Главная / Кэпсээннэр / Экстрасенс - Ородьумаан
Добавить комментарий
Биирдэ куоракка урут билсибит дьахтарбын көрүстүм. Миигин көрөн үөрүү бөҕө курдук. Бэйэм баҕас дьиҥнээхтии үөрбүтүм этэ. Ол кырдьык.
Оо Макс привет. Көрбөтөх ырааппыт дии - чахчы үөрбүт курдук туттар. Оттон иһигэр : " Оо, бу сордоох мадьайа сытыйан , киси да бөҕөтө. Хантан эмиэ күөрэйдэ!"- дии саныыр.
Дорообо Роза! Манна баар эбиккин дуу. Көрсүбүччэ олоро түһүөх.
Оо, Макс, мин ыксаан иһэбин ээ…хаһан эмит наҕылыччы…- диир уонна иһигэр. " Бу алкоголигы уонна көрсүбэтэх киһи. Бара охсуохха ,өссө билигин харчы көрдүөҕэ!"- Мин тугу санаабытын сэрэйбит буоламмын, кыһыйан харчыбын хостуубун. Биэстии тыһыынчалаах күпүүрэ харчыны " трр..ччч.." гына тыаһатабын. Кыыһым сирэйэ уларыйа түстэ.
Тыый Макс. Туох бэйэлээх байдыҥ бу?- диир уонна " оо дьэ, таах сибиэ ыксаан иһэбин диэн кэбистим. Дьиҥэр бу сордооҕу эрийэн ылан, харчытын " хайытар" өр буолбатах этэ. Өс киирбэх барахсан буолааччы “.
Бу хас да ыйдааҕы, үлэлээбит хамнаспын саҥа биэрдилэр. Чэ Роза мин ыксаан иһэбин - баран эрдэхпинэ кыыһым :
Макс, саатар номергын аҕалыый - диэтэ.” Киэһэ эрийиллиэ. Мин угаайыбыттан ханна барар үһүгүн " - Роза номербын сурунарын быыһыгар итинник санаан ылбыта.
Оптуобуһунан айаннаан иһэбин. Аттыбар биир киһи олорор. Тугу саныырын сэрэйдим. " Ити дьахтар кассаттан төһө харчыны устубута буолла? Арыый хахха соҕус сиргэ түһэрэ буоллар суумкатын былдьаан ылан баран, куотуллуо этэ “- диэн санаалаах олорор. Дьахтар Сайсарыга кэлэн түстэ. Били киһи оптуобус кэлин аанынан эмиэ түһэн барда. Мин дьахтары сэрэтээрибин, кэнниттэн батыстым. Дьахтар дьиэлэр диэки хаамта. Били күлүгээн батыһан иһэр. Мин ойоҕолуу сүүрэн, дьахтары ситэн ылан этэбин :
Иһит эрэ. Бырастыы гын. Ол кэннигиттэн кэлэн иһэр киһи эйигиттэн, суумкаҕын былдьыан баҕарар - диэн сибигинэйэ былаан этэбин.
Бар киэр буол ! Бэйэҥ халаары гынныҥ ини! - диэн баран, дьахтар миигин суумкатынан сирэйгэ биэрдэ. Ыарыыланан муннубун туттан хааллым. Дьахтар миигин охсубутугар туран хааллым. Аттыбынан били киһи ааста. Туох диэн санаан иһэрэ, мин төбөбөр эмиэ элэҥниир. " Бу сүөһү эмиэ тоҕо аалыҥнаата! Ойоҕоскор биилэҕи батары биэрбит киһи баар ини !” диэн санаан ааста. Мин ойоҕоспун туттан ыллым, мэктиэтигэр ойоҕоһум бүүрэ тарта. Кэбис туоҕум дьыалатай, билбэтэх буолан баран хаалбакка. Ол эрээри дьиэлэр кэннилэригэр, син биир дьахтары батыстым. Халлаан хараҥарбыт буолан, банаар сырдыга эрэ тыгар. Онуоха били дьахтар ,хараҥа сиргэ киирээт, сарылыыра иһилиннэ. Халыахсыт суумканы былдьаан, бу утары сүүрэн кэллэ. Мин саһан туран, эмискэ хатыйан түһэрдим. Суумканы былдьастыбыт. Быарга тэппиппэр умса баран түстэ. Уонна туран куотта. Суумканы былдьаһар кэммитигэр, илиибин быһаҕынан таарыйбыт эбит. Илиибиттэн хаан бөҕө кэллэ. Дьахтар охсуһарбытын көрөн турбут.
Мэ ыл суумкаҕын. Куттаныма кэл - диибин.
Дьахтар: " Сымыйалыыр быһыылаах, ити халыахсыт иккис киһитэ буолуо " - дии саныыр. Чугаһаабытыгар суумкатын биэрдим.
Куттаныма мин кинилиин сылдьыбаппын, көннөрү сэрэйэн кэннигититтэн батыспытым - диибин.
Сөп. Махтал. Хайа бу илииҥ туох буолла? Хаан бөҕө дии.
Ээ кыра… ааһыаҕа.
Чэ сөп оччоҕо мин бардым - диэт бара турда. Мин хааным баран мэйиим эргийдэ.Туймааран этээстээх дьиэлэр эргийэр курдуктара, уонна өйбүн сүтэрбиппин. Биирдэ өйдөөбүтүм балыыһаҕа сытабын. Көрбүтүм аттыбар били, суумкатын ылан биэрбит түөтэм олорор. Сырдыкка көрдөххө сэбэрэлээх мааныта, эдэр дьахтар эбит.
Мин хаһан хайдах манна кэллим ? - диэн тураары гыммыппын, оргууй түөспүттэн баттаан сытыарда.
Мин баран иһэн, кэннибин хайыспытым, эн охтон түспүт этиҥ. Онуоха кэлэн скорайы ыҥырбытым. Быһаҕынан илииҥ тымырын таарыйбыт. Быраастар арааһа полицияҕа эппиттэр. Сотору полиция кэлиэҕэ.
Оо. Эйигин оччоҕо эмиэ доппуруостууллара буолуо. Бырастыы гын миигин…эйигин маннык дьыалаҕа киллэрэн кэбиспит эбиппин дии.
Төттөрүтүн эн миигин алы
Аата Ирина диэн эбит. Полицияларга барытын быһаардыбыт. Ирина миигин кэлэн көрсөр. Мин күн аайы кинини күүтэн түннүгү маныыбын. Саатар мин туспунан, тугу истиҥник саныырын, билэ сылдьар буоламмын, киниэхэ күүскэ ыллардым. “Баҕар кэргэннээҕэ буолуо “диэн куттана саныыбын. Күн аайы ыйытыах буолабын да, тылым тахсыбат. Бүгүн балыыһаҕа бүтэһик күнүм, сарсын миигин таһаараллар. Дьиктитэ диэн тоҕо эрэ өр сытыахпын баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ Ирина миигин көрсө кэлэр буоллаҕа. Бэйэм да тылым бааллан, мантан атын сиргэ ханна көрсүөххэ сөбүй? да диэн ыйыппаппын. Бүгүн миигин балыыһаттан таһаардылар. Ирина көрсө кэллэ. Дьиэтигэр атааран биэрдим, хата кэргэнэ суох эбит. Ира үлэтинэн командировкаҕа барда. Кинини кэтэһэн күммүн ааҕабын. Дэриэбинэҕэ дьоммор тахсан көмөлөстүм. Ийэлээх аҕам барахсаттар чөл олохтоммуппун көрөн, үөрэллэр эрэ буоллаҕа. " Нохоо ыал буолар сааһыҥ буолла дии " диэбиттэригэр Ирабын санаан үөһэ тыынабын. Дьонум туоҕу саныылларын билимээри хоспор киирэбин. Биир күн убайым кучуйан тэһийэ сатаан мунньахха барыстым.
Улахан быыбар буолаары турар. Дьокутааттар бааллар. Мин инники эрээккэ баран олордум. Биир дьокутаат этэр тыынар. Таһыгар саҥарара эчи киһи эрэ итэҕэйиэн курдук. Бары дьыаланы - куолуну барытын эрэннэрдэ. Эрдэ үлэлээбит салайааччы аанньа үлэлээбэтэҕин санатта .Оо,” киһи эриэнэ иһигэр " диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Иһэ отой атын, хойгур - дойҕох эбит. Тугу саныырын саатар билэн олоробун. Оннук эмиэ да куһаҕан курдук, мөлтөх ньиэрбэлээх киһи буорайыыһы. Маннык саныыр киһи буолла: " Миигин талыахтарын эрэ наада. Уоннааҕыта кэннэ кэтинчэ да буоллун Били утарылаһааччым кэлэн " хараҥа дьыалабын” арыйбатар ханнык”- диэн санаалаах эбит.
Миэхэ баһаалыста тыл биэриэххит дуо? Ити дьокутаат туох диэн ис санаалааҕын этиэм этэ - мин илиибин ууммахтаан, өгдөҥөлүүбүн.
Суох! Бириэмэбит кырыымчык. Атын сиргэ эмиэ бараары ыксыыбыт - сэкэрэтээр айахпын бүөлээн кэбистэ. Тыл эппит дьокутаат мин диэки хаҕыстык көрдө, уонна уонна ис санаатыгар : Идиот талыллыам суоҕа да сөпкүн көрүөм ! - өһүөннээхтик кынчыаттыыр.
Дьон тугу саҥарарын истимээри, саныырын билимээри таһырдьа тахсан сибиэһэй салгынынан тыынабын.
Ираны кытта субуоннаһан , кэлэрин билэн куоракка киирдим. Ахтыспычча бастакыбытын уурастыбыт. Комодка уурбут төлөпүөнүм тырылаата. Саатар били мин харчыбын хайыта сатааччы, Розаны сохраняйдаан кэбиспитим аата экраҥҥа тахсан көһүннэ. Ира ону көрдө. Саараан баран төлөпүөммүн көтөҕөрбөр тиийдим. " Аллоо Макс привет! Наконец - то телефоҥҥын ыллыҥ дии. Үнүргүттэн эрийэ сатыыбын дии! " - им дьимҥэ Роза саҥата чаҕаарда. Ира умса көрдө " Кыыстаах эбит дии! диэн санаабыта кулгаахпын тэһитэ кэйиэлиир курдук.
Дорообо Роза. Туох баар? - ситэри Ира истэригэр, кэпсэтэрбэр тиийдим.
Улахан сонун суох. Просто эйигин кытта көрсүөхпүн баҕарбытым.
Ол миигин кытта, хаһааҥыттан көрсөр буолбуккунуй? Һэ, һэ.
Наада баар.
Туох наадата? Көрсөр кыаҕым суох ээ Роза…
Оо дьэ. Короче биир көрдөһүүлээхпин, миэхэ харчы иэһээн эриэҥ дуо?
Төһөнү? Сөп чэ биэрэн эриэм - диирбэр эрэ тиийдим.
Ити кэннэ Ира миигин кытта, истиҥник кэпсэппэт курдук буолбута. Ардыгар төлөпүөнүн ылбат.
" Иирэ талахтыы имигэс бэйэҕин, Испэр сөбүлүү көрөбүн. Ира эн миигин баалаама дуу, Мин атыны ахсарбаппын, Өйүм - санаам барыта эн эрэ. Чуҥкуйбут сүрэхпин, эйиэхэ эрэ аныыбын ! - диэн тыллары өр да бооччойдум. Хаста даҕаны кумааҕыга суруйан, хайыта тыытан бырахтым. Хаста да төлөпүөҥҥэ суруйан, сотторон баран ыыттым. Кыыһым ааҕар да хоруйдаабат.
Төлөпүөн смс һа тыаһаатаҕына, харбаан ылабын, онтум атын буолан хаалар. Ама тапталлара диэн маннык буолуо дуо? Бу ааһар пааралар итинник эрэйдэнэн, таптаһан холбоспуттара буолуо дуо? Дьоллоохтор даҕаны, миигин хайдах дьылҕа күүтэр?
"
" Тохтуу түһүүй ийээ. Мин да сүрэхпинэн сөбүлүүр киһибин, ылыахпын баҕарабын. Хайдах мээнэ түбэһиэх , киһини кытта холбоһуохпунуй"диэн эппитим.
Розаны көрсүбүтүм. Саҥарыа да суоҕу саҥардан, биэриэ да суоҕу ыһыгыннаран, дьэ абытай кыыс.
Макс оттон харчыгын төннөрөрбүн аһара ыксаппат инигин?
Мээнэ ыксаабаппын, ол эрээри аһара уһатыаҥ суоҕа буоллаҕа.
Оо аппаала! Эйиэхэ баҕар, отой да төлүөм суоҕа. Биир сылынан баҕас умнар инигин - диэн сыһыгыраччы күлэн баран, таһыгар атыннык этэр. Мин испэр төһө да кэлэйдэрбин, таспар саҥарбатым.
Төннөрүллүө чэ…туох ааттаах итэҕэйбэккэ бардыҥ!
Роза арба эн миэхэ көмөлөһүөҥ дуо? уонна бу биэрбит харчыбын төннөрөөйөҕүн.
Ээ даа? Туох көмөтөй. Мин өттүбүттэн кыаллар буоллаҕына конечно.
Мин сөбүлүүр кыыстаахпын. Онтум эйигиттэн сылтаан тэйиэх курдук.
Миигиттэн сылтаан дуоаа? Ол мин эйигин хайаатым!?- Роза соһуйар.
Эн эрийэргэр кини истэн турбута.
Диэ. Оччоҕо мин көмөм тугуй?
Нүөмэрин биэрдэхпинэ, миигин кытта сылдьыбаппын диэн этиэҥ буоллаҕа.
Этэн бөҕө буоллаҕа.
Оттон хайдах эрэ, сэрэнэн быһааран этээр.
Сөп.
Миэхэ биир силиэдэбэтэл, тастыҥ убайым көрдөстө. Буруйдааҕы буларыгар көмөлөстүм. Миигин билэр буолан көрдөспүтэ. Арай тиийбитим, буруйдаах буруйун билиммэт. Көрдөрүүтүн атыннык кэпсиир. Мин аттыларыгар олоробун.
Бу таба хантан өтө көрбүт үһү! Билиниэм суоҕа! Баанньа билиммэтэх буоллаҕына - диэн саныы олорор.
Туох сүрдээх киһитэй бу! Ойон туран куотуохха дуу тугуй! - диэн саныыр.
Сүрдээхпин доҕор дьэ, куотаҥҥын туһа суох ! - диэн туоҕу санаабытын, барытын уот харахха этэ олордум. Киһибит салынна, Уһугулаан буруйун барытын ыраас мууска ууран биэрдэ. Билиннэ. Бүгүн рынокка кэллим. Куһаҕана диэн омуктар тылларын өйдөөбөппүн, онтон атын түүлээх чөмчөкөлөрүгэр, туох санаалаахтарын билиэ эбиппин. Кинилэргэ чугаһаатахпына, сааскы үөр кус - хаас саҥата оргуйан олорор. Арай биир саха киһитэ атыылыы олорор. Нууччалыы саҥарар. Барыны бары ыллара сатыыр.
Сахалыы саҥарыый - диибин.
Я не знаю по якутски диир уонна санаатыгар Эмиэ биир өйдөөх кэлэн үөрэтээри гынна. Дьүһүммүнэн биллэҕэ быһыылаах. Ситэри киргизпин диэн кэбиһиэххэ дуу .
Сахалыы билэр эбиккин дии - диибин.
А ты откуда знаешь кто я такой?! Может я киргиз.
Чэ бүт эрэ! Сахаҕын дии " Бу киһиэхэ киргизпин диэххэ дуу " дии санаатыҥ!
Ону хантан биллиҥ?! - диэн соһуйан, сахалыы саҥарбытын билбэккэ да хаалла, уонна саныыр: Бу арааһа бөх кубулуна сылдьар дуу тугуй? Кэбис аны киһини хасыһыа, адьарайы кытта аахсымыахха
Бөх да адьарай да буолбатахпын! - диэбиппэр киһим соһуйан, хараҕын муҥунан көрдө. Дьээбэлээбиччэ күлэн баран ааһа турдум.
Баҕайы аптаах быһыылаах, бэйи харчыбын уорбата ини - дии санаан харчытын ааҕа хаалла. Күүстээх санаабын киллэрэн, Иркаҕа дьиэтигэр бардым. Киирэн кэлбитим арай биир эдэр уол ааҥа кэлэн, миигин үөһээттэн таҥнары көрөн турар. " Туох ааттаах уһунай? " диэн хантайан көрөбүн. Кини Бу эмиэ хайа аһай кэллэ! - дии саныыр. Дорообо - дыраастый, бирибиэт - быраһаай суох киһитэ буолла. Ыйыттахха халба курдук " Сох ! Сох! " диир киһи буолла.
" Иркабыттан букатыннаахтык маттым быһыылаах" диэн санньыйан таҕыстым.
Биир үтүө күн ийэм этэр. " Нохоо эйиэхэ биир наһаа үчүгэй кыыс кэлэ сырытта " - диэн үөртэ. Ол үөрүүм уһаабата. Кыра кыым саҕыллан истэҕинэ, ыаҕастаах уунан сабы ыспыттыы умулунна. Роза кэлэ сылдьыбыт эбит.
" Чэ саатар хата харчым иэһин, төлөөрү гыммыта буолуо" диэн эрийээри
" Хайдах барыта миэнэ табыллыбатый! ?" - диэн маҕаһыыҥҥа киирэн, арыгы ылыахпын баҕарабын. “Уоттаах утах” бөҕө кэчигирээн турар. Үөннээхтик имнэнэр курдуктар. " Эмиэ саҕаланыа!" диэн кулгаахпар ким эрэ сибигинэйэр курдук. Ийэбин аһыныах санаа киирэн, маҕаһыынтан атахха биллэрдим. Аҕыйах күн ыалдьан сытан турдум. Араас түүллэр киирэн, туохтан эрэ этиттэрбит курдук буолбуппун. Устунан кыралаан, дьону сахалыы эмтиир буоллум. Биир сыл ааста.
Биирдэ мотосыкылга аварияланан баран, кыайан хаампат буолбут уолу аҕаллылар. Эппэрээссийэҕэ барыахтаах да харчылара суох буолан, бастаан саха эмчитигэр көрдөрөн баран биллиэхтээхтэр эбит. Уолу кытта арай Ирка сылдьыһар эбит.
" Дорообо! Хайа бу эн дуо? " дэһэн кэпсэттибит.
Хас да күн сеанс кэннэ уол, аһара да хаампатар, син илиитэ - атаҕа кыратык хамсыыр буолла.
Ира кэргэниҥ үчүгэй буолуоҕа диибин. " Кэргэниҥ " диэни этэрбэр бөтөн ыллым.
Кини кэргэним буолбатах ээ Макс. Быраатым - диэн Ирка мин диэки истиҥник көрдө. " Бу харахтары көрөөрү, төһөлөөх ахтыбытым буолуой “… салгыы кыайан кэпсэппэтибит. Атын эмтэнээччи кэлэн аралдьытта.
Бу эмчит киһини, үүрэр кэриэтэ таһаарбыт эбиппин .Кини илиитинэн таарыйда даҕаны ыарыым ааһан хаалар - дии саныыр. Ирка быраата. Өйдөөн көрдөххө майгыннаһаллар эбит. Син хамнастаах үлэһит курдук, харчы мунньан массыына ылынарга сананным. Сороҕун кредит ылбытым.
Биир массыынаны көрөөрү кэллим. Хаһаайына : " Ханан да косяга суох атыылас " диир. Таһыттан көрдөххө килэйэн халайан, киһи эрэ ымсыырыах массыыната. Атыыһыт тугу саныыра, мин төбөбөр ытыллар: Техникаҕа сыһыана суох, сордоох быһыылаах. Блога оһуйан тосол, двигателигэр киирэрин билбэт ини
Блога хайдаҕый? - диэн ыйытабын.
Үчүгэй.
Тосола эҥин ханан да быычылаабат дуу?
Суох буоллаҕа дии Распилын эҥин бу ботаник хантан билиэй. Оннооҕор сорох гаилар билбэттэр
Распил буолбатах дуо?
Суох!
Хайдах эрэ распил курдук дии - диэн, сымыйанан сирийэн көрбүтэ буолабын.
Ону эн хантан билэҕин - киһим кыйаханыах курдук.
Көрөн билэр буоллаҕым дии.
Распилы приборунан эрэ көрөн билэҕин.
Тоҕо билиэм суоҕай. Бэйэҥ кэпсии турарыҥ кэннэ.
Мин…ту…тугу да ии..итинник диэн этэ иликпин ээ: Саатар уоруллубутун сэрэйбэт ини
Массыынаҥ уоруллубута дуо?
Суох…суох! Хантан барытын билэҕин? Көрбүөччүгүн дуо?
Итинник да диэххин син.
Кэбис, кэбис.. ма…массыынабын атыылаабаппын - диэтэ. Итинник дьону кытта торгуйдаһан, син биир массыынаны ыллым.
Аара биир билэр киһибин көрүстүм. " Массыына ылбыккын сууйуох " диэбитигэр, киирэн кафеҕа кыратык олоро түстүбүт. Бэйэм арыгы испэтим.
Нохоо “саха эр киһитэ үчүгэй аттаах, үчүгэй саалаах быһахтаах, уонна үчүгэй ойохтоох буолуохтаах " диэн баар. Эн ат оннугар тимир көлө ылынныҥ. Уоннааҕыҥ? - аҕам саастаах атаһым, арыгы иһэн холуочуйбут.
Үчүгэй быһах, саа баар.
Оттон үчүгэй кыыһы буллуҥ дуо?
Сирэрим , таларым туоҕум да суох - Иркабын санаан үөһээ тыынабын.
" Ира дорообо! Эйиэхэ мин ааппыттан, ким эмит эрийэ сылдьыбыта дуо?” диэн суруйан ыыттым. " Нохоо ! " диэн саҥаттан ходьох гынным.
Эн миигин истэҕин дуу суох дуу?!
Истэбин. Чэ убай сылайбыккын барыах. Дьиэҕэр илдьэн биэриэм - диэн киһибин. Өйөөн кэриэтэ таһааран массыынаҕа олортум. Айаннаан истэхпитинэ төлөпүөммэр сурук кэллэ.
Суолгун көр быраат!! Уруулга олорон, хаһан да төлөпүөҥҥүн ылбат буол!! - диир. Ирканы санаан иһэр буолан ,харбаан ылан аахтым. Хомойуох иһин:
" Привет ! Биллэ сылдьыбыта. Эйигин кэргэн ылаары сылдьар диэбитэ дии " диэн суруйбут. Ону ааҕан баран туормастаан хачыгыраттым. Аһара эмискэ үктээбит буоламмын киһим түннүгүнэн тахса сыста. Тахса сыһыа дуо. Эмискэ массыына хорус гынарыгар, кыратык
" Аа ..аа ! Оо! Айакканыый быраат. Ол иһин эппитим дии! " Рулга олорон төлөпүөҥҥүн ылыма!" диэн. Розаҕа тиийэн ыйыттым " кэргэннээх диэн оонньоон эппитим " - диэн куотунна. Абырыан оннугар алдьатар, саарбах доҕор эбит. Уол эбитэ буоллар атыннык кэпсэтиэм этэ. Мээнэ аахса барбатым. Ол да иһин Ирка миигиттэн тэйбит эбит. Эрийэн этиэхпин тылым барбата. Ол иһин суруйдум. Мин ханнык да кэргэним суох, өйүм санаам эн эрэ диэн эттим.
Күүтэ түспүтүм кэннэ, сотору " Кэлэ сырыт " диэн харда кэллэ. Бу икки эрэ тыл диэтэххэ, киһи санаатын кынаттыыр эбит. Иркаҕа дьиэтигэр киирбитим, миигин быраата бэргээбитигэр ыҥырбыт эбит. Миигин " шарлатан эбит " диэхтэрэ диэн туох баарбын, барытын ууран туран эмтээтим. Мэктиэтигэр ардыгар, дьон ыарыытын бэйэбэр оборон ылбыт курдук буолабын. Күн аайы Иркалаахха быраатын эмтээри тиэстэр буоллум. Ирка чэй кутан биэрэр, иккиэн утарыта көрсөн олорон чэйдиибит. Мантан ордук туох дьол баар үһүө. Мин туспунан тугу саныырын билээри, аттыгар чугаһыы сатыыбын.Иркаҕа Кырдьык кэргэнээх буолуо дуо? диэн итэҕэйбэт санаалар киирэллэр эбит. Итинтэн төттөрүтүн үөрдүм. Ол аата миигин сөбүлүүр эбит диэн.
Ый курдук эмтээбитим кэнниттэн уол, сыҥаһалаан хаамар буолла. Дьоно уолларын соҕуруу эмтэтэ бараары, массыыналарын эҥин атыылаабыттар эбит.
Макс дьонум " төһөнү төлүүбүт" диэн ыйыттараллар - диир Ирка.
Суох төлөөбөтүннэр босхо эмтиэм .
Ханнык баҕар үлэ төлөнүөхтээх буоллаҕа дии Наһаа да амарах сүрэхтээх диэн саныырын быыһыгар этэр.
" Кэбис төлөөмөҥ ылбаппын"- диэн ,ылбатым.
Уол кэнники хаамар, бэлисэпиэт тэбэр буолла. Дьоно кэлэн махтаннылар аҕай. Дьон махталын ылартан ордук үчүгэй, ама туох баар үһүө.
Биирдэ Ирка эмиэ дьон пенсийэтин, илдьэн иһэн уордарбыт. Эрдэ харчыны былдьата сыспытын быыһаабыт буоламмын, миэхэ үчүгэйдик кэпсээбэт.Бадаҕа кыбыстар. Кэнники санаата түспүтүгэр бэйэм тылланным.
" Ира миэхэ кэпсээ, баҕар мин туох эрэ көмөлөөх буолуом дии"
" Ээ син биир сууттууллар !" диэн кыыһым хараҕа ууланан, умса туттан олорор. Ирина такси массыынанан айаннаан кэлэн иһэн ,харчытын сүтэрбит. Харчытын улахан аҥарын кимнээх эрэ хостоон ылбыттар. Силиэдэбэтэл баччааҥы диэри булбакка сылдьар. Ирина дьоно били уолларын, эппэрэссийэҕэ ыытаары сылдьыбыт харчыларын онно биэрдилэр. Аҕата кыыһын кыыһыран сүрдээх.
Ира ханнык массыына этэй? - диэн ыйытабын.
Уазик - диэн билэр дэриэбинэлэрин, киһитин аатын эттэ. Иккиэн онно бардыбыт. Мин суоппартан ол күн кимнээх массыынатыгар олорсон кэлсибиттэрин ыйыттым. Суоппар сыымайдаан көрөн баран, " Биир хаайыылаах уол баар этэ " - диэтэ. Аатын билэн Ираны диэтигэр хаалларан баран, бэйэм ол уолу буларга сананным.
Дьонтон ыйыталаһан син аадырыстарын буллум. Дьиэлэригэр дьон бөҕө мустан, иһэн күөллэтэ олороллор.
Хайа доҕор бу кими " таҥара биэрдэ " ! - диэн биир үскэл киһи эппитигэр бары мин диэки көрдүлэр.
Дорооболоруҥ Алаарап Аркадий манна олорор дуо? - диэн ыйыттым.
Манна олорор. Бэйэтэ ханна эрэ барбыт.Суох!
Баай уол хантан биһигини кытта олоруой, ханна эрэ бардаҕа дии ! - биир хатыҥыр киһи бөтөн ылар.
Баай диэ. Оччоҕо кини эһигини күүлэйдэтэлээтэҕэ дии? - билээри ыйытабын.
Оннук бөҕө буо.. буоллаҕа. Ону эн тоҕо ыйыттыҥ?!
Ээ көннөрү. Хаччым иэһин ылаары көрдүү сылдьабын, Хайа диэки барбыта буолуой?
Ээ билбэппит ! - дэһэн хааллылар мин бу “дьонтон туһа суох”- диэн тахсан бардым. Арай биир эдэр киһи кэлэн иһэрин көрөн тохтоон ыйыттым.
Үтүө күнүнэн . Алаарап Аркадийы көрбүт буолаайаҕын?
Мин дии. Истэбин. Туох баар?
Массыынаҕа киириий . Кэпсэтии баар - диэбиппэр киирэн олордо.
Эн үнүр били Бараахап Сиидэри кытта куораттан кэлсибитиҥ дии?
Кэлсэн онно туох баар? -диэн ыйытар, уонна саныыр: Тоҕо ыйытар баҕайыный? Били харчы туһунан буолбатах ини?
Оннук. Били харчы сүппүтүн туһунан ыйытаары гынабын.
Ханнык харчынан
Кыыс суумкатыттан хостоон ылбыккын!
Ханнык да кыыһы көрсүбэтэҕим, харчыны ылбатаҕым !
Ылбыккын билэбин. Үчүгэйинэн төннөр, эбэтэр хаайыыга иккиһин барыаххын баҕараҕын дуу.
Баайсыма эрэ доо! - диэн баран массыынаттан таҕыста. Тахсан кэнниттэн батыһан истэхпинэ, эргиллэн баран оҕуста. Аһаран биэрэн баран, илиититтэн ылан баран, эрийэн кэбиспиппэр, умса баран түстэ. Ол кэмҥэ дьон айманара иһиллэр. " Хайа доо! Били киһи уолбутун кырбаан эрэр !- диэн дьиэттэн баарыаҥы дьон тахсан, биһиэххэ кэллилэр. Биир киһи куруттан саха быһаҕын, ойутан миэхэ утары кэллэ. Этигэр бүтүннүү татуировкалаах киһи, быһахтаах кэлэн сиирэ халты анньыалыыр. Көмүскэнээри түбэһиэх мас харбаан ылбытым, тымтыктан эрэ сымаан кыра буолан биэрдэ. Кэннибинэн чугуйан иһэн суол аттыттан, обургу таас харбаан ыллым. Тыла өһө хаайыылаахтыы жаргоннаах үөхсэр, өлөрөрүн да кэрэйиэ суох. Тааһынан бырахпытым өлүү түбэлтэлээх төбөҕө түстэ, ону кытта тиэрэ таһылынна. Атыттара онно айманар кэмнэригэр мин массыынабар сүүрэн тиийэн, куотар аакка бардым. Ираҕа тугу да кэпсээбэтим. Дьыаланы ситиспэтэх буолан баран туох диэхпиний.
Сарсыныгар эмиэ бара сырыттым. Бу сырыыга дьиэҕэ, киирбэккэ таһыгар чуҥнаатым.
Били уол тахсыбытыгар кэнниттэн батыһан иһэн , биир тоҕоостоох сиргэ тиийэн иһиирэн ыҥырдым. Миигин көрөн саараан ,тура түһэн баран кэллэ.
Тоҕо эмиэ кэллиҥ?!
Чугаһаа, куттаныма . Үчүгэйинэн билинэриҥ бэйэҕэр ордук буолуо.
Ханнааҕы харчыгынан ааспакка - арахпакка баайсаҕын?! - этэрин быыһыгар саныыр: Ити күлүүһүнэн төбөҕө сырбаппыт киһи! - диэн санаатын кытта күлүүһү ылан, ыараҥнатан көрөбүн.
Харчыны үтүөнэн төннөр. Оччоҕо суукка үҥсүөхпүт суоҕа - эппиппэр киһим сөхпүттүү көрдө уонна токкуйга түстэ.Айылааҕын харчыларын ордугун биэриэххэ дуу тугуй?
Сороҕун эрэ буолбатах барытын биэрэҕин ! - бу уол тугу саныырын, барытын сирэйигэр эттим.
Ойууҥҥун дуо?
Оннук да диэххэ син - диэбиппэр куттаммыттыы көрөр. Тахсан куотуохха дуу - дии саныыр.
Миигиттэн куотан туһа суох, илиигин - атаххын баайан кэбиһиэм !- диибин.
Оо.. дьэ..оттон харчы сороҕо суох ээ.
Иккиэн бара сылдьыахха. Кэргэммин кытта бэйэҥ кэпсэтээр. Мин көх - нэм буолуом. Ордугун кэнники да биэриэҥ буоллаҕа - диэбиппэр саараан баран сөбүлэстэ. Бу уолга Ираны " кэргэним " диэн кэбистим.
Эн да дьыалаҥ хаахтыйыах курдук ээ !- диир буруйдаах аргыһым, массыынанан барсан иһэн.
Туохха? Хайдах?
Бэҕэһээ тааһынан бырахпытыҥ кэннэ, киһиҥ өйө суох этэ. Балыыһаҕа илдьибиппит.
Оо оттон туруга хайдаҕый? - хата бэйэм ыксаатым.
Билбэтим. Полиция кэлиэ диэн ,балыыһаҕа туттараат да барбыппыт. Быраастар син биир полицияны ыҥыраллар.
Оттон миигин туох дииллэр?
Билбэтим диибин дии.
**
Бу халыахсыт Ираттан уорбут харчытын, улахан аҥарын төннөрбүтэ. Сороҕун сотору төннөрүөх буолан илии баттаппыппыт.
Ира миэхэ махтала улахан этэ. Онтон дьэ миэхэ истиҥник сыһыаннаһан миэхэ сыстан эрдэҕинэ , миигин полициялар тутан илдьэ бардылар. Били тааһынан бырахпыт киһим кэргэнэ билэн , миигин үҥсүбүт. Сөдүөрэ уолун Максимы сүтүктээтэ. Уола арыгы испэт буолан дьэ сынньаппыта этэ. Кэнникинэн дьону сахалыы эмтиир буолан испитэ. Онтон куоракка киирбитэ да эрийдэҕинэ төлөпүөнүн мээнэ ылбат этэ. Хам - түм ыллаҕына да " Барыта этэҥҥэ", " үчүгэй " диирэ. Онтон кэнники отой да сүттэ.
Бу кыра уолугар үксүн эрэйдэммитэ. Оҕо сылдьан барыны барытын, илэ көрөн куттаталыыра. Кэнники " Били улахан ойуун эһээлэрин удьуордаабыт дуу?" - диэн сабаҕалаабыттара. Биирдэ Сөдүөрэ уолунаан, ынах көрдүү сырыттахтарына уола эмискэ. " Ийээ көрүүй ол киһи уҥуоҕун аттыгар ,дьон бөҕө үмүөрүспүт дии" диэбитигэр.
" Эмиэ киммит бараахтаабыта эбитэ буолла?" - диэн Сөдүөрэ чарапчыланан, халдьаайы диэки көрө сатаабыта да ким да көстүбэт этэ.
Ити түгэни мээнэ аһардан кэбиспитэ. Онтон биирдэ уолчаан альбом көрө олорон " Ийээ бу ким хаартыскатай?" - диэн ыйыппыта.
" Ити эн эһээҥ дии тоойуом " диэбитэ.
" Ийээ мин кинини көрбүтүм. Кини
" Кини билигин суох. Тоҕо көстүөҕэй? " - ийэтэ уолун куттаммыттыы көрбүтэ.
" Кырдьык көрбүтүм . Бу дүҥүрүн тута сылдьар этэ " - диэн кэпсээбитигэр дьоно бары соһуйбуттара, куттаммыттара.
Ити туһунан кэпсэппэт буола сатыыллара. Оһохторун аһатан Үрдүк Айыылартан көрдөһөллөрө.
Кэнники уоллара оскуоланы бүтэрбитин кэннэ быраас гиэнигэр үөрэтэ ыыппыттара да, ситэ үөрэммэккэ бырахпыта. Аны санаатаҕына уоллара түүн үлүгүнэйэн, кимниин эрэ кэпсэтэн эрэрдии баллыгыраан хоноро. Арыгы истэҕинэ эрэ наҕылыччы утуйар курдук этэ. Онтон ити дьону эмтиэҕиттэн, уоскуйар курдук буолла. Ол аата баардаах баара өтөн, киибэһэ киирэр буоллаҕа. Эһэтин утумнуурун утарартан туһа суох буолууһу.
Максимы оҕо сырыттаҕына таҥха кэмигэр, улахан оҕолор ыҥыран бөлүүһэ сүүртэрэллэрэ. " Кини эрэ баарыгар сүүрэр дииллэрэ. Онтон кэнники айдаан тахсыбытын кэннэ уолларын боппуттара. Уоллара бөлүүһэ сүүрдэрин быыһыгар, кими эрэ ,эбэтэр туох эрэ харамайы киллэрэн, көрдөрөн оҕолору куттаабыт аатырбыта. Ону көрөн биир кыыс, балыыһаламмыт.
Сөдүөрэ билэрдии Розаҕа эрийбитин, Ира нүөмэрин биэрдэ. Онуоха аны Ираҕа эрийдэ. " Мин эмиэ сүтэрэн олоробун, төлөпүөнэ арахсан сылдьар диэн. Мин оттон дьиэтигэр, дьонугар барбыта буолуо диэн сылдьабын дии " - диэн Ира ыксаата.
Максимы Ираттан тахсан истэҕинэ, суолга полициялар туппуттара. Быһахтаммыт киһи хаайыылаах эбит. Максим бэйэтин көмүскэнэн тааһынан бырахпыта, өлүү түбэлтэлээх төбөҕө түһэрбитэ. Ол кэннэ балыыһаҕа киирбит. Максимы түрүмэҕэ хаайан сытыараллар.
Ира бастаан кинини күүппүтэ, онтон эрийэ сатаабыта. Билигин ийэтэ эрийбитигэр ыксаата. Дьонугар кэпсээтэ.
" Оо. Уол халыахсыты булан харчыбытын төннөрбүтүгэр үөрбүппүт. Аны бэйэтэ сүппүт эбит дии. Аны били хаайыылаахтар ол - бу гымматылар ини ?" - диэн Ираны эбии аймаатылар. Тимир эрэһээҥкилээх хаамыраҕа сытабын. Дьуһуурунай полиция олороро көстөр. Сотору кимнээҕи эрэ аҕалан стройдаттылар. Туох эрэ буруйу оҥорбут киһини, билиннэрэ сатыыллар. Эмсэҕэлээбит киһиттэн: " Бу дьонтон хайаларай,көрөн билэҕин дуо?" диэн ыйыталлар. Онуоха хайаларын да булан ылбата. " Хараҥа этэ, өйдөөбөппүн " - диир.
" Ол хараҥалык килиэккэ сонноох киһи буруйдаах !" - диэн мин эрэһээҥки нөҥүө көрөн туран этэбин. Онуоха бары мин диэки көрдүлэр. Ыйбыт киһим " дьик " - гынан куттаммыттыы көрөн ылла. Бадаҕа полициялар ону көрөн эмиэ сэрэйдилэр.
" Барыларын таһаартааҥ эрэ!" диэн таһаартаатылар. Үс полиция хаалла. Биир силиэдэбэтэл эбит. Эрэһээҥки тимир ааны арыйан халыгыратан миигин таһаардылар.
" Эн хантан билэҕин!? " “Кыттыгастааҕыҥ буолуо!” - диэн аны миигин доппуруостаатылар. Ону мин көрөн, сэрэйэн билэбин диэбиппин итэҕэйбэккэ күлүстүлэр. Онуоха итэҕэтээрибин хатыылаах турар хаамыраларын, курдары ааһан киирэн төттөрү олорунан кэбистим. Онуоха сөҕүү махтайыы бөҕө буоллулар.
" Ол эмээхсини туох буруйугар хаайдыгыт?"
" Ханнык эмээхсини? Ханна баарый?!"
" Ол муннукка олорор дии " диэммин эбии куттаталаатым.
" Мин бу эһиги дьиэҕититтэн хайдах баҕар күрүөхпүн син. Сыыһатын билэр эрэ буоламмын олоробун " - диибин.
" Кэбис доҕор. Дьыалаҥ быһаарыллыар диэри олорон эр " - диэтилэр. Уонна били элбэх киһиттэн ыйан көрдөрбүт киһибин киллэрдилэр. Онуоха тугу саныырын билэр буолан, мэлдьэһэ сатаабытын үрдүнэн билиннэрдибит. Устунан улахан наркомафияны арыйдыбыт. Саамай тэрийээччилэрэ, биир тойон буолан биэрдэ. Онон силиэдэбэтэл миэхэ улаханнык махтанна.
Дьыалабын быһаарыа буоллар, быһаарбатылар. Дьууһурунай полиция атын киһи кэллэ.
" Товарищ командир. Баһаалыста уу бэрсиэххит дуо? Утаттым " - диэн көрдөстүм. Онуоха күлэ, күлэ бэйэтэ чэй иһэр.
" Кэлэн иһиий. Мин тоҕо эйиэхэ илдьэн биэриэхтээхпиний !" - диэн, хаайыллан олорор киһини күлүү гынар. Онуоха тахсан хааман тиийэн остуолтан, графинтан куттан чэй истим. Киһим хараҕын муҥунан көрдө.
" Ха..хайа доо..ха. .хайдах таҕыстыҥ?"
" Тахсан чэйдэ ис" - диэбитиҥ дии. Отой да бу истиэнэҕин курдук уулуссаҕа тахсан баран хаалыам. Дьыалабын көрүөх буолбуттара дии, ханна сүттүлэр !?" - диэн эбии ыксаттым. Онтон эмискэ ойон туран, миэхэ наручник кэтэрдэ сатаата, онуоха бэйэтин хатаан кэбистим.
" Оо. Эн отой бэйэҥ ат тарпат аньыытын оҥостон сылдьар эбиккин. Дьонтон бэрик ылар эбиккин дии. Бэйэҕин
1️⃣3️⃣
Полициялар сүүрэн киирбиттэрэ, дьуһуурунаҋдара наручнигынан хатанан олорор. Бэйэм чэй иһэн сырылата олоробун.
Полицияҕа сабы түспүккүн эппиэттиэҥ!
Мин түспэтим. Камераҕа олордохпуна бэйэтэ :" Мэ бэйэҥ тахсан чэйдэ ис !" - диэбитэ.
Полицияны наручнигынан хатаабыккын! Преступление буолбакка тугуй?! - диибин.
Оттон преступнигы хатаатаҕым дии! Бу киһигит дьонтон бэрик ылар эбит.
Ону хантан билэҕин?!
Бэйэтэ эппитэ - итинник диэбиппин кытта, тутан ылан хаайдылар. Кэннилэриттэн төттөрү тахсан кэлэ турабын. Онуоха сөрү диэн сөхтүлэр, бэри диэн бэркиһээтилэр.
" Өссө аанынан тахсарбар махтаныҥ! Түннүгүнэн тахсан баран хаалыахпын син. Хата бэйэҕитин аһынабын! Күрээтэхпинэ үлэҕититтэн устуохтара. Начальниккытын ыҥырыҥ. Дьыалабын быһаардыннар!" - диэтим.
Төттөрү таары хаамыраҕа хаайа сатаан, сылайан аҕыластылар. " Һуу дьэ хаайдыбыт" - диэбиттэрэ киһилэрэ тахсан, кофеларын иһэн сырылата олорор буоллаҕа.
Дьэ онтон " сатанымаары гынныбыт " - диэн куттанан , начальниктарын ыҥырдылар.
" Ээ бу баар дуо? Били ойууҥҥут дуу туоххут дуу? " - диэтэ тойонноро. Уонна сорохтору " тахсан эриҥ!" - диэн эттэ. Кэнники тойонноро миигин ,атын хоско илдьэ барда. " Эйигин били быһаҕынан анньаары гыммыт киһини , тааһынан бырахпытыҥ халымыр соҕус. Эйигин биһиги самозащита курдук оҥоруохпутун син. Ол эрээри биир усулуобуйаҕа. Эн биһиэхэ биир дьыаланы арыйарга көмөлөһүөх тустааххын" - диэтэ.
Ити Максим эн тускар эрэйдэнэр аҕай быһыылаах. Эрдэ эмиэ дьон пенсийэтин былдьаппыккар, ити уол көмүскэспитигэр быһахтааннар, балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Онтон билигин эмиэ эн дьалаҕайгыттан, аны хаайыыга сытар. Саатар баран көрсө сылдьыаххын ! - Ийэтэ кыыһын Ираны сэмэлиир.
Отдел адрыһын саҥа буллум ийээ, бара сылдьыам буоллаҕа - диэтэ Ира. Кини эрдэ биир уоллуун билсэ сылдьыбыта. Валера диэн ааттааҕа. Ол Валера соҕуруу үөрэххэ барбыта. Каникулга кэллэҕинэ көрсөр этилэр. Онтон кэнники звоннаабат да буолбута. Ира сэмээр кэнники күүппүтэ да, бу Максимы кытта билсээт кинини умна быһыытыйда.
Миигин полиция начальнига хоһугар киллэрэн кэпсэттэ. Алмаас хостуур тэрилтэҕэ алмаастара сүтэрин, билбэккэ сылдьаллар эбит. Онно миигин көмөлөһүннэрээри сорудахтаата. Бэйэм дьыалабын өйүөх буолла. Онон аны алмаас үлэһитэ буолан хааллым. Үлэһитэ диэн буолуо дуо. Таҥас - сап кэтэрдэн баран үлэлиир тэрилтэлэригэр иттилэр. Үлэлээбитэ буолан кэтээн көрөбүн. Бу алмаас үлэтигэр, онто суох хонтуруол бөҕө эбит. Үлэһиттэри үлэлээн бүттүлэр даҕаны, ийэттэн түспүттүү ньылбы сыгынньахтыыллар эбит. Этэргэ дылы барыгын, бары көрөллөр. Оннук күн ахсын бэрэбиэркэ бөҕө. Уонна хайдах сүтэр баҕайыный? дии санаатым. Ол сыгынньахтаан көрөөччү аттыгар туран, мин эмиэ кэтээн көрөбүн. Сыгынньахтанааччылар мин диэки эмиэ сөбүлээбэтэхтии көрөллөр. Тугу саныыллара мин төбөбөр элэҥниир.
З…бал! Нах! Хас күн аайы… ! Х…ли мин ылыахтаахпыный! эҥин диэн кыйытталлар. Маатырыны мин төбөм компуутар курдук " пип, пип!" гынан кыайан сотторбот буоллаҕа.
Бу киһи эмиэ тоҕо турар?! Хата бэйэтэ тугу эмит “кып!” гыннараары турар ини! - диэн миигин биир киһи кырыктаахтык көрөр, кынчарыйар. Кырдьык даҕаны дьону сыгынньахтыылларын, өрө мыҥаан турарым сатамньыта суох эбит. Кыбыстан түҥнэри хайыһабын. Хас күн аайы ийэттэн түспүттүү, ньылбы сыгынньахтанан, салҕан да бардахтара. Алмаас үлэтигэр оннук ирдэбил буоллаҕа. Араас санаалаах дьон баар. Тугу гыналлара биллибэт. Полиция начальнигын сорудаҕын, толордум диэххэ син. Тиийбиппэр ыйыта тоһуйда.
Хайа дьэ туоҕу биллиҥ - көрдүҥ?
Алмаас тэрилтэтин биир тойоно алмааһы уҥа - хаҥас ыытар эбит - диэн баран аатын эппиппэр началынньык, кофе куттан иһэн, мүччү тута сыста. Мин диэки итэҕэйбэтэхтии көрөр.
Бу да киһи. Шарлатаҥҥын дуу тугуй! Мин ол киһини үчүгэйдик билэбин. Кини оннук гыныа суохтаах!
Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү гиэнэ таһыгар.
Киһилээмэ! Сүөһүлээмэ! Кини алмааһы апчарыйар диэни хайдах биллиҥ?!
Тоҕо билиэм суоҕай. Бэйэтэ кэпсээбитэ.
Хайдах ол аата?
Мин дьон тугу саныырын барытын билэбин. Холобура эйигин да
Дьэ эт эрэ. Билигин туоҕу саныырбын!
" Ол тойону бэйэтин аҕалан сирэй көрүһүннэриэххэ баара" диэтиҥ - диэн эппиппэр киһим сөхтө. Умса туттан олорон ,тугу эрэ санаан олоро түстэ. Уонна этэр.
Чэ билигин эрийэн ыҥырыам, кэпсэтиэхпит диир.
Кэпсэтэн буоллаҕа - диэбиппин кэннэ эрийэн ыҥырда. Сотору соҕус буолан баран, алмаастар тойонноро киирдэ. Дорооболоһон ону - маны ыаһахтаспыттарын кэннэ, полиция начальнига этэр.
Били дьыалабыт туһунан, үлэ ыыта сылдьабыт. Алмааһы уорар киһи көстүөх курдук - диэбитигэр. Били киһи хараҕа сүүрэлиир ,мин диэки көрбөхтүүр. Ону мин өйүн баайан кэбистим " Буруйгун манна билин!" - диэн ботугураатым. Онуоха алмаас тойоно быһаарыы сурук суруйаары, уруучука илиис көрдөөн ылла. Илиитэ салҕалыыр. Мин диэки куттаммыттыы көрөр. Алмааһы биллибэтинэн бэйэтин туһатыгар, атыылыы олорбутун билинэн, быһаарыы суруйан начаалынньыкка биэрдэ. Онтон төбөтүн буккуйар, эмиэ да өйдөнөн кэлбит киһилии туттар.
Аҕал эрэ көрүөҕү, туоҕу эрэ суруйдум быһыылаах - диэн төттөрү көрдөөтө.
Биэримэ! Хайы тардан кэбиһээри гынар. Сөпкө барытын билинэн суруйда ! - диибин. Онуоха начаалынньык уунан иһэн, төттөрү тардан ылла. Алмаас тойоно миигин кырыктаахтык кынчарыйар.
Кэнники дьыаланы быһааран, алмааһы апчарыйбыт дьону сууттаабыттара. Мин көмүскэнээри эчэппит киһим, хата чэгиэн туруга этэҥҥэ эбит. Бэйэбин көмүскэммит буолан дьыалам сабылынна. Онон үөрэн - көтөн босхолонон таҕыстым. Сибиэһэй салгын үчүгэйиээн. Мэктиэтигэр чыычаах саҥатын да ахтыбыт курдукпун. Аны билигин дьиҥнээх чыычаахпын, ахтылҕаннаах доҕорбун Ирабын көрсүөм турдаҕа. Хаамыраҕа хаайыллан сытан, кинини ахтыбатах күнүм диэн суоҕа. Ыксаан кыараан дьиэтигэр киирбитим, ханнык эрэ киһилиин олороллор эбит. Ира били эрдэ билсибит, Валера диэн киһитэ, эмискэ хантан эрэ күөрэйбит.
Дьиэлэригэр киирэн баран, төттөрү тахсан истэхпинэ Ира ийэтэ ,үөрэ - көтө көрүстэ. Онтон баран эрэрбин көрөн : " Ханна төттөрү бардыҥ? ,кэл киириэх ничего ким да баар буоллун " - диэтэ да күүһүнэн кэриэтэ сиэтэн киллэрдэ. " Чэ сыгынньахтан киир. Эн саамай күндү ыалдьыт буолаҕын !" - диэт Ира ийэтэ Валерийы, кынчарыйан ылла. Уонна миэхэ чэй бэлэмнээтэ. Куухунаҕа иккиэн олоробут. Иралаах саалаҕа көстөн олороллор. Көрдөххө Валера бэйэтэ сыҥаланар, Ира кэпсэтиэн баҕарбат курдук. Мин диэки буруйдаммыттыы көрөр.Мин кэлэн дьону соччото суох балаһыанньаҕа, киллэрбиппиттэн кыбыстан олоробун.
" Чэ пока мин бардым " - Валера саҥата иһилиннэ.
" Чэ бар,бар " - диэтэ Ира. Уонна биһигини кытта кэлэн чэйдэстэ. Мин Ира туоҕу саныырын билээри, олоппоспун көннөрбүтэ буолан чугаһыыбын. Валера саатар оруобуна кэлэн биэрээхтиир. Хас да сылы мэлдьи сүтэн баран. Атын кыыстаах ини. Максимҥа билигин туох диэн быһаарабын - дии саныыр. Миэхэ санаата баар эбит диэн үөрдүм.
“Чэ мин мэһэйдээбэппин, бэйэҕит кэпсэтиҥ " диэт ийэтэ таҕыста. Биһиги Иралыын иккиэйэх хааллыбыт.
Мин эйигин көрдөөн полицияны биир гыммытым ээ. Атын отделенияларга тиийэ - Ира этэр. Онтон дьэ булбутум кэннэ, аны эйигин ханна эрэ илдьэ барбыт этилэр.
Мин үлэлии сылдьыбытым.
Үлэҕэ ыыттахтара дии?
Хаайыылаах эрээри, полиция үлэтин үлэлээтим - диэбиппэр иккиэн күлүстүбүт. Түгэнинэн туһанан, Ираны сыллаан - уураан бардым, бу сырыыга утарыласпата.
Ити кэннэ биһиги ыкса чугасаһан, ыал буоларга быһаарынныбыт. Таптыыр киһигин кытта уһун суол тутан, сиэттиһэн бииргэ айанныыртан ордук туох үчүгэй баар буолуой. Дьиэбэр Ираны киллэрбиппэр, ийэм барахсан үөрбүтүн эриэхсит. Аҕыйах ый үлэлээн эбии харчы оҥорон баран, уруу тэрийэн ньиргиттибит. Ираҕа сүктэр таҥаһын тикпиттэр. Чочуонай таһаатыгар сөп түбэһэр таҥаһы тикпиттэр. Бу көтөн дайыахтыы олорор, мап - маҥан куба курдук. " Ама бу мин аналым дуо?” дии саныахпар диэри симээбиттэр, киэргэппиттэр. Бэйэбин улахан ойуун курдук сананан, баттахпын суһуох курдук уһаппыппын кырыйан,
Мааны көстүүм кэтэн ,бэйэм мээнэ ыал аайы буолбакка, саатар ыалы көтө, көтө баар инибин һэ, һэ. Ол курдук аймах - билэ дьоммут мустан, кэскил тэринэр кэрэ бэлиэ күммүт буолла. Алгыс тыл бөҕө этилиннэ. " Аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр амарах санаалаах ыал буолаарыҥ !" - диэни өйдөөн хааллым. " Бииргит хомойор түгэнигэр, иккис кит аттыгар буолан иккиэн өйөһөн дьоллоох буолуҥ!" - диэн дьон сахалыы истиҥ - иһирэх алгыс тылларын эттилэр. " Дьиэҕит оҕо саҥатынан чаҕаардын…" диэни истэн долгуйан ыллым. Ама мантан ордук дьол баар үһүө!
Бүттэ.
Ородьумаан
25.08.2023.
Укажите e-mail или номер телефона для связи:
Опишите причину жалобы:
Биирдэ куоракка урут билсибит дьахтарбын көрүстүм. Миигин көрөн үөрүү бөҕө курдук. Бэйэм баҕас дьиҥнээхтии үөрбүтүм этэ. Ол кырдьык.
Оо Макс привет. Көрбөтөх ырааппыт дии - чахчы үөрбүт курдук туттар. Оттон иһигэр : " Оо, бу сордоох мадьайа сытыйан , киси да бөҕөтө. Хантан эмиэ күөрэйдэ!"- дии саныыр.
Дорообо Роза! Манна баар эбиккин дуу. Көрсүбүччэ олоро түһүөх.
Оо, Макс, мин ыксаан иһэбин ээ…хаһан эмит наҕылыччы…- диир уонна иһигэр. " Бу алкоголигы уонна көрсүбэтэх киһи. Бара охсуохха ,өссө билигин харчы көрдүөҕэ!"- Мин тугу санаабытын сэрэйбит буоламмын, кыһыйан харчыбын хостуубун. Биэстии тыһыынчалаах күпүүрэ харчыны " трр..ччч.." гына тыаһатабын. Кыыһым сирэйэ уларыйа түстэ.
Тыый Макс. Туох бэйэлээх байдыҥ бу?- диир уонна " оо дьэ, таах сибиэ ыксаан иһэбин диэн кэбистим. Дьиҥэр бу сордооҕу эрийэн ылан, харчытын " хайытар" өр буолбатах этэ. Өс киирбэх барахсан буолааччы “.
Бу хас да ыйдааҕы, үлэлээбит хамнаспын саҥа биэрдилэр. Чэ Роза мин ыксаан иһэбин - баран эрдэхпинэ кыыһым :
Макс, саатар номергын аҕалыый - диэтэ.” Киэһэ эрийиллиэ. Мин угаайыбыттан ханна барар үһүгүн " - Роза номербын сурунарын быыһыгар итинник санаан ылбыта.
Оптуобуһунан айаннаан иһэбин. Аттыбар биир киһи олорор. Тугу саныырын сэрэйдим. " Ити дьахтар кассаттан төһө харчыны устубута буолла? Арыый хахха соҕус сиргэ түһэрэ буоллар суумкатын былдьаан ылан баран, куотуллуо этэ “- диэн санаалаах олорор. Дьахтар Сайсарыга кэлэн түстэ. Били киһи оптуобус кэлин аанынан эмиэ түһэн барда. Мин дьахтары сэрэтээрибин, кэнниттэн батыстым. Дьахтар дьиэлэр диэки хаамта. Били күлүгээн батыһан иһэр. Мин ойоҕолуу сүүрэн, дьахтары ситэн ылан этэбин :
Иһит эрэ. Бырастыы гын. Ол кэннигиттэн кэлэн иһэр киһи эйигиттэн, суумкаҕын былдьыан баҕарар - диэн сибигинэйэ былаан этэбин.
Бар киэр буол ! Бэйэҥ халаары гынныҥ ини! - диэн баран, дьахтар миигин суумкатынан сирэйгэ биэрдэ. Ыарыыланан муннубун туттан хааллым.
Дьахтар миигин охсубутугар туран хааллым. Аттыбынан били киһи ааста. Туох диэн санаан иһэрэ, мин төбөбөр эмиэ элэҥниир. " Бу сүөһү эмиэ тоҕо аалыҥнаата! Ойоҕоскор биилэҕи батары биэрбит киһи баар ини !” диэн санаан ааста. Мин ойоҕоспун туттан ыллым, мэктиэтигэр ойоҕоһум бүүрэ тарта. Кэбис туоҕум дьыалатай, билбэтэх буолан баран хаалбакка. Ол эрээри дьиэлэр кэннилэригэр, син биир дьахтары батыстым. Халлаан хараҥарбыт буолан, банаар сырдыга эрэ тыгар. Онуоха били дьахтар ,хараҥа сиргэ киирээт, сарылыыра иһилиннэ.
Халыахсыт суумканы былдьаан, бу утары сүүрэн кэллэ. Мин саһан туран, эмискэ хатыйан түһэрдим. Суумканы былдьастыбыт. Быарга тэппиппэр умса баран түстэ. Уонна туран куотта. Суумканы былдьаһар кэммитигэр, илиибин быһаҕынан таарыйбыт эбит. Илиибиттэн хаан бөҕө кэллэ.
Дьахтар охсуһарбытын көрөн турбут.
Мэ ыл суумкаҕын. Куттаныма кэл - диибин.
Дьахтар: " Сымыйалыыр быһыылаах, ити халыахсыт иккис киһитэ буолуо " - дии саныыр. Чугаһаабытыгар суумкатын биэрдим.
Куттаныма мин кинилиин сылдьыбаппын, көннөрү сэрэйэн кэннигититтэн батыспытым - диибин.
Сөп. Махтал. Хайа бу илииҥ туох буолла? Хаан бөҕө дии.
Ээ кыра… ааһыаҕа.
Чэ сөп оччоҕо мин бардым - диэт бара турда.
Мин хааным баран мэйиим эргийдэ.Туймааран этээстээх дьиэлэр эргийэр курдуктара, уонна өйбүн сүтэрбиппин.
Биирдэ өйдөөбүтүм балыыһаҕа сытабын. Көрбүтүм аттыбар били, суумкатын ылан биэрбит түөтэм олорор. Сырдыкка көрдөххө сэбэрэлээх мааныта, эдэр дьахтар эбит.
Мин хаһан хайдах манна кэллим ? - диэн тураары гыммыппын, оргууй түөспүттэн баттаан сытыарда.
Мин баран иһэн, кэннибин хайыспытым, эн охтон түспүт этиҥ. Онуоха кэлэн скорайы ыҥырбытым. Быһаҕынан илииҥ тымырын таарыйбыт.
Быраастар арааһа полицияҕа эппиттэр. Сотору полиция кэлиэҕэ.
Оо. Эйигин оччоҕо эмиэ доппуруостууллара буолуо. Бырастыы гын миигин…эйигин маннык дьыалаҕа киллэрэн кэбиспит эбиппин дии.
Төттөрүтүн эн миигин алы
гын. Мин туспуттан эйигин быһахтаатаҕа дии. Мин дьон пенсийэтин элбэх суумманы илдьэн испитим. Эн түбэспэтэҕим буоллар иэдээн…төлөрүйбэт иэскэ киириэм этэ - диир. Уонна мин туспунан саныыр " Туох амарах санаалаах киһитэй, бэйэтэ өлө сыһар, уонна мин туспар кыһалла сытар “- уонна өссө да элбэҕи санаан долгутта. Дьонтон манныгы күүппэтэх буолан, долгуйан хараҕым уутун биллэримээри түҥнэри хайыстым.Аата Ирина диэн эбит. Полицияларга барытын быһаардыбыт. Ирина миигин кэлэн көрсөр. Мин күн аайы кинини күүтэн түннүгү маныыбын. Саатар мин туспунан, тугу истиҥник саныырын, билэ сылдьар буоламмын, киниэхэ күүскэ ыллардым. “Баҕар кэргэннээҕэ буолуо “диэн куттана саныыбын. Күн аайы ыйытыах буолабын да, тылым тахсыбат. Бүгүн балыыһаҕа бүтэһик күнүм, сарсын миигин таһаараллар. Дьиктитэ диэн тоҕо эрэ өр сытыахпын баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ Ирина миигин көрсө кэлэр буоллаҕа. Бэйэм да тылым бааллан, мантан атын сиргэ ханна көрсүөххэ сөбүй? да диэн ыйыппаппын.
Бүгүн миигин балыыһаттан таһаардылар. Ирина көрсө кэллэ. Дьиэтигэр атааран биэрдим, хата кэргэнэ суох эбит. Ира үлэтинэн командировкаҕа барда. Кинини кэтэһэн күммүн ааҕабын. Дэриэбинэҕэ дьоммор тахсан көмөлөстүм. Ийэлээх аҕам барахсаттар чөл олохтоммуппун көрөн, үөрэллэр эрэ буоллаҕа.
" Нохоо ыал буолар сааһыҥ буолла дии " диэбиттэригэр Ирабын санаан үөһэ тыынабын. Дьонум туоҕу саныылларын билимээри хоспор киирэбин. Биир күн убайым кучуйан тэһийэ сатаан мунньахха барыстым.
Улахан быыбар буолаары турар. Дьокутааттар бааллар. Мин инники эрээккэ баран олордум. Биир дьокутаат этэр тыынар. Таһыгар саҥарара эчи киһи эрэ итэҕэйиэн курдук. Бары дьыаланы - куолуну барытын эрэннэрдэ. Эрдэ үлэлээбит салайааччы аанньа үлэлээбэтэҕин санатта .Оо,” киһи эриэнэ иһигэр " диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Иһэ отой атын, хойгур - дойҕох эбит.
Тугу саныырын саатар билэн олоробун. Оннук эмиэ да куһаҕан курдук, мөлтөх ньиэрбэлээх киһи буорайыыһы. Маннык саныыр киһи буолла: " Миигин талыахтарын эрэ наада. Уоннааҕыта кэннэ кэтинчэ да буоллун Били утарылаһааччым кэлэн " хараҥа дьыалабын” арыйбатар ханнык”- диэн санаалаах эбит.
Миэхэ баһаалыста тыл биэриэххит дуо? Ити дьокутаат туох диэн ис санаалааҕын этиэм этэ - мин илиибин ууммахтаан, өгдөҥөлүүбүн.
Суох! Бириэмэбит кырыымчык. Атын сиргэ эмиэ бараары ыксыыбыт - сэкэрэтээр айахпын бүөлээн кэбистэ. Тыл эппит дьокутаат мин диэки хаҕыстык көрдө, уонна уонна ис санаатыгар : Идиот талыллыам суоҕа да сөпкүн көрүөм ! - өһүөннээхтик кынчыаттыыр.
Дьон тугу саҥарарын истимээри, саныырын билимээри таһырдьа тахсан сибиэһэй салгынынан тыынабын.
Ираны кытта субуоннаһан , кэлэрин билэн куоракка киирдим. Ахтыспычча бастакыбытын уурастыбыт. Комодка уурбут төлөпүөнүм тырылаата. Саатар били мин харчыбын хайыта сатааччы, Розаны сохраняйдаан кэбиспитим аата экраҥҥа тахсан көһүннэ. Ира ону көрдө. Саараан баран төлөпүөммүн көтөҕөрбөр тиийдим. " Аллоо Макс привет! Наконец - то телефоҥҥын ыллыҥ дии. Үнүргүттэн эрийэ сатыыбын дии! " - им дьимҥэ Роза саҥата чаҕаарда. Ира умса көрдө " Кыыстаах эбит дии! диэн санаабыта кулгаахпын тэһитэ кэйиэлиир курдук.
Дорообо Роза. Туох баар? - ситэри Ира истэригэр, кэпсэтэрбэр тиийдим.
Улахан сонун суох. Просто эйигин кытта көрсүөхпүн баҕарбытым.
Ол миигин кытта, хаһааҥыттан көрсөр буолбуккунуй? Һэ, һэ.
Наада баар.
Туох наадата? Көрсөр кыаҕым суох ээ Роза…
Оо дьэ. Короче биир көрдөһүүлээхпин, миэхэ харчы иэһээн эриэҥ дуо?
Төһөнү? Сөп чэ биэрэн эриэм - диирбэр эрэ тиийдим.
Ити кэннэ Ира миигин кытта, истиҥник кэпсэппэт курдук буолбута. Ардыгар төлөпүөнүн ылбат.
" Иирэ талахтыы имигэс бэйэҕин,
Испэр сөбүлүү көрөбүн.
Ира эн миигин баалаама дуу,
Мин атыны ахсарбаппын,
Өйүм - санаам барыта эн эрэ.
Чуҥкуйбут сүрэхпин, эйиэхэ эрэ аныыбын ! - диэн тыллары өр да бооччойдум. Хаста даҕаны кумааҕыга суруйан, хайыта тыытан бырахтым. Хаста да төлөпүөҥҥэ суруйан, сотторон баран ыыттым. Кыыһым ааҕар да хоруйдаабат.
Төлөпүөн смс һа тыаһаатаҕына, харбаан ылабын, онтум атын буолан хаалар. Ама тапталлара диэн маннык буолуо дуо? Бу ааһар пааралар итинник эрэйдэнэн, таптаһан холбоспуттара буолуо дуо? Дьоллоохтор даҕаны, миигин хайдах дьылҕа күүтэр?
"
Бииргэ үөрэммит оҕолоруҥ, ыал буолан ырааттылар" - диэбитэ Ийэм барахсан." Тохтуу түһүүй ийээ. Мин да сүрэхпинэн сөбүлүүр киһибин, ылыахпын баҕарабын. Хайдах мээнэ
түбэһиэх , киһини кытта холбоһуохпунуй"диэн эппитим.
Розаны көрсүбүтүм. Саҥарыа да суоҕу саҥардан, биэриэ да суоҕу ыһыгыннаран, дьэ абытай кыыс.
Макс оттон харчыгын төннөрөрбүн аһара ыксаппат инигин?
Мээнэ ыксаабаппын, ол эрээри аһара уһатыаҥ суоҕа буоллаҕа.
Оо аппаала! Эйиэхэ баҕар, отой да төлүөм суоҕа. Биир сылынан баҕас умнар инигин - диэн сыһыгыраччы күлэн баран, таһыгар атыннык этэр. Мин испэр төһө да кэлэйдэрбин, таспар саҥарбатым.
Төннөрүллүө чэ…туох ааттаах итэҕэйбэккэ бардыҥ!
Роза арба эн миэхэ көмөлөһүөҥ дуо? уонна бу биэрбит харчыбын төннөрөөйөҕүн.
Ээ даа? Туох көмөтөй. Мин өттүбүттэн кыаллар буоллаҕына конечно.
Мин сөбүлүүр кыыстаахпын. Онтум эйигиттэн сылтаан тэйиэх курдук.
Миигиттэн сылтаан дуоаа? Ол мин эйигин хайаатым!?- Роза соһуйар.
Эн эрийэргэр кини истэн турбута.
Диэ. Оччоҕо мин көмөм тугуй?
Нүөмэрин биэрдэхпинэ, миигин кытта сылдьыбаппын диэн этиэҥ буоллаҕа.
Этэн бөҕө буоллаҕа.
Оттон хайдах эрэ, сэрэнэн быһааран этээр.
Сөп.
Миэхэ биир силиэдэбэтэл, тастыҥ убайым көрдөстө. Буруйдааҕы буларыгар көмөлөстүм. Миигин билэр буолан көрдөспүтэ. Арай тиийбитим, буруйдаах буруйун билиммэт. Көрдөрүүтүн атыннык кэпсиир. Мин аттыларыгар олоробун.
Бу таба хантан өтө көрбүт үһү! Билиниэм суоҕа! Баанньа билиммэтэх буоллаҕына - диэн саныы олорор.
Туох сүрдээх киһитэй бу! Ойон туран куотуохха дуу тугуй! - диэн саныыр.
Сүрдээхпин доҕор дьэ, куотаҥҥын туһа суох ! - диэн туоҕу санаабытын, барытын уот харахха этэ олордум. Киһибит салынна, Уһугулаан буруйун барытын ыраас мууска ууран биэрдэ. Билиннэ.
Бүгүн рынокка кэллим. Куһаҕана диэн омуктар тылларын өйдөөбөппүн, онтон атын түүлээх чөмчөкөлөрүгэр, туох санаалаахтарын билиэ эбиппин. Кинилэргэ чугаһаатахпына, сааскы үөр кус - хаас саҥата оргуйан олорор.
Арай биир саха киһитэ атыылыы олорор. Нууччалыы саҥарар. Барыны бары ыллара сатыыр.
Сахалыы саҥарыый - диибин.
Я не знаю по якутски диир уонна санаатыгар Эмиэ биир өйдөөх кэлэн үөрэтээри гынна. Дьүһүммүнэн биллэҕэ быһыылаах. Ситэри киргизпин диэн кэбиһиэххэ дуу .
Сахалыы билэр эбиккин дии - диибин.
А ты откуда знаешь кто я такой?! Может я киргиз.
Чэ бүт эрэ! Сахаҕын дии " Бу киһиэхэ киргизпин диэххэ дуу " дии санаатыҥ!
Ону хантан биллиҥ?! - диэн соһуйан, сахалыы саҥарбытын билбэккэ да хаалла, уонна саныыр: Бу арааһа бөх кубулуна сылдьар дуу тугуй? Кэбис аны киһини хасыһыа, адьарайы кытта аахсымыахха
Бөх да адьарай да буолбатахпын! - диэбиппэр киһим соһуйан, хараҕын муҥунан көрдө. Дьээбэлээбиччэ күлэн баран ааһа турдум.
Баҕайы аптаах быһыылаах, бэйи харчыбын уорбата ини - дии санаан харчытын ааҕа хаалла.
Күүстээх санаабын киллэрэн, Иркаҕа дьиэтигэр бардым. Киирэн кэлбитим арай биир эдэр уол ааҥа кэлэн, миигин үөһээттэн таҥнары көрөн турар. " Туох ааттаах уһунай? " диэн хантайан көрөбүн. Кини Бу эмиэ хайа аһай кэллэ! - дии саныыр.
Дорообо - дыраастый, бирибиэт - быраһаай суох киһитэ буолла. Ыйыттахха халба курдук " Сох ! Сох! " диир киһи буолла.
" Иркабыттан букатыннаахтык маттым быһыылаах" диэн санньыйан таҕыстым.
Биир үтүө күн ийэм этэр. " Нохоо эйиэхэ биир наһаа үчүгэй кыыс кэлэ сырытта " - диэн үөртэ. Ол үөрүүм уһаабата. Кыра кыым саҕыллан истэҕинэ, ыаҕастаах уунан сабы ыспыттыы умулунна. Роза кэлэ сылдьыбыт эбит.
" Чэ саатар хата харчым иэһин, төлөөрү гыммыта буолуо" диэн эрийээри
төлөпүөммүн көрбүтүм" пропущеннай " бөҕө баар. Роза эрийэ сатаабыт. Тыаһа суохха холбонон турбут.Розаҕа эрийбитим, иэһин биэриэхтээҕэр эбии көрдүүр. " Барытын биирдэ төлүөм " диэннээх. Роза кэлэ сылдьыбытыгар, ийэм эрэйдээх үөрээхтээтэҕэ.
" Хайдах барыта миэнэ табыллыбатый! ?" - диэн маҕаһыыҥҥа киирэн, арыгы ылыахпын баҕарабын. “Уоттаах утах” бөҕө кэчигирээн турар. Үөннээхтик имнэнэр курдуктар. " Эмиэ саҕаланыа!" диэн кулгаахпар ким эрэ сибигинэйэр курдук. Ийэбин аһыныах санаа киирэн, маҕаһыынтан атахха биллэрдим. Аҕыйах күн ыалдьан сытан турдум. Араас түүллэр киирэн, туохтан эрэ этиттэрбит курдук буолбуппун. Устунан кыралаан, дьону сахалыы эмтиир буоллум. Биир сыл ааста.
Биирдэ мотосыкылга аварияланан баран, кыайан хаампат буолбут уолу аҕаллылар. Эппэрээссийэҕэ барыахтаах да харчылара суох буолан, бастаан саха эмчитигэр көрдөрөн баран биллиэхтээхтэр эбит. Уолу кытта арай Ирка сылдьыһар эбит.
" Дорообо! Хайа бу эн дуо? " дэһэн кэпсэттибит.
Хас да күн сеанс кэннэ уол, аһара да хаампатар, син илиитэ - атаҕа кыратык хамсыыр буолла.
Ира кэргэниҥ үчүгэй буолуоҕа диибин. " Кэргэниҥ " диэни этэрбэр бөтөн ыллым.
Кини кэргэним буолбатах ээ Макс. Быраатым - диэн Ирка мин диэки истиҥник көрдө. " Бу харахтары көрөөрү, төһөлөөх ахтыбытым буолуой “… салгыы кыайан кэпсэппэтибит. Атын эмтэнээччи кэлэн аралдьытта.
Бу эмчит киһини, үүрэр кэриэтэ таһаарбыт эбиппин .Кини илиитинэн таарыйда даҕаны ыарыым ааһан хаалар - дии саныыр.
Ирка быраата. Өйдөөн көрдөххө майгыннаһаллар эбит.
Син хамнастаах үлэһит курдук, харчы мунньан массыына ылынарга сананным. Сороҕун кредит ылбытым.
Биир массыынаны көрөөрү кэллим. Хаһаайына : " Ханан да косяга суох атыылас " диир. Таһыттан көрдөххө килэйэн халайан, киһи эрэ ымсыырыах массыыната. Атыыһыт тугу саныыра, мин төбөбөр ытыллар: Техникаҕа сыһыана суох, сордоох быһыылаах. Блога оһуйан тосол, двигателигэр киирэрин билбэт ини
Блога хайдаҕый? - диэн ыйытабын.
Үчүгэй.
Тосола эҥин ханан да быычылаабат дуу?
Суох буоллаҕа дии Распилын эҥин бу ботаник хантан билиэй. Оннооҕор сорох гаилар билбэттэр
Распил буолбатах дуо?
Суох!
Хайдах эрэ распил курдук дии - диэн, сымыйанан сирийэн көрбүтэ буолабын.
Ону эн хантан билэҕин - киһим кыйаханыах курдук.
Көрөн билэр буоллаҕым дии.
Распилы приборунан эрэ көрөн билэҕин.
Тоҕо билиэм суоҕай. Бэйэҥ кэпсии турарыҥ кэннэ.
Мин…ту…тугу да ии..итинник диэн этэ иликпин ээ: Саатар уоруллубутун сэрэйбэт ини
Массыынаҥ уоруллубута дуо?
Суох…суох! Хантан барытын билэҕин? Көрбүөччүгүн дуо?
Итинник да диэххин син.
Кэбис, кэбис.. ма…массыынабын атыылаабаппын - диэтэ. Итинник дьону кытта торгуйдаһан, син биир массыынаны ыллым.
Аара биир билэр киһибин көрүстүм. " Массыына ылбыккын сууйуох " диэбитигэр, киирэн кафеҕа кыратык олоро түстүбүт. Бэйэм арыгы испэтим.
Нохоо “саха эр киһитэ үчүгэй аттаах, үчүгэй саалаах быһахтаах, уонна үчүгэй ойохтоох буолуохтаах " диэн баар. Эн ат оннугар тимир көлө ылынныҥ. Уоннааҕыҥ? - аҕам саастаах атаһым, арыгы иһэн холуочуйбут.
Үчүгэй быһах, саа баар.
Оттон үчүгэй кыыһы буллуҥ дуо?
Сирэрим , таларым туоҕум да суох - Иркабын санаан үөһээ тыынабын.
" Ира дорообо! Эйиэхэ мин ааппыттан, ким эмит эрийэ сылдьыбыта дуо?” диэн суруйан ыыттым. " Нохоо ! " диэн саҥаттан ходьох гынным.
Эн миигин истэҕин дуу суох дуу?!
Истэбин. Чэ убай сылайбыккын барыах. Дьиэҕэр илдьэн биэриэм - диэн киһибин. Өйөөн кэриэтэ таһааран массыынаҕа олортум. Айаннаан истэхпитинэ төлөпүөммэр сурук кэллэ.
Суолгун көр быраат!! Уруулга олорон, хаһан да төлөпүөҥҥүн ылбат буол!! - диир. Ирканы санаан иһэр буолан ,харбаан ылан аахтым. Хомойуох иһин:
" Привет ! Биллэ сылдьыбыта. Эйигин кэргэн ылаары сылдьар диэбитэ дии " диэн суруйбут. Ону ааҕан баран туормастаан хачыгыраттым. Аһара эмискэ үктээбит буоламмын киһим түннүгүнэн тахса сыста. Тахса сыһыа дуо. Эмискэ массыына хорус гынарыгар, кыратык
түннүккэ төбөтүн " Лос!” гына саайда." Аа ..аа ! Оо! Айакканыый быраат. Ол иһин эппитим дии! " Рулга олорон төлөпүөҥҥүн ылыма!" диэн.
Розаҕа тиийэн ыйыттым " кэргэннээх диэн оонньоон эппитим " - диэн куотунна. Абырыан оннугар алдьатар, саарбах доҕор эбит. Уол эбитэ буоллар атыннык кэпсэтиэм этэ. Мээнэ аахса барбатым. Ол да иһин Ирка миигиттэн тэйбит эбит.
Эрийэн этиэхпин тылым барбата. Ол иһин суруйдум. Мин ханнык да кэргэним суох, өйүм санаам эн эрэ диэн эттим.
Күүтэ түспүтүм кэннэ, сотору " Кэлэ сырыт " диэн харда кэллэ. Бу икки эрэ тыл диэтэххэ, киһи санаатын кынаттыыр эбит. Иркаҕа дьиэтигэр киирбитим, миигин быраата бэргээбитигэр ыҥырбыт эбит. Миигин " шарлатан эбит " диэхтэрэ диэн туох баарбын, барытын ууран туран эмтээтим. Мэктиэтигэр ардыгар, дьон ыарыытын бэйэбэр оборон ылбыт курдук буолабын.
Күн аайы Иркалаахха быраатын эмтээри тиэстэр буоллум. Ирка чэй кутан биэрэр, иккиэн утарыта көрсөн олорон чэйдиибит. Мантан ордук туох дьол баар үһүө. Мин туспунан тугу саныырын билээри, аттыгар чугаһыы сатыыбын.Иркаҕа Кырдьык кэргэнээх буолуо дуо? диэн итэҕэйбэт санаалар киирэллэр эбит. Итинтэн төттөрүтүн үөрдүм. Ол аата миигин сөбүлүүр эбит диэн.
Ый курдук эмтээбитим кэнниттэн уол, сыҥаһалаан хаамар буолла. Дьоно уолларын соҕуруу эмтэтэ бараары, массыыналарын эҥин атыылаабыттар эбит.
Макс дьонум
" төһөнү төлүүбүт" диэн ыйыттараллар - диир Ирка.
Суох төлөөбөтүннэр босхо эмтиэм .
Ханнык баҕар үлэ төлөнүөхтээх буоллаҕа дии Наһаа да амарах сүрэхтээх диэн саныырын быыһыгар этэр.
" Кэбис төлөөмөҥ ылбаппын"- диэн ,ылбатым.
Уол кэнники хаамар, бэлисэпиэт тэбэр буолла. Дьоно кэлэн махтаннылар аҕай. Дьон махталын ылартан ордук үчүгэй, ама туох баар үһүө.
Биирдэ Ирка эмиэ дьон пенсийэтин, илдьэн иһэн уордарбыт. Эрдэ харчыны былдьата сыспытын быыһаабыт буоламмын, миэхэ үчүгэйдик кэпсээбэт.Бадаҕа кыбыстар. Кэнники санаата түспүтүгэр бэйэм тылланным.
" Ира миэхэ кэпсээ, баҕар мин туох эрэ көмөлөөх буолуом дии"
" Ээ син биир сууттууллар !" диэн кыыһым хараҕа ууланан, умса туттан олорор.
Ирина такси массыынанан айаннаан кэлэн иһэн ,харчытын сүтэрбит. Харчытын улахан аҥарын кимнээх эрэ хостоон ылбыттар. Силиэдэбэтэл баччааҥы диэри булбакка сылдьар. Ирина дьоно били уолларын, эппэрэссийэҕэ ыытаары сылдьыбыт харчыларын онно биэрдилэр. Аҕата кыыһын кыыһыран сүрдээх.
Ира ханнык массыына этэй? - диэн ыйытабын.
Уазик - диэн билэр дэриэбинэлэрин, киһитин аатын эттэ. Иккиэн онно бардыбыт. Мин суоппартан ол күн кимнээх массыынатыгар олорсон кэлсибиттэрин ыйыттым. Суоппар сыымайдаан көрөн баран, " Биир хаайыылаах уол баар этэ " - диэтэ. Аатын билэн Ираны диэтигэр хаалларан баран, бэйэм ол уолу буларга сананным.
Дьонтон ыйыталаһан син аадырыстарын буллум. Дьиэлэригэр дьон бөҕө мустан, иһэн күөллэтэ олороллор.
Хайа доҕор бу кими " таҥара биэрдэ " ! - диэн биир үскэл киһи эппитигэр бары мин диэки көрдүлэр.
Дорооболоруҥ Алаарап Аркадий манна олорор дуо? - диэн ыйыттым.
Манна олорор. Бэйэтэ ханна эрэ барбыт.Суох!
Баай уол хантан биһигини кытта олоруой, ханна эрэ бардаҕа дии ! - биир хатыҥыр киһи бөтөн ылар.
Баай диэ. Оччоҕо кини эһигини күүлэйдэтэлээтэҕэ дии? - билээри ыйытабын.
Оннук бөҕө буо.. буоллаҕа. Ону эн тоҕо ыйыттыҥ?!
Ээ көннөрү. Хаччым иэһин ылаары көрдүү сылдьабын, Хайа диэки барбыта буолуой?
Ээ билбэппит ! - дэһэн хааллылар мин бу “дьонтон туһа суох”- диэн тахсан бардым.
Арай биир эдэр киһи кэлэн иһэрин көрөн тохтоон ыйыттым.
Үтүө күнүнэн . Алаарап Аркадийы көрбүт буолаайаҕын?
Мин дии. Истэбин. Туох баар?
Массыынаҕа киириий . Кэпсэтии баар - диэбиппэр киирэн олордо.
Эн үнүр били
Бараахап Сиидэри кытта куораттан кэлсибитиҥ дии?
Кэлсэн онно туох баар? -диэн ыйытар, уонна саныыр: Тоҕо ыйытар баҕайыный? Били харчы туһунан буолбатах ини?
Оннук. Били харчы сүппүтүн туһунан ыйытаары гынабын.
Ханнык харчынан
баайсан бардыҥ?Кыыс суумкатыттан хостоон ылбыккын!
Ханнык да кыыһы көрсүбэтэҕим, харчыны ылбатаҕым !
Ылбыккын билэбин. Үчүгэйинэн төннөр, эбэтэр хаайыыга иккиһин барыаххын баҕараҕын дуу.
Баайсыма эрэ доо! - диэн баран массыынаттан таҕыста. Тахсан кэнниттэн батыһан истэхпинэ, эргиллэн баран оҕуста. Аһаран биэрэн баран, илиититтэн ылан баран, эрийэн кэбиспиппэр, умса баран түстэ. Ол кэмҥэ дьон айманара иһиллэр. " Хайа доо! Били киһи уолбутун кырбаан эрэр !- диэн дьиэттэн баарыаҥы дьон тахсан, биһиэххэ кэллилэр. Биир киһи куруттан саха быһаҕын, ойутан миэхэ утары кэллэ.
Этигэр бүтүннүү татуировкалаах киһи, быһахтаах кэлэн сиирэ халты анньыалыыр. Көмүскэнээри түбэһиэх мас харбаан ылбытым, тымтыктан эрэ сымаан кыра буолан биэрдэ. Кэннибинэн чугуйан иһэн суол аттыттан, обургу таас харбаан ыллым. Тыла өһө хаайыылаахтыы жаргоннаах үөхсэр, өлөрөрүн да кэрэйиэ суох. Тааһынан бырахпытым өлүү түбэлтэлээх төбөҕө түстэ, ону кытта тиэрэ таһылынна. Атыттара онно айманар кэмнэригэр мин массыынабар сүүрэн тиийэн, куотар аакка бардым. Ираҕа тугу да кэпсээбэтим. Дьыаланы ситиспэтэх буолан баран туох диэхпиний.
Сарсыныгар эмиэ бара сырыттым. Бу сырыыга дьиэҕэ, киирбэккэ таһыгар чуҥнаатым.
Били уол тахсыбытыгар кэнниттэн батыһан иһэн , биир тоҕоостоох сиргэ тиийэн иһиирэн ыҥырдым. Миигин көрөн саараан ,тура түһэн баран кэллэ.
Тоҕо эмиэ кэллиҥ?!
Чугаһаа, куттаныма . Үчүгэйинэн билинэриҥ бэйэҕэр ордук буолуо.
Ханнааҕы харчыгынан ааспакка - арахпакка баайсаҕын?! - этэрин быыһыгар саныыр: Ити күлүүһүнэн төбөҕө сырбаппыт киһи! - диэн санаатын кытта күлүүһү ылан, ыараҥнатан көрөбүн.
Харчыны үтүөнэн төннөр. Оччоҕо суукка үҥсүөхпүт суоҕа - эппиппэр киһим сөхпүттүү көрдө уонна токкуйга түстэ.Айылааҕын харчыларын ордугун биэриэххэ дуу тугуй?
Сороҕун эрэ буолбатах барытын биэрэҕин ! - бу уол тугу саныырын, барытын сирэйигэр эттим.
Ойууҥҥун дуо?
Оннук да диэххэ син - диэбиппэр куттаммыттыы көрөр. Тахсан куотуохха дуу - дии саныыр.
Миигиттэн куотан туһа суох, илиигин - атаххын баайан кэбиһиэм !- диибин.
Оо.. дьэ..оттон харчы сороҕо суох ээ.
Иккиэн бара сылдьыахха. Кэргэммин кытта бэйэҥ кэпсэтээр. Мин көх - нэм буолуом. Ордугун кэнники да биэриэҥ буоллаҕа - диэбиппэр саараан баран сөбүлэстэ. Бу уолга Ираны " кэргэним " диэн кэбистим.
Эн да дьыалаҥ хаахтыйыах курдук ээ !- диир буруйдаах аргыһым, массыынанан барсан иһэн.
Туохха? Хайдах?
Бэҕэһээ тааһынан бырахпытыҥ кэннэ, киһиҥ өйө суох этэ. Балыыһаҕа илдьибиппит.
Оо оттон туруга хайдаҕый? - хата бэйэм ыксаатым.
Билбэтим. Полиция кэлиэ диэн ,балыыһаҕа туттараат да барбыппыт. Быраастар син биир полицияны ыҥыраллар.
Оттон миигин туох дииллэр?
Билбэтим диибин дии.
**
Бу халыахсыт Ираттан уорбут харчытын, улахан аҥарын төннөрбүтэ. Сороҕун сотору төннөрүөх буолан илии баттаппыппыт.
Ира миэхэ махтала улахан этэ. Онтон дьэ миэхэ истиҥник сыһыаннаһан миэхэ сыстан эрдэҕинэ , миигин полициялар тутан илдьэ бардылар. Били тааһынан бырахпыт киһим кэргэнэ билэн , миигин үҥсүбүт.
Сөдүөрэ уолун Максимы сүтүктээтэ. Уола арыгы испэт буолан дьэ сынньаппыта этэ. Кэнникинэн дьону сахалыы эмтиир буолан испитэ. Онтон куоракка киирбитэ да эрийдэҕинэ төлөпүөнүн мээнэ ылбат этэ. Хам - түм ыллаҕына да " Барыта этэҥҥэ", " үчүгэй " диирэ. Онтон кэнники отой да сүттэ.
Бу кыра уолугар үксүн эрэйдэммитэ. Оҕо сылдьан барыны барытын, илэ көрөн куттаталыыра. Кэнники " Били улахан ойуун эһээлэрин удьуордаабыт дуу?" - диэн сабаҕалаабыттара. Биирдэ Сөдүөрэ уолунаан, ынах көрдүү сырыттахтарына уола эмискэ. " Ийээ көрүүй ол киһи уҥуоҕун аттыгар ,дьон бөҕө үмүөрүспүт дии" диэбитигэр.
" Эмиэ киммит бараахтаабыта эбитэ буолла?" - диэн Сөдүөрэ чарапчыланан, халдьаайы диэки көрө сатаабыта да ким да көстүбэт этэ.
Ити түгэни мээнэ аһардан кэбиспитэ. Онтон биирдэ уолчаан альбом көрө олорон " Ийээ бу ким хаартыскатай?" - диэн ыйыппыта.
" Ити эн эһээҥ дии тоойуом " диэбитэ.
" Ийээ мин кинини көрбүтүм. Кини
миигин ыҥырбыта…"" Кини билигин суох. Тоҕо көстүөҕэй? " - ийэтэ уолун куттаммыттыы көрбүтэ.
" Кырдьык көрбүтүм . Бу дүҥүрүн тута сылдьар этэ " - диэн кэпсээбитигэр дьоно бары соһуйбуттара, куттаммыттара.
Ити туһунан кэпсэппэт буола сатыыллара. Оһохторун аһатан Үрдүк Айыылартан көрдөһөллөрө.
Кэнники уоллара оскуоланы бүтэрбитин кэннэ быраас гиэнигэр үөрэтэ ыыппыттара да, ситэ үөрэммэккэ бырахпыта. Аны санаатаҕына уоллара түүн үлүгүнэйэн, кимниин эрэ кэпсэтэн эрэрдии баллыгыраан хоноро. Арыгы истэҕинэ эрэ наҕылыччы утуйар курдук этэ. Онтон ити дьону эмтиэҕиттэн, уоскуйар курдук буолла. Ол аата баардаах баара өтөн, киибэһэ киирэр буоллаҕа. Эһэтин утумнуурун утарартан туһа суох буолууһу.
Максимы оҕо сырыттаҕына таҥха кэмигэр, улахан оҕолор ыҥыран бөлүүһэ сүүртэрэллэрэ. " Кини эрэ баарыгар сүүрэр дииллэрэ. Онтон кэнники айдаан тахсыбытын кэннэ уолларын боппуттара. Уоллара бөлүүһэ сүүрдэрин быыһыгар, кими эрэ ,эбэтэр туох эрэ харамайы киллэрэн, көрдөрөн оҕолору куттаабыт аатырбыта. Ону көрөн биир кыыс, балыыһаламмыт.
Сөдүөрэ билэрдии Розаҕа эрийбитин, Ира нүөмэрин биэрдэ. Онуоха аны Ираҕа эрийдэ.
" Мин эмиэ сүтэрэн олоробун, төлөпүөнэ арахсан сылдьар диэн. Мин оттон дьиэтигэр, дьонугар барбыта буолуо диэн сылдьабын дии " - диэн Ира ыксаата.
Максимы Ираттан тахсан истэҕинэ, суолга полициялар туппуттара.
Быһахтаммыт киһи хаайыылаах эбит. Максим бэйэтин көмүскэнэн тааһынан бырахпыта, өлүү түбэлтэлээх төбөҕө түһэрбитэ. Ол кэннэ балыыһаҕа киирбит.
Максимы түрүмэҕэ хаайан сытыараллар.
Ира бастаан кинини күүппүтэ, онтон эрийэ сатаабыта. Билигин ийэтэ эрийбитигэр ыксаата. Дьонугар кэпсээтэ.
" Оо. Уол халыахсыты булан харчыбытын төннөрбүтүгэр үөрбүппүт. Аны бэйэтэ сүппүт эбит дии. Аны били хаайыылаахтар ол - бу гымматылар ини ?" - диэн Ираны эбии аймаатылар.
Тимир эрэһээҥкилээх хаамыраҕа сытабын. Дьуһуурунай полиция олороро көстөр. Сотору кимнээҕи эрэ аҕалан стройдаттылар. Туох эрэ буруйу оҥорбут киһини, билиннэрэ сатыыллар.
Эмсэҕэлээбит киһиттэн: " Бу дьонтон хайаларай,көрөн билэҕин дуо?" диэн ыйыталлар. Онуоха хайаларын да булан ылбата. " Хараҥа этэ, өйдөөбөппүн " - диир.
" Ол хараҥалык килиэккэ сонноох киһи буруйдаах !" - диэн мин эрэһээҥки нөҥүө көрөн туран этэбин. Онуоха бары мин диэки көрдүлэр. Ыйбыт киһим " дьик " - гынан куттаммыттыы көрөн ылла. Бадаҕа полициялар ону көрөн эмиэ сэрэйдилэр.
" Барыларын таһаартааҥ эрэ!" диэн таһаартаатылар. Үс полиция хаалла. Биир силиэдэбэтэл эбит.
Эрэһээҥки тимир ааны арыйан халыгыратан миигин таһаардылар.
" Эн хантан билэҕин!? " “Кыттыгастааҕыҥ буолуо!” - диэн аны миигин доппуруостаатылар. Ону мин көрөн, сэрэйэн билэбин диэбиппин итэҕэйбэккэ күлүстүлэр. Онуоха итэҕэтээрибин хатыылаах турар хаамыраларын, курдары ааһан киирэн төттөрү олорунан кэбистим. Онуоха сөҕүү махтайыы бөҕө буоллулар.
" Ол эмээхсини туох буруйугар хаайдыгыт?"
" Ханнык эмээхсини? Ханна баарый?!"
" Ол муннукка олорор дии " диэммин эбии куттаталаатым.
" Мин бу эһиги дьиэҕититтэн хайдах баҕар күрүөхпүн син. Сыыһатын билэр эрэ буоламмын олоробун " - диибин.
" Кэбис доҕор. Дьыалаҥ быһаарыллыар диэри олорон эр " - диэтилэр. Уонна били элбэх киһиттэн ыйан көрдөрбүт киһибин киллэрдилэр. Онуоха тугу саныырын билэр буолан, мэлдьэһэ сатаабытын үрдүнэн билиннэрдибит. Устунан улахан наркомафияны арыйдыбыт. Саамай тэрийээччилэрэ, биир тойон буолан биэрдэ. Онон силиэдэбэтэл миэхэ улаханнык махтанна.
Дьыалабын быһаарыа буоллар, быһаарбатылар. Дьууһурунай полиция атын киһи кэллэ.
" Товарищ командир. Баһаалыста уу бэрсиэххит дуо? Утаттым " - диэн көрдөстүм. Онуоха күлэ, күлэ бэйэтэ чэй иһэр.
" Кэлэн иһиий. Мин тоҕо эйиэхэ илдьэн биэриэхтээхпиний !" - диэн, хаайыллан олорор киһини күлүү гынар.
Онуоха тахсан хааман тиийэн остуолтан, графинтан куттан чэй истим. Киһим хараҕын муҥунан көрдө.
" Ха..хайа доо..ха. .хайдах таҕыстыҥ?"
" Тахсан чэйдэ ис" - диэбитиҥ дии. Отой да бу истиэнэҕин курдук уулуссаҕа тахсан баран хаалыам. Дьыалабын көрүөх буолбуттара дии, ханна сүттүлэр !?" - диэн эбии ыксаттым.
Онтон эмискэ ойон туран, миэхэ наручник кэтэрдэ сатаата, онуоха бэйэтин хатаан кэбистим.
" Оо. Эн отой бэйэҥ ат тарпат аньыытын оҥостон сылдьар эбиккин. Дьонтон бэрик ылар эбиккин дии. Бэйэҕин
хаайыыга олордуохха наада!" - диибин.Онуоха киһи эрэ буоллар ааттаста. Эрдэ двоннаан кэбиспит буолан эбии полициялар сүүрэн киирдилэр.
1️⃣3️⃣
Полициялар сүүрэн киирбиттэрэ, дьуһуурунаҋдара наручнигынан хатанан олорор. Бэйэм чэй иһэн сырылата олоробун.
Полицияҕа сабы түспүккүн эппиэттиэҥ!
Мин түспэтим. Камераҕа олордохпуна бэйэтэ :" Мэ бэйэҥ тахсан чэйдэ ис !" - диэбитэ.
Полицияны наручнигынан хатаабыккын! Преступление буолбакка тугуй?! - диибин.
Оттон преступнигы хатаатаҕым дии! Бу киһигит дьонтон бэрик ылар эбит.
Ону хантан билэҕин?!
Бэйэтэ эппитэ - итинник диэбиппин кытта, тутан ылан хаайдылар. Кэннилэриттэн төттөрү тахсан кэлэ турабын. Онуоха сөрү диэн сөхтүлэр, бэри диэн бэркиһээтилэр.
" Өссө аанынан тахсарбар махтаныҥ! Түннүгүнэн тахсан баран хаалыахпын син. Хата бэйэҕитин аһынабын! Күрээтэхпинэ үлэҕититтэн устуохтара. Начальниккытын ыҥырыҥ. Дьыалабын быһаардыннар!" - диэтим.
Төттөрү таары хаамыраҕа хаайа сатаан, сылайан аҕыластылар. " Һуу дьэ хаайдыбыт" - диэбиттэрэ киһилэрэ тахсан, кофеларын иһэн сырылата олорор буоллаҕа.
Дьэ онтон " сатанымаары гынныбыт " - диэн куттанан , начальниктарын ыҥырдылар.
" Ээ бу баар дуо? Били ойууҥҥут дуу туоххут дуу? " - диэтэ тойонноро. Уонна сорохтору " тахсан эриҥ!" - диэн эттэ.
Кэнники тойонноро миигин ,атын хоско илдьэ барда.
" Эйигин били быһаҕынан анньаары гыммыт киһини , тааһынан бырахпытыҥ халымыр соҕус. Эйигин биһиги самозащита курдук оҥоруохпутун син. Ол эрээри биир усулуобуйаҕа. Эн биһиэхэ биир дьыаланы арыйарга көмөлөһүөх тустааххын" - диэтэ.
Ити Максим эн тускар эрэйдэнэр аҕай быһыылаах. Эрдэ эмиэ дьон пенсийэтин былдьаппыккар, ити уол көмүскэспитигэр быһахтааннар, балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Онтон билигин эмиэ эн дьалаҕайгыттан, аны хаайыыга сытар. Саатар баран көрсө сылдьыаххын ! - Ийэтэ кыыһын Ираны сэмэлиир.
Отдел адрыһын саҥа буллум ийээ, бара сылдьыам буоллаҕа - диэтэ Ира.
Кини эрдэ биир уоллуун билсэ сылдьыбыта. Валера диэн ааттааҕа. Ол Валера соҕуруу үөрэххэ барбыта. Каникулга кэллэҕинэ көрсөр этилэр. Онтон кэнники звоннаабат да буолбута. Ира сэмээр кэнники күүппүтэ да, бу Максимы кытта билсээт кинини умна быһыытыйда.
**
Миигин полиция начальнига хоһугар киллэрэн кэпсэттэ. Алмаас хостуур тэрилтэҕэ алмаастара сүтэрин, билбэккэ сылдьаллар эбит. Онно миигин көмөлөһүннэрээри сорудахтаата. Бэйэм дьыалабын өйүөх буолла. Онон аны алмаас үлэһитэ буолан хааллым. Үлэһитэ диэн буолуо дуо. Таҥас - сап кэтэрдэн баран үлэлиир тэрилтэлэригэр иттилэр. Үлэлээбитэ буолан кэтээн көрөбүн. Бу алмаас үлэтигэр, онто суох хонтуруол бөҕө эбит. Үлэһиттэри үлэлээн бүттүлэр даҕаны, ийэттэн түспүттүү ньылбы сыгынньахтыыллар эбит. Этэргэ дылы барыгын, бары көрөллөр. Оннук күн ахсын бэрэбиэркэ бөҕө. Уонна хайдах сүтэр баҕайыный? дии санаатым.
Ол сыгынньахтаан көрөөччү аттыгар туран, мин эмиэ кэтээн көрөбүн. Сыгынньахтанааччылар мин диэки эмиэ сөбүлээбэтэхтии көрөллөр. Тугу саныыллара мин төбөбөр элэҥниир.
З…бал! Нах! Хас күн аайы… ! Х…ли мин ылыахтаахпыный! эҥин диэн кыйытталлар. Маатырыны мин төбөм компуутар курдук " пип, пип!" гынан кыайан сотторбот буоллаҕа.
Бу киһи эмиэ тоҕо турар?! Хата бэйэтэ тугу эмит “кып!” гыннараары турар ини! - диэн миигин биир киһи кырыктаахтык көрөр, кынчарыйар. Кырдьык даҕаны дьону сыгынньахтыылларын, өрө мыҥаан турарым сатамньыта суох эбит. Кыбыстан түҥнэри хайыһабын. Хас күн аайы ийэттэн түспүттүү, ньылбы сыгынньахтанан, салҕан да бардахтара. Алмаас үлэтигэр оннук ирдэбил буоллаҕа. Араас санаалаах дьон баар. Тугу гыналлара биллибэт.
Полиция начальнигын сорудаҕын, толордум диэххэ син.
Тиийбиппэр ыйыта тоһуйда.
Хайа дьэ туоҕу биллиҥ - көрдүҥ?
Алмаас тэрилтэтин биир тойоно алмааһы уҥа - хаҥас ыытар эбит - диэн баран аатын эппиппэр началынньык, кофе куттан иһэн, мүччү тута сыста. Мин диэки итэҕэйбэтэхтии көрөр.
Бу да киһи. Шарлатаҥҥын дуу тугуй! Мин ол киһини үчүгэйдик билэбин. Кини оннук гыныа суохтаах!
Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү гиэнэ таһыгар.
Киһилээмэ! Сүөһүлээмэ! Кини алмааһы апчарыйар диэни хайдах биллиҥ?!
Тоҕо билиэм суоҕай. Бэйэтэ кэпсээбитэ.
Хайдах ол аата?
Мин дьон тугу саныырын барытын билэбин. Холобура эйигин да
билиэхпин син.Дьэ эт эрэ. Билигин туоҕу саныырбын!
" Ол тойону бэйэтин аҕалан сирэй көрүһүннэриэххэ баара" диэтиҥ - диэн эппиппэр киһим сөхтө. Умса туттан олорон ,тугу эрэ санаан олоро түстэ. Уонна этэр.
Чэ билигин эрийэн ыҥырыам, кэпсэтиэхпит диир.
Кэпсэтэн буоллаҕа - диэбиппин кэннэ эрийэн ыҥырда. Сотору соҕус буолан баран, алмаастар тойонноро киирдэ.
Дорооболоһон ону - маны ыаһахтаспыттарын кэннэ, полиция начальнига этэр.
Били дьыалабыт туһунан, үлэ ыыта сылдьабыт. Алмааһы уорар киһи көстүөх курдук - диэбитигэр. Били киһи хараҕа сүүрэлиир ,мин диэки көрбөхтүүр. Ону мин өйүн баайан кэбистим " Буруйгун манна билин!" - диэн ботугураатым. Онуоха алмаас тойоно быһаарыы сурук суруйаары, уруучука илиис көрдөөн ылла. Илиитэ салҕалыыр. Мин диэки куттаммыттыы көрөр. Алмааһы биллибэтинэн бэйэтин туһатыгар, атыылыы олорбутун билинэн, быһаарыы суруйан начаалынньыкка биэрдэ. Онтон төбөтүн буккуйар, эмиэ да өйдөнөн кэлбит киһилии туттар.
Аҕал эрэ көрүөҕү, туоҕу эрэ суруйдум быһыылаах - диэн төттөрү көрдөөтө.
Биэримэ! Хайы тардан кэбиһээри гынар. Сөпкө барытын билинэн суруйда ! - диибин. Онуоха начаалынньык уунан иһэн, төттөрү тардан ылла.
Алмаас тойоно миигин кырыктаахтык кынчарыйар.
**
Кэнники дьыаланы быһааран, алмааһы апчарыйбыт дьону сууттаабыттара. Мин көмүскэнээри эчэппит киһим, хата чэгиэн туруга этэҥҥэ эбит. Бэйэбин көмүскэммит буолан дьыалам сабылынна. Онон үөрэн - көтөн босхолонон таҕыстым. Сибиэһэй салгын үчүгэйиээн. Мэктиэтигэр чыычаах саҥатын да ахтыбыт курдукпун. Аны билигин дьиҥнээх чыычаахпын, ахтылҕаннаах доҕорбун Ирабын көрсүөм турдаҕа. Хаамыраҕа хаайыллан сытан, кинини ахтыбатах күнүм диэн суоҕа. Ыксаан кыараан дьиэтигэр киирбитим, ханнык эрэ киһилиин олороллор эбит.
Ира били эрдэ билсибит, Валера диэн киһитэ, эмискэ хантан эрэ күөрэйбит.
Дьиэлэригэр киирэн баран, төттөрү тахсан истэхпинэ Ира ийэтэ ,үөрэ - көтө көрүстэ. Онтон баран эрэрбин көрөн :
" Ханна төттөрү бардыҥ? ,кэл киириэх ничего ким да баар буоллун " - диэтэ да күүһүнэн кэриэтэ сиэтэн киллэрдэ.
" Чэ сыгынньахтан киир. Эн саамай күндү ыалдьыт буолаҕын !" - диэт Ира ийэтэ Валерийы, кынчарыйан ылла. Уонна миэхэ чэй бэлэмнээтэ. Куухунаҕа иккиэн олоробут. Иралаах саалаҕа көстөн олороллор. Көрдөххө Валера бэйэтэ сыҥаланар, Ира кэпсэтиэн баҕарбат курдук. Мин диэки буруйдаммыттыы көрөр.Мин кэлэн дьону соччото суох балаһыанньаҕа, киллэрбиппиттэн кыбыстан олоробун.
" Чэ пока мин бардым " - Валера саҥата иһилиннэ.
" Чэ бар,бар " - диэтэ Ира. Уонна биһигини кытта кэлэн чэйдэстэ. Мин Ира туоҕу саныырын билээри, олоппоспун көннөрбүтэ буолан чугаһыыбын.
Валера саатар оруобуна кэлэн биэрээхтиир. Хас да сылы мэлдьи сүтэн баран. Атын кыыстаах ини. Максимҥа билигин туох диэн быһаарабын - дии саныыр. Миэхэ санаата баар эбит диэн үөрдүм.
“Чэ мин мэһэйдээбэппин, бэйэҕит кэпсэтиҥ " диэт ийэтэ таҕыста. Биһиги Иралыын иккиэйэх хааллыбыт.
Мин эйигин көрдөөн полицияны биир гыммытым ээ. Атын отделенияларга тиийэ - Ира этэр. Онтон дьэ булбутум кэннэ, аны эйигин ханна эрэ илдьэ барбыт этилэр.
Мин үлэлии сылдьыбытым.
Үлэҕэ ыыттахтара дии?
Хаайыылаах эрээри, полиция үлэтин үлэлээтим - диэбиппэр иккиэн күлүстүбүт. Түгэнинэн туһанан, Ираны сыллаан - уураан бардым, бу сырыыга утарыласпата.
Ити кэннэ биһиги ыкса чугасаһан, ыал буоларга быһаарынныбыт. Таптыыр киһигин кытта уһун суол тутан, сиэттиһэн бииргэ айанныыртан ордук туох үчүгэй баар буолуой.
оҥорон кэбистилэр.Дьиэбэр Ираны киллэрбиппэр, ийэм барахсан үөрбүтүн эриэхсит. Аҕыйах ый үлэлээн эбии харчы оҥорон баран, уруу тэрийэн ньиргиттибит. Ираҕа сүктэр таҥаһын тикпиттэр. Чочуонай таһаатыгар сөп түбэһэр таҥаһы тикпиттэр. Бу көтөн дайыахтыы олорор, мап - маҥан куба курдук. " Ама бу мин аналым дуо?” дии саныахпар диэри симээбиттэр, киэргэппиттэр. Бэйэбин улахан ойуун курдук сананан, баттахпын суһуох курдук уһаппыппын кырыйан,