Кэпсээ
Войти Регистрация

ТҮҮЛ ТУОЛУУТА (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / ТҮҮЛ ТУОЛУУТА (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
10.05.2018 19:00
Ыраах тыаҕа сылдьыспытым хаһыс да сыла. Чопчулаан эттэххэ, ыраах тыаҕа булка сылдьыспытым хаһыс да күһүнэ. Алтынньы ортотугар тахсабыт. Тиийэр сирбит ыраах, ыҥыыр атынан ортотугар хонон тиийэбит. Бүлүү өрүскэ түһэр, Сунтаар уонна Ньурба быыһа буола сытар Ботомоойу үрэх салаата Өрт Үрэх диэн ааттаах от үрэх. Күөлүн үрдүгэр, бэс чагда быыһыгар турар кыракый үүтээннээхпит. Бу сүрүн олобурбут. Мантан үөһэ эбии икки сиргэ түһүүлэнэбит. Хас буолан тахсарбытыттан көрөн тарҕаһан сытабыт. Ол күһүн биэс буолан тахсыбыппыт. Икки киһи манна Өрт Үрэххэ хаалар, уоннааҕылар үөһэ ааһар буоллулар. Хаалааччыларынан мин уонна аҕам курдук саастаах кырдьаҕаспыт Дыбдыр Баһылай буоллубут. Үчүгэй саалаах дьон, ол аата харабыыннаахтар, үөһэ барар буоллулар, тоҕо диэтэххэ, антах киэҥ толооннордоох сиргэ кыыл табаҕа түбэһиэххэ сөп. Доруоп саалаах дьон, Баһылай биһикки, манна туох тосхойорунан бултуохтаахпыт. Ити эрээри, сүрүн сорукпут түүлээх, ол эбэтэр тииҥ уонна айылҕа маанылааҕа — киис. «Киһи бэйэтин бэрдинэн бултаабат, ыт үчүгэйэ билэр!» — кынным Август Куонаанабыс тоҕоостоох кэмнэргэ сөбүлээн туттар тыла. Манна даҕатан эттэххэ, кини биригээдэбит салайааччыта, бу сиргэ Баһылайдыын эдэр эрдэхтэриттэн бултаабыттар. Чэ, бээ, ыттарбытыгар төннүөххэ, мин икки ыттаахпын — Байанай диэн кынным тыһы ыта уонна ол ыт оҕото, бастакы төрүөҕүттэн ылыллыбыт биирин туолан эрэр Бэргэн диэн эдэр ыт. Баһылай биир ыттаах, онтуката уһун түүлээх, уһун систээх, туох удьуордааҕа чопчу биллибэт, Сындыыс диэн ааттаах, налыччы сымнаҕас майгылаах. Сонор хаара түһэн, тииҥ ситэн, сүрүн булпут буола сылдьар. Биирдэ эмит киис суоллаатаҕына ону сырсабыт, куобахтаах сири талан сылдьар буолан, суолун буккуйан ылларбакка эрэйдиир. Атын булт суола-ииһэ биллибэт, онно-манна биирдиилээн улар баара ыраахтан көтөр, «мастыы» илик буолан чугаһаппаттар. Киэһэ аайы «Дьоммут тугу бултаабыттара буолла?» диэн таайа сатыыбыт. Кыыл таба хамсыыр кэмэ буолла, онон түбэстэхтэринэ бултуйуохтарын сөп. Бултуйан кэлэллэрэ буоллар, чоҥку, таба быара сиэ этибит, бэйэтэ туспа малааһын курдук буолааччы. Тииҥтэн атын булт суох буолан, күнтэн күн бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар курдуктар. Тииҥ быйыл аҕыйах, дьиҥэ да манна — үрэх баһыгар, дойду сиргэ курдук хойуу буолбат. Баһылай кэпсииринэн, урут сүрдээх хойуу буолара үһү. — Үс сүүстэн тахсалыы тииҥи бултаан киирээччибит, күҥҥэ биирдии бэйэбит муҥутаан отуччалыы тииҥи аҕалааччыбыт. Балаакканан көһө сылдьабыт, күннээҕи булпутун, түүннэри таҥастаан, балааккабыт иһигэр толору ыйаан хатарабыт, тииҥ быта хоонньубутугар киирэн кыһытан эрэйдээччи, һэ-һэ-һэ… — Баһылай кэпсээнин быыһыгар былыргыны санаан күлэн мүчүҥнүүр. — Таба суола пиэрмэ сүөһүтүн суолун курдук хойуу буолааччы. Ыттар күрэтээччилэр, бурҕас гынан хаалаллар, ыкка тохтооботтор, бөрө дииллэр быһыылаах, онон бултаһа сатаабаппыт. Бу кэнники бултаһар буоллубут, билигин саалар да үчүгэйдэр, бултуур ньыматын да биллибит, — Баһылай уһун киэһэлэргэ уруккутун кэпсээн сэргэхситэр. Киэһэ аайы тииҥмитин аахсабыт, кыракый куоталаһыы, «соц-күрэхтэһии», ыытабыт. Баһылайым адьас тутуһуннарбат, өрүү
кэриэтэ чорбойор. Биирдэ эмит инники түстэхпинэ: — Хайа, бүгүн үчүгэйдэппиккин дуу? — диэн, дьээбэлээх харахтарынан көрөн, сирэйэ сырдаан миигиннээҕэр ордук үөрэр-көтөр. Баһылай тииҥи ыта да суох бултуур кыахтаах, тииҥ хайа диэки барбытын, ханна сылдьар буолуохтааҕын эндэппэккэ билэр, ыта иччитэ маска саһан олорор тииҥи буларын эрэ түргэтэтэн көмөлөһөр курдук. Баһылай бу сиргэ бастаан, эдэр уол эрдэҕинэ, холкуос табатын көрсөн табаһыттаабыт, инньэ гынан, тиэргэнин иһин курдук билэр. Оччолорго Дыбдыр диэн эбии ааттаабыттар, курбуу курдук көнө уҥуохтаах уол чэпчэки-чэпчэкитик хааман дыбдыгыратарын иһин. Баһылай ити аатыттан өһүргэммэт. Уонна үөлээннээхтэрэ эрэ биирдэ эмит ити аатынан ыҥыраллар. Атыттар бары аатынан ыҥыраллар, арай кэпсэтиигэ ханнык Баһылайын быһаарсыыга Дыбдыра кыттыһар. Баһылай билигин даҕаны көбүс-көнө уҥуохтаах, ис-хоой сыстыбатах, чэпчэкитик үктэнэн хаамар, түргэн туттуулаах, туохха даҕаны көрөн олорбот, кыанар-хотунар, мээнэ киһи тэҥҥэ сылдьыспат киһитэ. Майгыта диэн мааны, хаһан да кыыһырар диэни билбэт, налыччы саҥалаах, үөрэ-көтө дьээбэлэһэ сылдьарын сөбүлүүр. Үйэлээх сааһыгар сылгыһыттаан кэллэ, биэнсийэҕэ тахсан баран, сайынын көлө звенотугар оттоһор, кыһынын булчутунан сылдьар. Биир сарсыарда, тураары сытан, түүл түһээн түҥкэлийдим. Арай кулууп таһыгар таһаҕас массыынатыгар ытта сылдьабын. Массыына үөһээтигэр кэккэлэччи ыскамыайкалардаах. Киһи элбэх, бары оннуларын булан олорбуттар. Мин кэнники ыскаамыйаҕа оннубун булан олордум. Сопхуос киинигэр отчуот туттара баран иһэбин. Хоҥноору гынан эрдэхпитинэ суол уҥуор турар маҕаһыынтан мааны таҥастаах, аҕамсыйбыт эрээри, кэрэ сэбэрэлээх дьахтар тахсан далбаатаата: «Тохтооҥ! Тохтооҥ! Күүтүҥ!» — илиитигэр кумааҕы тута сылдьар, түргэн-түргэнник үктээн, суолу туораан кэллэ уонна били кумааҕытын миэхэ уунна. «Мэ, бу Баһылай дьыалатын бүтэһик сирэйэ, хайаан да тиэрдээр», — дии-дии, туттарда. Ол кумааҕыны ылан көрбүтүм: икки тобус-толору суруллубут тэтэрээт лиистэрэ эбиттэр… Туох суруллубутун аахпакка хааллым, уһуктан кэллим. Түннүгү көрбүтүм: халлаан сырдаабыт, үүтээммит иһэ сып-сылаас. Баһылай турбута ырааппыт, оһоҕун оттон, чаанньыгын ууран, аттарыгар барбыт быһыылаах. «Туох дьээбэ түүлүн түһээтим, «бүтэһик сирэйэ» буола-буола…» түүлбүн дьиктиргии санаатым. Түүлү улаханнык итэҕэйбэппин, арай бу маннык сиргэ сылдьан ким тугу түһээбитин сарсыарда аайы чэйдии олорон кэпсэтэн, онтубутун тойонноон санаабытын бөҕөргөтүнэбит эбэтэр дьээбэлээх соҕустук тойонноон бэйэ-бэйэбитин хаадьылаһабыт, ити түгэҥҥэ киинэни кэпсэтэр курдук аралдьыйабыт, онон сиргэ сырыттахха түүл суолтата баһаам буолан тахсар. Бу сырыыга, соччо сөбө суох дии санаан, түүлбүн Баһылайбар кэпсээбэтим. Бүгүн үрэхпитин кытта сэргэстэһэ сытар Айалаах үрэҕин эҥээрдээн сылдьар соруктанан аппын миинэн, ыттарбын иннибэр уктан, үүтээммиттэн таҕыстым. Тиийиэхтээх сирбэр тиийэн, үүтээним диэки төттөрү хайыстым, икки үрэҕи араарар үрдүк арҕаһынан, улахан мастаах бэс чагда быыһынан аргыый хаамтаран иһэбин. Ыксаабаппын, күн эрдэ, тулалыыр айылҕа кэрэтиттэн, күн уота сылааһыттан санаам көнньүөрэн ыллаан киҥинэйэбин. Барбалыы түһэн баран, бэйэм үрэҕим диэки халыйан киирдим. Бөдөҥ мастар быыстарынан баран истэхпинэ иннибэр бэрдьигэс үүммүт налыы, хотоол сир көһүннэ. Улахан мастары батыһа
сатаабакка курдары тахсарга сананным, бэрдьигэстэрэ кыралар, аһары хойуута суох. Ыттарым булт суола-ииһэ суох буолан, аһара тэйбэккэ, иннибэр көстөр курдук сылдьаллар, бэрдьигэстээх сири үөһэ диэки өттүнэн курдары ааһа турдулар. Мин эмиэ ыттарым кэннилэриттэн хаамтаран киирдим, ат үрдүттэн ыраахха диэри көстөр. Хаамтарбалаан иһэн, уҥа диэки хайыспытым, тэйиччи хаара суох кумах кытара сытара көһүннэ. «Бай! Туох буора баҕайыный? Баран көрүөххэ!» диэн санааланан аппын салайа туттум. Сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ кэлээппин кытта атым туора халыйда уонна хаамыытын түргэтэттэ, мин харахпар аһаҕас арҕах аҥас гына түстэ, иһигэр туох эрэ мүлтүрүҥнээтэ. «Эһэ быһыылаах!» диэн санаа кылам гынна, ону кытта харахтар арҕах борук-сорук сырдыгар кылапачыс гыннылар. Ханнык эрэ кэмҥэ утары көрсөн ыллыбыт эрээри, ол харахтарга туох санаа дуу, туох дуу баарын кыайан өйдөөбөккө хааллым. Атым сэлии былаастаах, киэҥ-киэҥник атыллаан, бэрдьигэстэрдээх сирбитин туоруу охсон, улахан мастардаах сиргэ таҕыстыбыт. Аппыттан түһэн, сонос бэскэ эрийэ тардан баайдым. Ыҥыырбар быатыттан ыйана сылдьар икки айах саабын ыллым, батарантааспын эргитэ тардан, аҥаар эҥээригэр хаһан иитиллибиттэрэ биллибэт аҕыйах сүнньүөх сылдьарын көрдүм. Атым чугаһаан кэлээт, кырдьаҕас баарын билбит буоллаҕына, ыттарым адьас билбэтилэр, туох да кыһалҕата суох аттыбар кэлэн сытынан кээстилэр, улахан саабынан туттарбын көрбөтөх буолан, саабын ылбыппар төрүкү кыһаллыбатылар. Табах ылан уматынным. «Киириэххэ дуу, суох дуу?..» толкуй бөҕөҕө түстүм, урут дьон бултаабытын хостоһон, астаһан турабын эрээри, бэйэм бултаспатах да, бултаабатах да кыылым, онон саарбахтыы саныы олордум, хайдах бултууру дьон кэпсээниттэн эрэ билэбин. Дмитрий ПОНОМАРЕВ Хаартыскалар, ойуулар: интэриниэттэн * * * Кэпсээн «Кут уйбат алҕаһы» кинигэттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыланар.
edersaas.ru сайтан