Кэпсээ
Войти
Регистрация
БӨКҮНҮК (ҮҺҮЙЭЭН САЛГЫЫТА)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ БӨКҮНҮК (ҮҺҮЙЭЭН САЛГЫЫТА)
K
edersaas.ru
Категорията суох
28.04.2018 12:00
— Сөп, доҕоор! Бачча ыраах дойдуттан көрдөһө сылдьар буоллаххына, кырдьык, улаханнык кыһалҕаламмыт эбиккит. Ыт оҕото кырдьык баар, мааҕын көрбүт буолуохтааххын, — Ньукуус чочумча саҥата суох олордо, тугу эрэ толкуйдаатаҕына өрүү буоларын курдук сэҥийэтин имэриннэ. — Доҕоруҥ булчут, үтүө майгылаах киһи дуо? — Бэйэтэ сүрүннээн сүөһү, сылгы ииттэр, бултаан эбинэр, улахан булка сылдьарын сөбүлүүр, ыттарым мөлтөөтүлэр, хаан уларытарга сөп буолла диэн көрдөспүтэ. Киһи быһыытынан көнө, этиһэ-охсуһа сылдьыбат, дьонугар-сэргэтигэр ытыктанар, түс-бас ыал аҕата, эрэллээх доҕор. Ол иһин чулууттан чулууну, саарбаҕа суох булчут ыт буолар ыт оҕотун көрдүүбүн, — Арамаан Ньукууһу утары көрөн олорон саҥарбыта. — Эмээхсиэн, эн туох дии саныыгын? — Ньукуус бииргэ «эн-мин» дэһэн кэлбит чугас киһитин санаатын хайа да түгэҥҥэ истэн баран быһаарынар үгэһинэн кэргэниттэн ыйыппыта. — Бөкүнүгү дуо? — Аана, билэн да олордор, ситэ быһаарыммакка олорор буолан бигэргэттэрэр курдук ыйыппыта. — Ньукуус, бултуур киһи, бэйэҥ билиий, мин эн этэргин утарыам суоҕа… — Ыттарым эдэрдэр, Чээкэ аны даҕаны төрүө. Чэ, сөп. Биэрэбит. Үтүө киһи баҕатын толорор үчүгэй буоллаҕа, баччааҥҥа диэри мөлтөх ыт үөскүү илик, онон үтүө ыт тахсыа диэн бүк эрэнэбин. — Ньукуус, Аанаа! Дьэ, улахан махтал! Көрдөһүүбүн быһа гымматаххытыгар, — Арамаан, үөрүүтүттэн ойон туран, эр-биир илии тутуһан махтанна. Кылгас кэмҥэ тыҥаан ылбыт сыһыан быһаарыллан, бары сэргэхсийэн эмиэ күө-дьаа буолбуттара. — Бөкүнүк барахсан атын сиргэ тиийэн ыт буолууһу. Арамаан, бу диэки кэллэххинэ хайдах сылдьарын билэн кэлэн кэпсиэҥ буоллаҕа. Сиэннэрбит көрбөккө хааллылар, — Аана сиэннэрин санаан мичээрдээн ылбыта. — Улахаттар кэлэллэрэ чугаһаата… — Ээ, ол дьон көрбөтөхтөрө да ордук, ыттааҕымсыйан туран кэллэхтэринэ көҥүл, — Ньукуус эмиэ сиэннэрин санаан сирэйэ сырдаата, мүчүҥнээн ылла. — Ньукуус, ити ыт оҕото тоҕо атын өҥнөөҕүй? — Арамаан мааҕын дьиибэргии санаабытын санаан ыйытта. — Дьэ, итинтиҥ бэйэтэ туһунан кэпсээн, — Ньукуус, олоппоһун сандалыга чугаһата тардан, уҥа тоҥолоҕунан сандалыга тайанан, олоппоһун өйөнөрүгэр тиэрэ түһэн кэпсээнин саҕалаата. — Өрдөөҕүтэ, эдэр-сэнэх, кыанар-хотунар, мэник-тэник эрдэхпинэ биир дьыл кырса мэнээгэ буолла. Бэл биһиги эргин билиннэ, миэхэ «Бээ эрэ, бу хантан кэлэр кыылый, мэнээктээбит буоллаҕына, кэлэр сирин диэки бардахпына хойуутук тахсыбыт сирин булуохха, өлгөмнүк бултуйуохха сөп эбит ээ…» диэн санаа киирдэ. Дойдубуттан ырааппатах киһи, атын сири-уоту көрөр да баҕа баһаам, түргэн үлүгэрдик хомуна охсон сыарҕалаах атынан айаҥҥа туруннум. Бараары сылдьан доҕор көрдөһөн көрдүм да, биир да киһи буолуммата, хайыахпыный, санаа модьу, «Соҕотоҕун да сылдьыллыа!» диэн баран түһүнэ турдум. Бүлүү өрүһү уҥуордаан, Улахан өрүс хаҥас эҥээринэн, биирдии суолга-иискэ түбүгүрбэккэ, ат аһылыктаах сирдэргэ, ардыгар булчут үүтээнигэр, ардыгар кэлтэгэй отууга хонуктаан хоту диэки түспэлээтим. Биир да сир аатын билбэппин, хантан да билиэмий? Сылдьыбатах сирим буоллаҕа. Дьон
суола хам-түм көстөн ааһар, бэйэлэрин түбэһэн көрсүбэппин. Биир улахан үрэх кытыытыгар ат аһылыктаах көлүйэни булан, эргэ, үрдэ сиҥнибит булчут үүтээнэ баарын абырахтанан, онно сытан бултуурдуу тэринним. Булт элбэх дойдута, тайах, кыыл таба, мас көтөрүн суола хойуу, атын да булт мэнээк. Мин ааттаан кэлбит кырсам үрэҕи батан тахсан айанныыр эбит, ааһар сирдэригэр сохсо туруортаатым уонна олорбун эргийэн көрүтэлиибин. Атын кыра булка эмиэ сэп тэрийдим. Саҥа бултаан иһэммин, биир күн үрэх устун иһэр ыт көлөлөөх киһини көрсө түстүм. Эмиэ мин курдук кырсаны сырса сылдьар, мантан аллара өрүс уҥуор олохтоох, бултаан, өрүскэ балыктаан ииттэн олорор эбит. Аата Баһылай. Мин үрэхпиттэн аллара атын үрэххэ үүтээннээх, сылын аайы тахсан бултуур эбит. Киһибин кытта бодорустубут, сотору-сотору кэлэн барар, биирдэ кэлэригэр барбах хаамар кытарымтыйар күөрт ытын батыһыннаран кэллэ. Үрэх хааһын түһүүгэ сыарҕалара түҥнэстэн быаҕа эриллибит, кэлин хаҥас атаҕынан дугуммат буолбут, сытыганныы сылдьар. «Кыайан барыа суох, эрэйдэнииһи, эйиэхэ хаалан эрдин, аныгыс кэлиибэр ылыам», — диэн хаалларан барда. Аныгыс да кэлиитигэр үчүгэй буолбата, эмиэ хаалларда. Онтон Баһылайым эмиэ хас да хонон баран кэллэ, ыппыт арыый буолла эрээри, атаҕынан төрүт тирэммэт. Ытын көрөн сонньуйда. «Ыт буолуо суох, туһалыырын ааспыт», — диэтэ. Бу күннэргэ дойдулуурбун истэн: «Соҕотох хаалар эбиппин», — диэн үөһэ тыынна. Мин ыты аһына санааммын: «Баһылаай, ыккын миэхэ атыылаа, илдьэ баран ыт оҥостуом, хаан уларыттыам», — диэтим. Киһим утары көрдө уонна: «Суох! Атыылаабаппын!» — диэт, кыыһырбыт курдук ойон турда. Онтон сирэйэ сырдаан, уостара ыттайа мүчүҥнээн: «Ньукуус, билсиһиибит бэлиэтигэр бэлэхтиибин, өйдүү-саныы сылдьыаҥ буоллаҕа…» — диэтэ. Ойон тураммын, куустуһан туран махтанным, сэрэххэ диэн, илдьэ сылдьар иккис быһахпын бэлэхтээтим, үөрүү бөҕө буолаахтаата. Ыттарым бары ол ыттан төрүттээхтэр, удьуорун быспат буола сатыыбын, Бөкүнүгүҥ ол ыты улаханнык утумнаабыт быһыылаах. Ол, Баһылайтан ылбыт ытым, көлүүр ыт буолан, күүһэ-уоҕа олуһа, уҥуоҕунан улахана. Атаҕа кэлин даҕаны үчүгэй буолбатаҕа, мэлдьи көтөҕө сылдьара, манна кэлэн булка сылдьыһан, булчут дьоҕура аһыллан киһи эрэ ымсыырар ыта буолбута. Атаҕынан мөлтөх буолан булдугар барытыгар налыччы сылдьан, албыннаан, аралдьытан тохтотор үгэстээҕэ. Саха ытыттан атын ыт хаана булкаастааҕа, ол хаана кэмиттэн кэмигэр удьуоругар бэриллэр. Киэһэ хойукка диэри астына дуоһуйуохтарыгар диэри сэһэргэһэн баран утуйдулар. Сарсыарда туран, Арамаан балаҕан ис оҥоһуутун сыныйан көрдө, балаҕан ис тэрилэ: көхөтүттэн саҕалаан, долбууругар, хаппахчытыгар тиийэ сиэдэрэйдик, араас быһыылаан, оҥо быһан ойуу түһэриллибиттэрин сөхтө-махтайда. Бэҕэһээ киирээтин кытта хараҕар быраҕыллыбыт үс атахтаах сандалытын эргийэ сылдьан одууласта: сылгы атаҕын үтүгүннэрэн оҥорбуттара туйаҕар, атаҕын сэбэрэтигэр тиийэ ураннык чочуллубуттар, атахтары холбуур иэдэстэригэр ат төбөтө, чороон, сэргэ, ойуу-дьарҕаа оҥо хаһан ойууламмыттар. Итинтэн барытыттан бу сандалы Дьөһөгөй Айыы оҕотугар сылгыга туһуламмыта көстөрө. — Ньукуус, уһанаҕын дуо? — Арамаан
чэйдии олорон ыйыппыта. —Балаҕаҥҥыт ис бараана тупсаҕай баҕайы оҥоһуулаах… — Эчикийэ суох, быһаҕым, сүгэм уктарын эрэ бооччуйабын, — Ньукуус кэмчиэрийбитэ. — Бу балаҕаны ис тэриллэри, маллары-саллары Аана таайдара туппуттара-оҥорбуттара, мин илии-атах эрэ буолбутум, маһы хаамтарбат эрэ улахан уус дьон. — Чэ, аһары кэмчиэрийимэ, — Аана Ньукууһун диэки көрдө, эйэргээбит куолаһынан саҥарда, онтон Арамаан диэки хайыһан: — Мантыҥ оһуордаабатар-мандардаабатар да, бэйэтэ идэлээх, сыарҕа баайар, дуҕа иэҕэр, сарай иһин көрөөр эрэ… — диэтэ. Өссө даҕаны үгүһү кэпсэтэ олоруо эбиттэр эрээри, айан киһитэ барар кэмэ кэлэн, бары таһырдьа атаара таҕыстылар. Ньукуус ытын оҕотун быалаан аҕалан сыарҕа кэннигэр баайан биэрдэ. Аана ытын оҕотун имэрийдэ-томоруйда, үчүгэй булчут, иччигэр эрэллээх доҕор буолаар диэн алҕаата, ол кэннэ «Көрсүөххэ диэри!» дэһэн, илии тутуһан араҕыстылар. Арамаан ойуур саҕатыгар тиийиэр диэри Ньукуустаах Аана сэргэлэрин таһыгар батыһа көрөн турдулар. * * * Арамаан сырыыта ити дойдунан түмүктэммэтэҕэ, сыарҕатын аны Бүлүү диэки хайыһыннарбыта. Бүлүүгэ эргиммитэ хас да сыл буолла, быйылгыттан саҕалаан лааппы аһарга санана сылдьар, онтун ситэри быһаарсар уонна эмиэ эргинэ түһэр санаалаах. Хас да күн айаннаан, күн орто ааһыыта Бүлүү куоратыгар киирбиттэрэ. Бөкүнүк саҥа иччитигэр, дьэ, арыый сыстан эрэр. Бастакы күннэргэ наар кэтэнэ сылдьара, аһары чугаһаары гыннахха баарын биллэрэн ырдьыгынаан ылара. Босхо ыытылла илик, Ньукуус баайбытынан сылдьар. Айан кэмигэр сыарҕа кэнниттэн батыһар, түүнүн сыарҕа үрдүгэр убаһа тириитэ тэллэххэ хонор. Арамааннаах аттарын куорат кытыы өттүгэр бэс чагда саҕатыгар турар улахан балаҕан күрүөтүн сабыылаах ааныгар астардылар. Балаҕан иннигэр сыппыт ыт аан иннигэр сүүрэн кэлэн киллэрбэттии аһыыларын килэтэн, арҕаһын түүтүн адаарытан, чохчойо-чохчойо, суостаахтык үрэн баргыйда. Ыт үрэрин истэн, балаҕан иһиттэн саас ортолоох, орто уҥуохтаах үскэл киһи тахсан ытын буойда, Арамааннааҕы көрөн мичээрдээн эттээх сирэйэ тэнийдэ, халтаһалара силбэһиэх курдук харахтара кыараата. — Хайа-аа, бу, киэҥ сир оҕолоро кэллилэр! Дорооболоруҥ! — Икки илиитин даллах гыннарда, онтон ытыһын охсунан эҕэрдэлээтэ, күрүөтүн сабыытын субуйа тардан аһан биэрдэ. Арамааннаах аттарын сиэтэн киллэрэн сэргэлэргэ баайталаатылар, ол кэннэ, дьэ, илии тутуһан дорооболоһон-эҕэрдэлэһэн күө-дьаа буоллулар. Балаҕаҥҥа киириэх иннинэ таһаҕастары ампаарга оннуларын булларыахха диэн хааһахтары, бэрэмэдэйдэри, эмиэ да хопполооҕу таскайдаан бардылар. — Өлөксөөй, дорообо! Хайа, ыалдьыттар кэллилэр дуо? — эргэрбит саһыл тыһа бэргэһэлээх, орто уҥуохтаах эрээри, хатыҥыр киһи аһаҕас күрүө ааныгар кэлэн туран хаһыытаан ыйытта. — Дорообо! Дорообо! — дьиэлээх киһи Өлөксөй үрүт-үөһэ дорооболосто. — Атыыһыт кэллэ-э! Эн хайа диэки бардыҥ? — Кулгаахтарга тиийэ сылдьыам, улахан соругум суох! — Хата көрсүбүт дьоҥҥор атыыһыт кэлбит диэн тиэрдээр эрэ! — Ээ, үөрүүнэн, тиэрдэн бөҕө буоллаҕа! Чэ, мин бардым! Тэйиччи турар буолан, дуораччы соҕус кэпсэттилэр. — Хайаларын кытта кэпсэттиҥ? — Арамаан, ампаартан тахсан, Өлөксөйтөн ыйытта. —
Сыраан Сэргэй. Оҕо сылдьан аһаах, мөлтөх этэ, ол иһин итинник ааттаабыттар. Улаатан, син киһи тэҥэ буолбута эрээри, били оҕо эрдэҕинэ үлэлэтэ үөрэппэтэхтэрэ сүрэҕэ суох. Кэргэннээх, биир кыыстаахтар, аҕыйах сүөһүлээҕэр кыайан оттообокко сүөдэҥниир. Хата ойоҕо хоһуун дьахтар буолан дьиэтин-уотун бэрийэн олорор. Мантан тэйиччи олороллор. Ити киһи үлэтэ ити, күнү быһа кэринэн тахсар, — Өлөксөй биир тыынынан кутан-симэн кэпсээн кэбистэ. Таһаҕастарын уган, ампаардарын аанын сабан, күтүр бэйэлээх күлүүһүнэн хатаан халыгыраттылар. Онтон иннэ кылгас, кэлин өттө уһун, холбоһор сиринэн сүһүөхтээх, «күлүүс» диэн аатырар, киһи сөмүйэтин курдук модьулаах тимири халҕан ойоҕоһунан эркини курдары үүттэммит дьөлөҕөһүнэн уганнар, били «күлүүс» инники тимирэ аллара туруору түһэн, ампаар иһинээҕи олуур мас кэрдиистэригэр тирэнэн, олуур маһы иннин диэки сыҕарытан, халҕаны ис өттүттэн олуйдулар. Үлэлэрин бүтэрэн, тэбэнэн-сахсынан балаҕаҥҥа киирэн, дьэ, налыйдылар. Көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт дьон айахтара аһыллан үгүһү кэпсэттилэр. Ол эрээри, айан дьоно сылаалара таайан аһары уһаабакка, «Сарсын да күн баар!» дэһэн сөпкө сыттылар. Түүн үөһэ лаппа ааспытын кэннэ, дьон барыта дириҥ уутугар, кытаанахтык утуйа сыттахтарына икки киһи бэс чагда быыһынан ороҕочуйар суолунан Баардаах Өлөксөй балаҕанын таһынан тахсан кэлбиттэрэ. Ый туналыйар сырдыгар көрдөххө, уҥуохтарынан араа-бараа этилэр эрээри, биирдэрэ үөскүлэҥ, модьу-таҕа көрүҥнээҕэ, атына хатыҥыр, хачаайы быһыылааҕа. Дьон атаҕа куучугуруур тыаһыттан балаҕан айаҕар токуруччу суулана сыппыт ыт чөрбөс гына түстэ, ойон туран, тугун-ханныгын ситэ билбэккэ барбах «һоҥ!» диэтэ уонна күрүө ааныгар барда. — Моойтоо, Моойтоо, мин кэлли-им, билбэтиҥ дуо-а?.. — хатыҥыр киһи оргууй, сэрэнэн саҥарда. — Оҕобор Моойтоҕо кэһиилээх кэлли-им… — албыннаспыттык ньаамырҕаата. — Мэ, сиэ, антах бар, мэһэйдэһимэ.., — кыбына сылдьар обургу уҥуохтаах этин уунан биэрдэ, анарааҥҥыта киһини билэн кутуругун куймарыҥнатта, онтон эти айаҕар ылан, хахха сир көрдүү дьөгдьөрүйэ турда. — Чэ, бардыбыт! — хатыҥыр киһи тэйиччи турар доҕорун ыҥырда, күрүө сабыытын оргууй аһыталаата, ол кэннэ ампаары супту көрбүтүнэн суксуруһа турдулар. Бөкүнүк итини барытын сыарҕа үрдүттэн көрө сытта, дьиэлээх ыт үрбэтэҕиттэн саараан саҥата суох манаста. Ампаар айаҕар тиийэн, хатыҥыр киһи туораан биэрдэ, тула өттүн көрүнэ турда. Модьу киһи куругар иилинэ сылдьар анньыыга маарыҥныыр тимири субуйа тардан ылан, күлүүс тиэрбэһигэр кэтэрдэн, ынчыктыы-ынчыктыы олуйан барда, күлүүс кыайтарымаары гынан холуодалаах халҕан ыпсыыларыттан уҥа атаҕынан тирэнэ-тирэнэ түһүөлээтэ. Тардыы күүһүн тулуйбакка, күлүүс ыыра баран «халыр!» гынна. Кыайбыт-хоппут киһи, аҕылаан көбүөхтүү-көбүөхтүү, күлүүһү ылан туора бырахта уонна туораан биэрдэ. Хатыҥыр киһи хоонньуттан били сүһүөхтээх «күлүүс» тимири таһааран дьөлөҕөскө укта. Кыраҕытык манаһа сыппыт Бөкүнүк, кинилэр маллара эмиэ ити ампаарга баарын санаан, билбэт дьонуттан көҥөнөр санаата киирэн, сыарҕатын үрдүгэр дьыраччы тэбинэн туран айдаан бөҕөтүн түһэрдэ. — Өссө ыт баар эбит буолбаат! Тоҕо эппэтэххиний, сыакаар! — модьу киһи бардьыгынаата. — Хайа?! Түргэтээрий!
— Ыт суох этэ… Мантыбыт сөп түбэспэтэ… Билигин атынынан туохтуом… — хатыҥыр киһи, «күлүүһү» булкуйа туран, кутталыттан куолаһа титирэстээтэ, дьөлөҕөстөн хостоон тимирин киһитигэр биэрдэ, ол кэннэ хоонньуттан атын «күлүүһү» хостоото. Ыт оҕото харса суох үрэр саҥатыттан дьиэ иһигэр сытааччылар уһуктан, арыый бэттэх кэллилэр. Өлөксөй «улахан ыт тоҕо үрбэт?..» диэн муодарҕаатар даҕаны, ойон туран, ааны сэрэнэн сэгэтэн өҥөйөн көрдө. Сол курдук сэрэнэн сапта. Онтон сүр түргэнник Арамааны тиийэн тардыалаата. — Арамаан, тура охсуҥ! Түөкүттэр ампаары алдьата тураллар! — диэтэ уонна төттөрү ойдо. Дмитрий ПОНОМАРЕВ. Уруһуй: интэриниэттэн Сэһэн «Кут уйбат алҕаһа» кинигэттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан