Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олохпун оҥостуохпун баҕарабын
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олохпун оҥостуохпун баҕарабын
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
25.11.2022 12:27
Олоххо соҕотохсуйуу курус тыынын билбит эдэрчи дьахтары кытта кэпсэтэ олорон, элбэҕи анааран, толкуйдаан көрөбүн. Кырдьык, соҕотох сылдьар эр дьон, дьахтар олус элбэх. Ким таптала таҥнарбыт, сорох көссүү «минньигэс амтанын» билэн, дьиэ кэргэнин быраҕан барбыт, ким эрэ иһэн-аһаан төлкөтүн түөрэҕин түҥнэрбит, атыттар аҥаардарын соһуччу сүтэрэн, дьиэ кэргэттэригэр ыар улахан охсууну ылан, соҕотохсуйан хаалаллар. «Тоҕо мин курдук дьылҕалаах дьон олох оҥосторбутугар ыараханы көрсөбүтүй, биһиги эмиэ иккистээн олохпутун оҥостуохпутун баҕарбат үһүбүт дуо?» диэн билэр дьахтарым көрдөһүү аҥаардаах тус олоҕун кэпсээбитин ааҕааччыларбар тиэрдиим. Соҕотох дьахтар кэпсээнэ 1983 сыллаахха Бүлүү биир улууһун кытыы дэриэбинэтигэр оскуоланы бүтэрэн, дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэнэ кэлбитим. Оччолорго оскуоланы бүтэрэргэр биир да «үстээх» буоллаххына, СГУ-га чугаһаппат этилэр. Ол иһин орто анал үөрэххэ киирбитим. 30-тан тахса сыл ааһа оҕуста... Бу тухары олохпор араас моһолу көрсөн, үөрүүнү-хомолтону билэн, 4 оҕолоох соҕотох ийэ буолан, син киһи сиэринэн дьон-сэргэ ортотугар үлэлии-хамсыы сылдьабын. Билигин оҕолорум улаатан, миэхэ наадыйбат кэмнэрэ кэлэн эрэр. Онтон сороҕор хараастабын, санньыйа саныыбын. Тоҕо? Соҕотох хаалыам диэн. Мин курдук соҕотох дьахталлар олоххо аналларын булан дьоллоохтук олороллоро үгүстүк көстөр. Кинилэр олохторун хайдах оҥостубуттарын билиэхпин баҕарабын уонна кырдьар сааспар олохпор аргыстаах буолаары, санааларын истээри аһаҕас кэпсэтиигэ таҕыстым. Онон, үөлээннээхтэрим, тус олоххут туһунан сырдата түһэргит буоллар, олус үөрүө этим. Дьылҕам бэлэҕэ Ол сайын (1983) орто анал үөрэххэ киирэн, табаарыстарбын кытта үөрэ-көтө тыаҕа быраактыкаҕа тахсыбыппыт. Үөрэххэ киирбит оҕолору быраактыкаҕа ыытан хортуоппуй хостотоллоро, бурдукка үлэлэтэллэрэ. Биһиги, саҥа оскуоланы үөрэнэн бүтэрбит дьон, күүспүт-уохпут сүрдээх, үлэбитин түргэнник үмүрүтэн баран киэһэтин үҥкүү тэрийэрбит. Үҥкүүбүтүгэр дэриэбинэ холостуой уолаттара хото мусталлара. Ол курдук, саҥа кыргыттары билсээри эбитэ дуу, аралдьыйаары даҕаны буолуо, киэһэ аайы биһигиттэн олохтоох уолаттар арахпат буолан барбыттара. Кыргыттар сонун сиргэ кэлэн, уолаттардыын билсиһии бөҕөтө. Биир оннук үтүө күн дьылҕам миэхэ бэлэх оҥордо. Арай көрбүтүм, биир саҥа уол кэлбит. Ол эрээри олох үҥкүүлээбэт, миигин тонолуппакка одуулаан, наар соҕотоҕун олорор. Мин киниттэн тоҕо үҥкүүлээбэтин, тоҕо итинник көрөн олорорун туоһулаһааччы буоллум. Кини сонно «билсиэххэ» диэтэ. Хайыамый, бастаан бэйэм ыйыппыт буоламмын эбитэ дуу, соҕотоҕун олорорун иһин аһынан эбитэ дуу, сөбүлэстим. Онон табаарыстыы буоллубут. Устудьуоннар үөрэнэр кэммит тиийэн кэллэ. Уолаттарбыт ыытыахтарын олох баҕарбаттар. Биһиги даҕаны барыахпытын баҕарбат курдукпут. Ол да буоллар хайыахпытый, быраһаайдаһар киэһэбит буолла. Үҥкүү кэнниттэн уолум дьиэтигэр ыҥырда. Ону тоҕо эрэ соҕотоҕун барыахпын саарааммын, кыргыттарбын барыларын илдьэ барарга сананным. Ону утарбата, кини эмиэ табаарыс уолаттарын ыҥыран, барыбытын дьиэтигэр илдьэ барда. Соһуччу «кийиит» буолбутум Саша ыал соҕотох уола этэ. Онон да буолуо, ийэлээх аҕата биһигини үөрэ-көтө көрүстүлэр. Остуол хотойорунан ас астаабыттар, кэтэспиттэр. Миигин «оҕобут подругата» диэн, олордуох-туруоруох сирдэрин булбатылар. Атыннык эттэххэ, ытыс үрдүгэр түһэрдилэр. Хаһааҥҥыттан эрэ билэр кыыстарыгар курдук сыһыаннастылар. Онтум баара, уоллара мин туспунан дьонугар кэпсиир эбит. Бу киэһэ мин кыбыстан, сиргэ тимириэхпин сирим кытаанаҕа, халлааҥҥа көтүөхпүн кынатым суоҕа мэһэйдээтэ. Санаабар, бары биһиги эрэ туспутунан кэпсэтэр курдуктар уонна миигиттэн ыйыппакка эрэ номнуо «кийиит» оҥостубуттар. Кинилэр дьиэлэрин аана биһиэхэ мэлдьи аһаҕаһын эттилэр. Хас субуота, өрөбүл аайы ыалдьыттата ыҥыраллар. Маҥнайгы таптал истиҥ иэйиитэ Дьэ, ити курдук билсиһэн, сырыы аайы кинилэргэ ыалдьыттаан, Сашалыын маҥнайгы таптал ухханыгар уйдаран, бииргэ буолбуппутун бэйэбит да билбэккэ хаалбыппыт. Иккиэн да саҥа тыллан эрэр сибиэһэй хатыҥнаах тиит курдук ыраас сыһыаннаах этибит. Оччотооҕуга хоонньостуҥ да ойоҕуҥ, эриҥ буолар диэн өйдөбүл баара. Билиҥҥи курдук үөрэтэн көрүү диэн суоҕа. Мин оҕо күүтэр буолан, нэһиилэ Саҥа дьылга диэри үөрэнним уонна үөрэхпин бырахтым. Сашам дьоно миигин үөрэ-көтө көрүстүлэр. Кинилэри кытта бииргэ олордубут. Тойонноох хотунум сыһыаннара олус үчүгэй, аны туран, сиэн кэтэһэртэн ордубатылар. Миигин кыыстарынааҕар да күндүтүк көрдүлэр. Кыыстара Сашаттан 10 сыл аҕа этэ. Номнуо үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, атын сиргэ үлэлиирэ. Кэргэнэ, оҕото суоҕа. Күһүн уол оҕолоннубут. Сыл ааһаатын кытта иккистэннибит, онтон үһүс оҕобут төрөөбүтэ. Онон 3 сыл иһигэр субуруччу уол сиэннэри бэлэхтээммит, дьоммутун олус үөрдүбүппүт. Ол тухары бэйэбит оҕолуу бүөбэйдэнэн, дьоммутун кытта бары бииргэ 10 сыл дьоллоохтук олорбуппут. Ыар сүтүк Онтон эмискэ ыраас күн этиҥ эппитин курдук, кэргэним соһуччу оһолго өлөн, миигин үс кыра оҕолоох тулаайах хаалларан, ол дойдуга аттаммыта. Оо, ол онно соҕохсуйбуппуон... Күҥҥэ көрбүт саамай чугас киһибин сүтэрии аймалҕанын эппинэн-хааммынан билбитим. Ол сыл, кэргэним суох буолбутун кэннэ, миигин дьонум кэлэн, дойдубар көһөрөн илдьэ барбыттара. Мин дьоммун, дойдубун олус ахтыбыт эбиппин. Онон утарса барбакка, кэргэним дьонуттан арахсан, дойдулаах киһи быһыытынан дьоммун кытта барса турбутум. Эдэрим да бэрт этэ. Дойдубар тиийэн сопхуоска үлэлии киирбитим. Аҕалаах буоллуннар дии санаан.... Ол сылдьан, бииргэ үөрэммит оскуолатааҕы доҕорбун көрсөн, аралдьыйа таарыйа киинэҕэ, үҥкүүгэ бииргэ сылдьар буолбуппут. Кини биһиэхэ оппутун-маспытын тиэйэн биэрэрэ, тиэхиньикэлээх киһи быһыытынан тиэйэр-таһар үлэҕэ көмөлөһөрө. Оҕолорум үөрэ-көтө тыраахтарыгар олорсо сылдьаллара, астыналлара. Аҕаларыгар майгыннатан эбитэ дуу, аҕаларын суохтаабыттара эбитэ дуу, кинини олус чугастык ылыммыттара. Хаһан кэлэрин кэтэһэр идэлэммиттэрэ. Ону сэрэйэн, Ваня оҕолорум төрөппүт аҕаларын суохтуулларын, кини оҕолорбор «аҕа» буоларга бэлэмин аһаҕастык эппитэ уонна киниэхэ кэргэн тахсарбар этии киллэрбитэ. Миигин кэргэн ылыан иннинэ биирдэ да ойохтоммотох, арыгыны-табаҕы утарар, олус үлэһит уол этэ. Этэргэ дылы, нэһилиэк дьахтара бары кэриэтэ кини үчүгэйин ырытара, ымсыырара. Оҕолорум тустарыгар уһуну-киэҥи толкуйдаабакка сөбүлэстим. Ваня ийэтэ миигин ойох ыларын утарбыта. Буруйум диэн, оҕолордоох үһүбүн. Аны туран, Саша дьонуттан ыйыппыппын «оҕолору атаҕастыа» диэн эмиэ сэҥээрбэтэхтэрэ. Арай бэйэм дьонум, оҕолорум уруй-айхал бөҕөтө. Дьиэбит ис-тас үлэтэ кинитэ суох оҥоһуллубат буолла. Киһим үлэһитэ сүрдээх, оҕомсоҕо диэн сүр. Аҕыйах ый мин дьоммор олорон баран, туспа баран олорорго быһаарынныбыт. Кини аймахтарын дьиэтигэр көстүбүт. Оҕолорум «аҕаа» диэн баран батыһа сылдьаллар. Биһиги атахпытыгар туран дьиэ, баанньык, гараас тутуннубут. Массыына эмиэ баар буолла, эбиитин уол оҕолоннубут. Улахан уолаттарым кыра бырааттарыгар аһара бэртэр, астыныы бөҕөтө. Акаары санаатыгар тэптэрэн Ол курдук биэс сыл олус үчүгэйдик олорбуппут кэннэ, сопхуостар эһиннилэр, үлэ суох буолла. Ваня улуус киинигэр үлэлии киирдэ. Мин оҕолорбунуун дэриэбинэҕэ олоро хааллыбыт. Аҕабыт харчы «өлөрө» барбыт ааттаах, сыл аҥаарын устата харчыта да, бэйэтэ да мэлигир. Оннооҕор төлөпүөнүнэн баарын-суоҕун эппэт. Саатар, оҕото хайдах-туох сылдьарын туоһуласпат. Мин ыйыталаһан көрдөхпүнэ, эппиэт бэлэм: «Харчы биэрэ иликтэр, биэрдэхтэринэ ыытыам». Хата, куһаҕан да үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, били «бокуонньугум» харчыта сылын аайы оҕолоругар кэлэ турар буолан, харчынан быстарбакка, ыал курдук бэйэбит эрэ олороохтуубут. Онтон, дьон кэпсииринэн, киһим үлэлиир тэрилтэтин хотунун кытары «таптал таарымтатыгар» ыллара сылдьар сураҕа иһиллэр. Мин бастаан соччо итэҕэйбэт этим. Онтон кэнникинэн уорбалаан барбытым. Ити курдук, кини биирдэ да харчы аҕалбакка эрэ, атын «таптал үлэтин» үлэлии сырытта. Ханна олороро эмиэ биллибэт. Дьиэлээхпин диэн, сыл баһыгар-атаҕар эрэ охсуллан ааһар идэлэннэ. Били оппут-маспыт тиэйиитэ тохтообута ыраатта. Хас да сыллааҕы хаһаас маспыт бүтэн барда. Бу санаатахха, атын дьахтары (хотунун) иитэн бокуойа суох сылдьыбыт эбит. Ол дьахтар киниэхэ харчынан төлүөн кэрэйэн, бэйэтинэн эргиннэҕэ. Туһугар биири биэс гына сатыы сылдьар киһиэхэ эмиэ кыһалҕа буолаахтыа... Биирдэ баран эттэххэ, акаарыны албыннаатаҕа дии. Үөрэхтэниэҥ – киһи тэҥинэн сылдьыаҥ Этэҥҥэ икки сыл ааһан, улахан оҕом номнуо оскуоланы бүтэрэн үөрэх туттарса Дьокуускайдыыр буолла. Оҕобун үөрэттэрэр баҕаттан куоракка батыһан кэллим. Дьолго, хата, атын оҕолорбун эбэлэрэ көрөн-истэн абыраабыта. Уолум СГУ-га үөрэнэ киирбитэ. Мин эмиэ кинини кытта тэҥҥэ туттарсан, били оскуола кэнниттэн үөрэнэ сатаабыт орто анал үөрэхпэр киирбитим. Иккиэн уопсайга олордубут. Эһиилигэр иккис оҕом кэллэ. Мин улахан уолбунуун бастакы кууруспутун этэҥҥэ түмүктээтибит. Иккис оҕом институкка үөрэнэ киирдэ. Ити курдук син, таҥара көмөтүнэн, үһүө буолан үөрэннибит. Бары үс аҥыы уопсайга олордубут. Миигин, сааһырбыт буоламмын, 3 сыллаах үөрэҕи 2 сылынан түргэнник бүтэртэрбиттэрэ. Син үтүө дьон баар буолан, орто анал үөрэхтэнэн, урут ситиспэтэхпин ситиһэн, билигин куоракка үчүгэй тэрилтэҕэ үлэлии сылдьабын. Үһүс уолум эт-хаан өттүнэн убайдарынааҕар ордук сайдыылааҕа, успуордунан дьарыктанан мэлдьи сбордарга сылдьара, үөрэҕэр олус үчүгэйэ суоҕа. Ол иһин оскуола кэнниттэн тута аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Арахсар эмиэ ааттаһыннарыылаах эбит Кэргэним миигиттэн арахсар туһунан толкуйдаабакка өссө атын эдэр, арыгыһыт дьахтардыын иһэн-аһаан киһи аатыттан ааһан баран сылдьар сураҕын эрэ истэрим. Ол дьахтар икки оҕолооҕун, эрэ хаайыыга олорорун туһунан кэпсииллэрэ. Мин эрбиттэн үс оҕону төрөтөн, барыта биэс оҕону эрэйдии сылдьар дииллэрэ. Биирдэ дойдубар күүлэйдии тиийэ сылдьан, уулуссаҕа киһибин көрсө түстүм уонна арахсарга көҥүл (сайабылыанньа) көрдөөтүм. Киһим хараҕыттан уу-хаар баста, тугу да быһаарбакка, кэлин бэйэм биэриэм диэн баран, куотан хаалла. Ойоҕо «амсайар» буолан, миигиттэн арахсар санаата суох быһыылааҕа. Хас сыл эрдээх курдук сылдьыамый диэммин, дьиэтигэр тиийдим. Киирэн истэхпинэ, икки улахан баҕайы ыт сии сыһан, куппун көтүтэн кэбистилэр. Иһирдьэ киирбиппэр киһим абааһыны көрбүт курдук буолла уонна дьахтарыныын куолаан, баспыттан атахпар диэри икки атахтаах иилэн ылбат тылынан үөхтүлэр. Тутатына кэргэммин ис дьыала уорганнарыгар үҥсэммин ыстарааптаттым. Эбиитин арыгы иһэн баран киһини атаҕастаабытын иһин сууккаҕа хаайдылар. Сарсыныгар суукка тиийбиппэр «хайаҕыт эрэй?» диэн ыйыттылар. Дьахтарыгар ойохтооҕун, оҕолооҕун туһунан олох да кэпсээбэтэх. Докумуоммун көрдөрбүппэр, дьэ, итэҕэйдилэр. Ити курдук 8 сыл тухары эрэ суох аата эрдээх курдук сырыттым. Кэлин аймахтарым, бииргэ үлэлиир дьонум сүбэлэринэн куорат суутугар арахсар туһунан сайабылыанньа биэрэн, дьэ арахсыбытым. Эбэн эттэххэ, «сирэн-сирэн сиргидэххэ тиксиэҥ» диэн өс хоһооно баарыныы, бу киһим ийэтэ билигин миигин үҥэр таҥара курдук көрөр. Тоҕо диэтэххэ, арыгы испэппин, чөл олоҕу тутуһабын. Оҕолорум эмиэ кинилэргэ баайсыбаттар, бэйэм үлэлээхпин. Итэҕэһим диэн, куоракка олорор бас билэр дьиэм суох, куортамнаан олоробун. Быһаччы эттэххэ, кини уола миигинниин олорор кэмигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ киһи быһыытынан, үлэһитинэн улаханнык убаастанара. Ыал сиэринэн этэҥҥэ үчүгэйдик олорбуппут. Билигин ойоҕунуун иккиэн итирик сылдьалларын элбэх киһи көрөр. Ийэтэ кийиитин үөҕэртэн ордубат. Миэхэ үҥсэргиир. Дьэ, талан ылбыт олоҕор олордун дии санаан, билигин хотуммун кытта сибээстэһэбин. Сибээстэһиэ суохпун сөп этэ гынан баран, хайдаҕын да иһин, оҕом эбэтэ буоллаҕа. Хомойорум диэн, уолугар ойох буолан олорор кэммэр, хотунум миигин аахайбат этэ. Ыаллыы олорбуппут эрээри, эгэ, киирэ сылдьыа дуо? Оннооҕор оҕобутун көрбөтөҕө. Саҥа дьиэ туттубуппутун сэҥээрбэтэҕэ. Билигин кэлэн, «тыыннаахпар оҕобун араарыма» диэн ытыы-ытыы ааттаһар. Хайыамый, тэйиппэт сыалтан сырытыннарабын, көмөлөһүннэрэбин. Түмүккэ Кэнники куоракка син онно-манна сылдьан, доҕор-атас элбээн, дьону-сэргэни кытта билсэн, билигин дэриэбинэҕэ барар санаам суох. Төһө да сааһырдарбын, куоракка хаалан кырдьар сааспар биир эмэ бэйэм саастыыта киһилиин билсэн бииргэ олоруохпун баҕарабын. Кырдьыга, миигин куруук кэргэннээх, саастаах дьон көрөр. Атын киһини хомотон дьолломмоккун диэн өс хоһооно этэринии, хайдах ыал аҕатын арааран ылыамый? Бэйэм оннук балаһыанньаны билбит буолан, сүөргүлүү саныыбын. Хайдах эрэ бары-барыта сатаммат курдук. Сааһым эмиэ ыраатан эрэр. Оччотугар, дьэ, хайдах олохпун оҥостуохпун сөбүй? Саргылаана БАГЫНАНОВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан