Кэпсээ

Тыгыа дуо, хараҥаҕа сырдык

Главная / Кэпсээ / Тыгыа дуо, хараҥаҕа сырдык

Добавить комментарий

К
10.05.2026 12:51
115 0

(Кыhалҕа күhэйдэ)

Бу тыа сирин боростуой, үөрэҕэ, үлэтэ суох уола эһиэхэ, бар дьоммор, муунтуйбут санаабын үллэстээри, бөрүкүтэ суох олоҕум туһунан кэпсиэхпин баҕарабын, (манна, дойдубар, кимниин да аһыллан, аһаҕастык кэпсэппэппин, оннук кэпсэтэр чугас киһим да суох) баҕар, ыараабыт санаам оччоҕуна чэпчиэ эбитэ дуу…
Ааппын ааттаабаппын. Хайа, биллэхтэринэ, күлүүгэ барыам дии, тыа сиригэр оннук. Олоҕум устатын тухары киһи киһиэхэ кэпсиирин тугу да оҥоро, ситиһэ иликпин. Ситиһиэ да суохпун быһыылаах… Туох да үөрэҕи ылбакка, биир сиртэн харыс да сири халбарыйбакка сылдьан, хантан… Санаатахпына, хараҕым хараҥарар… Ама, куруук бу курдук сылдьыам дуо?! Хаһыакка аахтахха, мин саастыылаахтарым номнуо тойоттор-хотуттар, араас наука кандидаттара! Итини “Эдэр саастан” ааҕан билэбин. “Эдэр сааһы”, этэргэ дылы, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ааҕабын.
Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Мин иккис оҕобун. Убайым, балтым ыал буолбуттара, киин сиргэ олороллор, үөрэҕи да ылбыттара. Арай мин эрэ… Тоҕо Айыы Тойон таҥарабыт кими эрэ дьоллууруй, кими эрэ дьоллооботуй? .. Оскуолаҕа “ортоттон” өнүйбэккэ сылдьыбытым. Эгэ, общественнай үлэҕэ кыттыы кэлиэ дуо? Наар маннык эрэ сылдьыах курдук, көртөн-нартан, оонньууттан оппот этим. Оскуола кэнниттэн дьонум көмөлөрүнэн тута үөрэххэ киирбитим ээ. Уонна хантан?! Тэҥҥэ улааппыт майгым, туохха да дьулуурум, эппиэтинэһим суоҕа төттөрү “харыытабар” түһэрбитэ. Үөрэхпин быраҕан ускул-тэскил сырыттахпына, аҕам баран сылгылаан дойдубар аҕалбыта. Онтон ыла мантан ханна да ырааппакка олоробун. Дьонум эрэнэн ханна да ыыппаттар. Эмиэ онно-манна түбэһиэ диэн буоллаҕа…
Дьиҥэр, арыгыны билигин мээнэ испэппин. Табаҕы баҕас тардабын. Дьонум кыыһыра-кыыһыра атыылаһаллар. Испэр кыбыстабын да, табахтаатахпына эрэ арыый уоскуйар курдукпун. Кыра даҕаны идэни ылбатах киһи тыа сиригэр туох да үлэни булбат. Мин үлэлиир-үлэлээбэт сылдьыбытым ыраатта. Туох эрэ быстах солбук, рабочай, хачыгаар миэстэтэ таҕыстаҕына — дьол. Онно сүүрэбин. Уонна дьонум “моонньугар” олоробун. Дьарыгым диэн дьиэ ис-тас үлэтэ. Сайынын — от. Бииргэ төрөөбүттэрим, оҕолоох-уруулаах, үлэлээх-хамнастаах дьон, манна санаатылар да кэлбэттэр, ол да буоллар эти-аһы ыла олороллор. Онон дьиэ, хаһаайыстыба үлэтэ миэнэ. Мин ону туох да диэбэппин, үлэтэ, үөрэҕэ суох киһи саатар онон туһалыым дии саныыбын. Хайдах эрэ мин онно эрэ ананан төрөөбүт курдукпун…
Кэлин миигин араас санаа үүйэ-хаайа тутар буолла. Утуйар да уум уу буолбат, аһыыр да аһым ас буолбат. Хаһааҥҥа диэри маннык сылдьабын? Ама маннык кырдьыам буоллаҕа дуу? Саамай

ынырыга: төрөппүттэрим суох буоллахтарына, хайдах буолабын? Кинилэр курдук миигин ким аһатан-таҥыннаран, көрөн-истэн илдьэ сылдьыай? Үөрэҕэ суох киһини ким үлэҕэ ылыай? Иннибэр туох да сырдык суох. Саныахха ыарахан…
Кэргэн, оҕо туһунан толкуйдуур да кыаҕым суох. Дьиҥэр, убайым, балтым оҕолоро миэхэ наһаа сысталлар ээ. “Убаай”, “таай” бөҕө буолаллар. Кинилэри көрө-көрө ымсыырабын эрэ. Миэхэ ыал буоларга ханан да кыах да, үүт-хайаҕас да суох. Дэриэбинэҕэ хайдаҕын бэйэҕит да билэр, сэрэйэр инигит. Барыта аймахтаһыы, табаарыстаһыы. Уонна үчүгэй кыргыттар киин сиргэ таласпакка, манна олоруохтара дуо? Этэргэ дылы, манна хаалбыттар бары “Маайыстар да Балбааралар”. Ыччакка аналлаах туох да үлэ барбат. Бырааһынньыктан бырааһынньыкка кулууппутугар сүөдэҥнэһэбит. Куруук истэр биир ырыаларбыт, куруук көрөр биир сирэйдэрбит. Ол кэнниттэн дискотека буолар да, эмиэ биир сирэй. Дьэ уонна булан ыл. Туох да интэриэс суох. Биир бэйэм кэнникинэн кулуупка тахсыахпын да баҕарбаппын. Арай куораттан артыыстар кэллэхтэринэ барыахпын сөп этэ да, харчым суоҕуттан туттунабын. Хайаан куруутун дьоммуттан көрдөһө туруохпунуй?! Сүрэ бэрт. Иллэрээ сыл этэ дуу, ийэм дэлби хаайан, Аркадий Алексеев айар бөлөҕүн концерыгар тахса сылдьыбытым. Эчи, дьоннор талааннарын, тыллара-өстөрө, тутталлара-хапталлара үчүгэйин!
Билигин дьон ортотугар сылдьартан кыбыстабын. Онно эппиэттиир таҥаһым-сабым да суох. Үлэлээбэт киһи тугу саҥаны атыылаһыахпыный? Дьонум эрэйдээхтэр наар ылан биэрэ сатыыллар да, аны ону-маны атыылаһымаҥ диибин. Биир сиргэ олорор киһи хайдах эмэ сылдьар инибин. Кырдьыкпын эттэххэ, мин да атын эдэр дьон курдук таҥныахпын-симэниэхпин баҕарабын. Ол эрээри баҕардарбын да кыаҕым суох. Дьонум дьоллоохтор сыл аайы санаалара буолбакка, биир суол таҥаһы син биир ылан биэрээхтииллэр. Кинилэри эмиэ өйдүөххэ сөп. Хайдах да буолларбын, оҕолоро буоллаҕым дии. Ол эрээри билигин маннык олорорбуттан улаханнык кыбыстар, саатар буоллум. Ханна эрэ киин сиргэ барыахпын, наар биир миэстэҕэ олорон, “комплекстанан” хаалбыппын. Сатаан дьону кытта “эн-мин” дэһэн, бэйэбин көмүскэнэн сылдьыам суоҕа диэн бэйэм бэйэбиттэн куттанабын. Үөрэххэ кэтэхтэн киириэхпин, хаһыакка көрдөххө, үөрэх үксэ төлөбүрдээх буолбут. Онон барар сирим баҕана үүтэ буолла. Олох мунан хааллым.
Бииргэ улааппыт, үөрэммит оҕолорум — ким үлэлиир, ким үөрэнэр, үгүстэрэ куоракка бааллар. Манна аҕыйах арыгыһыт уол баар. Ол дьоҥҥо чугаһыахпын да баҕарбаппын. Киһи иилэн ылбат дьоно. Күннэрэ арыгыттан тахсар быһыылаах. Арай миигиттэн ордубуттара диэн

— кэргэннээхтэр, оҕолоохтор. Уонна дьэ “дьүһүн-бодо” дьон. Онон эһиэхэ суруйарым курдук, санаабын истиҥник үллэстэр киһим суох. Ийэбин, аҕабын кытта туох диэн бу курдук кэпсэтиэхпиний?!
Уопсайынан, күн аайы биир күдьүс олохтон сылайдым, салтым. “Олох диэн түһүүлээх-тахсыылаах” дииллэр даҕаны, мин тоҕо эрэ онно итэҕэйбэппин. Санаабар мин олоҕум хаһан да уларыйыа суох курдук. Хонон турдах аайы биир. Хас биирдии киһи бу олоххо дьолу билээри төрүүр диэн буолар. Ким эрэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэр, ким эрэ ыал буолар, оҕолонор, ким эрэ улахан ситиһиилэнэр… Олох кэрэтэ диэн ол буоллаҕа… Онтон миэхэ?! … Туох да суох! Киһи бу олоххо бэйэтин кэнниттэн туох эрэ суолу хаалларыахтаах.
Иннибэр туох да эрэлим, сырдыгым, ыра санаам суох. Арай мин курдук соҕотохсуйбуттар, бэйэм курдук тыа сиригэр олорооччулар бааллара буолуо диэн уоскутунабын. Ол да буоллар, олохпун хайдах эрэ уларытыах баҕа санаам син биир баһыйар да, тугу тобулуохпун билбэппин. Олоҕум тосту уларыйара буоллар, мин даҕаны дьон сиэринэн сылдьыам этэ.
Эһиэхэ, сөбүлээн ааҕар хаһыатым үлэһиттэрэ, күндү сахам дьоно, санаабын тулуйан истибиккитигэр, бириэмэҕитин ууран аахпыккытыгар махтанабын. Эһиги бары дьоллоох буолуҥ! Олох кэрэтин билиҥ, амсайыҥ, дуоһуйуҥ!
Тыа уола.
2000 сыл