Кэпсээ
Войти
Регистрация
Плагиатордары уодьуганныахха!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Плагиатордары уодьуганныахха!
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
13.12.2022 16:22
Сыалбай күөл дьулаан кистэлэҥэ (Фельетон) Дьон кыбыстан да ылбакка, суобастара да оонньообокко, атын дьон арыйыытын, айымньытын уоран бэйэлэрин киэнин курдук көрдөрөллөрө ордук бу көҥүл интэриниэт үйэтигэр үүнэ-тэһиинэ суох барбытын истэбит. Былыргыттан билиҥҥэ диэри аатырбыт плагиатордар ортолоругар Мартин Лютер Кингы, Усама Бен Ладены, Джо Байдены, Барак Обаманы, Александр Волковы (“Волшебник изумрудного города”), Алексей Толстойу (Буратино), “ЭПЛ”, “Алибаба” (текстары уоруу) о.д.а. ааттыыллар. Бэл, аатырар режиссер Джеймс Кэмерон биһиги, сахалар, олоҥхобутун уоран “Аватар” киинэтин айбыт үһү. Итиччэни истэн баран олоруом дуо, биһиги аҕа ууһун өйүн баайын ирдэһэргэ сананным. УЛУУ СУРУЙААЧЧЫ ӨБҮГЭБИТ КЭРИЭҺЭ Биһиги аймахха көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үйэлэр тухары бэриллэн иһэр сүдү кистэлэҥ баар. XVIII үйэ бүтүүтүгэр хос-хос-хаһыс эрэ эһэм үөрэҕи баһылаабыт, нууччалыы ааҕар-суруйар буолбут, оттон салгыы баҕаран, умсугуйан бастаан хоһооннору, кэпсээннэри, оттон поэмалары, сэһэннэри, арамааннары уонна драмалары нууччалыы бичийэр үгэстэммит. Онтун барытын кичэйэн хос ыраастыы устан, наардаан баран дойду киин куоратыгар Бөтөрбүүргэ ыыппыт, баҕар, таһаарыа этилэр диэн. Ол ыыппыта дириҥ далайга тааһы ыһыктыбыттыы ньим гынан сүтэн хаалбыт. Кэлин, өлөөрү сытан, ол суруйааччы өбүгэбит курутуйар эбитэ үһү: - Айымньыларым барахсаттары ол дойду кэрэдэктэрэ бэйэлэрин ааттарынан таһаараннар, аан дойдуга аатырдылар, ааттарын билбэт гына байдылар… - диэн. Уонна кэриэһин эппит: - Мин суруйбуппун бу барытын тимир бүрүөһүннээх сундуукпар ыга симэн эһиэхэ хаалларабын. Кэмэ кэллэҕинэ, ол миигиттэн муҥутуур улуу ааты-суолу, балысхан баайы-дуолу уорбут ньэгэйдэри саралаарыҥ, кинилэр айымньылара бу миэнэ буоларын дакаастаарыҥ. Ол сундуугу кунан оҕус тириитигэр суулаан, сиик ылбатын курдук хам тигэн баран, алааспыт таһынааҕы Сыалбай күөл аттыгар турар томторго көмөн кистээбиттэр эбит. Уонна ол айымньылар испииһэктэрин биһиги аймахха улахан уол уон аҕыс сааһын томточчу туоллаҕына, түүн ойуурга илдьэн хабыс-хараҥаҕа хааннаах андаҕары эттэрэн туран туттараллар эбит. Миэхэ эмиэ ол кистэлэҥ испииһэги оннук туттаран тураллар эһээлээх аҕам. КГБ-ЛАР КЭЛЭН ХАЛААҺЫННАРА Сиргэ тиийэ намылыйан түспүт уһун кулгаахтаах, харахтарыгар бүнүөкүлү уктуммут курдук кыраҕы, сарбай илиилээх КГБ-лар хантан, кимтэн эрэ Сыалбай күөл кистэлэҥин туһунан истэ-билэ охсубуттара. 1986 сыллаахха биир сайын арай сүүнэ улахан бөртөлүөттэр ньирилээн кэлбиттэрэ да, иккилии саһаан уҥуохтаах уонунан нуучча байыаннайдара дыраҥнаһан тахсаннар, Сыалбай күөл томторугар сүүрэн адаарыҥнаспыттара уонна хаһан бурҕаҥнатан барбыттара. Өр-өтөр гыныахтара дуо, били сундуугу хостоон таһаарбыттара. Ону көрөн турбут дьону биир хачаайы соҕус, Күөгэлэппин дэнэр саха киһитэ мунньубута уонна араатардаабыта: - Бу тугу көрбүккүтүн-истибиккитин үйэ-саас тухары кимиэхэ да кэпсиэ суох буолан хааннаах баппыысканы биэрэргит булгуччулаах! Ким буолуммат – ол Сэбиэскэй былаас кыр өстөөҕө, тута тутан илдьэ барабыт! Салыбырыы-салыбырыы бары илии баттаан эрилиҥнэппиппитин кэннэ киһибит аны туран эттэ-тыынна: - Мин былыр гыынкыбыды суостаах-суодаллаах силиэдэбэтэлэ Бахчанныырап аймаҕа буолабын! Онон сэрэниҥ – ким эмэ тылын кыаммата да, биһиги илиибит уһун, тараччы тутан ылан ээххитин этитиэм! Уонна ол хаарыан сундуугу арыйан да көрбөккө куду харбаанылан баран, көтүтэн күүгүнэтэн хаалбыттара. УЛУУ КИСТЭЛЭҤ АРЫЛЛА СЫСПЫТА Ол Сыалбай күөл быһылааныгар Бүөккэ диэн киһи эмиэ баара. Олус өр эрийсэн, «Сэбиэскэй былаас эстибитэ отучча сыл буолла, КГБ аны суох, ФСБ ол сундуукка эрэ наадыйбат» диэн элэ-была этэн-көрдөһөн, тылым элэйэн бүппүтүн кэннэ дьэ туоһу буоларга сөбүлэспитэ. Куораттан Сэмэнэп диэн нотариуһы тос курдук соболоҥҥо кэпсэтэн, былырыын таһаарбытым. Нэһилиэк баһылыга улуус киинигэр барбытын туһанан, хонтуора харабыла Бааскаҕа бытыылка туттаран баран, киэҥ-куоҥ кабинекка Бүөккэни ыҥыран ылан, нотариус бу баар, тугу эппиккин сурукка тиһиэ диэтим. Уонна эрдэттэн суруммуппун ааҕан доргуттум: - 1986 сыллаахха Сыалбай күөл таһыгар турар томторго КГБ-лар көтөн кэлэннэр… Киһим «Сыалбай» уонна «кыгыбылар» диэни истээт да, хараҕын өҥүргэһинэн көрөн кэбистэ, тугу эрэ бээҕинээбитинэн, остуоллары-олоппостору түөрэ сүргэйэн, аан диэки түһүннэ. Оройунан саайбытыгар халҕан тэлэллэ түстэ, онноохтон түөрт атах буолан үнүөхтүү турда, сотору соҕус буолаат, тас халҕан охсуллан аһыллар тыаһа иһилиннэ. Бүттэхпит ол… ТУРУОРСАБЫН! Ил Дархантан, Ил Түмэнтэн, улуус баһылыгыттанкытаанахтыктуруорсабын: - Билигин ханнык эрэ кистэлэҥ архыыпка уонча күлүүскэ хатанан сытар ол сундуугу булгу көрдөтөн буллараргытыгар диэн! - Оччоҕо аан дойдуга биллибит улуу айымньылары саха киһитэ суруйбута дакаастаннаҕына, сахалар аар саарга аатырабыт, суон сурахтанабыт! Улуу суруйааччы өбүгэм айымньыларын испииһэгэ билиҥҥэ диэри миэхэ хараллан сытар. Онно маннык суруллубут: - «Евгений Онегин», «Руслан и Людмила», «Демон» эҥин диэн элбэх поэма; - «Муму», «Хамелеон», «Лошадиная фамилия» эҥин диэн элбэх кэпсээн; - «Капитанская дочка», «Хаджи-Мурат», «Палата № 6» эҥин диэн элбэх сэһэн; - «Война и мир», «Мертвые души», «Отцы и дети» эҥин диэн элбэх арамаан; - «Борис Годунов», «Чайка», «Бесприданница» эҥин диэн элбэх драма. Плагиатордары саралыыр кэм кэллэ! Хайсан БУСХААНАП.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан