Кэпсээ
Войти Регистрация

Илин, илин диэкки...

Главная / Кэпсээн арааһа / Илин, илин диэкки...

K
18.11.2022 12:22
     Сааскы кус үмүрүйэн, анды кэлэн хаалыа диэн ма­наһар кэм. Биир үтүө ылаа­ҥы күн эмиэ, куолубунан, барбах ыһык ылан хаама ба­рарга быһаарынным.   * * *    Халлаан суһуктуйуута туран, чэйдээн баран, утуйан бусхата сытар атастарбын уһу­гуннарбакка, хомунан бардым. Оппуос уһуктан көҕүрэттэ тахсыбытыгар, баҕар, хонон хаалыам диэн сэрэттим. Ки­һим, уутун быыһынан дьаа­һыйа-дьаа­һыйа, барбах эрэ сыҥаа­ҕырдаат, киирэн хаалла.    Мутукча сыттаах тыам быы­­һынан бэркэ өрө көтө­ҕүл­лэн хааман иһэбин. Уһун омооно эрэ хаалан эрэр бырачыахтарынан сирдэтинэн ыраах барыахтаах сирбин хаарта оҕолоохпор көрөн сир­дэттэбин. Күнү быһа наар хааман, тиийиэхтээх сир­бэр күн аллара барыыта, сал­гын туруута тиийдим.    Тиийбитим: тыатыттан уулаах, тыатын саҕата кытта угуттаан аҕай сытар эбэ эбит. Кутата күөлү биир гына уста сылдьар. Эбэ үс гыммыт биирин эргийэ барбытым кэннэ ардаҕым улам күүһүрэн, онтон хойдон, ыаҕастаах уунан кутан барда. Мин хааччынар бэйэм бу сырыыга наар илдьэ сылдьар салапаан элээмэтин хаалларан кэбиспиппиттэн кы­һыйдым. Көхсүм илийэн хаалла. Тыым иһигэр уум элбээн, ньылбырыҥнатан барда. Ол иһэн ханан тиксиэххэ сөп сир баарын көрө, сири-уоту үөрэ­тэ иһэбин. Арай өйдөөн көр­бү­түм, үрдээн көстөр туму­һах баар. Онно олох бу бэтэрээ өттүн курдук кутата суох чай кытаанах кытыллаах эбит. Мин үөрдүм. Хата, туох да мэһэйэ суох тиксэн, уот оттунан чэйдиэм, куурдунуом. Кырдьык, туох да мэһэйэ суох тигистим, таҕыстым. Кытаанах сиргэ үктэнэн, сис көннөрө туран көрбүтүм, олох да урукку өтөх онно эбит. Тыа саҕатыгар отунан-ма­­һы­­нан саба үүнэн хаалбыт хотонноох туруорбах ба­­ла­ҕан турар эбит. Аҥаар эҥэ­­лэйэ сууллубут дуу, кө­тү­рэн кэбиспиттэр дуу, харааран аҥайан турар.    Дьон олоро сылдьыбыт сиригэр кэлбиппин билинэн, тута ыһыкпыттан сирбэр-уоппар бэ­ристим. Тыыбын таҥнары саптан, ол балаҕан диэки бардым. Тиийэн иһэн көрбүтүм, хотоно ордук тэтиэнэх курдук. Балаҕанын аҥаар эҥэлэйэ ылыллан, эбиитин сууллан хаалан, үрдэ дэлби эмэҕирбитэ көстөр. Балаҕаҥҥа, тоҕо эрэ үрдэ сууллуо диэн сэрэхэдийэн, киирбэтим. Хотоҥҥо киирэн олохсуйдум. Саах тарыйар күрдьэх күкүр иһи­гэр өйөнөн турар. Бэрт чэбэр туттуулаах, суоллаах-иистээх хаһаайын киһи олорон ааспыт дуу диэн, ол күр­дьэх көнөтүттэн ытырыктата санаатым. * * *    Халлаан биллэ киэ­һэрэн бар­да. Аны кэлэн төн­нүөм дуо, манна ити мончууктары кө­мө­лө­һүннэрэн андыга олоро тү­һүөх санаа киирдэ.  * * *    Сылаам таайан, уһааба­тым быһыылаах, утуйан хаалбыппын. Арай ол сытан уһу­гуннум дии саныыбын. Биир чанчыгынан сырдаан көс­­төр баттахтаах, түнэ сонноох киһи кэлэн кутааҕа ытыһын иттэ олорор эбит. Соһуйан, саҥабыттан матан, туох диэхпин дуу, куттанан куотуохпун дуу билинэ иликпинэ, ки­һим илин диэки ыйар курдук тугу эрэ этэр да, саҥата олох иһиллибэт. Мин кулгаахпынан уруккуттан моһуоктаах буоламмын, онтум бэргээн иһи­тин­нэрбэт диэн, чараас сааскы бэргэһэм дуомуттан кулгаахпын таһааран тардыалаан иһэн уһукта биэрдим. «¤уу, түүл эбит буоллаҕа дуу?» диэн, били кырдьаҕаһым олорбут сирин диэки сэрэнэн көрөбүн.    Онтум түүн тымныйан, уотум умуллаары сыгынаҕым барбах кытара сытар эбит. «Оҕон­ньор туох диэн этэ сатаабыта буолла?» диэн, ол олорон толкуйдуубун. Бээ эрэ, кус көтүүтэ олох чугаһаабыт диэн утуйан хаала сыспыппыттан бэйэм бэйэбин мөҕүттэн, ойо эккириибин.    Эрдэ бэлэмнээбит сэһээк­кэбэр өтөх саҕатынан хаххалатан киирэн иһэн, арай көр­дөхпүнэ, мончууктарым элбээн хаалбыттар. Чочумча со­ҕус мончуук быыһыгар түөрт анды түһэн олорорун дьэ өй­дөөн көрдүм. Ойуурдаах, оттоох-мастаах буолан, холкутук үөмэн, хаххабар киирэн хааллым. * * *    Син тулуйан-тэһийэн, ол ан­дылары чугаһатан, иккини ылан хаалбытым. Үөрэн бөҕө. Хата, кураанах төннүбэт буоллум ээ. Дьэ, утуктаан эҥин унаарарым курдук буолуо дуо, сэргэхсийии бөҕө буолан олоробун. Ол олордохпуна, илин диэкиттэн уонтан тахса анды киирдэ. Күөлү эргийиэх курдук гынан иһэн, күөл ортотунан быһан баран киирбит сирдэрин диэки биирдэ ууга буола түстүлэр. Мин ол андылар кэлиэхтэрэ диэн, көһүйүөхпэр диэри хамнаабакка олорон кэтэһэ сатаатым да суох – түспүт сирдэриттэн хамсаабаттар. Онтон сотору соҕус буолан баран, эмиэ биир оччо үөрдээх анды киирэн эмиэ били «суолунан» эргийдэ да ууну булла. Мин ол олорон олорор сирбин сыыһа талбыппын дьэ билинним. Ити аата түүлбэр били оҕонньорум ити эбэ илин баһыгар анды түһэр диэн эппит буолуон сөбүн өйдөөтүм. Ол да буоллар, баҕар, кэлиэхтэрэ диэн эрэлим арахсыбат. Бу олордохпуна, аны биэс анды киирэн, эмиэ биир оннук эргийэн түстүлэр. Уҥуор анды үөрэ харааран көстөр буолла. Охсуһан ууну бырдаҥалаталлара ыраатта.    Хомунан барыах иннинэ ол андыларга үөмтэрэн киирэр баҕа санаа кимиэхэ үөс­күө суоҕа этэй. Төһө да тыым дьэрэкээн күөх саһархай ойуу­лааҕын иһин, уун-утары эрдинэн, хаптайбытынан тиийдим. Лаппа чугаһаан истэхпинэ ууну таһыйдылар. Эргийэ көтөн иһэн уун-утары кэлбиттэригэр ытыалаан, хата, үһү түһэрдим. Миэнэ буолан баран атыырдара түстүлэр. Андылар эргиллэн да көрбөккө бара турдулар. Андыларбын ылан тыыбар быраҕаттыы сылдьан өй­дөөн көрбүтүм, айахтара толору кыампара бөҕөтө. Ууну кыҥастаспытым, кырдьык, кыампара хойуу дойдута эбит. Ол иһин анды булан сыттаҕа.    Эһэ­кээммэр ыһыгым тобо­ҕут­тан бэрсэн, чэй оргуттан иһэн, сылаам таайан, айаҥ­ҥа сэниэ ылына түһээри өттүгэс­тии түстүм. Арай эмиэ били түнэ сонноох оҕонньор үөр­бүт, сырдаабыт сирэйдээх-харахтаах собо үөлэн, уокка сыҕайан сии олорор. Мин диэки балыгын улахан уҥуох­тарын уоһун кырыытынан сыыйан таһаарарын быы­һыгар көрөн мүчүҥнүүр эбит. Махтанан тугу эрэ са­ҥа­рабын дии саныыбын да, саҥабын олох истибэппин. Ити сытан халлаан тыалырбытыгар били чараас тыым оҕото баарыстаан, сирэйбэр саба түһэн тымныынан даҕайбытыттан соһуйан, уһук­та биэрдим.    Тыыллаҥнаан, ирэ түһэн ба­ран, тыыбын хомунан хапсытан, биэс андыбын үрүсээк­пэр уктан төттөрү айаммар туруннум. * * *    Мин хараҥаны бүрүнэн кэлбиппиттэн дьонум барахсаттар миигиннээҕэр ордук үөр­дүлэр. Собо таһааран мииннэммиттэр, миэхэ анаан ирээттээн хаалларбыттарын аччык киһи быһыытынан, охсон кэбистим. Дьэ, ол олорон ханна тиийэ сылдьыбыппын кэпсээтим. Дьонум «хата, булбуккун дии, хайдах дойду эбитий?» диэн буоллаҕа дии. Туох баарынан, түүлбүн кытары хайдах баарынан ууран биэрдим. Ол аата дойду өтөх эйигин сөбүлээтэҕэ, бултата сатыыр эбит. Эһиил тэринэн барыллыа диэн буоллубут.  Буркун.
kyym.ru сайтан