Главная / Кэпсээннэр / Пейджер (Көрдөөх кэпсээн)
Добавить комментарий
Пейджер Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт атааннаах-мөҥүөннээх сүүрбэһис үйэбит ааһа охсубута түргэнин. Күн-дьыл күлүмэх күүһэ көмүөл мууһунуу күрдьэн устан доллоһуйан үһүс тыһыынча сыллар үрдүк мөҥүөннэригэр үктэннэрэ охсубутун сорох билбэккэ даҕаны хаалла. Амандыар ол тэҥэ оҕолоро улаата охсон, олох атын өйдөөх-санаалаах дьон үүнэн тахсыыларыгар бастаан бэйэтэ иитиллибит эйгэтигэр сөп түбэһиннэрээри боруоктаһа, буойса-хаайса сылдьыбыта. Ону истиэхтэрэ баара дуо, сааскы үрүйэ уута быһыты тоҕо көтөн тахсарыныы киэҥ дуолга көҥүл көрүлүү, көмүс ирбинньиктэринэн үөрэ-чаҕылыйа ыһыахтанан босхо барбыттара. Тула барыта сайдыы бэлиэтэ; Компьютер, интернет, сибээс арааһа, эгэлгэ массыына. Үйэ сайдыытыгар сөп түбэһиннэрэн үлэҕэ-хамнаска ирдэбил биир оннук. Компьютерынан сатаан туһаммат киһини аны саамай дьүдэх тэрилтэҕэ завхоһунан да ылбаттар. Амандыар дьонтон хаалсымаары оҕолоругар компьютер ылан биэрдэ, эбиитин интернеткэ холботто. Дьэ онтон ыла атын олох саҕаланна. Ыччаттара аан дойду бары сонунун арҕаран аһылыктарыгар аат харата мусталлар. Онно даҕаны кэпсээннэрэ-сэһэннэрэ киэҥэ, аҥаара английскайдыы булкаастаах. Амандыар кэргэнинээн, бэйэлэрин кэмнэригэр биирдии-иккилии үрдүк үөрэҕи бүтэрбит дьон, уруоктарын билбэккэ ууну омурдан олорор оҕолордуу “туос акаары” буолан хааллылар. Онтон кыһыйан Амандыар, арыый саҥа киһилии көстөөрү пейджер атыыласта. Сотовайга ымсыырара даҕаны кыаҕа кыра буолан биэрдэ. Саҥа тэрилин куругар иилинэ сылдьан олох атын киһилии сананна. Билэр дьонугар, доҕотторугар киэптии соҕус пейджерин нүөмэрин этэн иһэр, наада буоллаҕына онно биллэрээриҥ диир. Бастаан утаа үчүгэйэ сүрдээх. Үлэ-хамнас үтүргэнигэр үгүс дьиэтээҕи сорудахтарын умнан кэбиһиэҕин, кэргэнэ дьиэтигэр олорон өйдөтө-биллэрэ олорор. Ити курдук күн аайы дьаһал-ыйаах барыта толоруллан, дьиэ иһигэр киҥкир-хаҥкыр саҥарыы да аҕыйаата. “Дьэ, абыраллаах сэп эбит”, — диэн дьонугар-киһитигэр сэһэргии сылдьар. Оҕолоро кытта ытыктыы көрөллөр.
Амандыар саас ортолоох эр киһи элээмэтэ сүгүн сылдьыаҕа дуо. Биирдэ бэрткэ билэр эрэҥкэдийэр соҕотох дьахтарыгар ньымааттаһан, киэһэ дьиэтигэр тиийдилэр. Аараттан ылан кэлбит шампанскайдарын аһан, күлэн-салан, кэтэһиилээх кэрэ түгэннэрин бэриэччитэ буолан итийэн-кутуйан истэхтэринэ, били баҕайы кыыбыргыы түстэ. Ылан көрбүтэ эмээхсинэ: “Ханна сүтэ сылдьаҕын, киэһэ уон чааска балтыҥ оҕотунаан кэлэллэр, түргэнник портка баран көрүс”, — диэбит. Быстыа-ойдуо дуо, барарыгар тиийдэ. Эдэр дьахтар хомойбут харахтара курус толбонунан сонньуйа хааллылар. Ол табыллыбатах киэһэ кыһыыта ааһан умна быһыытыйда. Арай биир киэһэ даачатыгар, өлүү түбэлтэлээх пейджерин остуолга хаалларан баран таһырдьа оҕоруотугар үлэлээн, тиритэн-хорутан, үөрэн-көтөн дьиэтигэр киирбитэ, кэргэнэ дьэбин уоһуйан, илиитигэр пейджери тутан турара уонна тимир-тамыр тылларынан: “Бу аата тугуй? ” — Диэбитигэр Амандыар пейджерин көрбүтэ: “Киэһэ 9 чааска күүтэбин. Соня”, — диэн сурук тахсыбыт. Киһи эрэ буоллар ыксаата эрээри, өй ыла охсон: “Ээ, били бииргэ үлэлиир дьахталларым дьээбэлээбиттэр быһыылаах”, — диэн куотуна сатаата. Дьэ, билбэтим дьээбэтэ эрэ, дьиҥнээҕэ эрэ”, — диэн кэргэнэ иэдэс биэрэн хоһугар киирэн хаалла. Амандыар: “Абааһы сэбин атыылаһаммын алдьанан эрдэхпин, айылааҕын атыылаан кэбиһииһикпин”, — дии санаата.
Степан Юмшанов
Амандыар дьонтон хаалсымаары оҕолоругар компьютер ылан биэрдэ, эбиитин интернеткэ холботто. Дьэ онтон ыла атын олох саҕаланна. Ыччаттара аан дойду бары сонунун арҕаран аһылыктарыгар аат харата мусталлар. Онно даҕаны кэпсээннэрэ-сэһэннэрэ киэҥэ, аҥаара английскайдыы булкаастаах. Амандыар кэргэнинээн, бэйэлэрин кэмнэригэр биирдии-иккилии үрдүк үөрэҕи бүтэрбит дьон, уруоктарын билбэккэ ууну омурдан олорор оҕолордуу “туос акаары” буолан хааллылар. Онтон кыһыйан Амандыар, арыый саҥа киһилии көстөөрү пейджер атыыласта. Сотовайга ымсыырара даҕаны кыаҕа кыра буолан биэрдэ. Саҥа тэрилин куругар иилинэ сылдьан олох атын киһилии сананна. Билэр дьонугар, доҕотторугар киэптии соҕус пейджерин нүөмэрин этэн иһэр, наада буоллаҕына онно биллэрээриҥ диир. Бастаан утаа үчүгэйэ сүрдээх. Үлэ-хамнас үтүргэнигэр үгүс дьиэтээҕи сорудахтарын умнан кэбиһиэҕин, кэргэнэ дьиэтигэр олорон өйдөтө-биллэрэ олорор. Ити курдук күн аайы дьаһал-ыйаах барыта толоруллан, дьиэ иһигэр киҥкир-хаҥкыр саҥарыы да аҕыйаата. “Дьэ, абыраллаах сэп эбит”, — диэн дьонугар-киһитигэр сэһэргии сылдьар. Оҕолоро кытта ытыктыы көрөллөр.