Кэпсээ
Войти Регистрация

УОРДААХ (ҮҺҮЙЭЭН САЛГЫЫТА)

Главная / Кэпсээн арааһа / УОРДААХ (ҮҺҮЙЭЭН САЛГЫЫТА)

K
edersaas.ru Категорията суох
27.04.2018 18:00
* * * Атыыһыт Арамаан Кэбээйи сиригэр-уотугар иккис кэлиитэ, бастакытын былырыын суол хаалыан эрэ иннинэ сылдьыбыта, быйыл төһө кыалларынан эрдэлии сатаата, көмөлөһөөччүтүнээн икки буолан түөрт сыарҕанан сылдьаллар. Элбэх таһаҕаһы ыла сатаата, бу дойдуга киин улуустарга курдук сылы эргиччи эргиммэккин: сайынын өрүстэн тэйиччи сытар нэһилиэктэргэ сырыы суоҕун кэриэтэ, эгэ, биирдиилээн бытанан олорор ыалларга улахан соруктаах киһи анаан-минээн тэринэн-бэринэн бардаҕына тиийэр, инньэ гынан, төһө кыаналларынан кыһын сырыы баарына бүтүн сылы быһа туттар малларын-салларын, араас табаардарын хааччына сатыыллар. Арамаан атыыта былырыын бэркэ барбыта, субу илдьэ кэлбит атыыта төһө барарыттан көрөн, атыытын өссө кэҥэтэр санаалаах, кыаллыах буоллаҕына, суолу баттаһа аны биирдэ кэлиэн эбэтэр киһи ыытыан толкуйдуу сылдьар. Бу дойду дьоно бары сүөһү-ас тутан олорор буолбатахтар, аҥаардас булдунан-балыгынан дьарыгыран бэрт үчүгэйдик олорор ыаллар эмиэ бааллар. Арамаан атаһа Киргиэлэй көрдөһүүтүн өйүттэн адьас араарбакка сылдьар: уһаппакка-кэҥэппэккэ ааттаах үчүгэй ыт оҕотун булан, сыанатын кэрэйбэккэ, бииргэ улааппыт, убайын курдук саныыр киһитигэр үөрдэ-көтүтэ, бу дойдуттан хайаан даҕаны илдьэ бардаҕына сатанар. Сылдьарын былаһын тухары ыт оҕото сураһан таҕыста, элбэх да буолбатар, хас да ыт оҕотун көрдө, ол эрээри бииргэ да санаата сыппата: сороҕун тас көрүҥнэрин сирдэ, сороҕун төрдүн-ууһун астыммата. Санаата ситимээри улаханнык мунчаара сырыттаҕына, кытыы нэһилиэккэ хонуктаабыт ыалларын аҕата: — Дьэ, туһугар эмиэ кыһалҕаҕа ылларбыт эбиккин… — диэн Арамаан кэпсээнин истэн тэҥҥэ сонньуйбута. — Бээ эрэ, мантан тэйиччи аҥаардас булдунан ииттэн олорор Мургун Ньукуус диэн улахан булчут киһи баар, ол киһи ыттара истэр тухары бары аахтара уһулуччу удьуор булчуттар, ыксаабат буоллаххына онно бара сылдьарыҥ буоллар, быйыл тыһы ыта эмиэ төрөөбүт сурахтааҕа, — диэбитэ. Оччону истэн баран, Арамаан өрө көтө түспүтэ: — Төһө да ыраах буоллун, барабын. Суола-ииһэ хайдаҕа буолла? Сирдьит булуннахха сатанара дуу?.. — саараан, киһитин диэки көрбүтэ. — Cуолгун ойуулаан кэпсиэҕим, улахан мунааҕа суох. Ол киһиҥ кэргэнэ Наҕыл Аана чугас эргин суох иистэнньэҥ дьахтар. Аатын курдук наскылдьыйбыт кэрэ бэйэлээх. Инньэ гынан, кыһыҥҥы өттүгэр сырыы элбэх, иистэннэриэн баҕалаахтар субуһан олороллор. Тибии буолбатаҕа ыраатта, суолуҥ төрдүгэр киллэрэн биэрдэхпинэ бэйэҥ да тиийиэҥ, биир суол, — дьиэлээх хоноһотун уоскутта. Сарсыарда эрдэ уһуктан, сып-сап хомунан, айаҥҥа туруннулар. Арамаан көмөлөһөөччүтүгэр улуус киинигэр киирэн кэтэһэрин курдук этэн баран, бэйэтэ биир атынан дьиэлээх киһитин кэнниттэн батыста. Улахан айан суолунан тахсан, балай да халыҥ сиһи быһан обургу күөлгэ киирдилэр, күөлү арҕаа өттүнэн эргийэн, онно түһэр от үрэххэ таҕыстылар. Итиниэхэ диэри суоллара хас да сиргэ хайдыста. Салгыы барбалыы түспүттэрин кэннэ, хаҥас диэки ыарҕа талаҕынан үүммүт толоону ортотунан хайа суруйан барар элбэх сырыыттан чигдитийбит суол араҕыста. Сирдьитэ ол суол төрдүн ааһа түһэн атын тохтотто, сыарҕатыттан түһэн Арамааҥҥа кэллэ. — Дьэ, суолбут
төрдүгэр кэллибит. Мантан антах туох-хайдах сиринэн айанныаҕын ыйан-кэрдэн, туох бэлиэ сирдэр, мастар ханан туралларын ойуулаан-дьүһүннээн биэрдэ. — Төннөн иһэн хайаан да таарыйан, хонон ааһаар, кэтэһиэм. Чэ, көрсүөххэ диэри…— ыт үтүлүгүн устан мотоҕоно курдук эттээх илиитин утары уунна. Арамаан эмиэ хап-сабар үтүлүгүн уста охсон илиитин биэрдэ. — Чэ, көрсүөххэ диэри. Улахан махтал, төннөн иһэн булгуччу таарыйыам, хайдах сиргэ-уокка, дьоҥҥо сылдьыбыппын кэпсээн ааһыам… — Төрүт кэмсиниэҥ суоҕа, Ньукуус да, Аана да ыалдьытымсах бөҕө дьон, кытаат, соргулаахтык сырыт, — аҕыйах хонук иһигэр бодоруһа охсубут саҥа атаһа, атааран, ыт үтүлүгүн даллах гыннаран далбаатаата уонна, эргиллэн, атын диэки хаамта. Арамаан туоруур суолунан атын салайа тутан хаамтарбытынан барда. «Бу дойду дьоно дойдуларын курдук киэҥ-холку көҕүстээхтэр, олус аламаҕай майгылаахтар…», — диэн иһигэр саныы, ол санаатыттан сүргэтэ көтөҕүллэн туойа-ыллыы истэ. Дьыл оройо ааһан, күн уһаабыта лаппа биллэр буолбут, күнүһүн дьыбар да тахсар курдук. Сып-сылаас ыт саҕынньахха сууланан туох да атыны санаабакка аҥаардас чэбдик салгынтан, чэмэлкэй күннээх ыраас халлаантан, тулалыыр кэрэ айылҕаттан, тоҥ чигдигэ ат туйаҕа чыбырҕыыр, сыарҕа биир тэҥник кыыкыныыр тыаһыттан дуоһуйа айаннаан иһэртэн ордук ама баар үһүө? Арамаан Сахатын сирин үгүс улуустарыгар сырытта, ол тухары айылҕа кэрэтин муҥурун көрбөккө сылдьар, ханна да тиийдин, сир-дойду хатыламмат кэрэтэ сөхтөрөр. Кыһыҥҥы күн санньыйа түһүүтэ, халыҥ сиһи быһан, киэҥ өтөххө тахсан кэллэ. Үс мас сүрдьүгэс күрүөнэн эргитиллибит киэҥ тиэргэн иһигэр иннигэр чарапчылаах, оһоҕун ураатыттан айанньыты сэргэхситэ көрсөр буруота унаарбыт обургу балаҕан көһүннэ. Балаҕантан хаҥас диэки сыһыары тутуллубут, иннэ аһаҕас сарайдаах ампаар турар. Чугаһаан истэҕин аайы, ампаар кэннинэн ойуур саҕатыгар оттоох кыбыы, сылгы аһатар дал, дал иһигэр аһыы турар ат көстөллөр. Балаҕантан уҥа диэки киэҥ дьэллигэһинэн улахан сыһыы дуу, күөл дуу эҥэлдьийэр. Балаҕаннаах ампаар икки ардынан үс ыт сүүрэн тахсан үрэ тоһуйдулар. Арамаан, тиэргэн аһаҕас аанынан киирэн, атын сэргэҕэ астарда. Ыттар саба сүүрэн кэлбэккэ, тэйиччи биир сиргэ туран, киһи кэлбитин биллэрэн барбах саҥа таһаараллар. Ортолоругар хайаларыгар да майгыннаабат икки кулгааҕа маҥан, кэтэҕиттэн арҕаһыгар диэри кэтит маҥан дьураалаах, кытарымтыйар түүлээх күөрт ыт оҕото, иннинэн-кэннинэн тэпсэҥнии, үрэн чардырҕыыр. Ампаар кэнниттэн киһи тахсан кэллэ. Ыттар ах баран, кыбыы диэки суксурустулар. Ыт оҕото иччитигэр эккэлии түһэн баран, улахан ыттары батыһан сүүрэн элэстэнэ турда. Арамаан саҕынньаҕын устан ойон тахсан атын баайда. Далга аһыы турбут ат сылгы кэлбитин көрөн, бэттэх кэлэн, күрүө үөһэнэн төбөтүн ньолоччу анньан иҥэрсийэн ылла. Арамаан ата хайыһан көрдө, төбөтүн умса туттан, уҥа-хаҥас илгиэлээн сиэлэ бураллаҥнаата, муннун-уоһун тобугар-сототугар аалынан ыраастанна, тыбыыран бырылатта, ол кэннэ дьэ налыйан турунан кэбистэ. Бэргэһэтин анныттан маҥхайан көстөр чанчыктардаах, аҕамсыйбыт эрээри, көнөтүк туттубут, орто уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп толору эттээх-сииннээх, туттарыттан-хаптарыттан көрдөххө,
кыанар-хотунар киһи чугаһаан эрдэҕинэ, Арамаан аҕыйах хаамыыны утары баран илиитин уунна. — Дорообо! Арамаан диэммин… — илии тутуһан, кыл түгэнэ утары көрсөн турдулар. — Дорообо! Ньукуус диэммин. «Ханналаан иһэҕин?» диэн ыйыппаппын, тоҕо диэтэххэ, биһигиттэн антах биир да ыал, суол да суох. Оттон туох соруктааххын балаҕаҥҥа киирэн налыччы кэпсээ, — Ньукуус, элбэх саҥалаах муҥутаан, кутан-симэн күө-дьаа буолла, бүгүн атын, бултуур сэбин-сэбиргэлин көрүнэн, оҥостон тыаҕа тахсыбатаҕа, хата, ыалдьыт кэлбитигэр улаханнык үөрдэ. Батысыһан, балаҕан иһигэр киирдилэр, сылаас салгын сирэйдэригэр ил гынна, Арамаан, Ньукуус кэнниттэн быган, Аананы таба көрөн: — Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ! — диэтэ. — Дорообо! Сыгынньахтан, аас, — Аана, түннүк анныгар сыҥаһа ороҥҥо иистэнэ олорон, ыалдьытын болҕойон одууласта. — Айан киһитэ аччыктаатаҕа, мин даҕаны аһыах курдукпун. Эмээхсиэн, итиитэ киллэриниэх, аһылыккын бэлэмнээ, — Ньукуус, ыалдьыта элбэх сонуннаах буолуоҕар бүк эрэнэн, санаата лаппа көнньүөрдэ, оһоҕор тиийэн чох тардан, холумтаҥҥа турар алтан чаанньыгын ылан ол үөһэ уурда, онто тэҥҥэ үөрсэн эрэрдии кыыгынаабытынан барда. — Чэйдээн бөҕө буоллаҕа. Мин эмиэ киирэргитин кэтэһэ, ииспин ситэрэ сатаатым, — Аана намыыннык сыыйан саҥарда. Арамаан талах олоппоско кэлэн олордо, тула өттүн сонургуу, сыныйан одууласта. Харахтара орон аайы тэниччи ууруллубут тэллэхтэргэ, олбохторго хатанна. Сиэдэрэйдик тигиллибит маллар, сылааһынан угуттуу, киһини бэйэлэригэр тардар эбиттэр. Аттынааҕы ороҥҥо таба тириититтэн аттарыллан тигиллибит олбоҕу имэрийэн көрдө, көп сымнаҕас түүттэн ытыһыгар сылаас билиннэ. Чахчы кэрэни айар, үчүгэйи эрэ түстүүр сырдык, ыраас санаалаах киһи уус тарбахтарынан айбытыгар бүк эрэннэ. — Чэ, Арамаан, кэл, итиитэ киллэр. Бу мин кэргэним Аана оҥоһуктара, — Ньукуус киэн тутта эттэ уонна кэргэнин утары көрөн мичээрдээтэ. —Олус да үчүгэйдэр… — Арамаан, аралдьыйан, аһылык тардыллыбытын, дьоно тугу кэпсэппиттэрин дуу, суоҕун дуу билбэккэ хаалбыт, онтуттан симиттэн көхсүн этиттэ, сандалыга кэлэн ыкса олордо. — Дьэ, сыыйа-баайа кэпсээ, туох сонун баар? Хантан, туох соруктаах сылдьаҕын? — Ньукуус билсиһии, сэһэн-тэппэн аартыгын арыйан, өйөнөрдөөх олох маска тиэрэ түһэн, уҥа атаҕын хаҥас атаҕар хатыйа ууран, ыалдьытын диэки хайыһан, уһуннук олорордуу оҥоһунна. — Дьокуускайтан, кыралаан эргинэбин, — Арамаан сэмэйдик хардарда. Хайа-хайалара тыл көрдөөн сиэпкэ киирбэт дьон: Ньукуус айылҕаттан бэриллибит кэпсэтинньэҥ дьоҕурдаах буоллаҕына, Арамаан үөрэхтээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, онтугар эбии атыыһыт идэлэнэн, дьон санаатын табар, аҥаардас кэпсээнньит эрэ буолбакка, дьон кэпсээнин көх-нэм буолан, сэҥээрэн, күөдьүтэн биэрэн кэпсэтэ олорор киһитин көҕүлүүр, өрдөөҕүттэн билсэр доҕор-атас курдук буола охсор сатабыллаах истээччи. Бу да сырыыга оннук буолбута: Ньукуус, кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ баҕара сылдьар киһи, аҕыйах тыл кэнниттэн аһыллан, үөрэн-көтөн, сүтэрбитин булбут курдук, күө-дьаа буолан, утаппыттыы тохтоло суох кэпсээн суккуйа, ардыгар ньим баран, Арамаан кэпсээнин сэҥээрэн истэ олорбута. Арамаан даҕаны, маннык кэпсэтинньэҥ дьон аҕыйахта көрсөллөрүнэн, эмиэ санаата көнөн киин сир олоҕун-дьаһаҕын, тэлэһийэ
сылдьыбыт сирдэрин ураты айылҕатын, киһи сөҕөр, дьиибэргиир даҕаны көстүүлэрин, икки атах сүгүрүйэр ытык сирдэрин туһунан таттарыылаахтык, «оо, ону тиийэн көрбүт киһи!» дэтэр курдук ис-иһиттэн дуоһуйа умсугутуулаахтык кэпсээбитэ, сэһэргээбитэ. Айылҕа оҕото Ньукуус булт абылаҥнаах, умсугутуулаах, мүччүргэннээх, ардыгар көрдөөх да түгэннэриттэн ымпыктаан-чымпыктаан кэпсээбитэ, өбүгэлэриттэн илдьэ кэлбит үһүйээннэриттэн-номохторуттан сэһэргээбитэ уонна төрөөбүт дойдутун атын дойдулар курдук эмиэ хатыламмат ытык-кэрэ сирдэрин дьикти көстүүлэрин туһунан билиһиннэрбитэ. Арамаан бу иннигэр олорор киһи төрөөбүт-үөскээбит, киһи гыммыт сирин, айылҕатын муҥура суох таптыырын иґигэр сөхпүтэ. Кэпсээннэрэ таһырдьа аттарын аһата тахсалларыгар эрэ сөҕүрүйэ түспүтэ. Ол тахса таарыйа Арамаан эргинэр малын-салын киллэрэн, ону көрүү-истии буолбуттара. Аана итээн олорбут иистэнэр тэрилэ, мала-сала бэйэтинэн кэлбититтэн муҥура суох үөрбүтэ. Кини баҕарбыта барыта баар курдуга: кыптыый, сап, иннэ, киппэлээх таҥас хас да арааһа, сүүтүк, хайа уонна араас өҥнөөх оҕуруо. Ньукууска аналлаах эмиэ баара: дойду сир аатырбыт тимир уустарын охсубут быһахтара, анньыылара, нуучча сүгэтэ, саа сэбэ. Ону таһынан чэй, табах, тойуу саахар, быһатын эттэххэ, «нуучча хараҕын уута» эрэ суох этэ. Атыыһыт табаарын өрө-таҥнары саамылааһын, быһахтары маска, тоҥ эккэ тургутан көрүү — үһүөйэх бэйэлэрэ сүпсүлгэн бөҕө буолбуттара. Кэмниэ кэнэҕэс, дьэ, сааһыланан ким тугу ыларын тус-туһунан ууруммуттара. Атыытыгар дьиэлээхтэр Ньукуус бултаабыт түүлээҕиттэн: үүс, кырынаас, солоҥдо, саарба, эһэ, саһыл тириилэрин көрдөрбүттэрэ. Аны олору өрө-таҥнары сыымайдааһын буолбута. Итини таһынан, Арамаан, тылланан туран, Аана тикпит тэллэхтэриттэн, олбохторуттан ылбыта: сыаналарын бысыһан «сөп» дэһиспиттэрэ, эбиитин аныгыс кэлиибэр өссө тигэн бэлэмнээр диэн үлэспитэ. Эргинэн бүтэн, саҥа чэй көйөрөн эмиэ сандалыларын тула олорбуттара. — Дьэ, доҕоттоор! Мин өссө биир соруктаах сылдьабын, — Арамаан налыччы саҥарбыта, дьоно соһуйбуттуу, ыйыппыттыы көрбүттэрэ. — Бииргэ үөскээбит, убайым курдук саныыр киһим көрдөһүүтүн быһа гынар санаата суох, хайдах да толордохпуна сатанар диэммин булчут удьуордаах ыт оҕото көрдүү сылдьабын. Хас да сиргэ көрдүм эрээри, бииргэ да санаам сыппата. Эһиэхэ ыт оҕото баарын истэммин кэлбитим, санаабын толороргут буоллар диэн көрдөһөбүн, сыанатын кэрэйиэм суоҕа… Дмитрий ПОНОМАРЕВ. Уруһуй: интэриниэттэн Сэһэн «Кут уйбат алҕаһа» кинигэттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан