Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хоту дойду дьахтарын абылаҥа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хоту дойду дьахтарын абылаҥа
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
16.12.2022 14:25
«Хоту сир дьахтарыгар киһи наһаа ылларымтыа, кинилэр «дойду», ол эбэтэр үөс Саха сирин дьахталларынааҕар итии-буһуу хааннаахтар, ордук имэҥнээхтэр-төлөннөөхтөр» диэн кэпсииллэрин элбэхтик истэбит. Ол чахчы, ону мин итэҕэйэбин. Хоту дойду тыйыс усулуобуйата, уларыйымтыа күнэ-дьыла, элбэх былаҕайа, көс олох түһүүтэ-тахсыыта олохтоохтор эттэригэр-хааннарыгар оннук дьайбыт буолуон сөп. Үүт-тураан алааска олорор, барбат-кэлбэт бытаан саха дьахтарын физиологията арыый атын буолан эрдэҕэ. Мин эмиэ хаһан эрэ урут устудьуоннуу сылдьан хоту дойду кырасаабыссатыгар ыллара сылдьыбыттааҕым. Хоту дойду дьахтарын хоонньугар киирдиҥ да ооҕуй ситимигэр ылларбыт бырдах курдук буолаҕын, онтон сатаан тахсыбаккын диэччилэр да, оччолорго эдэр сылдьан миэхэ оннук кыах бэриллибэтэҕэ. Өскөтүн хоонньоспуппут буоллар, баҕар, олоҕум атын суолунан салаллыбыт буолуон сөп этэ. Киһи дьылҕата-ыйааҕа үөһээ халлааҥҥа суруллан турар дииллэр. Чэ, быһата, Дьылҕа хаан оннук айбыт. Мин Валялыын биир соҕурууҥҥу куоракка үөрэммиппит. Кини онно баар саха устудьуон кыргыттарын ортотугар биир саамай кырасыабайдара, тупсаҕай быһыылаахтара-таһаалаахтара этэ. Ону таһынан, наар күлэ-үөрэ сылдьар аламаҕай майгылааҕа. Ити эмиэ бэйэтин туһугар ураты көстүү. Кырасыабай кыргыттар эр дьон болҕомтотунан туһаналларын билэн, үксүгэр улахамсык, араас киэптээх буолар үгэстээхтэр. Оччотооҕу Валя чоҕулуччу көрбүт киэҥ арылхай хараҕын, икки гына өрүммүт уһун суһуоҕун, толору түөһүн, атаахтаабыт курдук мичээрдии сылдьар мөссүөнүн билигин да умнубаппын. Оччотооҕу сэбиэскэй кэмҥэ эдэр уол кыыһы кытта дьон көрөрүгэр сиэттиһэн хаамара да улахан дьыала, сибигинэһии-хобугунаһыы төрүөтэ буолара. Ол иһин Валяны үөрэхпин бүтэрэн барыахпар диэри уоран көрөр, сороҕор, субуоталарга саха устудьуоннара түмсэн бырааһынньыктаабыппыт кэннэ аттыгар чугаһаан имигэс биилин, джинсы бүрүүкэ курдат биллэр тупсаҕай самыытын, уурбут-туппут курдук атахтарын манньыйа-дуоһуйа одуулаһар буоларым. Үөрэхпитин иккиэн биир сыл бүтэрбиппит, мин т/х-тын факультетын, кини ханнык эрэ техникуму бүтэрбитэ (умнан кэбиспиппин). Кини мин сыһыаммын билэр-көрөр курдуга. Кэпсэттэхпинэ үөрэ-көтө кэпсэтэрэ. Бэл, биирдэ-иккитэ мүччү туттаран, бырааһынньык кэнниттэн көрдөһөн уопсайым хоһугар ыалдьыттатан турардаахпын. Эппитим курдук, ханнык да «ыкса чугасаһыы», хоонньоһуу суоҕа эрээри, таҥас бүтэй тутуһуу-хабыһыы, сыллаһыы-уураһыы дэлэй этэ. Ону билигин үтүө түүл курдук саныыбын. Ол курдук ороҥҥо таҥастаах сытан эйэргэһэн баран, «дьон көрүө» диэн кыбыстан уопсайым көрүдүөрүгэр көстүбэккэ, хоһум ааныгар эрэ диэри атаарарым. Үөрэхпин бүтэрэн баран үөрэммит уобаласпар үлэлии хаалбытым. Нуучча дойдутугар. Валям дойдулаабыта. Чопчу хайдах арахсыбыппытын өйдөөбөппүн эрээри, оннук түптээн-таптаан, таптаһар дуу,чугас сыһыаннаах дуу дьон курдук атаарсыы суох быһыылааҕа. Саатар, аадырыһын да ылбатаҕым. Соҕуруу үлэлии сылдьан суруйа сатаабытым да, суругум тиийбитэ буолуо диэн илии баттаабаппын. Куһаҕантан киһи да күлэр диэбиккэ дылы, аатын, аҕатын аатын эрэ билэбин, араспаанньатын төрүкү да билээхтээбэт эбит этим. Онон үһү-таамах курдук аадырыһынан барбыт сурук тиийбитэ да саарбах. Биир да саха суох сиригэр олорон тэһийбэккэ, муунтуйан-соҕотохсуйан, тапталбын билинэн эҥин суруйарым да... Ол сурукпун, баҕар, ханнык эрэ почта үлэһитэ ааҕа-ааҕа быарын тыыттыбыта буолуо. Биир да сурук төннүбэтэҕэ, хоруй да кэлбэтэҕэ. * * * 90-с сыллар бүтүүлэригэр билэр уолаттарым кучуйан, хоту дойдуга андылыы-хаастыы диэн ааттаан барса сылдьыбыттааҕым. Бэрт баҕайытык кустаан-хаастаан баран Дьокуускайга төннөөрү гыммыппыт, пуорпут сабыылаах буолан эрэйдээтэ. Хоту дойдуга элбэхтик сылдьар дьон оннугу бэркэ билэр буолуохтаахтар. Пуортара субу-субу сабыллар. Мин биир күн киһи кута-сүрэ тохтообот пуордугар олоро сатаан баран, тыыным-быарым ыгыллан, тэһийбэккэ, «саатар маҕаһыынтан уу, ас-үөл атыылаһан кэлиэм» диэн 2-3 килэмиэтирдээх улуус киинигэр бардым. Маҕаһыыҥҥа киирбитим – киһи син элбэх. Уочаракка турунан кэбистим. Санаабар, куорат киһитэ буолан култуурам, мааным сүрдээх. Төһө да бултуур таҥаспынан сылдьыбытым иһин, онтум бэрт сэнэх көстүүлээх финскэй куурка этэ. Маҕаһыыҥҥа турар дьон «бу эмиэ киммит тиийэн кэллэ?» диэбиттии эргийэ-эргийэ көрөллөр. Уочаратым чугаһаан истэҕин аайы, күлэ-сала атыылыы турар аламаҕай баҕайы атыыһыт дьахтары билиэхчэ билбэтим. Чахчы, ханна эрэ көрбүт курдукпун. Бу турдахпына төбөбөр эмискэ чаҕылҕанныы саайда: Валя турар эбит буолбаат! Ол эрээри, эмиэ да саарбахтыыр санаа кыламныыр. Хаста да ыйытаары дугдуҥнаан баран тохтоотум. Аны атын киһиттэн ыйытан табыгаһа суох балаһыанньаҕа киириллиэ. Уочаратым тиийэн кэлбитигэр дьахтарым туох да саарбаҕа суох, судургутук: «Эн ..... буолбатаххын дуо?» – диэн ыйытта. Сөҕүөм иһин, аҕам аатын кытта өйдүүр эбит. Син билэн, көрөн турар эбит. – Хайа-а, эн Валяҕын буолбат дуо?! Кэпсэтэн бардыбыт. Дьокуускайдаары хаайтаран сылдьарбын, сөмөлүөппүт субу көтөн кэлэрин кэпсээтим. Дьэ, булан-булан көрсүбүппүт. Бу иннинэ хас да күнү быһа хаайтаран, тугу да гынара суох баспын батара сатыы сылдьыбытым ээ. Валям: «Бачча кэлэн баран миэхэ сылдьыбакка, ыалдьыттаабакка бараары гынаҕын дуо? Мин сотору симиэнэм бүтэр, ол кэннэ миэхэ барыахпыт. Сарсын эмиэ сөмөлүөт кэлэр. Пуортары билэбин, кэпсэтиһэн ыытыаҕым», – диэн күүһүнэн кэриэтэ хаалларда. Хас да күн хаайтаран кэһэйбит киһи испэр «ол сөмөлүөттэрэ кэлэр эрэ кэлбэт...» диэн дьиксинэ саныы-саныы хаалар буоллум. Пуорка баран дьоммор «сарсын барар буоллум» диэн хас да куул таһаҕаспын төттөрү тиэйэн түҥкүнэтэн аҕаллым. Маҕаһыыҥҥа кэлбитим, Валям үлэтэ бүтэн миигин маҕаһыын таһынааҕы мас ыскамыайкаҕа кэтэһэн олорор. Онно сыныйан көрбүтүм: Валям киһи хараҕар биллэр гына сааһырбыт, модьураабыт. Ол да буоллар, өссө да сэнэх. Киһим икки хостоох, туох да ааттаах дьиэлээх эбит. Иккитэ кэргэн тахса сылдьыбыт да – сатамматах. Эрдэрэ сөбүлээн иһэр дьаллыктаах дьон буолан биэрбиттэр. Кэнники эриттэн кыыстааҕын, дьиэтиттэн чугас олорор төрөппүттэригэр таһааран биэрдэ. Киэһэ хаас үргээн мииннэннибит, маҕаһыынтан биэс сулустаах ханньаах аҕалбытын истибит. Ол кэннэ, дьыбааҥҥа орон оҥостон сыттыбыт... Сарсыныгар 12 чааска сөмөлүөт кэлэригэр бэрт эрэйинэн туран, сууммута-тарааммыта буолаат пуорка бардыбыт. Эппитин курдук, Валям пуорт үлэһиттэрин барыларын билэр эбит. Пуорт үлэһиттэрин хоһугар киирэн-тахсан, кэпсэппитин-ипсэппитин түмүгэр, туох да регистрацията-таймата суох сөмөлүөккэ бастакынан киирэн лөглөччү олорунан кэбистим. Икки куул куспун-хааспын, биир куул балыкпын ыйаабатылар даҕаны. Ол, дьэ, умнуллубат, имэҥнээх-дьалыҥнаах түүн этэ. Билэр дьон «хоту дойду дьахтара тэллэҕэ маҕыньыыттаах буолар» дииллэрэ чахчытын онно итэҕэйбитим. Бачча сааспар диэри оччо-бачча саха-нуучча дьахталларын кытта утуйдум ини, утуйбатым ини. Ол былаһын тухары Валям курдук дьахтары ханна да көрбөтөҕүм. Бу дьоллоох түүнүм өйбөр-санаабар хаһан да суураллыбаттыы олорон хаалбыта. Арай, абара саныыбын, бастаан хаастыы тиийээт да кини онно баарын билбитим буоллар, ханнык эрэ үрэх бастарын кэрийбэккэ тута онно сытан бултуом хааллаҕа. Улуус киинин да тула кус-хаас эймэҥнэс дойдута этэ. Билигин саас баран иһэр. Доруобуйа да чаһы курдук буолбатах. Ол сырыы кэнниттэн, сааспын баттаһа, ити үтүө дойдуга өссө өр буола, хоно-өрүү ыалдьыттыы, сынньана барыахпын баҕарабын. Кырата биир нэдиэлэ курдук. Билигин балаһыанньа хайдаҕын билбэппин эрээри, тоҕо эрэ, «онно миигин күүтэр, ахтар-саныыр киһилээхпин» диэн бүтэйдии эрэнэ саныыбын. Үөрэммит куораппыт, хотугу улуус аатын ааттаабатым, доҕорум аатын уларыттым. С.К., Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан