Главная / Кэпсээннэр / Күүстээх Куонаан судургу майгылааҕа
Добавить комментарий
Кини 1867-1949 сылларга олорбут киһи. Чэриктэй нэһилиэгэр Күүстээх Көөтөөн диэн киһиэхэ үһүс оҕонон күн сиригэр – орто дойдуга айыллан төрөөбүт. Оччолорго Чэриктэй киһи эрэ ымсыырыах кыыс кэрэ айылҕалаах, кэпсээҥҥэ киирбит, хоһооҥҥо хоһуллубут ураты сир эбит.
Куонаан кыра оҕо эрдэҕиттэн төрөлкөй оҕо эбитэ үһү. Тэҥнээхтэрин курдаһан тустууга төрүт тулуталаабата. Аҕата Күүстээх Көөтөөн аҥаар күүстээх киһи. Бадарааҥҥа түспүт сылгыны кутуругуттан ылан соһон таһаарара үһү. Ханныктаах да хаҥыл сылгыны илиитинэн тутан быалыыра. Ханнык баҕарар ат суларын илиитинэн быһа тардар эбит.
Куонаан бэйэтэ былыргы оҕо сиэринэн от үлэтигэр, мас кэрдиитигэр көмөлөһөр. Ол эрээри от охсуутугар адьас мөлтөх эбит. Ол оннугар мас кэрдиитигэр отой үчүгэй. Аан бастаан 18 сааһыгар Чэриктэй сэниэ баайыгар Кусчугурдуур Миитэрэйгэ илии-атах үлэһит эбит.
Биирдэ сайын Миитэрэйи кытта Куонаан таһаҕасчыт буолан куоракка барсар. Суоттуга кэлэн Парников баай уруутугар сылдьаллар. Манна тустуу тэрийбиттэр. Куонаан Сыгынньах Бас диэн Суотту бөҕөһүн тустан түптэ күлугэр төбөтүн оройунан түһэрэр. Сыгынньах Бас чиэппэр күүстээх киһи, ону түптэ күлүгэр быраҕыы оҕо оонньуута буолбатах. Дьэ ити кэнниттэн Куонаан аар саарга аатырбыт бөҕөс буолар.
Хойут Куонаан сөбүлүүр идэтэ – наар айаҥҥа сылдьара үһү. Тоҕус бууттаах бэрэмэдэй хааһаҕы ат үрдүгэр отой чэпчэкитик ылан уурара. Куонаан хойут Верхоянскайга сылдьан биир тоҥус аҥаардаах дьахтартан саллыбыт диэн кэпсииллэрэ. Бу дьахтар Куонааны куттаары баайтаһын ынах холунан суол ыйан көрдөрбүт. Куонаан айаҥҥа сылдьан наһаа чэйимсэх. Элбэх кэпсээннээх, судургу майгылаах киһи эбит.
Куонаан уопсайа түөртэ кэргэннэнэ сылдьыбыт. Бастакы кэргэнэ Өнөр Эһэлээх Куличкиннар кыыстара. Бу дьахтартан үс уоллаах. Улахан уол Ылдьаа хомуньуус, орто уол Уйбаан эмиэ бассабыык бэрдэ. Үһүс уол Хонооһой дьаарай бандьыыт. Хонооһой күүһүнэн бииргэ төрөөбүт убайдарын адьас тулуппата эбитэ үһү. Куонаан оҕолоруттан саамай үчүгэйдэрэ Хонооһой.
Хонооһой бастаан наар үрүҥнэр сылгыларын аһатыыга үлэлээбит. Дьэ манна мин таайым дьүлэй Боппуок эмиэ сылдьан турардаах. Хонооһой 17 саастааҕар аҕатынан Күүстээх Куонаанныын ат суларын быатын былдьаспыттар уонна быһыта тардан кэбиспиттэр. Оҕус тириититтэн оҥоһуллар сулар быата олус бөҕө буолар. Былыргы дьон күүһүн-кыаҕын чугас дьоно чинчийэн, итинник түгэннэргэ таба түбэһэн көрөн хаалар эбиттэр.
Лэгэнтэй ХОРУОХАП-Күлүбүр.
tuymaada 16 июня, 2026
Укажите e-mail или номер телефона для связи:
Опишите причину жалобы: