Кэпсээ
Войти Регистрация

Туолбатах баҕа санаа (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Туолбатах баҕа санаа (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
30.04.2018 09:28
Сабыс саҥа, хас да мэндиэмэннээх аныгы атыы-эргиэн киинэ, били «торговай сыантырдара», килэйэн-килбэчийэн атыылаһааччылары угуйардыы, ыҥырардыы дьэндэйэн турар. Мин, өрө тыынан баран, кумааһынньыкпын суумкабыттан хостоон арыйан көрөбүн. Аҕыйах, үс тыһыынчаҕа тиийэ сыһыах кумааҕы харчылаах эбиппин, карточкабар буоллаҕына биир да хаппыайка суох. — Бээ эрэ, киирэн хаамыталаан көрүөххэ, туох эмэ интириэһинэй атыыга түбэһиэм. Чэпчэки сыанаҕа тугу эмэ ылыам, – дии санаан баран, лоп курдук дьоһумсуйан туран, ол улахан маҕаьыын диэки хаамтым. Көрүдүөр устун хобулукпун тоһугуратан, баай киһи курдук туттан-хаптан, өстүөкүлэ нөҥүө турар таҥаһы-сабы харахпынан кынчарыйан ыла-ыла, инним хоту хааман истим. «Миигин ыл» диэбиттии кыһыл өҥнөөх чараас булууһа маникеҥҥа кэтэрдиллэн турарыгар хараҕым хатана түстэ. — Тыый, астык баҕайы куопта турар, киирэн сыанатын ыйыталаһыахха… Нуучча атыыһыт кыргыттара төттөрү-таары сүүрэкэлии сылдьар, син мээнэ улахан маҕаһыын дуомугар киирдим. Бэлиэтии көрбүт мааны булуускабар элээрдэн тиийдим. Тутан-хабан, матырыйаалын бэрэбиэркэлээтим, оҥоһуллубут сирин ааҕан көрдүм. Сыаната суруллубатаҕыттан кыйахана санаан баран, тэйиччи соҕус, кэтэҕинэн турар хара баттахтаах кыыстан нууччалыы чобугураан ыйыттым: «Девушка, это кофта сколько стоит?». Анаараа атыылааччы иһиттиим-истибэтиэм диэбиттии эргиллэ түстэ. Көрө биэрбитим доҕоор, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэм Наташа кыыс тупсан-киэркэйэн турар эбит. — Хайа? Наташа, эн дуо? Бирибиэт! — Дорообо, Зоя! Хайа? Хантан көһүннүҥ? – диэн сүүрэ былаастаан миэхэ утары кэллэ. Наташа – кылааспыт саамай киэн туттар активиһа, ыстаараста, оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ этэ. Кинини көрсүбэтэҕим 3-с сыла буолла. Ахтыспычча, өр көрсүбэтэхпит бэрдэ буолан дуу, иккиэн олус үөрдүбүт, бэл, туох диэн саҥа таһааран кэпсэтиэхпитин билбэккэ бэйэ-бэйэбитин көрөн мичээрдэһэ турдубут. — Зоя! Кыратык уойбуккун дуу, тугуй? — Уойан, уойан. Оҕолонон баран уойан бөҕө буоллаҕа. — Оҕоҥ хаһа буолла? — Үс аҥаара. «Ырааппыт эбит дии…» — кыыһым уоһун ытырбахтаан ылла, тулатын көрүннэ уонна иһигэр тугу эрэ атыны санаабыттыы өрө тыынан ылла. — Наташа, манна үлэлиир эбиккин дуу? Оттон үөрэххинэн тоҕо үлэлээбэккин? — Ээ… оттон… ити… дэриэбинэҕэ үлэлээн көрөн баран, тыыным хаайтаран, манна куоракка үлэ көрдүү кэлбитим да, булбатым, бу быстах турабын. — Хайа, оттон кэргэниҥ эмиэ кэлистэ дуо? — Кэргэммиттэн арахсыбытым… – кыыһым хараҕын туора илтэ, ити кэпсэтиини таарыйыан баҕарбата быһыылаах. — Оо! Тоҕо араҕыстыгыт? Эмиэ сөбулээбэтиҥ дуо? — Оннук курдук. Чэ, ити хааллын, оттон эн, тугу гынаҕын? — Мм… оттон биһиги дэриэбинэҕэ көһөн тахсар буоллубут. Манна эмиэ үлэ булбатыбыт. — Пахай, ыллыыр-туойар буотах этин дуо? Ырыаһыт киһи тахса сатыан этэ буоллаҕа дии! Эйиигин наар улахан сыаналарга эрэ көрүө этибит. — Оҕобун ким көрөр? Ыллыы-туойа сырыттахпына, кэргэним күнүүлээн бүтэр буоллаҕа дии. — Мм… мин киһим эмиэ күнүүһүт этэ. Дьэ билигин көҥүл босхо сылдьабын, оҕо суох, эр суох. Дьиэ арендалаан олоробун дьүөгэбин кытта.
Этэргэ дылы, көҥүл олох! — Хайа диэки олороҕутуй? — Ээ… 17-с кыбаарталга. Дьонум «манна дойдугар кэл» диэн ыҥыраллар да, барбаппын. Онно дэриэбинэҕэ туохпун сүтэрэн барыахпыный?.. Оттон эн манна үлэ көрдөөн көрүүй! Тыаҕа таҕыстаххына, бүттэхпит ол дии, хаарыан талаан, ырыаһыт киһи. Арба биир ырыаҕын радиоҕа истэн турардаахпын ээ. — Ол биир ырыа умнуллубута да буолуо. Биирдэ уонча тыһыынчаны бараан туран фонограмма оҥорторон таһаарбыт ырыам. Ити эйгэҕэ адьас чулуулар эрэ наадалар быһыылаах… Кэргэним дипломнаах агроном буолан баран охраналыы сылдьар. Ол иһин, мин тыаҕа кулуупка, оттон кэргэним сельпоҕа үлэлиэхтээхпит. Хата, эн өттүгүнэн улуус сыантырыгар прокуратураҕа дуу ханна дуу үлэ көстүөн сөп этэ. — Ээ, эдэр киһи манна да хаалыым. Баҕар, үлэ көстүө. — Эдэр киһи диэбиккэ дылы, оттон билигин эдэр киһилээххин дуо? -Ээ, онон-манан бааллар даҕаны, бары баабыньык баҕайылар. Дискотекаҕа сылдьан билсибит уолаттарым аҕыйах күн билсиһээт, сүтэн хаалаллар. Уонна бары оҕо баҕайылар. — Аата үчүгэйин, үҥкүүлээн абыраммыт аҕай эбиккин дии! Мин бу оҕо-дьиэ, оҕо-дьиэ буолан баран сылдьабын. Этэргэ дылы, дьиэ бөҕө буолан олоробут. Манна кэлбиппит үһүс сыла буолла да, куораттан хал буолан эрэбин. Барыта тыас-уус, куу-хаа. Оҕобор дьыссаат да көстүбэт. Ол иһин, дьоммут тыаҕа кэлин диэн ыҥыраллар. — Оттон мин, салҕыы үлэ булан баран, манна хаалыахтаахпын уонна… Наташам өссө да элбэҕи кэпсиэ эбит да, үлэтинэн кэллиэгэтэ кыыс көмөҕө ыҥырда. Кыыһым ситэ кэпсэппэтэҕиттэн санаарҕаабыт курдук буолан ылан баран, мин диэки өссө да умулла илик уоттаах хараҕынан көрөн мичээрдээтэ: «Даа, чэ мин үлэлии бардым, отчуот оҥоро сылдьыбыппыт. Кэпсээммэр аралдьыйан хааллым. Аны мөҕүллүөм, чэ хаһан эмит көрсөр инибит, пока», — диэтэ уонна ыйанан турар таҥастарга сүүрэн элэстэнэ турда. Мин хардары бакаалаһан баран, куоптабын өссө төгүл имэрийэн көрдүм уонна сыаната суруллубут сирин булан ыллым. «Пахыай! Икки аҥаар тыһыынча! Бачча сыанаҕа куопта ылыан кэриэтин оҕобор биэс сибиитэрэ ылбытым ордук», — дии санаатым уонна Наташа үлэлии турарын одуулаан ылан баран, көрүдүөргэ таҕыстым. Санааҕа ылларбыттыы хааман истим. Өйбөр инникибин сааһылаан көрдүм уонна урукку дьүөгэм тоҕо мантан барыан баҕарбатын туһунан испэр ырыттым. Тыа сирэ оччо куһаҕан дуо? Манна сүүһүнэн тыһыынча баранар сиригэр, бу 25 сааһыгар Наташа хайдах олороору сылдьара буолла? Хайдах дьиэлэнэн-уоттанан, оҕолонон-урууланан олоҕун оҥостоору гыннаҕай?.. Эргиччи киһи хармааныттан биир да хаппыайка хаалбатын туһугар туруулаһар курдук эйгэҕэ мин сатаан олоруо суохпун, бадаҕа. Иннибэр туох кыһалҕа кэтэһэрин барытын санаан кэллэхпинэ, туох баар күчүмэҕэйдэртэн куотан били соҕурууҥҥу страус кыыл курдук кумахха төбөбүн симэн кээһиэхпин эрэ баҕарабын… баҕар улуу Арассыыйа сиригэр, бачча баайдаах-дуоллаах дойдуга бэйэбитин толору хааччынар кэммит кэлэн туох барыта сыаната чэпчиэ буолуо дуу? Инникини тымтыктанан көрбүт суох. Өр дуу өтөр дуу атыы-эргиэн
дьиэтин устун хаама түһэн баран, күн киэһэрэн эрэрин өйдүү биэрдим. Таһырдьа оптуобус тохтобулугар күһүҥҥү сиппэрэҥ ардах анныгар, харатыҥы кыһыл суончукпун арыйан син өр турдум. Дьон быыһыгар симиллэн, үтүрүһэн, оптуобус иһигэр киирэн олохпун булан олордум, кэннибин хайыһан Наташа үлэлиир сирин сүтүөр дылы сайыһа көрөн хааллым. Туолбатах баҕа санаа… Хас биирдии киһи ырата ааһан иһэн туолар буолбатах эбит. Мин ырыаһыт, биллэр-көстөр буолар баҕа санаам дууһам түгэҕэр сөҥөн хаалбыт. Оттон Наташа куоракка юрист идэтинэн үлэ булуо дуо? Кини баҕа санаатын толоруо дуо? Түмүгэ, хоруйа суох үгүс боппуруоһу сыымайдыы олорон, дьиэм тохтобула кэлбитигэр, өрөһөспүттүү туран, таһырдьа элэстэнэн таҕыстым. Оптуобуһум «быраһаай» диэбиттии иннин хоту айанныы турда… Ираида Коркина-Чугдаара. 2011 с. Ыспыраапка: Ираида Коркина-Чугдаара Чурапчы нэһилиэгэр 1987 сыллаахха күн сирин көрбүтэ, кыра оҕо эрдэҕиттэн хоһоон уонна кэпсээн айарга холонор. Оскуоланы бүтэрэн баран, культура идэтин талан, бастаан Хаҥалас Күөрдэмигэр норуот театрын режиссерунан үлэлээбитэ, ол кэннэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр испилэлиис быһыытынан киирбитим. Билигин пьесаҕа уонна проза улахан айымньыларын суруйуутугар холонор. Хоһоонноро, кэпсээннэрэ уонна ыстатыйалара хаһыакка-сурунаалга кэмиттэн кэмигэр тахсаллара. Маны таһынан ыллыырын, уруһуйдуурун уонна минньигэс аһы астыырын сөбүлүүр. Кэргэннээх, оҕолоох. Айар үлэҕэ ситиһиилэрэ: 2 миэстэ — республикатааҕы «Аҋылҕан» оҕолорго аналлаах фантастика жанрыгар айымньыларга күрэс (2000 с.), 1 миэстэ — П.А.Ойуунускай үбүлүөйүгэр аналлаах республикатааҕы эдэр суруйааччылар күрэстэрэ (2003), 1 миэстэ — республикатааҕы эдэр хоһоонньуттар күөн-күрэстэрэ (2008 г.); 2 миэстэ — республикатааҕы «Чолбон» сурунаал үбүлүөйүгэр анаммыт суруйааччылар күрэстэрэ (2011 г.). Быйыл Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар ситиһиилээхтик кыттан, драма секциятыгар кыайыылаах үрдүк аатын ылбыта.
edersaas.ru сайтан