Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мэхээлэлээх
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мэхээлэлээх
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
18.11.2022 12:26
Мэхээлэлээх Даайа сиэннэрэ кэлиэҕиттэн утуйар уулара уйгуурда, аһыыр астарын амтана сүттэ, быһата, түбүк бөҕөтүгэр төбөлөрүн оройунан түстүлэр. Наар кинини харайыы, көрүү-истии! Бастакы сиэннэрэ буоллаҕа эбээт! Сирэйин-хараҕын олоруута оруобуна ийэтин курдук: сырдыктыҥы күөх харахтаах, сирэйин быһыыта да оннук, кубархай. Иккитин икки ый ааста да, киһи иилэн ылар гына тыллана илик. Мотохоно курдук түөһүн өтөппүтүнэн дьиэ иһигэр сүүрэн туораахтанар. Соҕотох кыыстара Саргы улуус түгэх оскуолатын бүтэрээт, улуу ыраахтааҕы Бүөтүр Пиэрибэй олохтообут куоратыгар – Питергэ үрдүк үөрэххэ туттарсан киирэригэр төһөлөөх үөрбүттэрин-көппүттэрин, ама, ким ааҕан ситиэй! Быһа түһэн эттэххэ, Саргылара өссө 9-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, Дьокуускайга дьиэ ылар туһунан төбөлөрүн ыарытан барбыттара. Мэхээлэ кэлин өйдөөн-дьүүллээн көрдөҕүнэ, ити чааһыгар дьаһал-сатал хаата Даайата обургу быдан эрдэттэн киэҥ былааннаах эбит. Биирдэ оҕонньорун кытта бэркэ эйэргэспит, эдэр эрдэҕинээҕилэрин эргиппит түүннэригэр астына-дуоһуйа сытан, сэрэнэ соҕус тыл көтөхпүттээх. Онтун ис номоҕо «үлэни кыайар-хотор эрдэххэ (тос курдук хамнастаах эрдэххэ), Дьокуускайга кыбартыыра атыылаһыахха, кыыспыт икки хас сылынан үөрэнэ тиийдэҕинэ, уопсай дьиэ түрүлүөнүгэр олоруо дуу, ырааҕынан аймахтарбытын сүпсүгүрдүө дуу» диэн этэ. Бытаан толкуйдаах, ааттыын Нэс Мэхээлэ, куолутунан, сонно тута «ээх-сөп» диэбэтэҕэ, ол эрээри эмээхсинигэр ити санаа көөнньүбүтэ быданнаабытын сэрэйбитэ. Утары этэн туһа суох: Даайата, түгэн эрэ көһүннэр, хотун хаан киэптэнэн олорон, сыппах быһаҕынан сулуйардыы, сорун сордуо турдаҕа. «Дьиэтээҕи бырабыыталыстыба уурааҕа» тахсаатын кытта ону олоххо киллэрии саҕаламмыта: ороскуоттарын аҕыйаппыттара, хотун тус бэйэтинэн кыра-кыралаан малын-салын атыылаабытынан барбыта. «Баҕа силэ байҕалга эбиилик» диэбиккэ дылы, көрүөх бэтэрээ өттүгэр муспут үптэрэ үллэн-баллан тахсыбыта. Түмүгэр икки сыл иһигэр үс хостоох таас дьиэни атыыласпыттара. Ол эрээри былааннара арыынан ньалҕаарыппыт курдук сонно сатамматаҕа: кыыстара «пахай, миигин Дьокуускайга үөрэттэрээри гынаҕыт дуо, Санкт-Петербурга Үп-экэниэмикэ университетыгар үөрэниэм» диэн турбута. Төрөппүттэрэ санаа-оноо буолбуттарын аахайар баар буолуо дуо – уот ааныттан атаахтык иитиллибит Саргы өйө-санаата түөрэтэ Санкт-Петербург этэ. «Кыыспыт Дьокуускайга да сылдьыбыта ахсааннаах, ол биэс-алта мөлүйүөн киһи олорор сүдү улахан куоратыгар хайдах сылдьыах муҥай?» диэн, Мэхээлэ сүөм түспүтэ. Онуоха Даайата: «Оҕом котоку саамай сөпкө быһаарыммыт, үрдүкү тойотторбут тыынньалара эрэ Эмиэрикэнэн, Аангылыйанан үөрэниэхтээхтэр үһү дуо?! – дэтэлээбитэ. – Өссө итини эрдэ билбит буоллар, кыбартыыраны Питергэ ылыахха баара», – диэн эппитэ-тыыммыта. Онтон сотору буолаат, «биһиги дьонтон туох итэҕэстээхпитий, дабаай, түргэнник Дьокуускайга, дьиэбитигэр баран олоруох» диэн турбута. Дьэ, ити курдук куораты булбуттара. Өмүрэх курдук кэлбит дьоҥҥо үлэ хантан көстө охсуой? Мэхээлэ, дойдутугар ууну да дьалкыппакка аа-дьуо хааман лооһордуур бэйэтэ, куорат тэрилтэлэригэр үлэ баара буолаарай диэн сыыдам сырыыламмыта. Көрдөөбүт көмүһү булар диэбиккэ дылы, хамнаһа кыра да буоллар, бэйэтигэр сөптөөх үлэни булбута, оттон Даайата араас тэрилтэҕэ дьиэ сууйан, оҕонньорунааҕар элбэх хамнастана сылдьыбыта. Онтон олохторо сыыйа оннун-тойун булан, хас эмэ сиргэ дьиэ сууйарын тохтоппута, хата, дьоҥҥо унтуу, бэргэһэ, сон, былаачыйа тигэн, баһаам харчыны өлөрөр буолбута. Туох эмэ үлэҕэ ылыста да, түгэҕин көрөн баран биирдэ тохтуур барахсан. Онтон Мэхээлэни «үлэтигэр кыһамньылаах» диэтэхтэрэ буолуо, арыый үрдүк дуоһунаска таһаарбыттара, инньэ гынан син ботуччу соҕус хамнастаммыта. Хаһааҥҥа диэри ити курдук олоруохтарын ким билиэ баарай, арай биирдэ кыыстара Санкт-Петербуртан «кэргэннэнним, идэбинэн үлэ буллум» диэн, төлөпүөннээн соһуппута. Үөрбүттэрэ. Өссө хаһан да үктэнэн көрбөтөх куораттарыгар кыыстарын, күтүөттэрин көрө охсоору сардьыгынаһыы сүрдээх этэ. Аныгы ыччат, көр, итинник – төрөппүтүттэн ыйытар диэн мэлиһээй. Мэхээлэлээх күтүөттэрэ ким диэн ааттааҕын, туох омук буоларын сол курдук билбэтэхтэрэ, онтон сотору буолаат, Саргылара «арахсыбыппыт» диэн хомотолообута. Даайа, ийэ киһи, кыыһыгар «манна, биһиэхэ, кэлэн олоруоххун, дьоҥҥуттан-сэргэҕиттэн быстан-ойдон сылдьыма» диэн өй угааччы буолан, хата, баар-суох оҕотуттан үлтү мөҕүллэн хаалбыта. «Тус олохпун бэйэм оҥостуом, онно эһиги мэһэй-таһай буолумаҥ» диэн, сөптөрүн ыла сыспыта. * * * Мэхээлэ Даайатыныын киһи мыыммат гына уһуннук олордулар. Элбэх оҕолоох ыалга улаханнара буолан, Даайа кыра кылааска үөрэниэҕиттэн дьиэни-уоту тутан, дьиҥнээх хаһаайка курдук дьаһаллааҕа. Балтыларыгар, сурдьуларыгар таҥастарын абырахтыыр, аһаталыыр, оонньуу таҕыстахтарына даҕаны хараҕын далыттан төрүт таһаарбат этэ. Ийэтэ үлэтиттэн кэлэн «балыгы ыһаараргар мас арыытын олус хорҕомнообуккун, мииҥҥэр эмиэ бэрмисиэли наһаа хойуу гыммыккын» диэн сэмэлиирэ. Онтун быыһыгар «балтыҥ күөмэйэ ыалдьыбыт, тиэргэҥҥэ оонньуу сылдьан хаары сиэбитин көрбөтөххүн быһыылаах» диэн биир туспа буруйу сүктэрэрэ. Үөрэхтээх киһиэхэ, Мэхээлэҕэ, эргэ тахсан баран, олоҕо аматыйбыта, сурдьулара, балтылара да улаатан, эдьиийдэрин көрүүтүттэн-истиититтэн тахсыбыттара. Саргыны хат сырыттаҕына, утуйаары сытан төрүү илик оҕолорун хайдах иитэр туһунан мөккүһэллэрэ. Мэхээлэ «уол оҕо төрөөтөҕүнэ, атаахтаппакка, дьиҥнээх эр киһи буолан тахсарын курдук иитиэм» диирэ, оттон Даайата «ии, уол да, кыыс да буоллун, оҕом котоку эрэйи эрэ билбэтин, бэйэм хайдах саныырбынан көрүөм-харайыам» диэн бигэ санаалааҕа. Оҕолоро кыыс буолан бэбээрэн тахсыбытыгар сүрүн оруолу Даайа ылбыта, Мэхээлэ туох эмэ диэн этэн көрөөрү гыннаҕына, «кыыска ийэ иитиитэ ордук наада, онно эн төрүт орооһума» диэн, саа тэбэр сиригэр да чугаһаппатаҕа. Дьэ, онтон ыла Саргылара былыттаах күҥҥэ быкпат, тугу да ордук-хос хамсаммат буола улааппыта. Төрөппүттэргэ «туох үчүгэй барыта – соҕотох кыыспытыгар» диэн санаа баһыйбыта. Түмүгэ ити баар – кыыстара олоҕо табыллыбатаҕар бэйэлэрэ буруйдаах үһүлэр! Саргылара «эһиги куһаҕаннык иитэҥҥит, манныкка тиийдим, онон Эмилияны эһиэхэ илдьиэм, бакаа эһиэхэ сылдьан эрдин» диэн төлөпүөннээбитэ. Саҥата-иҥэтэ кытаанах, били, ыам кумаарын саҕана, бырдах тутан сиэбэтин диэн харыстаан, үрүҥ сиэккэ пуолахха утуталларыгар ийэтин моонньуттан кууһа-кууһа ытаан татынньахтыыра ханна да суох. Дьэ, ол бэс ыйынааҕы харааҥҥа эрэйи да көрөллөрө: кумаар саҥата бып-быыгынас буолара. Даайата «сирэйгэр олорбут бырдаҕы сатаан өлөрбөккө көтүтэн кэбистиҥ, тулуйан сыт ээ, эн куһаҕан хааҥҥын супту уулаан тоттоҕуна, оҕом котокуну ытырыа суох этэ» диэн абаккаланара. Сороҕор Мэхээлэ түүн үөһэ уһуктан кэллэҕинэ, кэргэнэ сааһыт бэрдэ куһу маныырын курдук, оҕотун оронун аттыгар эрэһиинэ мухобуойкатын өрө тутан, кулгаах-харах буолан олорор буолара. * * * Эмилия котоорой күнүс баҕас киһи киһитэ: тугу баҕарар аһыыр, тугу эмэ соруйдахха, тук курдук толорор. Олус тэтиэнэх: туппутун ончу ыһыктыбат. Биирдэ иккис кылааска үөрэнэр тастыҥ эдьиийин уруучукаҕын уларсыбатыҥ диэн, муостаҕа булгу сөрөөн түһэрэн, чуут ытата сыспыта. Аны туран, тугу эрэ уһуннук быһаара сатаан баран, эһэтин саалаҕа сиэтэн илдьэн, «маннык гын» диэбиттии, түөрт атах буолан көрдөрбүтэ. Дьэ, ол кэнниттэн эһэтин үрдүгэр ыттан, атынан көтүтэн иһэр курдук, сахсылын да сахсылын буолбута. Экчи, башкир дуу, монгуол дуу хаана булкуспут быһыылаах. Түүн кэллэр эрэ сордорун сордуур: хабыс-хараҥаҕа ытаан тоҕо барар, аны эбэтин «ыллаа» диэн хаайар, онно сөп буолбакка, «көтөх» диэн муҥхааллыыр. Тулуйа сатаан баран, Даайата Мэхээлэҕэ уордайан «сиэҥҥин көрбөккө утуйан аппайа сытаҕын, мин эрэ көрүөхтээх үһүбүн дуо?!» дэтэлиир. Абаккатыгар сиэнин «утуй!» дии-дии сахсыйар, кымаахтаан да ылар. Инньэ гынан Мэхээлэ, сарсыарда эрдэ туран үлэтигэр барыахтаах киһи, сиэнин көтөҕөн дьиэни биир гына дьаарбайар. Ол сылдьан хаһан да ыллаан көрбөтөх бэйэккэтэ сиэнэ эрэ истэрин курдук, били, өктөбүрүөнэк, биэнньиэр саҕанааҕы ырыаларын киҥинэйэр, Эмилиятын уоскутан таптайар. Биирдэрэ онуоха үөрэнэн хаалан, утуйда дии санаан, оронугар сытыараары гыннаҕына, саараама түспэт, моонньуттан хатыыппардаһан баран ыыппат, өссө туох эрэ дии-дии, уураан чобурҕатар. Эбэтигэр көтөхтөрүөн төрүт баҕарбат, эһэтин сыллыы-сыллыы аан дьиэ диэки ыйар: бу хостон илт диир быһыылаах. Мэхээлэни, бэл, соҕотох кыыһа Саргы да ити курдук сылаастык сыллаабатаҕа. Кырдьык, оннук эбит, хата, наар бэйэтэ үлбүрүйэн, имэрийэн-томоруйан тахсара, хардата диэн ончу суоҕа. Оттон бу Эмилията, омук хааннаах чыычааҕа, эһэтин (хаһааҥҥыттан билбит киһитин?!) хайдах курдук кууһарый, «пок гын» да диэбэтэҕин үрдүнэн хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа сыллыырыан-уурууруон ньии! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан