Кэпсээ
Войти
Регистрация
Саха киһитэ өллөҕүнэ «ханна барарый»?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Саха киһитэ өллөҕүнэ «ханна барарый»?
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
02.12.2022 13:35
Биһиги билэрбитинэн, христианнар өллөхтөрүнэ, бу орто дойдуга үтүөтүк дуу, мөкүтүк дуу олорбуттарыттан көрөн, ырайга эбэтэр аадка «айанныыллар». Мусульманнар эмиэ үүт-үкчү оннук джаннатынан (ырайынан) уонна джаханнамынан (аадынан) «тарҕаһаллар». Оттон буддистар өллөхтөрүнэ саҥаттан саҥалыы төрөөн (реинкарнация) бара тураллар. Оттон саха киһитэ өллөҕүнэ ханна барарый? Иккистээн төрүүр дуо? Өлбүт дьон бары ханна эрэ тиийэн туспа олох олороллор дуо? Киһи урут өлбүт өбүгэлэрин, доҕотторун «ханна эмэ тиийэн» көрсөр дуо? Бу туһунан педагогика билимин дуоктара, профессор, саха итэҕэлин исписэлииһэ Галина Попова-Санаайа санаатын маннык кэпсиир: Киһи өллөҕүнэ, үс кута үс аҥыы арахсаллар. 1. Буор кут, ол эбэтэр киһи матырыйаалынай этэ-сиинэ, буорга көмүллэн, буору кытта буор буолар, иҥэр-сүтэр. 2. Салгын кута салгыҥҥа, окко-маска сөрөнөн көҥүл көтөн хаалар. Ол сылдьан онно-манна охсуллан ааһара тыыннаах дьоҥҥо түүл-бит, санаа-оноо буолан биллиэн сөп. Салгын кут төһө өр үйэлэнэрэ эмиэ «хаһаайыныттан» тутулуктаах. Ол эбэтэр, киһи оҥорон хаалларбыт үлэтиттэн-хамнаһыттан, айбыт идиэйэтиттэн көрөн, ким эрэ салгын кута тыһыынчанан сыллары быһа тыыннаах көтө сылдьыан, кимиэнэ эрэ сиэннэрин да үйэтигэр тиийбэккэ умнуллан-тэмниллэн сүтэн, сайҕанан хаалыан сөп. 3. Ийэ кут – киһи үс кутуттан саамай улахан суолталаахтара, сүрүннэрэ. Кини киһи генетикатын, ДНК-тын матырыйаалын илдьэ сылдьар. Киһи өллөҕүнэ ийэ кута кырамаҥҥа, үөһэ дойдуга баар ийэ кут хараллар сиригэр көтөҕүллэр. * * * Киһи өллө да, 4 мүнүүтэ устата ийэ кута салгыҥҥа көтөн тахсан, өлбүт «хаһаайынын» туһунан, ол иһигэр букатыннаахтык арахсаары турар салгын кут, буор кут тустарынан, информацияны хомуйар. Ити этиллибит 4 мүнүүтэ иһигэр, сатаан дьаһаннахха, өлбүт киһини тилиннэриэххэ сөп. Дьиҥинэн, аан дойду айыллыбыт бэрээдэгэ, бириинсибэ барыта биир. Аан дойду омуктара олорор усулуобуйабытынан, култуурабытынан, тылбытынан эрэ уратылаһабыт. Холобур, саха буол, кытай буол, ньиэгир буол, клиническэй өлүү таһымыгар тиийэн баран тиллибит дьон бука бары биири көрөллөр. Уһун-көнө «тоннель курдук» холлороону уонна ол кэннигэр чаҕылыйан көстөр сырдыгы... Саха номохторуттан бэрт элбэхтик өлбүт киһи кутун «эрдэ кэлбиккин, эн уочаратыҥ өссө да кэлэ илик» диэн баран төттөрү ыыталларын, ол түмүгэр «өлбүт» киһи тиллэн кэлэрин билэбит. Эппитим курдук, ити барыта 4 мүнүүтэ иһигэр быһаарыллар. Киһи өлбүтэ 9, онтон 40 хонон баран киһи сирдээҕи олоҕо барыта түмүктэнэн, үс кута үһүөн олохтоох сокуоннай сирдэрин булаллар. Киһи бу орто дойдуга айыллыбыт биир саамай сүрүн кистэлэҥэ – кини хаһан да хатыламмат. Адьас атылыы, үүт-үкчү дьон баар буолуохтарын сатаммат. Ол эбэтэр, киһи ол арахсыбыт 3 кута аны хаһан да бэйэ-бэйэлэрин кытта көрсүбэттэр. Атыннык эттэххэ, киһи бу бүгүҥҥү этин-хаанын, өйүн-санаатын илдьэ иккистээн аны хаһан да төрөөбөт. Ханнык эрэ туспа киһи, лиичинэс үөскүүрүн туһугар ала-чуо ол араас үс кут «комбинацията» эрэ барсар. «Иккистээн төрөөһүн» эбэтэр «анараа дойдуга тиийэн көрсүү» Бу этиллибит суоллар аҥаардас ийэ куту эрэ кытта ситимнээхтэр. Эппитим курдук, киһи өлөрүн кытта 4 мүнүүтэ устата ийэ кут өлбүт «хаһаайынын» туһунан информацияны барытын хомуйан барар. Онон, ийэ кут хараллар сиригэр тиийэн кини урут өлбүт дьону кытта көрсүөн, билсиэн сөп. Киһи сороҕор ханнык эмэ сиргэ аан бастаан тиийэн баран «хайа-а, мин урут бу сиргэ сылдьыбытым, маны көрбүтүм ээ» дии санааччы. Сороҕор, урукку өттүгэр пианино диэни көрбөтөх да киһи эмискэ кэлэн уустук композициялары оонньоон соһутар, сороҕор киһи эмискэ атын омук тылынан кэпсэтэн барар холобурдара бааллар. Былыргы саха номохторугар улуу ойууннар иккистээн төрөөбүттэрин дуу, төрүү сатаабыттарын дуу туһунан эмиэ элбэхтик кэпсэнэр. Ити барыта чопчу ийэ куту уонна кини хомуйан барбыт информациятын кытта сибээстээх өйдөбүллэр. Онон, бу билиҥҥи эппитинэн-хааммытынан, сирэйбитинэн-харахпытынан да буолбатар, иккистээн төрүөхпүтүн сөп. Син ол тэҥэ, ийэ кут хараллар сиригэр тиийэн урут өлбүт дьону көрсөрбүт эмиэ – кыаллар дьыала. Үөр диэн тугуй? Бу орто дойдуга улахан аньыыны оҥорбут киһи ийэ кутун үөһэ ылбаттар. Инньэ гынан, кини бу орто дойдуга хаалан хаалар. Ханнык эрэ эньиэргийэ баар буоларын, өр сылдьарын туһугар, тугунан эрэ аһылыктаныан наада. Онон бу үөр бэйэтин биир хааннаах аймахтарынан аһылыктанар. Былыр оннук үөрү ойуунунан туттаран, туос түктүйэҕэ хаайан кэбиһэллэрин билэбит. Билигин ким да кинилэринэн «дьарыктаммат». Онон, сорох көрбүөччү дьон билигин биһиги эймэҥнэс-кыймаҥнас үөрүнэн «көмүллэн» олорорбутун этээччилэр. Куһаҕан өлүү, бэйэҕэ тиийинии үксээбитин эмиэ онон быһаарааччылар. От-мас куттаах дуо? Өбүгэлэрбит өйдөбүллэринэн, бу орто дойдуга киһи эрэ 3 куттаах. Тулалыыр айылҕа, от-мас, уу-хаар аҥаардас буор эрэ куттаахтар. Кыыл-сүөл, хамсыыр харамай матырыйаалынай эттээх-сииннээх, удьуорунан утумнаммыт генетикалаах, ДНК-лаах. Ол эбэтэр, буор уонна ийэ куттаах. Өйдүүр өйө, тутуһар идиэйэтэ, билиитэ-көрүүтэ суоҕун быһыытынан, кыыл-сүөл салгын кута суох.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан