Кэпсээ
Войти Регистрация

Оҕону быыһаабыт (дьиҥнээх олохтон)

Главная / Кэпсээн арааһа / Оҕону быыһаабыт (дьиҥнээх олохтон)

K
edersaas.ru Категорията суох
09.05.2018 18:44
Саас. Өлүөнэ өрүс халаанын уута этэҥҥэ ааста. Кыыллаах Арыы олохтоохторо өрө тыыннылар. Кинилэри хас саас ахсын итинник ыксатар. Арыыны тула өттүн муус билиэн хам ылан сытыарар. Онтон ханна даҕаны харбатаҕына көмүөл мууһун үтэйэн, халааннаан өрө сүгэн салгыы тус хоту утаарар. edersaas.ru Кыыллаахха 1969 сыллаахха улахан уу кэлбитэ. Дьону Даппарайга эвакуациялыыр түмүгэр бөртөлүөт саахала буолбута. Ол саахалга сүүрбэттэн тахса киһи суорума суолламмыта. Ити да кэнниттэн Кыыллаах Арыыны сааскы уу ыксата сылдьыбыта элбэх. Депутаттар туруорсан, олохтоохтору уу ылбат үрдүк сиригэр Даппарайга көһөртөөрү үлэ саҕаланан эрэр. Көһүү бастакы саҕалааһынын олохтоохтор көрдөһүүлэринэн депутат Елизавета Сидорова туруорсубута. Ону өрөспүүбүлүкэ салалтата өйөөн олоххо киллэрэн, «Анаабыр алмаастара” тэрилтэ дириэктэрэ Матвей Евсеев үлэһиттэрэ ылсан, саҥа дьиэлэри тутан дьэндэтэ сылдьаллар. Онон саҥа дьиэлэр, оскуола тутуллан дьон сыыйа өрүс уҥа кытылыгар, үрдүк сиргэ көһүөхтээхтэр. Өлүөнэ эбэ эстэн, көмүөлүн хайалыы өрө сүгэн харан турбутун төлө мөҥөн, устан дьигиһийэ сытар. Бүгүн мууһа чачараан кытыыларынан хойуутук устар. Роман кустаан кэллэ. Дьиэтигэр чэй иһэн баран уу баһаары тэлиэгэҕэ атын көлүннэ. Дьиҥэр, уолаттара, бырааттара ууну баһааччылар. Бу сырыыга тугу эрэ биттэммиттии, тэһэ астаран бэйэтэ көлүнэн уу баһа киирдэ. Өрүс халаанын уутун өлөҥҥө киллэрэ сылдьан баран уута уолан, төттөрү устан чырылыы сытар. Кытылга муустар анньыллыбыттар. Ол да буоллар арыы биэрэгэр ууну хаатын толору киллэрэн сытар. Роман атын кытылга кэннинэн астаран уу баһа турда. Киниттэн сүүсчэкэ миэтэрэ тэйиччи биир кыыс оҕо кытылга оонньуу сылдьар этэ. Эмискэ ол оҕо сарылыыра иһилиннэ. Муустаах ууга түһэн булумахтанна. Роман биэдэрэтин элээрдээт, оҕону өрүһүйээри кыл тыынынан сүүрдэ. Хаһан сүүрэн тиийиэр диэри түөртээх-биэстээх кыысчаан муустаах ууга бара турда. Роман үгүһү толкуйдуу барбакка ууга ыстанна. Хара сыыры уу суурайбыт буолан тургуйбат, атаҕа сири булбат. Харбаан киирэн муус анныгар баран эрэр оҕону саҕатыттан харбаан ылла. Ол мучумааныгар биир көһөҥө муус кэлэн төбөтүгэр кэтилиннэ. Хараҕа ирим-дьирим бардар, кытылы былдьаста. Нэһиилэ тахсан оҕону көтөхпүтүнэн чугастааҕы ыал диэки уу чаккыраабытынан сүүрэр-хаамар быластаах дьулуруйда. Дьиэҕэ киллэрээт, аны бэйэтин дьиэтигэр бараары төттөрү ыстанна. Тоҥумаары сүүрүүнэн сэгэйэр. Ата сиргэмсэх бэйэтэ, хата, барбакка турар эбит. Билигин, кини муустаах ууттан быыһаабыт кыысчаана улаатан, номнуо тохсус кылааска үөрэнэр. Төлөһүйэн улаатан тахсыбыт. Роман кинини көрдөҕүнэ ааспыт иэдээннээх түбэлтэни санаан ылар. Роман кэлин сабаҕалыырынан, кыракый кыысчаан кытылга мас хатырыгын сыыһын сүүрүк аҕалан мунньубутун, үктээри эмпэрэҕэ түспүт буолуон сөп. Көрдөххө, кытаанах сир курдук эрээри, үктээтэххэ күөгэҥнэс этэ. «Арай, кини уу баһа киирбэтэх буоллун. Эбэтэр аҕыйах сөкүүндэ хойутаабыт… кэбиис, эчи арах…». Роман итинник санааны киэр үтэйэ сатыыр. Хараҕар төп-төгүрүк харахтар муус аннынан баран эрэллэрэ көстөр, Саныахха дьулаан этэ. Оҕо олоҕун өрүһүйбүтэ кэлин бэйэтигэр үтүөнэн эргийиэн бүк сэрэйэр. edersaas.ru
саайтка анаан Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.
edersaas.ru сайтан