Кэпсээ
Войти Регистрация

УОРДААХ

Главная / Кэпсээн арааһа / УОРДААХ

K
edersaas.ru Категорията суох
02.05.2018 12:00
Уордаах уолаттартан ордук кыра уолга Боотуйга аһара бэрт этэ. Төһө да ыты атаахтатымаҥ диэн бобуу баарын үрдүнэн, Боотуй кистээн таптаан ымманыйара, имэрийэрэ, кууһара, мэниктэтэрэ, оонньоторо. Уордаах даҕаны бу тиэргэн иһигэр тэҥнээҕэ Боотуй эрэ баар курдук саныыра: ыттар — бары өстөөхтөр, атын иччилэрэ — бары кинини кытта оонньоспот улахан, дуоспуруннаах дьон. Дьиҥинэн, улахан да уолаттар ыттарын оҕотун атаах-татыахтарын баҕарар этилэр эрээри, аҕа эппит тыла булгуччулааҕа мэһэйдиирэ. Боотуй биирдэ эмит түбэстэҕинэ «кыра киһи» аатыран алы гыналлара. Убайдара биллэллэр да аҕаларыгар эппэттэрэ, инилэрин олус таптыыллара. Уордаах икки Боотуй икки тэҥҥэ улааппыттара. Боотуй сүрэхтэммит аата Арамаан диэн этэ. Киргиэлэй үһүс уол төрөөбүтүгэр баар-суох чугас доҕорун Атыыһыт Арамаан аатын биэрбитэ. Оттон Боотуй диэн аатын уолчаан бэйэтэ ылыммыта. Кыратыгар дьоно таптаан: «Дурда-хахха буолар киһибит, боотурбут», — дэһэллэрэ. Уоллара тылланан, саҥарар буолан баран, дьон: «Тоойуом, аатыҥ кимий?» — диэн ыйыттахтарына: «Боотуйбун», — диэн хардарара, «р» дорҕоону сатаан саҥарбакка, «й» дорҕоонунан солбуйара. Онон Боотуй буола сылдьар, ыалдьыт-хоноһо: «Куобах ороҕо диэриий», — диэн саҥарда-саҥардалар күлсэн, үөрэн-көтөн бөҕө буолаллара. Уоллара улаатан истэҕин аайы, дьээбэлииллэрин билэн, оонньоспот буолбута. Сааһын ситэригэр үчүгэйдик саҥара үөрэммитэ, арай ыксаатаҕына биирдэ эмит бутуйан ылара. Боотуй чороччу улаатан, «туһа киһитэ» буолбута ыраатта. Күннээҕи от-мас бэлэмнээһинигэр, сүөһү уулатыытыгар сылдьыһара, ону таһынан чугас эргин куобахха тэптиргэлиирэ. Дьиҥинэн, үөрэнэ барыахтаах этэ, ону баара, күһүн сыыстаран, тымныйан хойутаан хаалбыта. Дьоно «Бэргээн хаалыа, бэйэбит көрүүбүтүгэр сырыттын…» диэн ыыппатахтара. Былырыын Атыыһыт Арамааннаахха олорон бастакы кылааһы бүтэрбитэ. Быйыл күһүн хаар эрдэ түспүтэ, ол да курдук сотору-сотору эбии түһэн түргэнник халыҥаабыта. Боотуй тэптиргэлэрин көрөрүгэр хайыһарынан сылдьара, от тиэйэр суолунан хайыһардарын сүгэн икки алааһы уҥуордуура, онтон хайыһарын кэтэн ол алааһын эргийэн төннөрө. Сэтинньи ортото ааста, ыраас күн халлаан тымныйталыыр буолла. Ити эрээри, быйыл былыттаах, элбэх хаардаах буолан, сылаас күһүн буолла дэһэллэр. Бэҕэһээҥҥиттэн сис былыт кэлэн, халлаан бүрүллэн, тыала да суох сылаас баҕайы буолла. Сүөһүлэрин уулатаат, сиирэ-халты аһаат, Боотуй тэптиргэлэригэр тиэтэйдэ. Ийэтэ, ону көрөн, оҕус хабаҕыттан тигиллибит кыра мөһөөччүккэ куобах буутун уган: — Мэ, маны хоонньугар уктан илдьэ бар, аччыктаатаххына сиэҥ дии… — диэн биэрэ сатаабыта. — Ээ, сотору кэлиэм, аһаабытым дии, топпун, — диэн батынан кэбиһэн баран, тиэтэйэ-саарайа тахсан барбыта. Боотуй туоруур сиригэр тиийэн, хайыһардарын кэтэн, ойуурга киириитигэр эмискэ тыалыран, устунан хаардаан барбыта. Бастакы тэптиргэтиттэн кулгаахтарын төбөтүгэр барбах харалаах дьыраччы тоҥмут үчүгэйкээн куобаҕы арааран: — Эһэкээн биэрбит! Эһэкээҥҥэ махтал! — диэн ботугураата, үөрэн сэгэлдьийдэ. Ити кэмҥэ тыал өссө күүһүрдэ, хаар хойунна, ойуур иһигэр тыал үрэрэ соччо биллибэт курдук эрээри, тыа баһа куоҕаҥнаан, тыал тыаһа куугунаан олорор, үөһэттэн түһэр хаарга мас көмнөҕө эбиллэн, Боотуй тула өттө аҕыйах
хаамыы нөҥүө көстүбэт хаар туман буолла. Хайыһарын суолун омоонун батыһан баран истэ. Кэнники тэптиргэлэриттэн тугу да ылбата. Халлаан үдүө-бадаа хараҥаран барда, хойуу хаар саба түһэн суолун омоонун сүтэрэн кэбистэ. Улахан тиит күлүгэр киирэн тыын ылла, уолугун аһан сөрүүкээтэ, хайа диэки барар хайысхатын чопчулуу сатаата. «Ол диэкиттэн кэллим, сорох тэптиргэлэрим бу диэки баар буолуохтаахтар, дьиэм буоллаҕына ол диэки буолуохтаах, онон маннык быһа түстэхпинэ бэйэм алааспар тахсыахтаахпын…» диэн быһаарынан, уолугун хаар киирбэтин диэн тимэхтэнэн, санаабыт сирин диэки оргууй сыҕарыйа турда. Баран иһэн ычыкыннары тумунна, эрийэ-буруйа, өрө-таҥнары барда, халлаан эбии хараҥарда. Сирэйин-хараҕын хаар саба ыһан өрө көрдөрбөт, барбах өндөх гыннаран барыгылдьытан ыла-ыла, умса көрө истэ, дэлби сылайда, аччыктаата. «Ийэм биэрбит куобаҕын буутун ылбаккабын…» диэн бэйэтин мөҕүттэр санаа киирдэ, улахан тиит анныгар тохтоон эмиэ сынньанна. «Алааспар чугаһаабыт буолуохтаахпын…» дии санаан, туран, салгыы айаннаата. Саҥа барбалаан иһэн, туора сытар маһы туораары, эндирдии үктээн, уҥа хайыһара «харк!» гынан хаалла, аҕатын эргэ хайыһарын илдьэ сылдьара бэрдийэн, эмэҕирэн тулуйбата. «Оо, саатар, бүгүн, манна алдьанар дуу…» диэн хомойдо. Бүтүн хайыһарын устан, тостубут хайыһарын тооромосторун кыбынан, эмиэ улахан мас көрдөөн, ол анныгар олордо. Сиэбиттэн куобах сүгэр тирбэҕэлэрин хостоон, тостубут хайыһарын төбө өттүн атаҕар ыбылы кэлгийэн кэбистэ. Кэлин өттүн тиитигэр өйөннөрдө, туран хааман көрдө, сырылаабатар да, хаарга батары түспэт эбит. «Хата бэркэ оҥоһуннум!» диэн бэйэтин хайҕанан, санаата көтөҕүллэн хаама турда. Сүгэ сылдьар куобаҕа ыарахана сүрдээх, быата саннын баттаата, тохтоон, атын санныгар уларытан сүктэ. Икки илиитигэр тайах мастанан, бутуллар буурҕа быыһынан барбах сыҕарыйан истэ, куртаҕа нүөлүйэн иһэ үмүрү тарта. Ол аайы мааҕыҥҥы куобах буутун саныыра үксээтэ, ойуура бүтэн, ыраас сиргэ таҕыста. «Алааспар кэллим быһыылаах!» диэн үөрэн, кырачаан сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн, сотору дьиэтигэр тиийэр эрэл санаалаах харса суох иннин диэки хаамта. Барбалаан иһэн, иннигэр барыаран турар улахан хараны көрдө. Чугаһаан кэлбитэ, кэбиһиилээх от буолла. Ити икки ардыгар халлаан хаара, сэллээн ыла-ыла, хойдор буолла, былыт бысталанан халлаан сырдаан ылбытыгар Боотуй тула өттүн көрүннэ. Хара тыа тулалаах обургу өтөххө тахсыбыт, хаһан да сылдьыбатах өтөҕө, күөмэйин туох эрэ бүөлүү туран уйадыйыах курдук буолла. «Суох! Боотур маннык буолбат, ытыа суох тустаахпын! Толкуйдуохха…» От күрүөтүгэр тайанан туран, салгыы тугу гыныахтааҕын ырыта, сааһылыы сатаата, сылайбыта олус, аччыктаабыта оннооҕор сүрдээх. «От иһэ сылаас буолуохтаах, дьөлө хаһан киирэн онно олорон сынньана түһүөххэ… Тоҥ куобаҕы сиэтэххэ хайдах буолуой?.. Сылгы этин сиикэйдии сиэниллэр дии…» Боотуй күрүөнү эргийэ барда, тыал соччо үрбэт хахха сирин булан хайыһардарын уһулла, куобаҕын түһэрэн күрүө иһигэр бырахта, күрүө быыһынан иһирдьэ киирдэ. От саҕата хаара чараас эбит. Күрүө уҥуортан тостубут хайыһарын уунан ылан от саҕатынааҕы хаары хаһыйда. Үтүлүктэрин устан отун
үргээн, хаһан барда, чиҥээн хаалбыт от үргүүргэ кытаанаҕа сүрдээх, сынньана-сынньана хачыгырайан, дьобуччу киирэн олорор гына балай да дириҥник хаста. Уйатын бүтэрэн санаата бөҕөргөөтө. Аны куобаҕын хайдах гынарын толкуйдаата, хаары хаһыйан хара сири таһаарда, куобаҕын онно ууран баран сиһигэр үктээтэ. Сөҕүөн иһин, икки буутун үрдүнэн сиһинэн тосту барда. Кыра эттэн, тирииттэн иҥнэ сылдьарын мускуйан араарда. Күрүө сиэрдийэтигэр өйөннөрүллүбүт тоһоҕо мас быстаҕаһа быган турарын ылан, чырбаччы тоҥо сылдьар куобаҕын бууттарын туруору ууран баран, икки ардыларынан ахчаччы оҕуста. Бу да сырыыга кэбэҕэс баҕайытык ыыра барда. Биир бууту ылан тириитэ суох сириттэн кирэн көрдө, айаҕар минньигэс баҕайы сүмэһин билиннэ. «Сиэххэ сөп эбит, уйабар киирэн налыччы аһыахха…» дии санаат, куобаҕын хомуйанотун иһигэр киирдэ. Таһыгар хостообут отун тардынан уйатын бүөлэннэ, көхсүнэн өйөнөн оннун булан олордо. Куобаҕын сорҕотун атаҕын таһыгар уурда, биир бууту «ирэ турдун» диэн хоонньугар угунна, биири ылан кирэн барда. Түүтүн-тириитин тибиирэн кэбиһэ-кэбиһэ, сытыы тиистэринэн харса суох кирдэ, сотору кирэн бүтэрэн аччыктаабыта ааһа быһыытыйда. Уйатын иһэ сылыйбыкка дылы гынна, сылаата таайан нухарыйан барда… Киргиэлэй сылгы көрдөөн сиртэн хойутуу кэлбитэ, былыттаах күн буолан халлаан бэйэтэ да үдүө-бадаа этэ, атын ыҥыырдары баайбыта, сойбутун кэннэ сыбыдахтаныллыа диэбитэ. Балаҕаныгар киирбитэ, дьоно бары мустан, туохтан эрэ долгуйбут курдук туттан олороллор, Киргиэлэй ыйыппыттыы дьонун кэриччи көрдө. — Доҕоор, Боотуйбут кэлэ илик, хайдах буолуохпутун билбэккэ эйигин кэтэһэн олоробут, — кэргэнэ Настаа ыксаабыт куолаһынан саҥарда, Киргиэлэйгэ утары кэллэ. — Оҕом тоҕо хойутаатаҕай… — Настаа күөмэйэ титирэстээн уйадыйыах курдук буолла. Киргиэлэй кэргэнин икки санныттан тутан утары көрдө. — Чэ, бээ, уоскуй, бу үлүгэр тыалга тэптиргэлэрин көрө сатаан хойутаата ини, — Киргиэлэй төһө кыалларынан холкутук саҥара сатаата. — Мин утары бардым, эһиги олус гылыйымаҥ, — чуумпуран, Киргиэлэйдээх Настааны кэтээн олорор дьонугар туһаайан эттэ, онтон кэргэнигэр утары хайыһан: — Чэ, доҕоор, уоскуй, налый. Барыта этэҥҥэ буолуо, — Киргиэлэй Настаатын бэйэтигэр сыһыары тардан оройуттан сыллаан ылла. — Чэ, мин бардым. — Саатар, уута иһиий! — Настаа түргэн үлүгэрдик эргийэ биэрэн сандалы үөһэ туой чохообулга кутуллан бэлэм турар чэйи ылан уунна. — Уонна, мэ, бу куобах буута, мааҕыын биэрэ сатаабыппын ылбатаҕа, оҕом аччыктаатаҕа… — Настаа мааҕыҥҥы мөһөөччүгүн биэрдэ. Киргиэлэй хап-сабар ылан хоонньугар угунна, олох мас үөһэ сытар бэргэһэлээх үтүлүгүн ылан кэтэ туран ыйытар: — Бээ эрэ, Боотуй атын кээнчэлэрэ баар дуо? — Баар-баар! — Настаа орон атаҕар сытар, куобах уорҕатыттан тигиллибит кээнчэлэри аҕалан биэрдэ. Киргиэлэй тахсан, далга бааллан турар атыгар баран иһэн, ампаар диэки хайыһан: — Уордаах! Кэл! Бардыбыт! — диэн ытын ыҥырда. Тыалтан, хаартан күрэнэн уйатыгар киирэн сытар Уордаах иччитэ сорунуулаахтык ыҥырбытын истэн, сүр түргэнник тахсан сиһин
ууннаран, икки кэлин атахтарын тыылыы тэбэн кэдэҥэлээн ылла уонна иччитин батыһан ойо турда. Киргиэлэй атыгар тиийэн холкутаппыт холуннарын ыгыта тарта, үүнүн кэтэрдэн кылыгыратта, иҥэһэтиттэн тирэнэн үрдүгэр хорос гынан олоро биэрээт, тэһиинин тардан атын эргилиннэрдэ. — Чэ, бардыбыт! Түргэтээ! — диэн соруйда, күүскэ соҕус тиҥилэхтээтэ. «Түүннэри ханна барабыт?..» диэн саараҥнаабакка, Дьолуолаах барахсан иччитэ салайбыт сирин диэки киэҥ-киэҥник уурталаан атахтара элэҥнээтэ, салгыны хайытардыы төбөтүн иннин диэки ундьуччу аста, хойуу сиэлэ салгыҥҥа ыйанан өрүкүйэ ыһылынна. Күүстээх тыалтан, дохсун айантан хаар күдэрик ытыллан олордо. Ол күдэриктэн харыс хаалбакка, Уордаах тула өттүгэр туох буоларын сытыы харахтарынан көрө, чуор кулгаахтарынан истэ, сытымсах муннунан барытын билэ ойсон истэ. Өр гымматылар, туоруур сиргэ кэлэн, «ханан этэй?..» диэн Киргиэлэй, атын бытаардан, суол кытыытын көрө истэ. Кэннигэр Уордаах үрбүтүгэр атын эргилиннэрэн онно барда. Ыта хаары хаһарын көрөн, атыттан түһэн онно төҥкөйдө, муус буола чөмөхөлөспүт хаар тооромосторо тахсыбыттарын үтүлүгэр ылан барыгылдьытта, Боотуй туоруон иннинэ көҕүрэттибитин сэрэйдэ. Хоонньуттан Боотуй аҥаар кээнчэтин таһаарда уонна ытын ыҥыран ылан кэтэҕиттэн имэрийдэ. — Уордаах, баччааҥҥа диэри көрдөһө илик этим, көрдөһөр күнүм дьэ кэллэ, эрэнэрим эрэ эн! Өйдөөн иһит! Оҕобутун Боотуйу булуохха! Мэ, сытырҕаа! — Киргиэлэй ытын муннугар оҕотун кээнчэтин даҕайда. — Буллаххына эн эрэ булаҕын! Булан биэрдэххинэ үйэбэр махтаныам! Санаабыккынан сылдьыаҕыҥ, хаһан да утаран күргүйдүөм суоҕа диэн андаҕайабын! Оҕобун эрэ бул! Чэ, кытаат! Бар! Төһө да хаар саба түспүтүн иһин, Уордаах Боотуй сытын ылан турара, иччитэ «Бар!» диэн соруйаатын кытта, ойуур иһигэр тимис гынан хаалбыта. Уонна, көстүбэт буола бүрүллүбүт хайыһар суолун сыыһа үктээбэккэ ойон испитэ. Итинник түгэҥҥэ ыты батыһа үөрүйэх Дьолуолаах хайысхатын тутан, оту-маһы тумнан, аһаҕас сири булан, иччитин бу хараҥаҕа маска-лабааҕа таарыйтарбат буола сатыы дьулурхай соҕустук атыллаталаата. Уордаах баран иһэн өйдөөбүтэ, иччитин сыта сүтэн хаалбыт, эргичис гынан төннөн кэлэн туораабыт сирин булла, чигди суолу батан аҕыйах ойууну аһара түспүт. Дьолуолаах эргийэн кэлэн, ыт суолугар киирдэҕин аайы, сытырҕаан ыла-ыла, хайысхатын тутан истэ. Боотуй тохтоон сынньаммыт мастарын аайы тохтуу сырыттылар, бүтэһик сынньаммыт сириттэн хайыһар тостубут сорҕотун булан баран, Киргиэлэй бэйэтин улаханнык мөҥүтүннэ. «Саҥа хайыһар оҥорон биэрбэккэ, эргэрбитин, алдьаныахтааҕын сэрэйэ-сэрэйэ сырытыннардаҕым үһү! Акаары! Мантан тэптэрэн, оҕом туох эмит буолбут буоллаҕына үйэлээх сааспар муҥмун ытыам!..» Ону-маны оҥоро санаан уйулҕата хамсаата, устунан Настаатын санаан букатын иэдэйиэх курдук буолла. Кэргэнэ олус уйан, кыраттан да үөрэн дьоллонор, кыраттан да хомойор, наһаа аһыныгас майгылаах. Киргиэлэй доҕорун хаһан да хомоппот буола сатыыр, санаатын таба, баҕатын толорорго дьулуһар. Ол иһин оҕолоро да, атын да дьоно биирдэ даҕаны күргүйдэспэккэ, санааларын эйэ дэмнээхтик налыччы быһаарсаллара, балаҕаннарын иһэ үөрүүнэн толору этэ… Дьолуолаах хорус гынан, төбөтүн көтөҕөн, кулгаахтарын чөрбөттө.
Уордаах саҥатын чопчу истэн дуу, ата иҥэрсийэн ылла. Киргиэлэй бэргэһэтин сэгэттэ эрээри, тыал ытыллар, ойуур суугунуур тыаһыттан атыны истибэтэ, истибэтэр даҕаны, Дьолуолаахха эрэнэрэ бэрт, хаһан да сыыстарааччыта суох. Киргиэлэй сүрэҕэ күүскэ-күүскэ тэптэ, атын арҕаһыгар сыста умса нөрүйдэ уонна түргэтээ диэн имнэннэ. Утуйан буккуруу сытар Боотуй кулгааҕар ырыых-ыраах ыт саҥата иһилиннэ, «Ыт үрэр…» дии санаата, онтон ол санаатыттан эмискэ үлүгэр, соһуйбуттуу уһукта биэрдэ. Субу иннигэр Уордаах үрэр саҥата дуорайан иһилиннэ, үөрүү, долгуйуу оҕочоос уйулҕатын толорон, сүрэҕэ кулгааҕар иһиллэрдии тэбиэлээтэ. — Уойдаах! Уойдаа-аах! — диэбитинэн Боотуй уйатын сабыытын тиэрэ анньан таһырдьа былтас гынна. Уордаах күрүө уҥуор утары көрөн турара, иччитэ хаһыытаабытынан ойон тахсыбытыгар алын сиэрдийэттэн тайанан ордук күүскэ үрбүтэ уонна күрүө иһигэр дьылыс гыммыта, сүтэрсибит доҕордуулар булсан куустуһа түспүттэрэ. Киргиэлэйдээх өтөххө тахсан кэлбиттэрэ. Дьолуолаах хаары өрө ытыйан сиэлэн сиксийэн кэлэн, күрүөлээх оту эргийэ көтөн, куустуһан олорор уоллаах ыт иннигэр хорус гына тохтообута. Киргиэлэй атыттан түһэн тэһиинин утары тоһоҕоҕо иилэ бырахпыта. — Аҕаа! Аҕаа! Мин манна баарбын! — Боотуй ойон турбута. — Хайа, тоойуом, хайдаххыный? — Киргиэлэй күрүө быыһынан курданарыгар диэри киирэн, утары кэлбит уолун кууһан ылбыта. — Үчүгэй! Аҕаа, мин тоҥ куобах буутун сиэтим, минньигэс баҕайы. — Кэл, чэ, таҕыс, ийэҥ эмиэ куобах буута ыыппыта… — Тохтоо! Билигин… — Боотуй сыппыт уйатыгар төннөн тиийэн, куобаҕын сорҕотун ылан кэллэ, күрүө нөҥүө аҕатыгар уунна. — Биир иҥнибит, сорох тэптиргэлэрбин көрбөтүм ээ… — үөрбүт, долгуйбут быһыынан айаҕа хам буолбакка кэпсии-кэпсии, аҕатыгар таҕыста. Киргиэлэй оҕото өлүөрүн көрөн үөрдэ, хоонньуттан мөһөөччүгү таһааран, иһиттэн куобах буутун хостоон уолугар уунна. Боотуй ону ылан сытырҕаан көрдө. — Оо, бу бууту санаан да биэрдим, наһаа үчүгэй сыттаах дии! — ойо ытыран ылан омуннаахтык ыстаамалаата, онтун быыһыгар хоонньун хастан, ирэн сүһүөҕүнэн бүгүллэҥнии сылдьар куобах тириилээх буутун таһаарда. — Бу, аҕаа, хаһааһым дии, — аҕатыгар көрдөрдө, күлэн бычыгыраата. — Уордаахха биэрэбин дуо? Аччыктаабыта буолуо миигин көрдөөн. — Биэр, тоойуом, биэр. Аччыктаан бөҕө буоллаҕа… — Киргиэлэй барыта этэҥҥэ буолбутуттан санаата көнөн уоллаах ытын таптыы көрө турда. Халлаан хаара тохтообута, бысталаммыт былыттар халлаан туналыйар сырдыгар сүр түргэнник усталлара. Аҕалаах уол аттарын мэҥэстэн, өлүөр хаары тоҕо кэстэрэн, Боотуй омуннура-төлөннүрэ бүппэт кэпсээнэ доҕуһуоллаах, долгуйа күүтэр тапталлаах дьонугар тиэтэйэ айаннаан ууннарбыттара. Уордаах ыт буолан төрөөбүт аналыгар өйтөн-сүрэхтэн сүппэт өссө биир үтүө быһыыны оҥорон үйэлээх кэпсээҥҥэ киирбитэ, дьонун-сэргэтин махталын, тапталын ылбыта. Дмитрий ПОНОМАРЕВ. Уруһуй: интэриниэттэн Сиһилии «Кут уйбат алҕаһа» кинигэҕэ ааҕыҥ. Кинигэ «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан