Кэпсээ
Войти Регистрация

Бүдүрүйбүт көнөр эбит...

Главная / Кэпсээн арааһа / Бүдүрүйбүт көнөр эбит...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
16.12.2022 14:23
   Сахабыт сиригэр баар холуонньаларга, ону таһынан силиэстийэлиир изоляторга төһөлөөх элбэх бэйэбит ыччаппыт сытара буолуой?! Хаайыыга саастарын үтүө үгэнигэр сылдьар уолаттар – кырыы-кырыыларынан. Кинилэр истэригэр балыырга да сытааччы, алҕаска да түбэспит толору буолуохтаах. Онон бу холуонньаларга оту-маһы тардыалаан көрөр, саамай үлэлиир-хамсыыр саастарыгар сылдьар дьоммут эдэр саастарын туох да күн көдьүүһэ суох бараан, үрдүк олбуорунан төгүрүтүллүбүт, хатыылаах боробулуоханан хатыйыллыбыт, саалаах харабыллар манабылларыгар сыттахтара...        Ол туһунан санаатаххына, са­нааҥ муунтуйар, көхсүҥ кыарыыр. Хаһааҥҥыта эрэ кинилэр эмиэ төрөппүттэрэ эрэй­дээхтэргэ күүтүүлээх күн­дү киһи буолан, Орто дойду олоҕор оройдорунан кэлэн түс­тэхтэрэ эбээт.    Оттон хаайыыттан тахсыбыт ити дьоммут ускул-тэскил сылдьан, хаттаан буруйу оҥо­рон түбэһиилэрэ, сэллик ыарыытыгар хаптаран, көҥүл­гэ сылдьан дьону-сэргэни су­туйаллара, үлэ булбаттара, аны туран, үлэлиэхтэрин да баҕарбаттара мэлдьи баар. Онон уопсастыба дьуоҕа­ран, сытыйарын-ымыйарын бу араҥа түргэтэтэрин өйдүөх кэ­риҥнээхпит. Хомойуох иһин, манна ким да кы­һам­мат, бол­ҕойбот да курдук. Би­лиҥҥи салалта, былаас был­дьаһыы­тын ухханыгар, маныаха даарым да наадыйбат. Бэйэ-бэйэлэрин «тиниктэһэртэн», байартан ордон, итини үүн­нүүр-тэһиин­ниир, боччуйар со­руктара суох да быһыылаах.   Кини олоҕо киинэ каадырын курдук...      «Эн урут иһэн-аһаан, буруйу оҥорон хаайыыга олоро сылдьыбыт, билигин көнөн, чөл олоҕу тутуһар, атыттарга холобур буолар киһи туһунан суруйуоҥ этэ буоллаҕа. Билигин бу саамай сүрүн кыһалҕа буолар ээ. Хаайыыттан тахсыбыт киһини ханна «сээн» диэбиттэрэ баарай?!» – диэн суотабайбар билбэт нүөмэрим тахсан, көрдөһөр аҥаардаах төлөпүөннээтэ. Дуоспуруннаах тыллаах-өстөөх киһи сибээскэ тахсан көрдөспүтүн быһа гыммакка суруйарга сөбүлэстим.    Кэпсиэхтээх киһим биир усулуобуйаны туруорда. Ол кур­дук, олоҕун миэхэ төлөпүө­нүнэн эрэ кэпсиэхтээх. Атыннык эттэххэ, «анонимнай» кэпсэтии буолуохтаах диэтэ. Хайыахпыный, кыһалҕалаах киһи бэйэтинэн тылламмытын кэннэ сөбүлэстэҕим дии. «Мин олорон кэлбит олохпун ыччаттарым хатылаабатыннар, «ол дойдуга» киирбит киһи түөрэ барыта отуора алдьанан тахсыбат. Олоҕун суола ханнык хайысханан барара киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах», – диэтэ.    Онон утары сирэй көрсөн кэпсэппэккэ, куйаар ситимин нөҥүө кэпсэттибит. Куо­лаһыттан сабаҕалаатахха, саа­һырбыт киһи быһыылаах. Чаас курдук кэпсэтиибитигэр олоҕун суолун очура-чочура, үөрүүтэ-хомолтото харахпар киинэ каадырын курдук элэҥнээн ааста. Кини кэпсиирин «төбөм көмпүүтэригэр» тиһэн иһэбин.   Санаам ситимин сурукка тистэрбиэн...      – Сатаан суруйарым буоллар «Бүдүрүйбүт да көнөр» диэн санаам ситимин сурукка тиһиэм этэ. Ону сатаан суруксуттаабатым оҕото сыттаҕа. Ол иһин бу тиэмэҕэ эйигин үчүгэйдик ылсан суруйар диэбиттэрин иһин, эрэнэн, итэҕэйэн тураммын олорбут олохпун кэпсииргэ сананным. Ханнык улуустан, нэһилиэктэн сылдьарбын эппэппин. Оннук кыахтаах киһи буолбатахпын, орто сиэринэн сылдьабын. Билигин арыгыны утары үлэлэһэбин. Урукку да, билиҥҥи да олоххо киһи киһи буоларыгар улаханнык ким да кыһаммат. Сорох акаарылар урукку сырыыларбын билигин да ахталлар. Ол да буоллар өйөөч­чүлэр эмиэ бааллар. Оо, ол кэмнэргэ хаайыы хаамыратыгар сытан төһөлөөх кырбам­мытым, сынньыллыбытым, ата­ҕастам­мытым буолуой?!.. Түөрт ис­тиэнэҕэ хаайыллан олорон, санаам муунтуйан, та­ҥаһым илийиэр диэри хараҕым уутунан төһөлөөх сууммутум, ытаабытым-соҥообутум буолуой?! Төрөппүттэрбин наһаа да эрэйдээбитим», – диэн кэп­сээнин саҕалыыр.   Оҕо сааһым ыарахан этэ      – Мин билигин сааһырбыт киһибин. Бииргэ төрөөбүт хаспыт даҕаны. Ийэлээх аҕабыт тыа сирин боростуой дьоно, үйэлэрин тухары холкуос, сопхуос үлэтигэр үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө, оҕолорбут туһа диэн үлэлээбиттэрэ. Оҕо сылдьан кыһалҕалаахтык иитиллибитим. Кыаммат-түгэм­мэт диэни оччолортон билбитим. Оччотооҕу оҕолор ас-таҥас тиийбэт кыһалҕатын билэн улааттахпыт дии. Ол саҕана олоҕуҥ оҥкула да оннук этэ. Онон оҕо сааһым тии­йиммэт-түгэммэт кэмҥэ кыһалҕалаахтык ааспыта. Ону манна кэпсии барбаппын.    Онон да буолуо, оскуоланы бүтэрээт, тыа сирин хара үлэтигэр умса анньыллыбытым. Ол саҕаттан бэрээдэгим мөлтөҕө, мин аҕай дэнэн, сутурукпар сокуоннаах олох киэҥ аартыгар үктэммитим. Эдэр уола хаан киһи арыгы истим да, наар боруок көрдөөн тахсарым. Илиим кыһыйан эбитэ дуу, сөбүлээбэт киһибин була сатаан атаҕастыырым-түүрэйдиирим. Аһыы утахха ылларан, инникини-кэнникини быһаарбат да курдук буолуталаабытым, быһата, киэбирэрбин эрэ билэрим. Дьиэбэр кэлэн, төрөппүттэрим эрэйдээхтэри харчы көрдөөн, биир муннукка ыгарым.    Тыа сирин киһитэ туох үлэлээх буолуомуй. Муор-туор үлэҕэ тэйбэҥниирим, онтон борогууллаан ууратылларым. Төрөппүттэрим төһө эмэ кыанар эрдэхтэринэ охсуһууга кыттыһаммын, киһини улаханнык кырбаан эрэһээҥки нөҥүө киирэн тахсыбытым. Дьонум олохпор табыллыбатахпын кө­рөн, наһаа да мунчаараллара. Саҥата суох ааттаһардыы көрбүт харахтара билигин да бу көстөн кэлэргэ дылы. Акаарым оччо буолаахтыа, ону өйдүүр кэлиэ дуо?    Барахсаттарым кырдьар саастарыгар ытык иэспин кыайан төлөөбөтөҕүм. Мин туспуттан санаалара тууйуллан, ыарыһах буолан, бу Орто дойду олоҕуттан эрдэ барбыттара. Билиҥҥи мин сааспар. Оо, аны кэлэн кэмсиммитим иһин хайыамый... (салгын ситимин нөҥүө сыҥсыйан ылара иһиллэр, быыһыгар «старое ворошить не хочу» дэтэлээн ылар). Арай бииртэн санаабын алы гынан уоскутунабын. Ол төһө да оннук сырыттарбын, син киһи сиэринэн ыал буолан, оҕо төрөтөн, төрөппүттэрим сиэн сытын билэн барбыттарыттан. Бастакы кэргэммиттэн оҕолорбун кинилэр көрөн-харайан абыраабыттара.   Оҕолорум тустарыгар олоробун      Кэнники кэргэммин алҕас ылбыт буоламмын, эрэйдээх олоҕу олорон кэллим. Аны кэлэн хайыам баарай... Оҕолорбут, сиэннэрбит тустарыгар олорор буоллаҕым дии. Кэргэммин алҕас ылыым диэн, ол кэмнэргэ бастакы ойоҕум атын киһиэхэ иирэн барбытын кэннэ, арыгыга күүскэ ылларан аһыы-сии сылдьыбытым. Дьону кытта охсуһан, сотору-сотору хаайыыга киирэрим. Онон хаайыыттан да орпот этим. Быыһыгар дьон кырбаан, арыгылаан муор-туор, ыт да үрбэт киһитэ буола сылдьыбыт кэмнэрдээҕим.    Эдэр сылдьан киһи туохха-туохха түбэспэтэҕэ баарай... Оҕо эрдэхпиттэн итэ­ҕэс санана улааппыт буоламмын, билиҥҥэ диэри ол «комплексым» баар. Төһө да саас ырааттар, билигин да сэнэнэ саныыбын. Оҕо сылдьан иҥэриммит майгыҥ киһиэхэ ол курдук иҥэн хаалар эбит. Аны билигин куруук тиийиммэт-түгэммэт буолуу кэллэ. Дьэ, олус эрэйдээх. Күн аайы харчы тиийбэтин кыһалҕата туох аанньа буолуой?! Бастакы кэргэммиттэн уонна бу билиҥҥи ойохпуттан хас да оҕолоохпун. Онон оҕолорбунан, сиэннэрбинэн баай киһибин эрээри, үп-харчы тиийбэтиттэн санаам түһэр.    Бастакы кэргэним киһиэхэ иирэн барбытыгар төһөлөөх санаам түспүтэ, эр киһи быһыытынан бэйэбин сэнэммитим буолуой?! Төһө да ааспытын иһин, оччолорго олус ыарахан этэ. Бастакы ойохпуттан оҕолорбун бэйэм ииппитим. Ол дьахтар билигин куоракка олорор. Ол киһитиниин сыл курдук олорон баран арахсыбыттара. Миэхэ төннөн кэлэ сатаабытын, кэлэйбитим бэрт буолан, төрүт чугаһаппатаҕым. Бу дойдуга киһилии олоххо төннүү олус ыарахан, ону ким да өйдөөбөт, өйөөбөт. Онтун сэтигэр урукку ойоҕум баччааҥҥа диэри соҕотоҕун олорор. Оҕолорум ийэлэрин кытта билсэ тураллар. Төһөтүн да иһин, төрөппүт ийэлэрэ буоллаҕа. Онон чугастык билсэллэригэр мэһэйдэспэтэҕим.    Оннук булкулла сылдьан, иккистээн ойох ылбытым. Онон бэйэбэр чугас дии санаабыт дьахтарбын кытта бииргэ олорон, этэҥҥэ хас да оҕолонон, баччааҥҥа диэри олоробут. Аны сиэннэр тустарыгар олоробут.   «Саатар, эн киһи буол» диэхтииллэр      Ол кэмнэргэ аһара арыгылаан барбыппар, чугас дьонум Дьокуускай куоракка баар «Красная Якутияҕа» күүс­тэринэн илдьэн эмтэппиттэрин түмүгэр олохпун айгы­раппыт абааһы аһыттан букатыннаахтык тэйбитим 30-тан тахса сыл буолла. Манна арыгыбын эмтэтэн, табахпын быраҕан, олох атын киһи бу дьиэттэн тахсан барбытым. Онтон көнөн, «оҕолорум үөрэхтээх дьон буоллуннар» диэн, сыал-сорук туруорунан баччаҕа диэри этэҥҥэ кэллим. Ол сыалбын ситистим.    Оҕолорум бары үрдүк үөрэҕи баһылаан, этэҥҥэ ыал буолан, бэйэлэрэ ийэ-аҕа буолан олороллор. Онон мин дьоллоох киһибин. Кэннибиттэн хаалар ыччаттарым ааппын ааттатыахтара. Онон бэйэбинэн этэбин: бүдүрүйбүт да көнөр диэммин. Киһи буолбуппар хаайыылаах табаарыстарым муҥнаахтар үөрэллэр. «Саатар, эн киһи буол» диэхтииллэр. Арыгы куһаҕан дьайыылааҕын эппинэн-хааммынан билбит буоламмын, билигин арыгыны утары күүскэ охсуһабын. Амырыын ас киһиэхэ куһаҕан дьайыытын, чөл олох туһунан кэпсиибин.   Хаайыылаах барыта куһаҕан буолбатах ээ      Соторутааҕыта биир хаайыылаах уолу киһи гынным, суоппар идэтигэр үөрэнэ сылдьар. Онтон сэмээр үөрэбин, «этэҥҥэ сырыттар ханнык» диэн таҥараттан көрдө­һөбүн. Бу сотору ыал буолаары сылдьар, кырачаан киһини кэтэһэллэр. Хаайыылаах барыта куһаҕан буолбатах ээ. Көнө суолга үктэнии бэйэ­ҕиттэн тутулуктаах да, олус ыарахан. Сороххо ол табыллар, сороххо – суох.    Кырдьар сааспар ис буота­раҕым барыта аалан ыалдьар буолла, эрэйи көрдүм. Бу ыарыыны барытын ол эдэр саас уохтаах ухханыгар арыгылаан, хаайыллан, кырбанан ылбытым түмүгэ буоларын билэбин. Кэмсиммитим иһин ха­йыа­мый, буолбут буоллаҕа эрэ диирбэр тиийэбин... Хас да сыллааҕыта баралыыстаан, суор­ҕан-тэллэх киһитэ буолан ылбытым. Чугас дьонум барахсаттар үтүө көмөлөрүнэн билигин атахпар туран этэҥҥэбин. Аһара ноҕуруускаланнахпына, ыарыым тииһигэ иккистээн киириэх курдук куттаталаан ылар. Билэбин, иккистээн бу ыарыым киирдэ да киһи буолбаппын. Ол киирдэ да – бүтүүтэ.    Эйиэхэ хайдах эрэ арыллан кэпсээтим, ону баалаама дуу. Тоҕо диэтэххэ, миэхэ билигин хас биир күнүм былдьаһык... баҕар, эппэккэ хаалыам диэн куттал баар.   Саргылаана БАГЫНАНОВА.
kyym.ru сайтан