Кэпсээ
Войти
Регистрация
Санаа кэрчигэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Санаа кэрчигэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
25.11.2022 12:29
Хайа эрэ бэйиэт хоһуйбутунуу, чох хара түүммүт уһунун ньии! Эчи, ыаһыран түһэн тымныыкатыан, куруһуон. Балаҕан ыйын саҥатыгар Дьокуускайга мэлдьи маннык. Миитэрэй 60 сааһын ааһыар диэри син балай эмэ маннык түгэни аһардаҕа, ол эрээри баччааҥҥа диэри итиннэ сөптөөх «утары эми» кыайан була илик. Эмээхсинэ соҕотох сиэнин көрө-харайа Москубалаабыта хаһыс да ыйа, онон үс хостоох, этэргэ дылы, ат сүүрдэр уораҕайыгар чороҥ соҕотох олороохтуур. Ойоҕо бардаҕын утаатыгар син добуочча туттуна сылдьыбыт киһи быһыытынан биир иһит буокканы ылан хаһааҥҥа эмэ диэри «холостуой олоҕо» кэлбитин «көрсүбүтэ». Маҥнайгы уохха – иһитэ ортолуурун саҕана – өйө-санаата дьэҥкэрэн кэлбиккэ дылы буолбута. Ханна эрэ барыах-кэлиэх санаата киирбитэ, кимиэхэ эмэ төлөпүөннүөн баҕарталаабыта. Суох, «тэп» гыннарарга көх көрдүүр инниттэн буолбатах: бу киһиҥ ити чааһыгар хаһан да хампаанньа көрдүү сатаан эрэйдэммэтэҕэ. Син эр киһи элээмэтэ буоллаҕа, онон хайа эрэ түгэҥҥэ «эйэргэһэ» сылдьыбыт далбарайыгар наадыйан кэлбитэ. Миитэрэй уруккуттан даҕаны итинник үгэстээх: соҕотохсуйуо эрэ кэрэх – тута төлөпүөн үрдүгэр түһээччи. Эдэр-сэнэх эрдэҕинэ онто төһө эмэ үтүө түмүктээх буолара: «тулаайахсыйыы муҥун-сорун киэр кыйдыах» дьүөгэ булгуччу көстөрө. Дьахтар ис санаатын таба таайара оччо эбитэ дуу, биитэр ньымааттаһыыта оннук ньылҕарыс гыннарара эбитэ дуу, «эс, кэбис» диэччи суоҕун кэриэтэ этэ. Дойдутуттан тэлэһийбитэ быданнаабыт буолан, атын сиргэ-уокка (быһаччы тыа сиригэр диэххэ) арыый сонун киһи эбитэ буолуо, бука. Омос көрүүгэ, дьиҥэр, олус да ардьайбатар-дьардьайбатар, киһи киһи курдук дьүһүннээҕэ. Ол эрээри эмээхсинэ, киниттэн хас эмэ сыл балыс Дьэлиэнэ, аҕыйах сыллаахха аанньатыгар этиэ дуо: «Ээ, муҥнаах, ардьайа сытыйаҥҥын, хайа дьахтар хараҕын хатыа диэн бириэйдэнээхтиириҥ, сыккын-сымаргын тупсарына сатаан одьукулуоннанарыҥ буолла! Ыл, иһит, эдэр дьахтар сааһыра барбыт эр киһи баай эбэтэр кырасыабай эрэ буоллаҕына бэһирэр, оттон эн хайдаххыный, күтүөр? Ыраата барбакка, ити турар сиэркилэҕэ көрүн!» – диэн сөп гыммыттаах. Миитэрэй сиэркилэҕэ көрүнэрин дуостал сөбүлээбэт – билэр дьүһүнэ олус бүрэтин. Ол эрээри сүрэх баҕата диэн баар! Ол тулутуо баара дуо, ончу сүгүннээбэт. Өйүгэр өрүү эдэр-чэгиэн, сэбэрэтэ да ол сиэринэн курдук. Дэҥҥэ үөлээннээхтэрэ оҕонньоттору кытары дьахтар аймахха түүҥҥү «сырыы» туһунан күө-дьаа буолан ыллахтарына, анараа дьон «ээ, биһиги диэхтээн, атахпыт тумсугар тыккыратар буолбуппут хас да сыл буолла, дьахтары утары көрөр кыахпытыттан тахсыбыппыт» дэһээхтииллэр. Миитэрэй ону сөҕөр эрэ. Кини оннукка тиийэ илик, хата, мэлдьи талаһар курдук. Арай эмээхсинэ, киниттэн хас эмэ сыл балыс эрээри, тиэрэ хайыыланар, били, «сибиинньэ таҥарата сылга биирдэ кэлэр» дииллэригэр дылы, ол кэмэ кэллэҕинэ, ачыаһырыы бөҕөтө. * * * Миитэрэй, саас баттаан эбитэ дуу, кэлиҥҥинэн утуйар уута кэһиллэн, халлаан суһуктуйуон да иннинэ уһуктар идэлэннэ. Туох эрэ ыар санаа баттыыр, нүөлүтэр гына ааспакка-арахпакка аалан сордуур. Били, маҥнай утаа «хата, эмээхсиним соҕуруу баран, бэркэ сынньатта ээ» диэбитэ ханна баарый – бэлиэр ахтыах курдук дьүһүлэннэ. Онон туох эмэ сылтах булан эһиэлэнэр эмээхсинэ да баҕалаах буолла. Эбиитин таас дьиэ уораана баччаларга этиҥ сааһын көрбүтүнэн киирэр буоллаҕа үһү. Түүн ортото наадаҕар тахсаары ыбыгырааһын бөҕө уонна утуйар кэлиэ дуо. Миитэрэй маннык кэмнэри бэркэ өйдүүр. 70-с сыллар ортолоругар билигин «Эльдорадо» эргиэн киинэ турар сирин диэкинэн лабаҕыран хаалбыт мас дьиэлэр бааллара. Онтон биирдэстэригэр, балай эмэ киэҥ дьиэҕэ, Дьэкириэмэп Сиэнньэ диэн табаарыһа олорбута. Сулумах, онтун ааһан туох эрэ кистэлэҥ үлэлээх быһыылааҕа: түүннэри сырыылаах, өссө кистээн кэпсэтэр туох эрэ тэриллээх этэ. Быһата, биллибэт-көстүбэт, күлүк курдук сылдьара. Миитэрэй ол дьиэ күтүр улахан оһоҕун отто сатаан эрэй бөҕөтүн көрөрө. Хаһаайыстыбанньаҥа суоҕун аанньа, Сиэнньэ үөл маһы түһэртэрбит этэ. Дьэ, онно, тоҥ хаһаа хараҥа дьиэҕэ, «ала кулуну төрөтө» хоноллоро. Биирдэ Миитэрэй табаарыһын сэрэтэн баран, үнүбэрсиэккэ кэтэхтэн бииргэ үөрэнэр кыыһын аҕалбыта. Онно билиҥҥитин курдук буолуо дуо, холостуой киһи киириитэ-тахсыыта ахсыма сүрдээх этэ эбээт! Мунчаарыы, чуҥкуйуу кэлииһи дуо. Дьэ, курбалдьыйыы кытаанаҕа этэ. Онуоха холоотоххо, сибидээнньэҕэ ыҥырбыт кыыһа олус дуоспуруннааҕа. Сибиэтэ, куурус ыстаарыстата, эппит-тыыммыт кыыс оҕото (дойдутугар сопхуоска хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ этэ), былырыыҥҥыттан билсэр уола Миитэрэй бу дьиэҕэ хонор туһунан «өй укпутугар» бастаан утаа төрүт сөбүлэспэтэҕэ. Онтон «Айхал» киинэ тыйаатырыгар Ииндийэ икки сиэрийэлээх киинэтэ хойутаан бүтэн, өссө оптуобус сырыыта тохтоон «ээх» дииргэ тиийбитэ. Үөһэттэн үргүөр үргүйэр, аллараттан аргыар аргыйар дьиэтэ диэн бу этэ. Ол эрээри эдэр дьон икки баата суорҕаны үллүнэн, син добуочча кэҥэс кырабаакка сыгынньахтанан сыппыттара. Миитэрэй манна хонор тэрээһини көҕүлээччи, эрдэттэн былааннаабыт буолан, долгуйар-кыбыстар санаа сыстыбатах ыччата этэ; имэҥ-дьалыҥ чааһыгар быдан уопуттааҕа, оттон Сибиэтэ, туттарыттан-хаптарыттан көрдөххө, эр киһини кытта аан маҥнай бииргэ сытар курдуга. Балай эмэ сыппахтыы, тоҥон ыбыгыраһа түһэн баран, ирээри ыга куустуспуттарын түмүгэр, дьэ, эт-эттэрэ сылыйан, итийэн-кутуйан барбыттара. Бэрт уһун ааттаһыы-көрдөһүү, тыытыа суох буолан чиэһинэй тылы биэрии кэнниттэн кыыс утарыласпакка сытан биэрбитэ, ньылбы сыгынньахтатарга сөбүлэспитэ. Миитэрэй суорҕан иһигэр өр мучумааннана сытан кыыс ис таҥаһа аллараа өттүнэн илийэн хаалбытын билбитэ уонна «бачча баҕарар эрээри тугун эмиэ чымаадыстааһынай» диэн мөҕүттэ санаан ылбыта. Мантан салгыы хайдах эмэ гынан били «чиэһинэй тылыттан» төлө түспүт киһи диэн, имэҥ-дьалыҥ уотун күөдьүтэ сатыы сыппыта. Онтон кэмниэ кэнэҕэс кыыһа букатын налыйан хаалбытыгар кыырда киирэн, үөһээ сытан түһүөлээбитинэн барбыта эрээри сатамматаҕа... Сибиэтэ букатын даҕаны саҥа түспүт кыраһа хаар курдук ып-ырааһа, тыытылла илигэ, оттон Миитэрэй кырыллыбытынан кыыска бу аан бастаан түбэспит буолан, олус долгуйан, эрдэ «эстэн» хаалбыта... Хаһан да бу курдук дубук тутта илик буолан, эр бэрдэ сүрдээхтик кыбыстыбыта, оттон кыыс уола «сыыһа туттан», налыйан-намыраан хаалбытыттан уоскуйбута уонна онтун биллэрэн «салгыы туохтаамыахха» диэн сибигинэйэн баран, моонньуттан кууһа сытан дэлби убураабыта. Сол курдук тыытыспакка утуйан турбуттара. Ааспытын кэннэ киһи күлэр даҕаны: уоллаах кыыс ис таҥастара муостаҕа сытан, онон-манан тордоччу тоҥон, хам сыстыһан хаалбыт этилэр. Онтуларын кэтээри сарсыарда балачча түбүгүрбүттэрэ. Дьэ, оннук уорааннаах дьиэ этэ... * * * Өрдөөҕүтэ, Миитэрэй бастакы эмээхсинин кытта арахсыбыт кыһыныгар, эмиэ маннык курус кэм этэ. Оройуон кытыы нэһилиэгэ буолан, айан-сырыы быстар мөлтөҕө. Дэҥҥэ бөртөлүөт кэлэрэ. Дьэ, оччоҕо нэһилиэк дьоно турардыын-турбаттыын былаһааккаҕа ааллаан киирэллэрэ. Бачча чааска кэлэр диэн, киһи барыта транзистор радиоприемнигынан истэн билэрэ. Интэриэһинэйэ диэн, оройуон хайа баҕарар нэһилиэгэр төлөпүөнүнэн кэпсэтэллэрин тааҕы-таах истэр кыахтаахтара, анаан-минээн истэр да кырдьаҕастар бааллара. Биир оннук эриэйсэнэн Дьокуускайтан хайа эрэ мэтэдьиис учуутал кэлбитэ. Кырасыабайа – адьас омук киинэтиттэн субу түспүт курдук. Үрдүгүнэн Миитэрэйи кытта араа-бараа быһыылаах, таҥаһа-саба сүрдээх мааны. Олохтоох дьахталлар (ол иһигэр оскуола учууталлара) халыҥ рейтузаларын кэппиттэрэ ырааппыт буоллаҕына, ыраахтан кэлбит ыалдьыт чараас колгуоккалааҕа. Туттардыын-хаптардыын, бэл, саҥарардыын атына. Оскуола саабыһа буоларынан эбитэ дуу, ыалдьыты Бикиэнтэй Бөтүрүөбүскэ түһэрбиттэрэ. Эбиэт кэнниттэн Миитэрэй мас хайыта тахсаары сырыттаҕына, табаарыһа «хайаан да кэлэ сырыттаххына сатанар» диэн төлөпүөннээн, дьиэтигэр ыҥыран ылбыта. Тиийбитэ, дьоно сэлэһэн ырааппыттар, арай дьиэлээх хаһаайка Агриппина Николаевна тоҕо эрэ суох. Табаарыһа эппитинэн, сүбүгүн оройуон киинигэр хомондьуруопкаҕа баран хаалбыт үһү. Дьэ, онон Бикиэнтэй быыс булан: «Дьон ол-бу дии сылдьыахтара, урут бу Северина Семёновнаны кытта Магадааҥҥа бииргэ үөрэнэ сылдьыбыппыт, эн итиччэ киэҥ дьиэҕэр хоннор ээ, сарсын чох тиэйэр массыына кэлэр, онон атаарыахпыт», – диэн булгуччулаахтык ытаһалаан кэбиспитэ. Ити курдук кырасыабай дьахтары – Северина Семёновнаны – дьиэтигэр, учууталлар уопсайдарыгар, аҕалбыта. Дьиэтэ икки хостоох. Биир хоһо онто да суох иччитэх турар, арай куһаҕана диэн, тымныы баҕайы. Миитэрэй мааны ыалдьытым тоҥмотун диэн, оһоҕор өргө диэри хардаҕас хаалаабыта уонна куоттарбакка саппыта. Дьиэ төһө эмэ сылыйбыт курдуга эрээри, аллараттан аргыар син биир аргыйа турара. Сылаас сиргэ, аан дьиэҕэ, балачча ирэ-хоро кэпсэтэн баран, ыалдьытыгар били кыра хоско оронун оҥорон биэрбитэ. Хата, хомондьуруопка киһитэ бырастыынатын тойун илдьэ сылдьар буолан абыраабыта. Түүн ортото Миитэрэй, үгэһинэн, таһырдьа наадатыгар тахса сылдьыбыта халлааҥҥа сулустар чыпчыҥнаһан ырааппыт этилэр. «Ии, барахсаттары, тугу эрэ имнэнэр курдуктар» диэн саныы-саныы иһирдьэ киирбитэ – Северина оһоххо көхсүнэн сыстан олороро! Мааҕын кэпсэтиилэриттэн Миитэрэй бу кырасыабай дьахтар эриттэн арахсыбытын, биир кыыс оҕолооҕун удумаҕалаабыта. Онто бу олордоҕо сонун саба уурунан, оһоххо сыстан. ...Оо, ол түүн үчүгэйдик да ааспыта. Миитэрэй ону билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүр. Ол эрээри оннук дьоллоох түгэн дэҥҥэ көстөр быһыылаах. Көр, тыа сиригэр киһи киһиэхэ тардыстара олус да күүстээх эбит ээ! Оттон билигин Миитэрэй бу үс хостоох уораҕайыгар ким кэлэн кэмсиин түүнү сылытыай?! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан