Кэпсээ
Войти Регистрация

Хара күлүк эккирэппитэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Хара күлүк эккирэппитэ

K
16.12.2022 14:28
   В.Васильев, Чурапчы улуу­һа:    – Биһиги, от кэбиһээччилэр звенолара, ыраах үрэх баһыгар сытар алааска от кэбиһэн бүтэрэрбит чугаһаан сылдьабыт. Кэбиһиилээх от бөҕө турда, ону көрөргө үчү­гэйэ сүрдээх. Алааспыт ортотугар күөллээх. Онно кустар кэлэ-кэлэ түһэллэр. Киэ­һээҥҥи күөһү буларбытыгар соҕотох саалаахпыт. Онтукабыт даҕаны иитиитэ аҕы­йах. Ол иһин кэмчилээн, былдьа­сыһан сылдьабыт. Биирдэ мин соҕотоҕун кустуу барар дьолго тигистим. Сып-сап хомунан бараары турдахпына, уолаттарым: «Сэрэнээр эрэ, хараҥаҕа былдьатаайаҕын, олус ыраатыма», – диэн кэннибиттэн күлсэ хааллылар.        Ол курдук чугастааҕы күөл­лэри кэрийэн икки чыркымайы өлөрдүм. Онтон көппүт кустар наар илин диэки бараллар. Мин ол сылдьан күнү, халлааны кэтээн көрөбүн. Киэһэрэн эрэр курдук. Ону ол диэбэккэ, улахан кустарга түбэһээйэбин диэн, салгыы түһүнэн кэбистим. «Кулун атах» киһилиэм дуо, ыраах баҕайы алааска кэлэн өҥөс гына түстүм. Арай көрбүтүм, алаас ортотугар күөллээх эбит. Кытыыта бүтүннүү үрдүк оттоох, үөмээйилээх дойду буолан биэрдэ. Ортотугар кус бөҕө олорор, саҥа-иҥэ толору, араастаан кулугураһаллар, мээтиргииллэр. Мин оччо бэйэлээҕи көрөн, кыһанан-мүһэнэн үөмэн кэриэтэ күөлү эргийэ бардым.    Арай биир аһаҕас сиринэн көрбүтүм, доҕоор, барахсаттарым бу олороллор эбит ээ... Эҥин араас кыра, улахан кустар төттөрү-таары устан аалыҥнаһаллар. Мин уһуну-киэҥи өйдүү барбакка, ортолоро буолаарай диэн, ытан саайдым. Дьэ, эбээт, доҕоор, саам тыаһа, эчикийэ, улаханын, эҥсэн түһэн ыраахха диэри дуораһыйда. Арай им сырдыгар көрдөхпүнэ, икки улахан, икки кыра кус тэбиэлэнэ аҕай сыталлар эбит. Мин ону көрөн, сүрдээҕин үөрдүм. «Дьэ, хайдах ылабын?» диэн толкуйга түстүм. Атахпын уста биэрэн, кэһэн көрдүм эрээри, дириҥ баҕайы эбит. Киһи эрэ буолларбын ыксаатым, көрдөхпүнэ, аны халлааным хараҥарбыт.    Оо, дьэ, дьиҥнээх ыксаа­һын диэн манна буолла, мэктиэтигэр, оҕо курдук ытыы сыстым. Суолум төрдүн нэһиилэ булан, оттон-мастан иҥнэ-иҥнэ, илиим иминэн диэххэ дуу, бокуойа суох дьиэм диэки дьөгдьөрүйдүм. Били, мааҕын начаас кэлбитим курдук буолуо дуо, эчи, тыата халыҥын, хараҥатын, киһи кутун-сүрүн баттыыр. Мүччү-хаччы тэбинэн, оттуур алааспар чугаһаан эрдэхпинэ, алаас илин баһыгар киһи уҥуохтаах тумул барыс гына түстэ.    Ону эргийэ көтөн истэхпинэ, утары халдьаайы быарынан туох эрэ таҥнары сүүрэн түһэн иһэрэ харахпар көһүннэ. Ол хап-хара эмиэ да уһуур, эмиэ да төп-төгүрүк буолан ылар. Тумул аннынан үс мас бүтэй эргийэ барара, утары иһэр буолан, хаайтаран хаалан, бүтэй аннынан иһирдьэ түстүм уонна ходуһанан уҥуор отуубун көрбүтүнэн, муҥ кыраайбынан сүүрэн ыһыллаҥнаатым. Кутталбыттан иэним биир кэм кэдэҥнэс, этим сааһа аһыллан, кулгаахпар тыал тыаһа биир кэм сип-сирилэс. «Дьэ, бүттүм» дии санаат, ыксааммын, кэннибин хайыһан көрбүтүм, доҕоор, муҥур тиит саҕа күлүк бу ситиэхчэ буолбут. Онтон эмискэ ханна да барбыппын билбэккэ хааллым. Ол киэһэ дьиэбэр кэлэн дьоммун утуппатахпын, «бу кэллэ да, бу кэллэ!» дии-дии, ааны ыйар үһүбүн. Кэлин санаатахпына, атыыр эккирэттэҕэ буолуо диибин да, чугаһынан сылгы үөрэ суох этэ эбээт.   Сибиэни батыһыннарбыта      – Биһиги урукку көһүүгэ баран эстибит холкуос учаастагар сүөһүгэ үлэлии диэн көстүбүт. Хас да ыал буолан, пиэрмэ хотонун таһыгар дьиэҕэ кыстаан олоробут. Мин эдьиийим, ийэм, Бааска диэн уол ийэтэ Маарыйа эмээхсинниин дьукаах олордубут. Өктөөп бырааһынньыгын өрөбүлүгэр биһиги Бааскалыын иккиэн оскуолабытыттан каникулга диэн ааттаан, дьоммутугар кэлэн олорорбут.      Иккис киэһэбитигэр хойут баҕайы арай Бааскабыт ханна эрэ сылдьан баран, киирэн кэллэ. Дэлби тириппит, аҕылаабыт аҕай. Нэһиилэ сыгынньахтанаат, оронугар сытынан кэбиһээхтээтэ. Ийэтэ Маарыйа эмээхсин эрэйдээх ас бэлэмнээбитин «ийээ, аһаабаппын, өлөр буоллум бы­һыылаах, абааһы эккирэтэн кэллэ» диэн нэһиилэ са­ҥараахтаата. Биһиги ону истэн, соһуйуу-өмүрүү, айманыы бөҕөтө буоллубут. Онтон арыый намырыйа быһыытый­дыбыт.    Эмээхсиммит баттаҕа ыһыллан хаалбытын хомунан, онтун бобо баайан олордо. Уоскуйаары, табах уматтаран табахтаата. Онтон тохтуу түһэн баран, ийэм, эдьиийим буолан, эмээхсиннэрин хонноҕун анныттан өйөөн наадаларыгар таһырдьа таҕыстылар. Ааны аһан тахсан иһэн эмээхсин: «Ээ, сирэҕиис бу кэлэн турар!» – диэн часкыйбытынан, эмискэ налыс гынан хаалла. Дьонум, ону истээт, сарылаһыы бөҕөтө буоллулар.    Биһиги Бааскалыын иккиэн ыстанан тахсан, эмээхсини сулбу тардан, дьиэҕэ соһон киллэрдибит. Онно хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, тэл­гэ­һэбитигэр муҥур тиит саҕа күлүк субу барыйан турар эбит. Мин, уруккуттан да сүрэх баастаах киһи, ону көрөөт, кутталбыттан эппэт кэлэҕэй буолан хааллым.    Ол түүн дьиэ иһигэр баар дьон харахпытын симпэтибит. Ааммытын ыга хатанан, ыалдьа сытар киһибит таһыгар эмээхсиммитин хам кууһан, чөмөхтөһөн олорон, халлааммыт сырдыырын кэтэстибит. Ол кэнниттэн уолбут Бааска үс хонон баран, өлөн хаалаахтаабыта. Маарыйа эмээхсин эрэйдээх соҕотох уолун аһыйан, ытаан-соҥоон, эрэй бөҕөнү көрөн, хата, сааһын моҥообута. «Хаһан өлөн сынньанабын», – дии сылдьан күн сириттэн бараахтаабыта.   Эмээхсин кэлэн илдьэ барбыта      – Бу түбэлтэ бөһүөлэктэн чугас алааска бурдук астааһыныгар буолбута. Малатыылкабыт туга эрэ табыллыбакка, үлэ тахсыбакка, сотору-сотору тохтоон, көлө тардар баалын хаһарбыт. Арай биир сарсыарда (ыал үксэ көрбүт этэ) бөһүөлэк таһынан ааһар айан суолунан маҥан былааттаах биир дьахтар тиэтэйэ-саарайа илин диэки, биһиги үлэлиир алааспытыгар, баран эрэр эбит. Ону көрөн, биһиги эбэбит эмээхсин: «Хайыы, хас да сыллааҕыта өлбүт Дьуона эмээхсинэ баран эрэр дии? Оо, дьэ, туох эрэ буолар буолла», – диэмэхтээтэ. Мэктиэтигэр, мэнэрийэн бара сыста, ону саба түһэн нэһиилэ уоскуттубут.    Ол күн үлэлии сырыттахпытына (били баалбытын ол Дьуона оҕонньор көрөр, хасыһар эбит), оҕонньорбут ортотугар киирэн төҥкөйө сытан, илиитин уган эрэрэ да, эмискэ өй мэйдээх тулуйбат хаһыыта-ыһыыта буолла. Көлөлөрбүтүн нэһиилэ тохтотон баран көр­бүппүт, оҕонньорбут илиитин эрийтэрбит, ону оруу тардан ыларын кытта, доҕоор, хаан-сиин бөҕө өрө ыһылла түстэ. Көрбүппүт, уҥа илиитин бүтүннүү илдьи эрийтэрэн кэбиспит. Ону көрөн, ытаһыы-соҥоһуу бөҕө, үлэ кыайан тахсыбата. Онон бары аа-дьуо хомунан дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Дьуона оҕонньор эрэйдээх ол кыһыны быһа эрэй бөҕөтүн көрөн өлөөх­төөбүтэ.   Иччилээх холорук        Н.Николаев, Бүлүү улуу­һа:    – Бүлүү улууһугар былыр аата ааттаммат улуу ойуун олорбут. Оччотооҕуга ол алаас хара маһынан уулааҕа үһү. Ол ойуун күөлүгэр тыылана сылдьан ууга түспүт. «Соруйан миигин ыллыҥ, онон кэнэҕэс оҥойо уолаар», – диэн ууга түһэн сытан кыраабыт. Ол кэнниттэн бу күөл уолан, көлүйэ-көлүйэ буолан бысталанан, оттонор ходуһа бэрдэ буолан тахсыбыт. Билигин Алаас диэн ааттанар. Ити ходуһаны сабаары, отучча сыллааҕыта саас бэс ыйыгар уонча буолан бүтэй оҥоро бардыбыт. Халлааммыт ханан да былыта суох, ыраас чаҕылхай күн буолбут. Сарсыардааҥҥыбытын аһаары, сорох уу баһа, сорох мас булар түбүгэр түстүбүт. Суол ортотугар ходуһаҕа чэй өрүннүбүт.    Ол курдук тыа олоҕун-дьа­һаҕын туһунан кэпсэтэ турдахпытына, арай этиҥ эттэ. Биһиги ону истээт: «Тыый, бачча үчүгэй күҥҥэ туох эти­ҥэ эттэҕэй, халлааҥҥа биир да былыт суох ээ», – дэ­һии буоллубут. Арай, ол туран иһит­­тэх­питинэ, ханна эрэ дү­ҥүр тыаһыыр, тимир тимиргэ, ньаалбаан ньаалбааҥҥа охсуллар, ат үүнүн тыаһыгар маарынныыр тыас-уус бөҕөтө буола түстэ. Син өр соҕус оннук тыаһаан баран тохтоото.    Арай арҕаа диэки көрбүп­пүт, ойуур саҕатынан, өтөх кэнниттэн алдьархайдаах улахан холорук өрө ытыллан та­ҕыста. Биһиги ыксаатыбыт, уоппутун холорук кэлэн ыһыа диэн өйдөнөн, арыылаах лэппиэскэбитин уокка кээстибит. Хата, биһиги дьолбутугар, холорукпут атын сиринэн эбэ диэки киирэн бара турда. Дьэ, арааһа, турбут сиригэр киэһэ ити холорукпут төттөрү кэлэрэ буолуо дэспиппит да, ол күн туох да биллибэтэҕэ.    Кырдьык, улахан күүстээх ойууннар тыаһыы-ууһуу сыталлар үһү диэн, дьон кэп­сэ­тэрин истээччибин. Ол, баҕар, ойуун хомуһунун дьайыыта буолуон сөп эбит уонна ол тыаһы онно баар дьон бары истибиппит, көрбүппүт, онон итэҕэйиэххэ эмиэ сөп курдук диэн, билигин кэлэн саныыбын.   Суруллубукка олоҕуран балаһаны бэлэмнээтэ Саргылаана БАГЫНАНОВА.
kyym.ru сайтан