Кэпсээ
Войти
Регистрация
Наталья Харлампьева Татарстаҥҥа Поэзия бырааһынньыгар кытынна
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Наталья Харлампьева Татарстаҥҥа Поэзия бырааһынньыгар кытынна
K
edersaas.ru
Категорията суох
04.05.2018 15:37
Татарстан Суруйааччыларын сойууһун ыҥырыытынан, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева татаар улуу поэта Габдулла Тукай төрөөбүт күнүгэр анаммыт улахан Поэзия бырааһынньыгар кыттан кэллэ. edersaas.ru Татарстан бэрэсидьиэнэ Рустам Миннихановы кытары. Муус устар 26 күнүгэр суруйаачылар Татарстан бэрэсидьиэнэ Рустам Миннихановы кытары улуу поэт пааматынньыгар сибэккилэри уурдулар. Тукай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэлэри туттардылар, Муса Джалиль аатынан Опера, балет тыйаатырыгар улахан кэнсиэр буолла. Ол кэнниттэн тыйаатыр аттынааҕы болуоссакка буолбут поэтическай миитиҥҥэ үс национальнай өрөспүүбүлүкэлэр норуодунай поэттара — Равиль Бикбаев (Башкортастан), Валерий Тургай (Чувашия) уонна Наталья Харлампьева Тукай хоһооннорун бэйэлэрин тылларынан аахтылар. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһа былырыын “Татаар поэзиятын антологиятын” сахалыы тылбааһын бэчээттэппитэ. Хомуурунньук Габдулла Тукай хоһоонунан саҕаланар. —Татаардар аатырбыт поэттарын үбүлүөйүн буолбатах, көннөрү төрөөбүт күнүн судаарыстыбаннай таһымҥа, киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтииллэрин сөхтүм. Кини төрөөбүтэ 132 сылын туолла. Бэрэсидьиэннэрэ Минниханов бэйэтинэн кэлэн кыттыбыта элбэҕи этэр. Суруйааччыларын чугастык билэр, билсэр эбит, дириҥник ытыктыыра көстөр. Бииргэ үлэлэһэр, элбэх литературнай тэрээһиннэргэ көрсөр-билсэр мин доҕотторум суруйааччы эрэ быһыытынан биллибэттэр. Холобур, норуодунай поэт Ренат Харис өр сылларга суруйааччылар сойуустарын салайбыта, Татарстан Госсоветын үс ыҥырыылаах депутата, бэрэссэдээтэл солбуйааччыта этэ. Кэнники 30 сылга национальнай суруйааччылартан Арассыыйа литератураҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин соҕотох лауреата, РФ бэрэсидьиэнин култуураҕа сэбиэтин чилиэнэ. Норуодунай поэт Роберт Миннуллин эмиэ Госсовет бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, хас да ыҥырыылаах депутата буола сылдьыбыта. Татаардартан элбэххэ үөрэниэххэ сөп. Кинилэр суруйааччыларын, айар сойуустарын өйүүллэрэ, суруйааччыларын ааттарын үйэтитэргэ үлэлииллэрэ үгүстэргэ холобур буолуон сөп, — диэн кэпсиир Наталья Ивановна. Иккис күнүгэр литературнай бырааһынньык кыттыылаахтара Габдулла Тукай төрөөбүт сиригэр – Кышлавучка, Кырлай сэлиэнньэтин мусуойугар сырыттылар. Тукай уустук дьылҕалааҕа, тулаайах буолан, кыратыттан ускул-тэскил сылдьыбыта. Баара-суоҕа 27 сааһыгар өлбүтэ, ол эрээри бэйэтин кэнниттэн сүдү литературнай нэһилиэстибэни хаалларбыта. Татаардар билигин кини талааныгар сүгүрүйэллэр, өрө туталлар. Татаар тылын туһунан хоһооно бэйэтэ гимн курдук, ким да ыллаатын – кыра оҕо да, үтүөлээх артыыс да – бары ойон тураллар уонна тэҥҥэ ыллаһан бараллар. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа Татарстан суруйааччыларын кытары ситимин салгыыр, бөҕөргөтөр сыаллаах. Татарстан Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Данил Салихов, эдэр поэт Ленар Шаехов Дьокуускайга «Благодать большого снега» бэстибээлгэ кэлэн, кыттыыны ылбыттара. Бу бииргэ үлэлэһэргэ, саҥа былааннары торумнуурга олук уурбута. Дьиҥэ, Тукай оҕолорго анаан суруйбут айымньыларын саха тылыгар өссө 60-с сылларга тылбаастаабыттара. Онон ситим салҕанар. Литературалар доҕордоһуулара – норуоттар доҕордоһуулара буолара билигин да суолталаах. Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан