Кэпсээ
Войти Регистрация

Кини киирэн кэлиэ диэн...

Главная / Кэпсээн арааһа / Кини киирэн кэлиэ диэн...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
23.12.2022 12:22
   Тэлэбиисэр сэрийээлигэр бэлииссийэ билиҥҥи үлэ­һиттэрин ньүдьүрэтэн да көр­дөрөллөр. Саатар, оробуочай пуормалара да хобдоҕо бэрт, үкчү сэрии саҕанаа­ҕы ньиэмэс саллаатын дуу, таҥнарыахсыт полицай таҥа­һын дуу курдук буолан түһэн. Чалбахха, бадарааҥҥа булкулла сытар итирик дьону кытары сосуһарга, кырдьык, таҥастара онно оруобуна барсар. Оннук таҥнан-саптан, санныларыгар аптамаат сүгэһэрдэнэн тугу эмэ кыайа туппуттара саараама көс­түбэт. Хата, туох да буруйа суох дьону дубинканан чокоой­дууллар, харчыларын был­дьыыллар. Аны туран, дьиҥ­­нээх бүрүстүүпүнньүккэ түбэстэхтэринэ, сөптөөх харданы биэрбэккэ, түҥнэри бэрдэрэртэн соло булбаттар. Дьэ уонна киэбирии-хаабырыы! Ама, чахчы, итинник дьаабы дьон буоллахтара дуу?      70-с сылларга Дьокуускай куоракка милииссийэлээбит киһи – мин – аныгы бэ­лиис­сийэлэри хайдах эрэ сир­гэнэ, сэнии, өссө ааһа баран, абааһы көрүөх санаам кэлэр. Тус бэйэбэр туох да ку­һа­ҕаны оҥорбуттара суох эрээри, оннук санаа иҥэн хаалбыт. Баҕар, сааһырбыт, кыр­дьа барбыт сорох киһи киэ­бинэн, тугу барытын сиилиир, сөбүлээбэт кэмим кэлбитэ дуу? Ол туһунан биирдэ эмэ атах тэпсэн олорон ыаһах­таһыаҕы бииргэ үлэлии сыл­дьыбыт табаарыстарым олох суолуттан тооронон да бүп­пүттэр быһыылаах, баҕар, эмиэ бэйэм курдук ханна эрэ суҥхара олороохтууллара буолуо.    Дьэ, араас дьону кытта милииссийэҕэ үлэлии сылдьыбытым. Аҕыйах сыл үлэлээ­битим устатыгар куоракка 4-5 начаалынньык, биир оччо миниистир (солбуйааччыларын ааҕыллыбат даҕаны) уларыйбыта. Түргэнник да «кө­төллөр» этэ. Ити гынан баран ол быыһыгар бэйэм курдук сержанынан сылдьыбыт эристииннэр 90-с сыллар эргин полковник буолан, дуоспуруннаах баҕайытык туттан лөкөрдөһөллөрө. Били, КПЗ-га суукканан дьуһуурунайдыы сылдьан, биирдии солкуобайы кыттыһан, буолары-буолбаты үссэнэ олорон араас баакаһы кэпсэтэн аралдьыйар табаарыстарым чыҥха атын буолан хаалбыттар. Оттон ол 70-с сылларга сорохторугар настаабынньык да курдук этим. Баҕар, мин даҕаны күөх оту тосту үктээбэккэ, үрбүт хоту сылдьыбытым буоллар, саатар, подполковник сыбаанньалаах биэнсийэҕэ тахсыам эбитэ буолуо. Ити курдук хас эмэ сыллааҕыны эргитэ санаан кэлэр кэмнээхпин уонна бүтэһигэр табаарыспын Килиим Кэрэмээһэби санаатахпына, туохтан эрэ иҥнибит курдук буолан хаалабын. Дьылҕа диэн кытаанах. Букатын анныбынан саныыр урукку кэллиэгэлэрим Пронырин, Шустриков курдуктар полковник буолан өөтөҥнөһөр буоллахтарына, Килиимим генерал да буолан сылдьыа этэ. «Дьылҕа, оҥоһуу диэн сымыйа, олоххун бэйэҥ оҥостоҕун, нууччалыы «каждый – кузнец своего счастья»» дииллэр да, хайдах оннук буолуой. Чэ, холобур, Килиим Кэрэмээһэби да ылан көрүөххэ.   * * * Биир сайын, 70-с сыллар саҕаланыыларыгар, быстах кэмҥэ Дьокуускайдааҕы өрүс пуордугар баар милииссийэ отделениетыгар анаатылар. Суукка устата баксаалга, ол тас да өттүгэр бэрээдэги көрөөччү иккиэбит. Бээтинсэ икки баскыһыанньа икки быы­һыгар дьуһуурустубаҥ тү­бэ­һэр буоллаҕына – улахан түбүк. Өрүс уҥуор-маҥаар барааччы, Өлүөнэ Остуолбаларынан айаннааччы хара баһаам, ону таһынан хаамаайы, бырадьаага илэ мэнээк. Ол саҕана өрүс пуордугар үлэ күөстүү оргуйара, үлэһитэ да элбэҕэ, араас тиэхиньикэ күнүстэри-түүннэри субуллан олороро.    21 саастаах эрдьигэн кө­рүүбэр, бу пуорка дьуһуу­рус­тубалыырдааҕар куоракка ботурууллуур быдан ордук курдуга. Сороҕор – массыынанан, сороҕор – матасыыкылынан, үксүгэр икки буолан сатыы араас морсуруукка, холобур, мэлдьи охсуһуулаах паар­каҕа дьуһуурунайдыыр ордук тартарыылаах диэн санаа баара. Онон өрүс пуордун ончу сөбүлээбэтэҕим эрээри, хайыаххыный, ким эрэ үлэлиэхтээх буоллаҕа. Хата, үчүгэйэ диэн, ити түөл­бэҕэ баар уопсай дьиэҕэ олох­тообуттара. Хоспутугар маҥнай иккиэ этибит: 40-гар чугаһаабыт ыстаарсай лейтенант Александр Волосенков уонна мин. Киһим сүрдээх интэлигиэн, үксүн гражданскай таҥаһынан сылдьар. Смоленскай куораттан хантараагынан кэлбит эбит. Өрүс пуордугар ОБХСС (отдел борьбы с хищениями социалистической собственности) ыстаарсай иниспиэктэрэ.    Биир күн киһим хатыҥыр кыра баҕайы уҥуохтаах, ол эрээри сытыы сирэйдээх-харахтаах, бэйэбиттэн үс хас сыл аҕа ыччаты батыһыннаран аҕалла. Хабаровскайдааҕы милиис­сийэ орто анал оскуолатын силиэстийэлиир салаатын бүтэрбит лейтенант буолан биэрдэ. Эмиэ өрүс пуор­дугар ОБХСС иниспиэктэринэн анаабыттар. Бу – Килиим Кэрэмээһэп этэ.    Олорор дьиэбит өрүс пуордугар үлэлиир кыргыттар уопсайдара буолан, сыбыытыыр ыччат элбэх этэ. Ордук түүн 11 чаас ааспытын кэннэ баахтаҕа олорор эмээхситтэр айдааны тардаллара: холуочук уолаттар кыргыттарга хонон хаалаары гыналлар, үөхсэллэр диэн. Килиим кэлиэн иннинэ итинник ыҥырыыга наар мин тахсарым. Истибэт, эбиитин өрөлөһөр буоллахтарына, балаһыанньатыттан көрөн, дьуһуурунай чааска биитэр вытрезвительгэ төлөпүөннээн түргэнник оннуларын булларарым. Ол иһин вахтёрдар миигин сөбүлүүллэрэ, оттон Волосенкову сылааска сыламныыр куоскаттан атыннык ааттаабат этилэр. Оттон саҥардыыттан бэттэх Килиим миигин кытта тэҥҥэ тиийэн тыл-өс буолара, ол эрээри дьарамайа бэрдиттэн пуорт куруусчут уолаттара, өрүс училищетын курсааннара сэнииллэрэ. Табаарыһым, ону ол диэбэккэ, холку баҕайытык уонна уһуннук кэпсэтэн, дьыаланы эйэлээхтик быһаарара. Миигин «олус хабыргын, эдэр дьону өйдүү сатаабаккын» диэн мэлдьи сэмэлиирэ. Милииссийэ, туох-ханнык иннинэ холку буолуохтаах, омуннуруо суохтаах диэн үөрэтэрэ.    Биирдэ отделениебыт начаалынньыга майор Слепцов ыйыы-кэрдии биэрэр сар­сыар­дааҥҥы мунньахха «пуорка олус уораллар да, хомойуох иһин, бэйэбит мөлтөхпүтүттэн биир да уоруйаҕы тута иликпит» диэн сэмэлээбитэ. Ол иһин дьуһуурунайдар сэрэтэр-бохсор соруктаах таһаҕас сүө­күүр-тиэйэр былаһааккаҕа көс­түөхтээх үһүбүт. «Милииссийэ баара көстүбэт, ол иһин үлэһиттэр көрдөрбүтүнэн туран араас хомпуоту, сакалаат кэмпиэти, ыыһаммыт хал­баһыны, о.д.а. аһаҕастык уораллар» диэн үҥсүү киирбит. Симиэнэм ыстаарсайа старшина Янковтуун олбу-солбу былаһааккаҕа тиэстэбит, бириһиэн бүрүө­һүн­нээх дьааһыктар быыстарынан кэрийэн, балай эмэ алдьаммыт таараны булабыт. Онно хайаан да хас эмэ бааҥка хомпуот чөкө ууруллубут буолар. ОБХСС иниспиэктэрдэрэ, дьон хараҕын аалбат курдук, гражданскай таҥастаах эмиэ ити курдук сылдьар буолуохтаахтар.    Биирдэ хас да дьааһык эт кэнсиэрбэ ууруммуттарын буламмын Янковпар эппиппэр сэмээр баран бэрэбиэркэлээ диэбитигэр «эбиэт кэмэ чугаһаата, баччанан «хаһаас­тарыгар» кэлиэхтэрэ» диэн, түргэн-түргэнник сургулдьуйан истим. Ол истэхпинэ ким эрэ киитэлим сиэҕиттэн тарта. Көрбүтүм – Килиим! Сөмүйэтинэн «сэрэн!» диэн бэлиэ биэрэр. «Туох буол­ла­ҕай?» диэн бириһиэн сабыылаах үрдүк баҕайы туох эрэ таһаҕас дьаарыстаммытыгар сыстан турар уолбар хардыылаабыппар ойоҕоһун диэки ыйда. Көрдөхпүнэ, погрузчик биир кэнтиэйнэри атыттартан тэйиччи туруорда.    «Бу – бөлүүн кэлбит та­һаҕас, иһигэр ыы-быччары хоруолук бэргэһэ буолуохтаах», – диэн Килиим миэхэ быһаарар. Табаарыһым ону хайдах билбитин оччолорго билбэтэҕим, бука, хайа эрэ ааҕына сибис гыммыт буолуохтаах. Мин, пуормалаах киһи, ол кэнтиэйнэр таһынан сүрэҕэлдьээбиттии хаамыталаан, туораттан көрдөххө, эбээһинэһин аат харата толорооччу оруолун толорбутум. Уоруйахтары хайдах туппуттарын көрбөтөҕүм. Сарсыныгар бүтүн биригээдэ (саайка) кыттыгастааҕа биллибитэ.    Килиим ити бастакы «булда» этэ. Миэхэ эмиэ булчут хаана оонньоон, «хаһаастарын» сии олорор хас да ыччаты, ону таһынан биир вахтёр эмээхсини былаһааккаҕа туппутум. Балар дьыалаларын Килиим силиэстийэлээбитэ уонна тэрилтэ табаарыстыы суутун көрүүтүгэр ыыппыта. Мин маҥнай утаа «итиччэ уоруйахтары туппутум кэннэ холуобунай дьыаланы көбүппэтиҥ» диэн табаарыспар хом санаабын эппитим. Онуоха уолум: «Эн уора турдахтарына туппутуҥ буоллар, кырдьык, холуобунай буруй диэххэ сөбө. Куруусчут уолаттар икки киилэ халбаһылара, вахтёр эмээхсин киилэ аҥаара сакалаата диэхтээн. Онто да суох ыксаан, хайыахтарын да булбат турукка киирдилэр», – диэн уоскуппута. Дьэ, холку киһи этэ табаарыһым барахсан.    Биирдэ ботуруулга иккиэн бииргэ түбэстибит. Туох эрэ улахан тэрээһин (быыбар эҥин) буолаары гыннаҕына, ботуруулга эписиэрдэри эмиэ таһаараллара. Морсурууппут – куорат кытыыта. Хараҥарыыта уулуссаҕа ыт да охсор киһини көрбөккүн. Ыйыы-кэрдии бы­һыы­тынан 30 мүн. буола-буола аптамаат-төлөпүөнтэн дьу­һуурунай чааска биллэрэ туруохтааххын. Инньэ гынан букатын чуҥкуйан өлүөх дьону хас да аадырыска «сылдьан быһаарсыҥ» диэн сорудахтаатылар. Онтубут наар дьиэ иһинээҕи иирсээн эбит. Айдаарсыбыт төрүөттэрэ барыта биир – арыгыттан. Килиим, олуттаҕастык да буоллар, нууччалыы тото кэпсэтэр уонна үгэһинэн иллэһиннэртээн тэйэр, онон кими да дьуһуу­рунай чааска утаарбатыбыт.    Түүн 11 чаас саҕана уулуссаны биир гына киэптээн уонтан тахса уол иһэрин көрөн, табаарыһым «тохтотон бэрэбиэркэлиэххэ» диэтэ. Дьоммут холуочуктар, саҥаларын быыһыгар маат-муут бөҕөтө. Ол да буоллар тохтоотулар, «быһахпыт да, туохпут да суох» диэн, хадьардаспакка туран биэрээччи буоллулар. Манна даҕаны Килиим сиэргэ-майгыга үөрэтэ түһэрин умнубата, уолаттар, күлүү-салыы дьон, салгыы бара турдулар.    Чэ, баччанан сөп буолуо, отделбытыгар барыахха диэн, лейтенант киһи – Килиим – дьаһайааччы буолла. Уһааба­тыбыт – хараҥа муннуктан маатыра-куутура бөҕө­түн түһэрбит биир урдус тэмтээкэйдээн таҕыста. Банаарыгынан тык­тар­бытым – миэтэрэ холобурдаах арматуура тутуурдаах. Уолум, үгэһинэн, уоскутардыы тугу эрэ саҥара-саҥара утары тиийбитигэр сырбаппат дуо?! Хата, сыыһа охсон, эбиитин халтарыйан, тас иэнинэн барда. Мин оччо түгэни мүччү туппакка, ойон тиийэн үрдүгэр түстүм. Нэһиилэ хам баттаатыбыт: күүһэ диэн баабый. Ки­һи­бит утарылаһар кыаҕа суо­ҕун өйдөөн уонна милииссийэ эбиппитин билэн, уоскуйа бы­һыы­тыйда. Мин чугас эргин тө­лөпүөн-аптамаат суоҕуттан, абаккарбычча, ки­һибин илгиэлиибин. Испэр вытрезвитель уолаттара биир «хоноһолонор» буолбуттар дии саныыбын. Арай Килиимим холку, аа-дьуо кэпсэтэр, аатын, ханна олорорун ыйытар. Онтон миэхэ эргиллэн «дьиэтэ мантан соччо ырааҕа суох эбит, илдьэн биэриэххэ» диэн турда. Мин, мадьыктаһарбар тимэхпин туура тартарбыт киһи, хайаан да вытрезвительгэ ыытар санаалаах этим да, уолум син биир тылыгар киллэрдэ, онон аны дьиэтигэр соһустубут. Табаарыһым «милииссийэ туһунан дьон куһаҕан өйдөбүллээхтэр, онон вытрезвительгэ буолбакка, дьиэтигэр илтэххэ, дьоно эрэй­дээхтэр үөрүөхтэрэ» диирин кубулуппат. Дьиэтигэр аҕал­быппытыгар ойоҕо кытта холуочук эбит «мильтоннар, эрбин кырбаабыккыт, өссө харчытын халаабыккыт быһыылаах, күн сарсын борокуруорга үҥсүөм!» диэн айдаара хаалла. * * *    Мин үс сыл милииссийэлээн, ол быыһыгар үнүбэрсиэти кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн, хоту учууталлыы барбытым. Уоппускабар Дьокуускайга кэлэ сылдьан табаарыспын туо­һу­ласпыппар «истэ илик эбиккин дуу?» диэн хомоппуттара.    Биирдэ эмиэ ботуруулга тах­сыбыттар. «Эрдии-ойохтуулар иирсибиттэр, тиийэн бы­һаарсыҥ» диэн аадырыһы эппиттэр. Табаарыһым, куолутунан, дьиэҕэ урут киирээччи буолан, быһахтаах күлү­гээн сиэртибэтэ буолбут. Бүттэ­ҕэ ол. Саатар, кэргэн, оҕо кэлии­һи дуо, дьөрү табаарыс кыыһа да суох этэ. Килиимим суох буолбутун хас эмэ сыл устата билбэккэ сылдьыбыппын, өссө күлэ-үөрэ турарын түһээн көрөрүм. Билигин даҕаны итэ­ҕэй­бэппин, санаабар, субу киирэн кэлиэх курдук.   БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан