыбыт. Баһылай
атын сыарҕаҕа көлүйдэ, мин ыҥыырдаатым. Арҕааттан күүстээх соҕус тыаллаах ыраас күн буолла. Ыттарбытын сыарҕа кэннигэр кылгас гына баайталаатыбыт, антах тиийэн «урутуу» сылдьыбаттарын курдук. Уонна дьэ хоҥуннубут. Бултуур сирбитигэр тиийэрбитигэр тыалбыт сүрдээҕин күүһүрдэ. Онтубут биһиэхэ туһалаах буолла. «Кырдьаҕаспыт» сытар сирин кэтэх өттүттэн кэллибит. Аны тыалбыт күүһэ сүрдээх. Инньэ гынан, тыаспытын истибэккэ, сыппытын ылбакка сытар буолуохтаах. Бэҕэһээ мин тохтоон табахтаабыт сирим чугаһыгар кэлэн тохтоотубут. Аттарбытын баайталаатыбыт, таҥаспытын көҕүрэтиннибит, сааларбытын ылан иитиннибит. Мин батарантааспар ботуруоннарбын умса эргитэн угуталаатым, ньылбы тардан ыларга дөбөҥ буоларын курдук, сүнньүөхтэн атын ботуруон суох. Баһылай ботуруоннарын хаҕыдаҕын тас сиэбигэр хааланна, ыларыгар табыгастаах, түргэн буолуохтаах. Оргууй, сибигинэйэ соҕус кэпсэтэбит. Бүө маспытын мин ылан сүктүм, хаҥас илиибэр саабын туттум. — Чэ, барыах! — диэтим. — Сөп, барытын ыллыбыт дии. Ыттары ыытыам. Тугу гынарбытын кэтээн, босхо баралларын кэтэһэн кутуруктарын куймаҥната турар ыттарын төлүтэ тардыталаата. Барбалаан иһэн ыттарбыт, сыт ыллылар быһыылаах, туох баар кыахтарынан түһүнэн кэбистилэр. Биһиги эмиэ кэннилэриттэн тилэх уобустубут. Киһини тутуһуннарыахтара дуо, обургулар тиийэ охсон айдаан бөҕөтүн түһэрдилэр. Чугаһаан кэлбиппит, ыттарбыт арҕах иһин өҥөс гыналлар, онтон чугурус гыналлар, уордара-кылыннара сүрдээх. Үрэллэрэ модьураабыт, адьас хапсыһарга бэлэм сылдьаллар. Мин арҕахха утары киирдим, ыттарым быыстарынан бүөбүн иһирдьэ астым, бүөм анараа төбөтө кытаанахха иҥиннэ, туорай маһа кыранан арҕах айаҕар тиийбэтэ. Ити кэмҥэ Баһылай, арҕах уҥа чанчыгар кэлэн, саатынан арҕах айаҕын кыҥаан турда. — Бүөҕүн ас! Бүөҕүн ас! — миэхэ хаһыытыыр. Мин сол да, арҕах иннигэр чохчойон олорон, маспын симэ сатыыбын, ыттар хаххалыыр буолан, арҕах иһэ көстүбэт. Баһылай ыттар быыстарынан хаста да ытта, ботуруоннарын тарбахтарын ыыраахтарыгар кыбыта сылдьар буолан, уларытан ииттэ охсоро түргэнэ бэрт. Кыылбыт киҥэ-наара холлон ырдьыгыныыр дуу, көөҕүнүүр дуу саҥата сүрдээх, бүөм тургуллаабыт, толугуруу сылдьар, анньа сатыыр туһата суох буолла. — Мантан ордук киирбэт! — киһибэр хаһыытыыбын. — Уҥуоргу өттүгэр бар! — Баһылай чынарыс гынан сиэбин хастар, тарбаҕар кыбытан турбут ботуруоннара бүппүт быһыылаах. Мин, чохчойон олорбут сирбиттэн ойон туран, арҕах хаҥас чанчыгар тиийэн, кыылбыт быгарын кэтэһэн турдум. — Ытан ис! Ытан ис! — Баһылай саҥата иһиллэр. Ытыахпын баҕарабын да, ытар курдук тахсыбат, түргэн үлүгэрдик төбөтө былтас гынаат, төттөрү түһэр. Хаста да инньэ гынна, онтон, доҕоор, «Бу баарбын!» диэбиттии, агдатыгар диэри биирдэ күөрэс гына түстэ. Бэлэм турбут буолан, кэтэҕин көрөөт, элбэрээкпин төлө тартым, ону кытта даҕаспытынан аттыбар кэлбит ытым, Бэргэн, эһэҕэ моонньугар ыстанна. Кыылыгар тииһинэн хатанан иһэн, ыйылыы түһээт төттөрү ойдо, эһэбит айаҕын атан, аһыылара килэйэн, мин диэки хайыста, ол кэмҥэ уҥуоргу өттүттэн Сындыыс сыыһа-халты хабан түһүөлээтэ, кыыл аны ол диэки хайыста. — Ыты сиэтэ-э! — диэн хаһыытаат, бу сырыыга саам уоһун кулгааҕын төрдүн диэки
чугаһата анньаат, иккис уоспун төлө тартым, кыылбыт налыс гынан сууллан түстэ уонна кэннинэн арҕаҕын иһин диэки сыыллан киирдэ. Баһылай кэлэн: — Ытабын дуо? — диэтэ, саатынан арҕах иһин туһулаата. — Ыт, — диэтим, сэрэххэ. Баһылай ыппытын кэннэ уу чуумпу буолла. Тыалбыт кытта намыраабыт, ыраас сылаас баҕайы күн буолла. Баһылайбынаан утары көрсөн мичээрдээн мүчүҥнэстибит. Сындыыс, арҕах иһигэр киирэн, эһэ кулгааҕын ырдьыгыныы-ырдьыгыныы тардыалаһар, Бэргэн тэйиччиттэн көрөн олорор. Эдэр киһи, мин, арҕахха умсан киирэн, эһэбит аһыыларыгар туора мас ытыттаран, онно быаны томторуктуу иҥиннэрэн таҕыстым. Ол кэннэ соһон таһаардыбыт. Эһэкээммитигэр махтанан, сиэрин-туомун билэрбитинэн ситэрэн кыылбытын астаатыбыт. Бэргэн аҥаар аһыытын үлтү уонна уҥа омурдун тэһэ ыттарбыт этэ, хата, улаханнык таарыйтарбатаҕыттан үөрбүппүт. Эһэ хабаҕар баар иигинэн бааһын сууйан биэрбиппит, аҕыйах хонугунан үмүрүччү оһон хаалбыта. Тугу сыыспыппытын кэнники ырытан көрбүппүт. Бастакытынан, бүө маспытын арҕахха киирэр өттүн уһун гыммыппыт тургуллуу сылдьыбыт. Иккиһинэн, итинник бүө аһаҕас арҕахха сөбө суох эбит, толору айаҕын бүөлэммит арҕахха эрэ туһалаах эбит. Түүлбүн дьоммут кэлбиттэригэр да кэпсээбэтэҕим. Кэнники дьиэбитигэр киирэн баран, кынныбар кэпсээбиппин: — Антах кэпсиэхтээх этиҥ, оччоҕо кэрэхсэбиллээх буолуо этэ, — диэн суолта биэрбэтэҕэ. Сыллар ааспыттара. Баһылай бу сиртэн барбыта. Били түүлбүн, дьэ санаан, саҥалыы тойоннообутум. Сиргэ-уокка сырыттахха, Эһэкээн киһи түүлүгэр дьахтар буолан көстөр дииллэр, ким түһээн, «дьахтары кытта чугаһаспыт» Эһэкээнтэн маанылатар — бултуйар дииллэр уонна оннук да буолааччы. Оччотугар Эһэкээн миэхэ дьахтар буолан көстүбүт, онтон «бүтэһик сирэйэ» диэбитэ Баһылай улахан булка бүтэһик сырыыта уонна «кырдьаҕаспыт» киниэхэ анаммыт буоларыгар сөп. Ол да курдук буолбута, онтон кэнники Баһылай улахан булка түбэспэтэҕэ. Бу кэпсээммин аҕа саастаах доҕорум Василий Петрович Сергеев-Дыбдыр Баһылай сырдык кэриэһигэр анаан уонна кинини билэр дьон санаан-ахтан аастыннар диэн суруйдум. Дмитрий ПОНОМАРЕВ Хаартыска: интэриниэттэн * * * Кэпсээн «Кут уйбат алҕаһы» кинигэттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан