Кэпсээ
Войти Регистрация

Абылаҥнаах сиэстэрэм

Главная / Кэпсээн арааһа / Абылаҥнаах сиэстэрэм

K
23.12.2022 12:24
   Биир саас кустуу сылдьан эрэһиинэ тыым иҥнэри баран, муустаах ууга түһэммин, сэбиргэхтэтэн, балыыһаланан турардаахпын. Үйэлээх сааспар балыыһа диэннэригэр сыппатах киһи, уһун кэмҥэ хаайтарар буолбуппуттан бастаан утаа санаарҕаан да биэрдим этэ.         Миэхэ систиэмэбин туруоран баран, анараа киһиэхэ тиийэрин кэтээн сыппытым. Сахаҕа, чахчы, үчүгэй да дьахтар! Оҕонньорго төҥкөйбүтүгэр самыыта өссө ласпайан, толору кутуллубут атахтара өссө кэрэтийэн көстүбүттэрэ. Эбиитин төлөпүөн кэлбитигэр кэпсэтэр кэмигэр уостарын, күлбүтүгэр кэчигирэспит тиистэрин көрөн, мин төрүт буорайбытым. Хайа дьоллоох бу үчүгэйи, мааныны, толууну кууһан сыттаҕай, ити кэрэни уураан сырыттаҕай диэн, билбэт киһибэр күнүүлээн, абаккара сыппытым. Ити күнтэн кини дьуһуурустубалыыр күнүн тарбахпар ааҕан күүтэр буолбутум. Ааттыын киһини абылыыр Анжелика кэргэнэ суох эбит этэ. Эр дьон болҕомтотун ыла, туһана үөрэммитэ биллэрэ. Миэхэ укуол, систиэмэ туруора кэллэҕинэ, араастаан туттан, үөһэ-аллара тыынан ууга-уокка түһэрэриттэн астынар курдуга. Өрүү киҥинэйэн ыллыы сылдьар буолара. Мин эмиэ, эр киһи хааным кэйэн, кэрэ дьахтар оонньоһуутуттан сэргэхсийэн, күнтэн күн туругум тупсан испитэ. Ханнык эрэ тоҕоостоох кэмҥэ Анжеликаны тутуохпун-хабыахпын санаталыыр буолбутум.    Биир киэһэ, буоларын курдук, бары кэмигэр сыппыттара. Арай мин уум төрүт кэлбэтэҕэ. Сиэстэрэлэр түгэх хосторугар Анжелика соҕотох олорорун билэрим. Ол диэки убуорунайга барбыта буолан, хоһу сэрэнэн өҥөйөн көрбүтүм – сиэстэрэм дьыбааҥҥа төлөпүөнүн хасыһа сытара. Мин өҥөйбүппэр улаханнык наадыйбатаҕа, өссө ымсыырдыбыттыы, налыйан биэрбит курдук буолбута. Аттыгар кэлэн олорбуппар соһуйбатаҕа, туохха наадыйбыппын ыйыта сорумматаҕа. Мин ону-маны саҥарбыта буола олорон, илиибин кини атаҕар ууран, салгыы имэрийэн үөһээ диэки тахсан испитим. Анжелика илиибин садьыйбатаҕа. Оннук оонньоһо олордохпутуна, оробуочай төлөпүөн өрө тырылыы түспүтэ. Анжелика ойон турбута. Ити түүн ыарахан ыарыһаҕы аҕаланнар, ол сүүрүүттэн-көтүүттэн утуйбут киһи аҕыйаҕа. Оттон сарсыҥҥы күнүгэр мин анаалыстарым түмүктэринэн дьиэбэр тахсар буолбутум. Анжелика дьуһуурустубатын туттаран, бара охсубут этэ. Мин, кэргэннээх ааттаах киһи, атын дьахтар нүөмэрин ыйыталаһартан кыбыстыбытым. Баҕарбакка гына-гына тахсар киһилии, нэһиилэ салбыҥнаан, массыынаҕа олорсон дьиэлээбитим. Ити балыыһа таһынан төһөлөөх элбэхтэ айаннаабытым буолуой? Хараҕым наар Анжеликаны көрдүүрэ. Киирэ сылдьыахпын, сураһан булуохпун ити алыптаах кэрэттэн сэрэммитим, угаайыттан туттуммутум. Баҕар, мин эдэр дьахтар суолтатыгар оонньоһоруттан, мээнэ дьээбэлэнэриттэн ыраахха сананан ылбытым буолуо. Оттон кинини хат көрүүм миигин олохтоохтук уоскуппута. Анжелика билбэт эр киһибиниин тоҕонохторуттан тутуһан иһэллэрэ. Сааскы чараас сону кэппитигэр истэммитэ чуолкайдык биллэрэ. Хаарыаннаахпын былдьаппыппыттан санаарҕаатарбын да, кылгас кэрчик кэммин киэргэппит, эр киһилии хааммын оонньоппут сиэстэрэбин билигин даҕаны сылаастык саныыбын. Киһи барахсаҥҥа кыра да наада буоллаҕа...   Махсыым, Хаҥалас.
kyym.ru сайтан