Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сиэнчэр кус
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сиэнчэр кус
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
02.12.2022 13:43
Соторутааҕыта Тамалакааным уола Тэрэнтээйэп Туола ким да билбэт куһун быйыл саас бултаабытын туһунан төлөпүөнүнэн кэпсээтэ уонна тугулах (чуучала) оҥортороору аҕалан биэрдэ (хаартыскаҕа көрүҥ). Түөрт атыыр моонньоҕон Ороһу Эбэҕэ олордоҕуна кэлбиттэр үһү. Ыппыта – биирдэстэрэ отой да атын дьүһүннээх-бодолоох кус буолан соһуппут. Бу куһу кээмэйдээбитим, ыйааһына 725 кыраам. Тумсун төбөтүттэн кутуругар диэри 50 см. Моонньун уһуна 12 см, тумсун уһуна ойоҕоһунан 4,5 см, кынаттарын далааһына 81 см, кутуругун уһун куорсуна 11,5 см. Мин көрөрбүнэн, бу – моонньоҕон уонна мороду сиэнчэрэ. Ол курдук тумса, кыната, кутуруга букатын сааскы атыыр моонньоҕон курдук. Түөһүн уонна арҕаһын өҥө мороду курдук. Арай, чуоҕурдара кыра уонна кэмчи. Иэдэһин араҕастара барбах, баттаҕа да тилэри көҕөрбөтөх. Атаҕа эмиэ атыыр мороду атаҕар майгынныыр. Дьиҥэр, айылҕаҕа кус көрүҥнэрэ туора-маары иссиспэттэр. Кээмэйдэринэн, өҥнөрүнэн-түүлэринэн, саҥаларынан-иҥэлэринэн, тутталларынан-хапталларынан араастаһаллар. Дьэ, оччоҕо бу сиэнчэр кус хайдах үөскээтэ? 80-с сс. мороду быста аҕыйаан Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киирбитэ. Кытайдар ириистээх бааһыналарыгар түһэрин иһин сүһүрдэллэрин Аан дойдутааҕы айылҕа харыстабылын тэрилтэтэ (МСОП ) боппута. Дьаһалы толоругас кытайдар тутуһаллар диэн суруйаллар. Онон, кэлиҥҥи кэмҥэ син тэнийиэн сөбө эбитэ буолуо да, биһиги булчуттарбыт мородуну көрдүлэр да, ытан табырҕатан кэбиһэр үгэстээхтэр. Соторутааҕыта НКИХ сонуннарыгар биир оннук булчут 22 мородуну, хас да тыһы куһу бултаан, 280 тыһыынча солкуобай ыстарааптанан суккуллан турарын көрдөрбүттэрэ. Имэҥ тэһитэ кэйиитэ олус күүстээх. Бу сиргэ тыынар тыыннаах барыта имэҥирэн удьуорун салгыыр. Мин саныахпар, соҕотохсуйбут атыыр мороду тыһы моонньоҕону кытта булкуспут буолуон сөп курдук. Онтон ол тыһы моонньоҕон оҕолоро улааппыттарын кэннэ бэйэтин үөрүгэр холбообут буолуон сөп. Ол иһин моонньоҕоннору кытта көтөн кэллэҕэ. Онон бу сиэнчэр куһу кус аҕыйаабыт бэлиэтин курдук сыаналаатым. Сорох көрүҥ аһара аҕыйаан атын көрүҥнэри кытта кыһалҕаттан булкуһан бардаҕа. Айылҕаҕа араас көстүү элбэх. Соҕотох хаалыыттан, удьуору уһатар олох дьаһаҕыттан сиэнчэрдэр үөскүүллэр. Холобур, атыттара кыргыллан соҕотох хаалбыт тыһы бөрө сүүллэҕинэ, киһи олбуоруттан атыыр ыты кэлэн илдьэ барар. Имэҥ сытыттан иирэн хаалан, атыыр ыт кыр өстөөҕүттэн куттанарын да умна быһыытыйара баар суол. Тыһы бөрө буоһаабытын биллэҕинэ, ол имэҥтэн ииримтийбит атыыр ыты сиэн кэбиһэр диэн суруйаллар. Олортон төрөөбүт сиэнчэрдэр салгыы ууһуур кыахтаах буолаллар. Бу туоһутунан Канада бөрөтүйбүт ыттара буолуохтарын сөп. Икки атахтаах аймахтыы өсүөлү уонна биэни холбоон муул диэн олус күүстээх уонна үлэни-хамнаһы тулуйумтуо харамайы төрөтөрө эмиэ баар суол. Сылгы уонна өсүөл хромосомалара арахсыбат буоланнар, мууллар салгыы төрүүр-ууһуур кыахтара суох. Мин кус сиэнчэрдэрэ эмиэ оннук инилэр дии саныыбын. Салгыы үөскүүллэрэ-ууһууллара эбитэ буоллар, кус көрүҥэ элбээн барыа этэ. Оттон, эһиги, туох дии саныыгыт? Дьикти түбэлтэни сэҥээрэн сурукка тистэ Миитэрэй Баппа¡ай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан