Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сааскы быраактыка
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сааскы быраактыка
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
09.12.2022 15:54
Үһүс куурус устудьуона Сиэҥкэ Сирдьиитэп бу хоту улууска быраактыкаланыан баҕарбыта ыраатта. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, манна, улуус кииниттэн 40-ча мүнүүтэ көтөн тиийэр Эбэлээх нэһилиэгэр, убайа олорор, учууталлыыр. Иккис өттүнэн, Уһук Хоту диир дойдуларын – Арктикаҕа киирэр улууһу – көрүөх-билиэх баҕа улахан этэ. Ол эрээри кини былааннаабытын курдук сатамматаҕа: Эбэлээххэ буолбакка, улуус арҕаа өттүгэр баар Кыталыктаахха ыыппыттара. Былырыын иккис куурустааҕы быраактыкалара икки эрэ нэдиэлэ буолан, бары куорат оскуолаларынан тарҕаспыттара. Дьокуускай оскуолалара сүүнэлэрэ бэрт: балтараалыы тыһыынча оҕо үөрэнэр. Ол аата Сиэҥкэ миэркэтинэн, сыалай үс улахан нэһилиэк дьоно буолан тахсар. Муҥар, саха кылааһа аҕыйах, онтулара баар да буолан, дьиҥнээх сахалыы тыын диэн саараама суох сирэ. Бэл, төрөөбүт тыл уруогар олорон оҕо үксэ нууччалыы эрэ кэпсэтэр, арай учууталлара ыйыттаҕына, нэһииччэ иҥнэллэн туран, эппиэттээбитэ буолан сору көрөллөр. Учууталыскайга нуучча суох да буоллар, биир да учуутал сахалыы саҥарбат этэ. Оттон, дьиҥэр, бу саха оскуолата диэн биллэр ээ. Кырдьык, таһыттан көрдөххө, оҕолуун-учууталлыын бары даҕаны саха курдуктар. Саамай хомолтолооҕо диэн, төрөөбүт тыл уруогун ким да ахсарбат, үрдүкү салалта күһэйэрэ бэрдиттэн эрэ үөрэнэ сатыыр көрүҥнээхтэр. Оттон билии-көрүү өттүнэн эттэххэ, куорат оҕолоро тыалартан, биллэн турар, быдан үрдүк кэрдиискэ тураллар. Кыталыктаахха 500-һү кыайбат киһи (оҕолуун-уруулуун) олорор үһү. Саас буолан, айылҕа уһуктубута сүрдээх: хаар онон-манан эрэ көстөр; бөһүөлэк арҕаа өттүнээҕи сиэн (от үрэх) кытылыгар, ньалыар ууга, кус арааһа аһаан чомполонор. Ким да бултаспатыттан эрдийэн, ааһар дьоҥҥо утары хааман тахсыбатахтарыгар баһыыба курдук. Бу дойдуга бэрээдэк чахчы баар сирэ быһыылаах: итиччэ чугас устан чалбааттанар кустары, бэл, алын кылаас оҕолоро арагаайканан «сэриилээбэттэр». Оттон бөһүөлэк таһыгар, баһаалыста, ким баҕарар бултуура көҥүл – оҕолор кытта. Дьэ, онно араас сааны барытын көрүөххэ сөп: 20-с, 28-с, 32-с халыыбырдаах, хастыы эмэ сиринэн үүйүүлээх былыргы сэптэри. Хата, кэпсииллэринэн, бултуохтаах-алтыахтаах ууларыгар кус ончу көстүбэт үһү. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук – бөһүөлэк иһигэр, оскуола тиэргэнин аттыгар кус арааһа толору, бэл, умсаахтар кылбаҥнаһаллар. * * * Үөрэх дьыла бүтээри, Судаарыстыба кэлим эксээмэнин (СКЭ) сүпсүлгэнэ саҕаламмыт кэмэ этэ. Онно булгуччу уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр наадалар диэн, Үөрэх министиэристибэтэ көрдөһөн, университеттан үрдүкү куурус устудьуоннарын ыытарга быһаарбыттара. Үчүгэйэ диэн, ол бөлөххө түбэспит устудьуоннар сааскы эксээмэннэрин быдан эрдэ туттарбыттара. Улахан эппиэттээх сорудаҕы толоро барыахтаах дьоҥҥо – Сиэҥкэлээххэ – сочуоккаларыгар баар урукку сыаналарынан сирдэтэн кимиэхэ – «туйгун», кимиэхэ «үчүгэй» диэн туруортаабыттара. Ким даҕаны «ортону» ылбатаҕа. Университекка СКЭни хайдах кэтээн көрөргө устурууксуйа, ыйыы-кэрдии сүрдээх этэ, бэл, иккитэ-хаста москубалары кытта Интэриниэтинэн аһаҕас кэпсэтии тэриллибитэ. Онон Сиэҥкэ биири өйдөөбүтэ – кими да түбүгүрдүбэт курдук, анал миэстэттэн эксээмэн хайдах ааһарын кэтиэхтээх диэн. Кыталыктаахха бөртөлүөтүнэн көтөн бирилэтэн кэлбитигэр оскуола дириэктэрэ бэйэтинэн көрсөн, бөһүөлэк арҕаа уһугар турар дьоҕус дьиэҕэ аҕалбыта. Манна олордорго нэһилиэк баһылыгын кытта эрдэттэн кэпсэппиттэр быһыылаах. Дьиэлээх хаһаайка сэттэ уончалаах Антонина Алексеевна (Туонньа эмээхсин) Третьякова диэн эбит. Онон-манан туртайталаабыт баттахтаах кырдьаҕас эйэҕэстик көрсүбүтэ, көрүөх бэтэрээ өттүгэр күөрчэх ытыйан туманнаппыта, онтугар өссө моруоска диэн саһархай отону ытыһан ылан куппута. Ыллаан эрэр курдук эҥээркэй саҥалаах, арааһы бары ыйытарын быыһыгар Сиэҥкэни тургутардыы одуулуур. Саҥардыы аһаан-сиэн эрдэҕинэ таһырдьаттан ис киирбэх дьүһүннээх биир кыыс киирэн кэлбитэ. – Сиэҥкээ, бу сиэним Сибиэтэ кэллэ. Дьыссаакка ньээҥкэлиир, – диэн эмээхсин эҥээрийбитэ. – Баспытаатал көмөлөһөөччүтэбин, – диэн кыыс симиттэ-симиттэ эбэтин көннөрбүтэ. Дьэ, ити курдук Сиэҥкэ бу ыалга ыйтан ордук кэмҥэ, СКЭ бүтүөр диэри, олорор буолбута. Барыта дьикти, сонун. Саала диэн ааттыыр хосторугар тимир кырабаакка утуйуохтаах. Сибиэтэ эбэтигэр түгэх хоско көспүтэ. Дьиэ моһуона хайдах эрэ былыргыны санатар. Эркиҥҥэ кыһыл кырааскалаах мас араамаҕа араас хаартыска көстөрө. Таайдаҕына, Сибиэтэ кыра сылдьан төрөппүттэрин, эбэлээх эһэтин кытта түспүт хаартыскалара быһыылаах. Туонньа эмээхсин «туохха наадыйаргын барытын Сибиэтэттэн ыйытаар, дьиэни-уоту тутан олорооччу – кини» диэбитэ. * * * Сааскы кус ытыыта саҕаланан, турардыын-турбаттыын уончалыы хонукка хастыы эмэ көстөөх учаастактарынан айаннаабыттара. Бөһүөлэккэ кыаммат кырдьаҕастары кытта оҕо-дьахтар хаалбыта. Сиэҥкэ эксээмэн хаһан саҕаланарын кэтэһэригэр эрэ тиийээхтээбитэ. Бу дойдуга сааламмат киһи сиигэ-одууга да киириэх үлүгэрэ эбит. Оскуолаҕа тиийдэҕинэ, консултаассыйа ыытар учуутал дьахталлар «куска сылдьыбат эбиккин дуу?» диэн сөҕүү-махтайыы бөҕөтө. Биир күн Сибиэтэ: «Дойдугар куска эҥин сылдьааччыгын дуо, саанан сатаан ытаҕын дуо?» – диэн эмиэ кыбыһыннарда. Эһэтин эргэ саата ампаарга баар, ботуруон да балачча үһү. Инньэ гынан субуотаҕа урут эһэтэ ытар сиригэр хоно-өрүү бардылар. Сибиэтэ хантан эрэ дьоҕус балаакка булбут. Хааман истэххэ, сир-дойду – килэгир уу. Оо, дьэ, тыыннаах айылҕа диэн маны этиэххэ сөп эбит: от-мас сэргэхсийбиккэ дылы көрүҥнэммит, аны туран, ханна да хайыс – көтөр кынаттаах арааһа саҥа-иҥэ бөҕөтүн түһэрэн, айманыы-сайманыы! Саараама даҕаны, ончу тохтооботтор, сылайар-элэйэр диэни төрүт билбэт барахсаттар быһыылаах. Чаастан ордук хааман биир кэҥэс алааска киирбиттэрэ, субуйа тарпыт курдук күөл көстөр, бэтэрээтэх туруорбах балаҕан самнайан турар. Дьэ, бу эбит Сибиэтэ эһэтин сирэ. Кырдьаҕас быйыл кыһын сүрэҕинэн өлөөхтөөбүт, онон сэһээккэтэ быһааскыттан сөхсүтүллүбэккэ, онон-манан ардьайан, иҥнэри түһэн тураахтыыр. Сайынын тыраахтардаах дьону көрдөһөн от оҕустарар, мустарар эбит. Быйыл хайдах буолалларын Сибиэтэ билбэт. Туруорбах балаҕан түннүгэ-үөлэһэ дьаабытыттан ааспыт, тыал-куус көҥүл күүлэйдиир. Хата, муннукка улахан хоппоҕо мас мончуук толору эбит. Ханна да суоҕуттан туһатыттан ааспыт эрэһиинэ саппыкыны уоттаан баран, ол күлүн бэнсииҥҥэ булкуйан бэртээхэй хара кырааска оҥостоллорун Сиэҥкэ Туонньа эмээхсинтэн истибитэ. Дьэ, судургу да ньыма эбит! Дойдутугар уус Тэрэппиин мончуугун үүт-үкчү кус курдук оҥорорун, онтун өссө киистэнэн адьас дьиҥнээх гына кырааскалыырын санаатаҕына, балар толоосторуун. Ама, кус оннук акаары буолан, кэлэн, сарк гына түһэн биэрэр баҕайыта дуу? Балааккаларын тардан, хоппоҕо хааламмыт мончууктары бэрийэн баран, күөл бэтэрээ баһыгар үрдүк сиргэ умса сытар тыыны соһон аҕалбыттара. Хата, Сибиэтэ тыыга үөрүйэх буолан, уонтан тахса мончуугу Сиэҥкэ ыйбыт сиригэр үтүтэлээбитэ. Бэйи, бу дойду тыыта түөрэккэйэ бэрт эбит, киһи сатаан олоруох буолбатах. * * * Хаарыаны, бу дойдуга олохсуйбут киһи баар ини! Киин сир курдук буолуо дуо, чуумпута, дьоно сайаҕастара, майгылара үчүгэйэ, кэтэх санаалара суоҕа... Сэһээккэлэрин сөхсүтэн, төһө кыайалларынан кур лаҥханы ханан да тыал үрбэт гына симэн-тэлгээн баран, Сибиэтэни кытта сэргэстэһэ олорбуттара. Кыыс эһэтин эргэ халампааһынан соҕуруу саҕаҕы – кус кэлиэхтээх өттүн кэтээбитэ. Сиэҥкэ ытарга табыгастаах буоллун диэн, бэчиэнньэ дьааһыгын умса ууран баран, биир паачыка ботуруону аһан бэлэмнээбитэ. Сотору соҕус буолаат, хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ, адьас аттыларыгар түөрт анды хорос гына түспүттэрэ. Сиэҥкэ бу иннинэ анды диэни харахтаабатах буолан, соһуйан, алааран хаалбыта. Хата, андылара онтон үргүбэккэ сохсоруһуу бөҕөтө буола сырыттахтарына, эбии алта анды ууну күдээрис гыннара түспүттэрэ. Сибиэтэ ньыкыйан олорон Сиэҥкэ диэки көрбүтүгэр биирдэстэрэ эр хаанын киллэрэн, кыҥаан-кыҥаан баран элбэрээгин тардан кэбиспитэ. Саа тыаһа түптэ сааллаатын кытта көрбүтэ – түөрт анды түөстэрэ нарайыаҕынан-нарайан бу ууну таһыйа сыталлар, атыттара үөс диэки дьулуруйан эрэллэр! Иккини хоһулуу кыҥаат, ытан ньиргиппитэ, өс киирбэх умса түһэн такыаланыы бөҕөтө. Атын андылар көтөн тахсыбыттарын ботуруону кыайан уктумуна, ыппакка хаалбыта. Алта анды баар! Ботуруонун укта охсон, саҥардыы уоскуйа быһыытыйан эрдэҕинэ, били андылара буомбаһыт сөмөлүөт курдук бу сундулуһан, элиэтээн эрэллэр эбит. Сиэҥкэ Сибиэтэни өстөөх буомбатыттан хаххалыыр курдук хам кууһан, ньыкыйыаҕынан-ньыкыйбыта. Сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ уу тыаһа «сарр!» гыммытыгар сэрэнэн көрбүтэ – түөрт анды холохочуһуу бөҕөтө. Эмиэ төрдүөннэрин хоһулаан баран ытан түптэлиннэрбитэ – мөхсүү бөҕөтө. Сиэҥкэ, үөрбүт омунугар, тыыга эһиэлэнэн тиийэн, үөс диэки эрдинэн чаппайданна. Сибиэтэ сэһээккэ аттыгар туран: – Сиэнньээ, сэрэн-сэрэн! – диэн хаһыытаамахтаата. Омуннаах сааһыт өлөрбүт андыларын хомуйталаан тыытыгар лис гына быраҕаттаата. Ол сылдьан умса сытар бүтэһик андытыгар хайыспыта – умсан чолум гынан хаалла. Онтон чочумча буолаат, ойоҕоһунан күөрэс гыммытыгар ытабын диэн эргиллэ биэрбитигэр тыыта түҥнэстэн, уу тыаһа биир кэм «бур-бар!» буола түстэ. Сибиэтэ күрүө сиэрдийэтэ сытарын тардыалаһан, нэһииччэ ууга соһон киллэрэн Сиэнньэ диэки үппүтүгэр уола онтон тутуһан, бокуойа суох кытыыга харбаспыта. Кураанах сири булаат, отуутун диэки сүүрээри гыммыта, илиитэ-атаҕа хайыы үйэ нукаай курдук буола көһүйбүт этэ. Сибиэтэ уот отто охсон, тииһэ ыпсыбат буолбут, уолуйан, бөҕүөрэн, хамсыыр кыаҕыттан тахсыбыт уолтан таҥаһын ньылбырыта тыытан ылбыта. Илиитин уокка сырайа-сырайа Сиэнньэни эргитэ сылдьан дэлби аалбыта, илбийбитэ. Кэмниэ кэнэҕэс сүһүөҕэ хамсыыр, «өлө сыстым дии» диэн ботугуруур буолбутун кэннэ сонун устан уолу бүрүйбүтэ. Кулуһуҥҥа эбии мас хаалаан, чэй оргутан иһэрдибитигэр Сиэнньэ хараҕа сырдаабыта. Балаакка иһигэр халыҥ гына тэлгэммит кураанах окко сыттар даҕаны уол тоҥмута син биир ааспатаҕа. Онуоха Сибиэтэ, хантан билбитэ буолла, бэйэтэ эмиэ ньылбы сыгынньахтана охсоот, уол үрдүгэр сабардыы сыппыта, ыбылы кууһан, сып-сылаастык моонньугар, түөһүгэр... тыыммахтаан ириэрбитинэн барбыта. Өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан мүччү туттарбыт эрдьигэн онуоха хардаран, кыыһы хам кууспута, онтон эт-этэ улам сылыйан, туох эрэ биллибэт күүс дьырылаан киирбитэ. Сөтөллөөрү дьигиргээн ыллаҕына, кыыһа өссө күүскэ ыга сыстара, түөһүн сылааһынан тыынан угуттуура, инчэҕэй уоһунан быыстала суох убураан, ол тииһиги сонно симэлитэрэ. Төһө өр маннык ирэ-хоро сыппыттарын ким билиэй? Хоту дойду киирбэт күннээх сандал сааһа кэллэҕэ. От-мас уһуктар, чыычаах ыллыыр, балык оонньуур... Ол кэннэ, ама, хайа киһи нохтолоох сүрэҕэ битиргии тэбиэ суоҕай?! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан