Кэпсээ
Войти Регистрация

Саҥа Дьыл бэлэҕэ эбэтэр дьылҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / Саҥа Дьыл бэлэҕэ эбэтэр дьылҕа

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
26.12.2019 16:13
Иэгэйэр икки атахтаах хаһан өйүн тутуоҕуттан туохха эрэ сырдыкка, кэрэҕэ эрэнэр, итэҕэйэр айылгылаах. Туох билиэй, ол эрэл кимиэхэ төһө өргө диэри сыдьаайарын. Араас буолуо эбээт! Этэллэринэн, эрэл барахсан киһи тиһэх чааһыгар, инньэ иинин өҥөйүөр диэри, баар буолар. Оттон Саҥа дьылтан туох эрэ күүтүллүбэтэх дьиктини, соһуччу үөрүүнү, саатар, олоххо туох эрэ саҥа сүүрээн киириитин, арааһа, бары да кэтэһэр буолуохтаахпыт. Хас биирдии киһиэхэ баҕарар баҕата, саныыр санаата тус-туһунан буолбутун да иһин. Сорохтор, баҕар, «ээ, ол эрэл Тымныы Моруос оҕонньор ким буоларын билбит күммүттэн сииктиин симэлийбитэ, оҕоҕо дылы буолан. Сыллата хатыланар «оливье салаат», сампаан уохтаах ардаҕа», «Хойуу туман быыһыгар сөлүүттээн сордонуу», «охтон түһүөххэ диэри ас астаан түбүгүрүү», «маскараат-искэрээт, бадааракка харчы хомуйуу» диэн ахсарбаттыы хардарыаххыт. Ол эрээри... Ол эрээри диэхпин баҕарабын. Ити да түгэннэр, дьиҥинэн, толору дьол бэлиэлэрэ эбээт. Аһыыр астаах буолан астанаҕын, тигэр, атыылаһар киһилээх буолан түбүгүрэҕин. Соҕотох да буоллаххына, доруобайгын, бииргэ алтыһар дьоннооххун, туох эрэ туһугар олороҕун. Ол аата, эн олоҕуҥ өссө да – иннигэр. Ыарыһах да эбит буолларгын – тыыннаах буолан, санаарҕаан эрдэҕиҥ. Оттон сорох бу сиргэ букатын суох, төннүбэттии барбыта ырааттаҕа. Онон, доҕоттор, сотору – Саҥа дьыл, саҥа олох, саҥа үөрүү саҕыллар кэрэ кэмэ бу иһэр! Эрэниҥ, итэҕэйиҥ, санаа да баттыктаах буолларгыт, эһиэхэ да күн үрдүгүтүнэн күөрэйэр кэрэ кэмэ үүнүө. Хараҥа балаһа хайаан да ааһыа. Кылаабынайа, эрэниҥ эрэ. Үп-үрүҥ истиэнэлээх, эмиэ биир оннук үрүттээх кэҥэс балаатаҕа тиэрэ түһэн сытан дьиэ өһүөтүн одуулаһарынан уһун күнүн барыыр эдэрчи киһи сытар. Сытымына да, ханна бараахтыа, тугу гынаахтыа этэй, сиһин улаханнык эчэтэн баран?! Сатахха, бу бириэмэ барбатын, бытаанын! Кыһыйан-абаран да, ол тугу эмэ уларытыа баара этэ дуо, суох буоллаҕа. Бу кэриэтин табаарыһа Дьууруй курдук, тута "барбыта” да буоллар, бэрт буолуо эбит. Сүтүктээх сүүс аньыылаах дииллэринии, Дьууруй кэргэнэ «өссө кини тыыннаах хаалбыт, мин киһим суох» дии-дии, уйа-хайа суох ытаабытын, биир аһаҕас айахтаах табаарыһа быктаран кэбиспитэ. Тыыннаах хаалан, дьэ тугу ситистэ!? Саараабакка, атастаһыам этэ, Дьууруйу кытта олохпун. Итинник санаа Мараакка киирбитэ ыраатта. Доҕотторо, атастара бастаан утаа кэлэн көрсөн барар, аралдьытар эбит буоллахтарына, ол да кэмчитийдэ. Кэллэхтэрин утаа саҥаран-иҥэрэн, кэпсээмэхтээн иһэн, улам уостан, уку-сакы буолаат, тахсан бараллар. Мараат, били, массыына саахалыгар түбэһиэҕиттэн хас-хас эпэрээссийэни ааста? Кэлиҥҥинэн бэйэтэ да бутуллан барда. Норкуос үөһэ норкуос буолбута аанньа үһү дуо, чэгиэн да киһи аах-маах буолуох үлүгэрэ. Оннук киһи тугу сэлэһиэй, киирбит киһини сэргэхситэр дэлэй сэһэннээх буолуо этэй. Сороҕор, өссө тыына-быара хаайтаран, тууйуллан, хатыылаах да тыллары быраҕаттыыра суох буолбатах. Ону төһө да бэйэтэ өйдөөтөр, туттунар кыаҕа суох. Биир кэм хамсаабакка сытартан көхсүн тириитэ саралаан, ардыгар аһыйан, ардыгар кыһытан, сүгүн да сытыарбат.
Сиһин киэнин ол-бу ыарыыны аһардар эминэн баттаан, өссө арыый да курдук быһыылаах. Бастаан утаа эчэйбиттэр балааталарыгар сыппыта сэргэх соҕус этэ. Ол эрээри хараҕын астаҕына, бэйэтигэр дылы бүтүннүү биинтэ-киипсэ буолбут, көҕөрбүт-наҕарбыт сирэйдэр тулалыыллара. Ол быыһыгар итирэн-кутуран куһаахан сыттаммыт, таҥастарыгар холлон кэбиспиттэр да бааллара. Хаһан саньытаарка барахсан быыс булан кэлэн ыраастыар диэри ол "арамаакка” сытарыгар тиийэрэ. Билигин эрэбилитээссийэ балаататыгар көһөн, хата, ама соҕус. Балаатаҕа үһүөлэр. Аны, бүгүн Саҥа дьыл үүнэр түүнэ буолан, биир киһитэ ама буолан, дьиэтигэр көҥүллэтэн тахсыбыта. Ону да хара сорунан көҥүллээтилэр. «Арыгы иһиэм, мээнэ аһы үлүбүөй сиэм суоҕа, күн сарсын аҕалтарыам», — диэн хааннаах баппыыска эрэ ылбатылар быһыылаах. Биирдэрэ, Ньукулаас муҥнаах, бэйэтигэр дылы, арыый буолан иһэн, төттөрү эпэрээссийэлэнэ утаарылынна. Кырата, икки-үс күн буолара буолуо онно. Атын балаатаҕа илдьэллэрэ дуу. Иллэрээ күн эдьиийэ, сэрэйдэххэ, бырааһынньыктааҕы аһыттан өлүүлээн, ас аҕалан барбыта. "Ґлэбитигэр отчуоппут, бырааһынньыкпыт сүпсүлгэнэ буолан, күн бокуойа суох сылдьабыт, аны Саҥа дьыл кэннэ, хойутуу көстөн ааһыам", — диэбитэ. Буолуо, бэйэтэ да икки ыы кырбас оҕолоох. Эрэ, күтүөт Кирилэ, сатахха, кыралаан иһэр. Сороҕор ханна эрэ сүтэн хаалан, улаханнык куттаан да ыллар, син ыал буолан олороохтууллар. Ону ол диэхтээбэт, куһаҕаны тугу да кэпсээбэт, наар үчүгэйи эрэ ыралана сатыыр да, хараҕар барыта сурулла сылдьар буоллаҕа. Түүн аанньа утуйбатаҕа, үлэтигэр табыллыбатаҕа. Кинини, быраата буолуохсуту, аһынан, ардыгар хараҕыттан уу-хаар да баһара ханна барыай. Онтун кистии сатаан муҥнанар. Ити абааһы аһын аһаабатах киһи бэрт да буолуо эбит. Билигин кэлэн ону өйдөөбүтүн иһин, туох төнүннэриэ баарай ол быһылаан буолбут күнүн. Эрдэттэн маннык буолуон билбитэ, сэрэйбитэ буоллар, иһиэ этэ дуо, суох буоллаҕа. Ону баара... Ээ, чэ, буолбуту төнүннэрбэккин, дьылҕаны утарбаккын. Кирилэ да, «билигин иһимэ, мин бу айылаах буола сытабын» диэн элэ-была да тылын да эттэҕинэ, өйдүө саарбах. Киһи бэйэтэ этинэн-хаанынан билбитин эрэ билинэр, ылынар идэлээх буоллаҕаа-а. Эдьиийэ киниэхэ бэйэтигэр урут да, хайдах эрэ сэрэйбит курдук, «саатар, эн иһимэ, ол-бу буолар дөбөҥ» диэн этэрин кулгааҕын таһынан истэрэ. Өссө биирдэ кыһыытын кыһыылаах, «иһимэ» дии-дии харчы иэс көрдөөбүтүгэр, биэрбэтэҕэр: «Бастаан бэйэҥ эргин көр, бостууктаа!» диэн, утары баргыытаабыттаах. Эчи, саатын-суутун, аны санаатахха. Уля эрэйдээх онно тугу да саҥарбакка, балтараалаах Бииктэрин көтөхпүтүнэн хоско киирэн хаалбыта. Сэрэйдэххэ, кэлэйэн-хомойон, ытаан санна ибирдээбит буолуохтаах. Оттон кини кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан, ааны хайа быраҕан тахсыбыта. Уля, эдьиийэ, ийэлэрэ суох буолтун кэннэ, бэйэтэ да киниттэн аҕыйах сыл аҕа эрээри, куруук көрө-харайа сылдьаахтыыр. Ийэлэрэ кыра эрдэҕиттэн «оҕоҕун, оҕоҕун көрө сырыт» диирэ өйүгэр-сүрэҕэр иҥэн хаалбыт буолуохтаах. Мараат, дьиҥинэн, аҕыйах күн тулуйбута буоллар, кэргэннэнэн хаалыахтаах этэ. Ыал киһи түүннэри туран, холуочук табаарыһыныын, эбиитин арыгы исиһэн баран, аэропортаан көтүтэн испэтэ чуолкай этэ. Ээ,
чэ, ол эрээри итинник дьахтар син биир быраҕыа этэ. Биир бэчээт тутуо этэ диэтэҕиэҥ... Наһаа да таптаһар курдуктара. Куруук, үөрүүгэ, хомолтоҕо да, бииргэ буолуохпут диэн ыралыыллара. Түөрт оҕолонуохпут диэн буолара. Оонньуур куукуланы суулуу-суулуу Диана: «Ой, хаһан эрэ маннык буолар дии, Маратик!» — күлэн мичийэн олороро субу баар курдук. Атын кыргыттары кытта сыччах кэпсэтээри, дьээбэлэһэн да ылаары гыннаҕына, күнүүлээн уоһа толлойон турара бэҕэһээ аҕай эрэ курдуга. Дьиҥэ, кырата алта ый ааста. Оттон кини ый тулуйда дуу, суох дуу? Хаһан-хаһан кэлэн барда этэй? Ыраатта ээ. Тиһэх сырыытыгар саҥата суох сүүһүттэн имэрийбитэ, өр одуулаан олорбута быһыылааҕа. Мараат норкуос кэннинээҕи үдүк-бадык турукка сытар этэ. Халтаһата сабылла турара. Дьиҥинэн, тапталлааҕын көрүөн, киниэхэ истиҥ-иһирэх тыллары аныан баҕарара да, кыаҕа, сэниэтэ суоҕа. Кыыһын сүтүктээн эдьиийиттэн ыйыппытыгар, төттөрүтүн, кини кыбыстыбыт курдук, хараҕын куоттаран, суорҕаны, таҥаһы бэрийбитэ буола-буола: «Маратик, билбэппин ээ. Суотабайа арахса сылдьар. Баар-баар дииллэр. Долгуйума, этэҥҥэ», — диэхтээбитэ. Кэм да кинини уоскута сатаан, үлүбүөй хоруйдаабытын, тугу эрэ кистиирин Марат тута сэрэйбитэ. Сүрэх бэйэтэ да сэрэйэрэ-билэрэ ханна барыай. Кырдьык, бу араҥ-бодоҥ киһиэхэ ханнык акаары дьахтар наадыйыай. Онон кэлин ыйыппат да буолбута. Арай санаатын түгэҕэр хаһан эрэ үтүөрэр күннээх буоллахпына, кини эргиллиэ, бииргэ буолуохпут диэн, эрэл санаа кыламныыра. Ардыгар аба-сата сатыылыыр: Диана таҥнарыытыттан туох баар тулалыыр эйгэҕэ кыыһырыах-тымтыах санаа ыга анньан кэлэр. Бу сиртэн букатын барыан баҕаран, бэл, эмчиттэригэр кыыһырыахча буолан, кинини да, бэйэлэрин да эрэйдээбэттэригэр этэр. Ордук бэргээбит, эпэрээссийэтэ эмиэ табыллыбатаҕын билбит кэмигэр... Дьон бары бу күн туохха эрэ эрэнэллэрэ-итэҕэйэллэрэ буолуо. Оттон кини.... * * * Муннугар, хантан кэлбитэ буолла, күөх харыйа дыргыл сыта илгийэн киирбитигэр, соторутааҕыта аҕай араас санаа ытылҕаныгар сытан утуйан хаалбыт уолан хараҕын көрөн кэллэ. Көрбүтэ: аттыгар турар туумбаҕа көмүс ардаҕынан симэммит харыйа лабаатын биир кыыс бааҥкаҕа симэ сатыы турар. Көннөрөр дуу? Хайаларай? Суох, Диана буолбатах, эдьиийэ да буолбатах. Кыыс кини диэки эргиллибитигэр да, улаханнык өйдөөбөтө. Ханна эрэ көрбүт курдук, кимиэхэ эрэ майгынныыр дуу? Түүл диэҕи, эмиэ да илэ. Түүлгэ маннык сүрэҕи-быары ортотунан киирэр күөх лабаа дыргыл сыта суоҕа чахчы. Харыйалаах кыыс (Мараат тоҕо эрэ киниэхэ итинник ааты биэрэ охсубутун бэйэтэ да өйдөөбөтө) килбик баҕайытык мичээрдээн кэбистэ. Ол кэннэ тугу, туохтан саҕалыаҕын билбэтэхтии, сол да харыйатан синньигэс нарын тарбахтарынан көннөрө, бигии туран: «Мараат, бу мин эйиэхэ аҕаллым ээ. Наһаа үчүгэй сыттаах дии? Биллиҥ дуу?» Мараат төбөтүгэр кыл түгэнэ: «Саҥа сиэстэрэ кэлбит диэҕи, мааҕын Света бүгүн дьуһуурустубаҕа мин турар «дьоллоннум» диэн ааспыта эбээт». Санаатыгар буолан, кыыска тугу да хоруйдаабакка да сытарын өйдөөн, акаары баҕайытык: «Туох?» — диэн саайбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Кыыс: – Оттон харыйа.
Харыйа сытын этэбин. Мин бу балыыһаҕа сыта сылдьыбытым ээ. Дьэ, онуоха эрэ Мараат хаһан эрэ өрдөөҕүтэ бу кыыс туһунан кэпсэтэллэрин санаан кэллэ. Биллэн турар, балыыһаҕа сытар кыыс кырааската, баттаҕа оҥоһуута суох этэ. Ол да иһин билбэтэх эбит. Ити кыыс эрэйдээх ырыынакка үлэлээн баран, киэһэ хойут дьиэтигэр баран истэҕинэ, икки уол көрсөн, бэргэһэтин, үтүлүгүн былдьаабыттар. Эбиитин кырбаабыттар диэбиттэрэ. Илиитин, хомурҕанын уҥуоҕун тоһутан, киипсэлээх сылдьара. Кэлин, ама буолтун кэннэ, балааталарга сылдьан сиэстэрэҕэ көмөлөһөн, сытар, хамсаабат ыарыһахтары кыраадыстыыр этэ. Аҕыйахтык тыл бырахсан кэпсэппиттэрэ быһыылааҕа. — Ээ, бырастыы гын. Билбэтим ээ. Тупсан хаалбыккын, — буруйун саптынар аатыгар, уол дьиҥ санаатын таһыгар таһааран кэбиһэр. — Кэмпилимиэниҥ иһин махтал. Кэлбиччэ, эйиэхэ кыра кэһиилээхпин. Бэйэм буһарбыт туордум уонна салаат, суок, соркуой. Уол, кырдьык, олус соһуйда: — Миэхэ даа? Тыый. Мин өйдөөбөтүм ээ. Эн ... балыыһаҕа киирдиҥ дуо, ээ... үлэлиигин дуу? Кыыс күлэн, мичийэр, ол да буоллар, имин хаана уратытык кэйбититтэн көрдөххө, кыбыстыбыта диэн сүр: — Мин... мин көрсө кэллим. Көҥүллэппитим... быраастан. Ґүрэр буоллаххына,... барабын, — субу ытыахтыы уостара ибирдээн барар. — Кэбис, тохтоо, сыыһа өйдөөтүҥ, бырастыы гын... Тоҕо үүрүөхпүнүй? Ааккын да билбэппин дии... Кыыс сирэйдиин сырдыы түһэр: — Оля. Оля диэммин. Оччоҕо мин бу аһы тардыым дуу. Сотору 12 чааспыт буолуо. Хата, Мира Петровна (ити сэбиэдиссэйи ааттыыр), көҥүллээтэ ээ, бастаан кыккыраччы аккаастаабыта. Мараат соһуччу көрсүһүүттэн саҥарар саҥатын да бутуйан ыллар, син ой-бото кэпсэтэн, бу икки дьоҥҥо, хата, кимнээҕэр сэргэх Саҥа дьыл буолла. * * * Билигин Марааттаах Оля ол дьикти Саҥа дьылы саныы-саныы сүргэлэрэ көтөҕүллэр. Кыыс: «Төһө да бэйэтин кэмигэр кыһыылааҕын иһин, ити балыыһаҕа Дьылҕа Хаан бэйэтэ сирдээбитэ дии саныыбын. Онно киирбэтэҕим буоллар, тапталбын буларым саарбах этэ», — диир. Ол сытан Марааты көрөөт да таптаабытын, уол кини санаатыттан тахсан биэрбэтэҕин, туох баар «кирпииччэтин» киллэрэн, хайдах Саҥа дьыллыы тиийбитин күн бэҕэһээ курдук ахтар. Оттон Мараат туһунан этэ да барыллыбат: Харыйалаах кыыһын олус таптыыр, кини күүстээх таптала атахпар туруорбута диэн махтанар. «Харыйалаахпын көрсөр туһугар иккистээн да саахалланыам этэ», — диэн айахтатан, кэргэниттэн кэтэххэ «тэс» гыннарыллар. Кинилэр дьоллорун бэлиэтэ – кырачаан кыыстара — киэҥ саалаҕа тойтоһуйа сүүрэр. Уп-улахан үрүҥ баанчыга туллан түһүөхтүү эйэҥэлиир. Аҕата тулуйумуна, кырачаанын өрө көтөҕөн, эргитэ оонньуур. Кыысчаан күлэн сыһыгырыыр. Ийэлэрэ аһын астыырын быыһыгар таптыыр дьонугар ымманыйар. Сотору – кинилэр бары таптыыр бырааһынньыктара – Саҥа дьыл үүнүө. Ол остуолугар хаһан да кыраадыстаах утах, өрүү буоларын курдук, суох буолуо. Эр киґи — биир тыллаах. Лоһуура.
kyym.ru сайтан