Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аһаҕас эттээх атаһым
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аһаҕас эттээх атаһым
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
25.11.2022 12:30
Сэрии, хоргуйуу саҕана төрөөн баран анараа дойдуга барбыт эрэйдээхтэр сорохторо билиҥҥэ диэри ситэ хараллыбакка сыталлар. Анараа дойдуну кытта улахан сибээһэ суохпут ордук эбит. Билбэтэх биллин. Онтон аһаҕас эттээх дьон баар эбээт, олохторо, дьэ, төһө ыараханын санаан көрүҥ. Бу дьон эттэрэ чараас, билэллэрэ-көрөллөрө элбэх. Көннөрү киһи көрбөтүн көрөллөр, истибэтин истэллэр. Айылҕа барахсан анаан булларарыгар дылы, маннык дьон ханна баҕарар баар буолаллар. Боростуой киһи үксүгэр бу дьонтон дьаарханар. Онтон сылтаан «баардаах киһи» ыгыллар, тууйуллар, төһө да билбитин-көрбүтүн иһин, кэпсэл оҥостубат идэлээх. Бүгүн атаһым барахсан урут кэпсээбититтэн барбах сырдата түһүүм. Үөлээннээхтэр кыра сылдьан атах сыгынньах элбэхтик мэлэкэчийдэхпит буолуо. Мэник-тэник оҕо саас кэмэ буолан, оччолорго «бу сылдьар, ити олорор» диэтэҕинэ, кинини «акаары, өйө суох» диирбитин өйдүүбүн. Олох көрөн турар курдук мөккүһэ сатаан баран, тиһэҕэр ытаан барара. «Хайдах көрбөккүтүй?» диирин олох бу баардыы саныыбын. Улахан да дьон кыайан өйдөөбөттөрө. Урут «абааһы, таҥара суох!» диэҥҥэ иитиллибит көлүөнэ бу киһи дьикти кыаҕын аахса барбат этэ. Арааһа, алын кылааска, оннук көрөрүттэн сылтаан, үөрэҕэр мөлтөөбүтэ быһыылааҕа. Уруокка олорон эмискэ баҕайы хараҕа быччайан тахсара уонна ойон турара. Биһиги бастаан мэниктиир диирбит, онтон куттанар буолан барбыппыт. Кэлин уһугар кинини кытта ким да бодоруспат буолан хаалбыта. Үгүс оҕо куттанар этэ. Ийэлээх аҕата да оҕолоро маннык дьоҕурдааҕын өйдөөбүттэрэ биллибэт. Улаатан истэҕин аайы көрөрө-истэрэ элбээн барбыта. Табаарыспыт киһи көрбөтүн көрөрө. Онтон сылтаан төһөлөөх үрүҥ баттахтаммытын ааҕан сиппэккин. Айылҕаҕа маннык дьон аһара элбэх буолбаттар, туох аналлаах кэлбиттэрин үгүстэрэ, арааһа, билбэтэ да буолуо. Кинилэр аналлара чараас эйгэни кытта сибээһи олохтуурга, тугу эмэ урутаан билэргэ, сэрэтэргэ быһыылаах. Урут дьикти идэлээх этибит. Кыра сылдьан киһи уҥуохтаах сирдэри кэрийэрбит. Биир үтүө күн уонча буолан эмиэ субуруһан бардыбыт. Нэһилиэк оҕото күһүөрү, от үлэтэ бүтүүтэ, тугу да гынара суох курдук буолара. Сылаас баҕайы, арааһа, этэргэ дылы, «дьахтар быттанар» ылааҥы күнэ быһыылааҕа. Наар оонньуур эргэ балаҕаннаах этибит, онно тиийдибит. Сасыһа оонньооботохпут ыраатан, олус бэркэ оонньоотубут. Иккиэ буолан көрдүүбүт. Табаарыстарбытын субу-субу булан истибит. Тиһэҕэр Вася, били, аһаҕас эттээх атаспыт, булларбата. Айаҕалыы сатаан, Васябытын бары көрдөөтүбүт. Төрүт көстүбэтэ. Булбакка ыксаан, дьиэлээн хаалбыт киһини көрдүү сылдьабыт быһыылаах диэн, «таҕыс, бардыбыт, бэринэбит» диэбиппит кэннэ киһибит аттыбытыгар турар дьиэттэн тахсан кэлбиттээх. Биир бэйэм ол дьиэни хаста эмэ киирэн көрбүтүм. Тахтаа аннын хаста да өҥөйбүтүм да, суоҕа. Ханна сыппытын туоһуластыбыт. «Аан кэннигэр турбутум» диэн иһэр. Мин итэҕэйбэппин. Дьиэни барытын көрөн кэлэн баран, аан кэтэҕин эмиэ өҥөйбүтүм эбээт... Чэ, ити итинэн хааллын. Баҕар, кырдьык, аан кэтэҕэр турбут да буоллун. Ким эрэ аны киһи уҥуохтарыгар барыахха диэччи буолла. Биһиги бастакы-иккис кылаас бытархай оҕолоро, «хааһыбыт хойдо» илик дьон, бары кутуллан бардыбыт. Сорох уҥуох урукку хаайбалаах, латыынныы эҥин суруктаах. Көрө-көрө эмиэ сасыһа оонньоотубут. Бу сырыыга мин саһааччылар быыстарыгар сырыттым. Көрдөөччүлэр ыраах турар дьиэҕэ киирэн баран кэлиилэригэр биһиги саһыахтаахпыт. Бу санаатахха, кырдьык, куттанар эҥин диэни билбэт эбиппит. Саҥатык киһи уҥуохтарын таһыгар онно-манна хаххалатан, сири кытта сир буолан хаптаһан, араас бэттиэмэ хойуутук үүммүт отун быыһыгар үгүспүт саста. Сорохпут урукку сир таҥастыыр хаарбах тимир анныгар киирдэ. Ол сылдьан өйдөөн көрбүтүм, Вася аттыбар, эмиэ от быыһыгар түһэн эрэрэ. Хаптайан баран сыт. Уолаттар кэлэн, көрдөөн бардылар, аан бастаан дьэбиннирэн көөрөттө сылдьар баалынай анныгар сыппыт Ньургуну кулгааҕыттан тардан сарылаттылар. Биһиги ону истэ сытан күлүстүбүт. Васям атаҕа бу көстө сытар. Уунан-уунан атаҕыттан тарпыппар күүскэ баҕайы илиибин тэппитигэр тохтоон хааллым. Уолаттар чугаһаан кэлэн, миигин ойутан таһаардылар. Васяны, мин көрдөхпүнэ, үрдүнэн аастылар да көрбөтүлэр. Саһа сытар табаарыспын тоҕо этэн биэриэмий, эппэтим. Онтон салгыы били тимир анныгар сытааччылары тэбиэлээтилэр. Охсуспатылар эрэ. Ити курдук көрдөөн эмиэ Вася эрэ булларбакка хаалла. Мин ханна саһан сытарын биллэрбин да, тоҕо эрэ этэн биэрбэтим. Онтон айаҕалыы сатаан баран, көрдөөбүтэ буола сылдьан били сыппыт сирбитигэр тиийбитим – киһим суох. Дьиҥэр, ол дьаама иһиттэн хойуутук үүммүт от быыһа этэ. Өтөх сир ото кылгас, төһө да кырабыт иһин, көстүбэккэ тахсар кыаҕа суох. Мин дьэ куттанным. Хайдах эрэ таах эрдэ этэн биэрбэккэбин диэн буруйдана санаатым. Онтон «таҕыс-таҕыс итиннэ сытаргын билэбин» диэбиппэр Васям, туох да буолбатаҕын курдук, от быыһыттан тахсан кэллэ. Мин ону эрэ көһүппэккэ турар буолан, тыбыс-тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, куйахам «дьар» гынан ылла, үмүрү тарта. Сарылыы түһээт, оҕолорум диэки сүүрдүм. Вася күлэн алларастыы-алларастыы, кэннибиттэн эккирэтии бөҕө. Ити күнтэн ыла атаһым туһунан элбэҕи саныыр буолбутум. Биир күн эмиэ киһи уҥуохтарыгар сасыһа оонньуу баран истибит. Арай суол тоҕойугар тиийээппитин кытта Васябыт: «Оҕонньор олорор», – диэччи буолла. Үгүспүт ах баран хаалла. Ыйар сирин диэки көрөн кыҥастаһан көрдүбүт да, туһа суох. Ким да баара биллибэт, арай аартыкка турбут тиити олоччу кэрдэн ылбыттарыттан хаалбыт сүрдээх улахан чөҥөчөк эрэ баар. Эбиитин Васябыт: «Хайдах көрбөккүт, ол – улахан чөҥөчөккө», – дии-дии, ытаан марылаан барбыта. Пахай, оччолооҕу истэн баран туруохпут дуо, дьиэбит диэки сырыстыбыт. Биирдэ өйдөммүтүм, дьиэбэр киирэн эрэр эбиппин. Онтон бэттэх уолбутун кытта оонньообот буолан хаалбыппыт. Ытыы-ытыы кэннибититтэн батыһа сылдьааччы. «Куттуугун» диэммит чугаһаппаппыт. Онтон сотору дьоно куоракка көһөн, киһибит барсан хаалбыта. Куоракка да киирэн түптээх олоҕу олорботохтор, «арахсыбыттар үһү» диэн сурах иһиллибитэ. Аҕыйах сыл буолан баран, уолбут тиийэн кэлбитэ. Ол көһүү, арахсыы кэмигэр кылааһыгар хаалбыт этэ. Онон биир кылаас хаалан үөрэммитэ. Кэлин да ону-маны көрөн кэпсиирин истэн эрэ кэбиһэр буолбуппут. Билигин санаатахха, ол оҕонньор киһи уҥуоҕун быыһыгар оонньуурбутун абааһы көрөн биллибитэ буолуо дии саныыбын. Кырдьык, ол күнтэн бэттэх уҥуохтар быыстарыгар сасыһа оонньуурбутун тохтоппуппут. Аны биирдэ, оскуоланы бүтэрээри сылдьан, кустуу сырыттыбыт. Ардаан, балаҕаҥҥа хонон турабыт. Үһүөбүт. Дьиҥэр, аччык саҕана кыайан хараллыбакка хаалбыт дьон уҥуохтаах сирин таһа. Төһө да дьиксиннэрбит, хонордуу оҥостон сыттыбыт. Утуйуохча буолан истэхпинэ, Вася тугу эрэ ботугуруур, кэпсэтэр курдук. Уутугар баттаттаҕа диэбитим, киһим олох да оронугар олорон аан диэки көрө-көрө кэпсэтэр эбит. Өр кэпсэттэ. Биһиги Ньукулайдыын истэн сытабыт. Көрдөһөн-ааттаһан баран, киһибит сытынан кэбистэ. Хата, ол түүн туох да биллибэккэ, бэркэ утуйан турбуппут. Сарсыныгар куба сымыытыныы ыраас халлаан буолбута. Төһө да эппит тартар, бачча кэлэн баран, ол барахсаттарга бара сылдьыбакка төннүөхпүт дуо диэн, арыылаах алаадьы хаалларан кэлбиппит. Кэлин Баһылайтан санаппыппар «хата, дьиэҕэ киирбэккэ тастан төннүбүттэрэ, тылбын ылыммыттара» диэбитэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан