Кэпсээ

3 оҕону бырахпыт ийэ туох санаалааҕа буолуой?

Главная / Кэпсээ / 3 оҕону бырахпыт ийэ туох санаалааҕа буолуой?

Добавить комментарий

У
Уот 0
28.03.2025 11:23
3,667 5

Дьэ:
Туьата суох,куулэйи батыспыт буолар,куурусса мэйии буолар

сулус_суьума:
Арыгы, күүлэй буолуо онтон🤔

…:
Бастакы эриттэн 2 о5ону, иккис эриттэн 2 о5ону бырахпыт дьахтары билэбин… арыгыьыт диэххэ арыгыьыт буолбатах, сурэ5э суох диэтэххэ сурэ5э суох буолбатах. Кыраьыабай дьахтар ол иьин хас инээннээбит эр киьиэхэ барыларыгар сыстаранныы сылдьар дуу, хайдах дуу… эрдэрэ киьи быьыытынан учугэй дьоннор, тереппуттэрэ ыал са5а ыаллар… сатаан санаабаппын то5о оннук майгылаа5ын бастакы эриттэн о5олорун ийэтэ керер, ыарыьах дьахтар, арай елен хааллын, бу о5олор хайдах буолаллар? Иккис эригэр о5олорун а5алара керер…

кынтаада:
Оо наһаа ынырык дии. Оҕолору киһи аһынар. Эппиэттинэһэ суох дьахтар буоллаҕа. Туох өйдөөх санаалаах олороро буолла?!

Мия:
кынтаада, ойогун итирэн кэлэн баран баттагыттан соьон таьааран кырбаабыт онто нэьиилэ куоппут оголорун кердербет, саанар

этэбин да?:
Итинник дьахталлар ааспыт кэргэннэрин, бииргэ олорбут киьилэрин, аьары меку ерутунэн эргитэн, биримээннэ “Абааьы уолун” курдук кытта олорбуттарын курдук кэпсиир идэлээхтэр, онтон бэйэлэрин онно, ол сыьыанна олох “Туйаарыма куо” курдук кэпсэнэн таьаараллар. Кэлин билбитин ол киьитэ олох кене учугэй киьи буолан тахсар. Арааьа бэйэлэригэр очукуо хомунан сордоноохтуур быьыылара эбит.

стас:
О5олорбун кере олоробун бастаан принцесса, танарам этэ. Дальше кэпсиэхпин тылым тахсыбат

Жена:
стас, итирэн кэлэ кэлэ шумнаа кытаат, билигин куускунэн киэбирэн оголоргун биэрбэккэ олор, онтон суут быьаарар ини

стас:
Барыта арыгыттан. Бэйэм да иhэр санаам бah ыйан эрэр. Ньиэрбинэйт

Женя:
Уол арааЬа уже иЬэ олоро5ун дуу? Оннук буолла5ына табыллыбат! О5олорун ийэлэрэ баран санаа5а ыллара сырыттахтарына онно эбии эн итирэн о5олоргун туЬэн биэрэ5ин. А5абыт иЬэриттэн ийэбит барбыта диэхтэрэ оччого. Барытыгар эн буруйдаах буолуон. Инник мать-кукушка натуралаах дьахталлар бааллар, а5ыйа5а суохтар, хомойуох иЬин. Ону эн хайдах да кеннербеккун. Эрдэ толкуйдаан ойох ылыахтаах этин. Буолар буолла5а дии. Бэйэн кинитэ суох о5олоргун атахтарыгар туруорарга кыЬалын. Ба5ар бэккэ олороргутун биллэ5инэ теттеру кэлээри хаайыа ойо5ун.Билигин кыайан о5оломмот элбэх дьахтар баар, уерууну кытта о5олордоох киЬиэхэ ойох тахсыахтара. Кимнээ5эр истин-ийэ буолуохтара. Сана5ын туЬэримэ!!!

Я:
Женя, эрдэттэн иьэр ол иьин ойого бардага ди, оголорун кердербет, кэллэгинэ кырбыыр ол иьин сатаан оголорун ылбакка слдьр

Мин:
Эр дьоҥҥо эмиэ инниктэр баалларкиһи киһиттэн туох атыннаах буолуой

буолуо:
Мин, ол гынан баран манна о5олорун быра5ан барар дьахталлар туьунан тема, так что…

Таня:
Кини онно суобаһа оонньообот хантан арыгы булан иһэбин диэн толкуйдуурАрыгы хамначчыттара

стас:
Ыннырык атаах кыыhым баар буолан олоробун

Эр соготох:
Стас олох салганар миэнэ эмиэ ус сыллаагыта ус огону быраган барбыта. атын эргэ иирэн. билигин. депрессияттан улэ эрэ таьаарар эбит. улэлээ-хамнаа дьону кытта алтыс. хата билигин мин стресс и депрессия ааьан саца яхтар кордонорго соло булбакка сылдьабын. но хайдах эрэ яхталлартан куттанар буолбуппун. онон корсуу эрэ оцостобун. кинилэр т.е. яхталлар да атын яхтар оготун огоргооботторо биллэр. Стас онон туох барыта бутэр уьуктаах, ааьар адьынаттаах эбит. Мин да тоьолоох дууьум аймаммытын Тойон Тацара эрэ билэн эрдэгэ. Олох салганар ноккуоо ус сылынан арахсыбыт кэргэццин умнагын дииллэрэ кырдьык эбит. Туора киьи курдук буолар эбит. А так оголорум этэццэлэр. Прорвемся)))

Алаас:
Эр соготох, мин эмиэ со5отох а5абын туох барыта кэмнээх аьаар но дьахтартан кэлэйии улахан. О5олоох эркиьиэхэ ойох тахсыбаттар, онон барыта эн илиигэр. Мин арахсыбытым 14с ааста, о5олорбун этэццэ киэн аартыкка таьаартаан эрэбин. Кытаат суруйан ис санаан чэпчиэ

стас:
Эр соготох, махтал

Я:
Эр соготох, сымыс сымыйанан, дьиэттэн уурэн бараннын, атын дьахтары агалан олорпутун ди

Ийэ:
Сыбыс сымыйалаан олох святой курдук кэпсэнэ олоруман!!! Хайа да ийэ оннук улугэр утуе киьиттэн бэйэтинэн оголорун хаалларан барбат. Им иьигэр киирэн кердеххе олох атын история буолуохтаах. Арыгыьыт эрээри, эмнэнэн баран толо бараары нербинэйдээн суруйдум диэбэккин да. Дьон кереругэр, тыый олох кунунэн сандаара олорор курдук туттаргыт хаптаргыт, кестергут буолуо.а на самом деле тиран суеьу оссо киьи кыайан этпэт дьоно буолуохтааххыт!!! Сымыйалаан мэлдьэьимэн!!!я таких как вы арычча элбэх киьини билэбин. Ойохторун долбу тираннаан, оголорун былдьаан олорор дьону.уонна

сымыйалаан ойозум оннук куулэйдьит маннык арыгыьыт дти дии кэпсээн богогут.ойохторуттан арахсыбыт уолаттар билсэллэригэр, ойогум иирэн барбыта диэн кэпсииргитин собулуугут даганы.

Алаас:
Ийэ, ол эн эрин тираан суеьу буолла да эр киьи барыта оннук буолбат инибит, бастаан эргин тут кер ол кэннэ айаххын атаар

Ийэ:
Алаас, мин эрим оннук диэни ханна аахтын?! Мин эрим оннук дии иликпин, диэм да суога.В прочем от вас такая реакция и ожидалось. Айаххын ат буоллумнагын)))) Сразу видно что агрессивен.Эн ойоххун кемускэспэтпин эрээри. Большенство оннуктар диэн этэбин. Дьон кереругэр олох само совершенства курдуктар уонна.

МьМ:
Алаас, Мин да тута кере сатаабытым, араас ас уел, ыраас дьиэ, ого, атагын сууйар да этим, хата ол сууйбут уубун испэт эрэ этим онтум иьэн кэлэ кэлэ айдаан таьаарар этэ, даже беременнэй эрдэхпинэ кырбыыр этэ онтон арахсан барбытп

А5а:
ийэ сымыйалаан кемускэспитэ буолума, сокуон барыта дьахтар диэки, кыьаллар ийэ таах о5олорун былдьаан ылар.

Эр соготох:
Ийэ оттон того аныгы яхталлар оголоругар наадыйбаттарый. Огону лишняй харчы эрэ курдук короллор. Пособие олбу хуймуй кинилэргэ туьэ турар смысле харчы. Билэбин оттон идеальнай ботахпын. Любой ийэ ого туьа диэн баран суутунан аахсан да ылар бырааптаах ээ. Онно да наадыйбаттар. Били огото сох костоору кырыллыбытынан кыыс болаары боло. Чэ киьи барыта тус туьунан ыар сугэьэр гынан санныгар котого сылдьар санаалаах-оноолоох,

Vano:
Ийэ, олох эргиттэн кэлэйбиккин биьигинэн таьаарыма, ол эн оло5ун сатаммата5ар биьи тугунан буруйай. Оннук дьахталлар баалларын билэбин, онноо5ор эьээхэй о5олорун утуйан баран, со5отохтуу хааллара хааллара дискотека5а бараллар, бу иэдээн буотах даа.Ийэ о5отугар субэ ама биэриэхтээ5эр кыыьыра хаьытыы сылдьаллар эмиэ баллар, бу о5о “Ситэри тереебете5ум буолар диэн ытыы ытыы до5отторуттан субэ кердуур хайдах буолабын диэн. Хас биир дии арахсыы этиьии Эр киьиттэн эрэ тахсыбата буолуо. Ону быьаччы Эьиги диирин отой сыыьа, эппитим тылгын теттеру ыларын буолар, итинник санарар буоланнын оло5ун ба5ар табыллыбата буолуо, билбэт эрээри отой быта санарыма бэйэ5эр тиийиэм теттеру…

Ийэ:
Vano, впервых мин эрбиттэн кэлэйэ иликпит, эрим суох олбутэ быданнаата. Вторых мин кими да быьа санара илткпин.втретих мин эьи ойохторгутун кемусеэспэккэ олоробун.бэйэзит кыайан туппакка, аанньа ахтыбакка ыытан баран ытаьа олоруман. Ол хайа киьи наьаа учугэй эриттэн ылла да туран барыай. Билбэтим онтон туох ис искитигэр баарын, мээнэ барбатахтара чуолкай. Мин алта огону атахтарыгар соготогун туруортаатым, ыал буолан этэннэ олороллор.Ким да манна кими да кырыы илик ээ. Эьини кыраан туох диэн суруйбутрун аагаахтаатвгыт буолла.эр дьон ааттаах ыьыллан оьургэскит да бэрт дии. Оннук буотах буо тугу оьургэнэ олорогут.Большинство эр киьи огону быраган барааччы, ол аата билинни уйэзэ дьахтар эр киьи оруолун баьыйбыта оссо биир доказательство буоллага.

Vano:
Ийэ, мин хантан билиэмий эрин тыыннаан елбутун, если сыыьа эппитим буоллахпына бырастыы. Кырдьык олоххо араас буолар, ол гынан мин ытамньыйа олорбоппун ити ал5аьаатын, ойохпун кытта билигин отой ушуей сыьыаммыт, табаарыстыы быьыытынан, о5олорум ийэлэрэ буоларынан бииргэ олорбуппутунаа5ар ессе тубуста диэххэ сеп. Дьоно ситэри холбоьун дииллэр да сатаммат, урукку чуустуба суох, суппутэ симэлбитэ ыраатта5а эбээт. О5олор кэлэ бара сылдьаллар бэйэм кыахпынан кемелеьебун онтон атын миэ туох наада буолуо. Барыта этэннэ, биир кэминэн олордохпут.

…:
Тиран, арыгыьыт, куьа5ан эрдэригэр туох буолбут дьахтар о5олорун икки олох туххары быра5аттаан барыай? Ийэ аьаралаабыккын ээ… онноо5ор кыыл о5олорун хаалларбат…

Со5отох а5а:
Айыкка, онто суох “Санаалар” сайтка дьон сугун киирбэт буолбут. Маннык темалары сайыннарыман, о.э. онтуката суох а5ыйахта дьон киирэр “Санаалар” сайтпытыгар саатар эйэлээхтик, ере кете5уллуулээхтик, позитивнай темалары ере тутуох.

м:
биhиги тэрилтэбитигэр биир уол улэлээбитэ,билигин улэлээбитэ эрэ дьиирбэр тиийэбин,ол уолу тереппут Ийэтэ ыйанан кээс диир эбит кыыhырда да,кырдьык ол уол ыйанан бу олохтон суох буолта(((

пруд:
киьи тыла туохтаа5ар да куустээх.онон быьа этэргититтэн туттунун.этиьии та5ыста5ына киьи ыар санаатыттан эппит тыла куустээх буолар.онон лучше промолчать.эбэтэр этиспэккэ дьиэттэн тахсан барар буолун.оччотугар бэйэ5ит да уоскуйуоххут.

пруд:
хомойуох иьин кукушкалар олоххо баар суол.эдэр кыргыттар кэргэн тахсыбакка о5олонон баран

о5олорун быра5аллар.кэргэн тахсыам этэ диэн.о5олоох эр дьон судьба5ыт оннук буолан олорор буоллаххыт.сорох вдовецтар да эмиэ оннук кырдьаллар.

Эҥин:
Араас
Буолар бу олоххо, инникитин тымтыктанан көрбүт суох, ол гынан баран тосту -туора тыллаһар дьон олохторугар комплекстаахтар буолуон сөп, эбэтэр ити кукушка ийэлэр киирэн ону-маны туойар буолуохтарын сөп, язык мой-враг мой, тыл охтооҕор сытыы, бэйэҕэр төннүөн сөп диэн өс хоһоонноро баарын умнумаҥ(оҕо дьол, оҕотун быраҕан барбыт дьахтар дьолломмот, эбэтэр оҕоттон куоппут дьахтар, оҕону атаҕастаабыт дьахтар улахан аньыыны оҥорор)

Стас:
Дорооболорун! Этиhиэх курдуккут дуо? Эр киhи дьахтар аахсыыта буолбатах манна. О3олорун бырахпыт дьахталлар туох санаалаахтара буолла диэн суруйбутум. Озолорун тозо хаалларбыттарын суруйдуннар.

Неважно:
Стас, кытаат тулуй!Аҕыйах сылынан оҕолорун махтаныахтара,оҕолоргун мөҕүмэ кинилэр буруйдара суох.Кинилэргэ өссө ыарахан эһигиннээҕэр!Ону өйдөө!Дьон көмөтө наада көрдөс аһыныгас элбэх.Үлэлээ.

эр:
киьи хомойор.
Киьи тереен ийэ-а5а тапталын билиэхтээх. Хомойуох иьин билигин со5отох , эбэтэр арахсыбыт о5олоох дьахтар элбээтэ. А5аа-ийээ дии уерэммэтэх киьиттэн киьи да куттанар. Учугэй дьахтар о5олорун хаьан да бырахпат, быра5ыа да суохтаах. Онтон бу автор балаьыанньатыгар киирдэххэ маннык: дьахтара кыраьыабайа бэрт эбит. Эр дьон кини иннигэр тобуктуур, таптал араас иэйиилээх тыллара, бэлэх саамай кундутэ аныыллар. Эбэтэр этэллэринии, красота - это богатство народа. За красоту надо бороться, а не отдавать. Красота требует постоянной шлифовки, т.е. любви страстной. Мирись этим, если слаб духом. Найди простую, но верную жену.

хаххан3:
Хайдах эр киһи эрэ үнэ һыддьар оҕотун атыллаан таххан барыаҕай?Дэҥҥэ дьахталлар да котокулар бардыннар ээ,бу да дьон.

охотфорумҥа долгунча диэн баара:
онтукайбыт курутой кукушка эбит кэнники билбиппит

Мама:
Оо дьэ дьахтар киьи оготун бырагара диэн наьаа ынырык дии. Хайдах да ситуацияга. Мин илиибинэн атахпынан охсуьан туран былдьыыбын олох. Соготох агалар санаагытын туьэримэн оголоргут иннигэр улэлээн хамсаан. Барыта этэннэ буоллун

Мин:
Эр дьон дьахтаргытын убастааҥ,таптааҥДьахтар уйулҕатын алльатымаҥ,итирэн,күнүүлээн,кэбирэх буолан түргэнник алдьанар,уонна кенере уустукОхсуллубут эбэтэр бүтэһик үөҕүү тылын туттан инниккэ тиэрдэҕит

м:
80-с сылларга илин энээртэн биир ыал булуу белеххе биhиги дэриэбинэбитигэр кеhен кэлтэрэ,ус о5олоохторо,саамай кыралара общай бэйэлэрин о5олоро эбит .кэлин билбиппит эриттэн арахсан ол киhитин кытта курээн кэлбиттэр,онтон хас да сыл буолан баран ол тетя атын дьээдьэ5э иирэн барбыта о5олорун хааллартаан туран,ол бириэмэ5э улахан о5олоро оскуоланы бутэрэн баран хаалбыта,аны отчиммыт да баар ээ,ииппит кыыhын ойох оностон о5о теретен олорбута

Ус ого ийэтэ:
Уой елен быстан ынырыктар ди эр дьоммут, мин кэргэним 3 ьун бэриэмэннэй сырыттахпына быраган барбыта атын дьахтарга, ону манна инник диэн суруйбутум да эр дьон хата бэйэбин буруйдаабыттар этэ, хайдах да балаьыанньага дьахтар буруйдаах аатырар, эн дьон наар елен быстан, эппиэттинэьэ суохтар билинни эр дьоннор ол иьин соготох ийэ элбэх

Басон:
Онтон озолорун быразан барар эр киьи тугуй?Эр киьи да керуем истиэм,аьатыам таныннарыам диэн озо оноро сытта эни,куустэринэн онотторор буолбуттара дуу? Тозо дьахтар эрэ озолорун туьугар ере мехсуехтээзий? Тозо дьахтар эрэ керуехтээзий? Эр дьон да озону ииттинэр! Биллэн турар онорор чэпчэкии,иитэр улаатыннарар ыараххан. Бэйэлээх бэйэн озолоргун кер иьит,атын эр киьи хайа атазастыа дии. Ытана олорума,озолоргун таптаа.

оннук:
Биир эмит эр киһи оҕотун ииттэҕинэ герой курдук туттар,үөхсүү бөҕөтө,дьахталлар уоннуу оҕону иитэллэр биир,биэс тыла суох,өссө итирэн кэлэн үттү кырбыахтара эрдэрэ,сэлээр льахталларга ымсыыран

Эр соготох:
Эьиги эрдэргит кайдаккааннар эбит, отто биьи ойохторбут кайдаккааннар эбит. 50/50 буоллубут арааьа. тохта диир кыах суох))) все при своем мнении хаалабыт бо. Ой0сурэх. яхтар уонна эр киьи уйэ саас тухары буппэт моккуорэ бу

dolgan1983:
Дьэ ким билэр тох санаалаахтара болла миэнэ бырахпыта ыраатта

грусть7:
Ол аата ойоҕун менталитета эр киһи курдук буоллаҕа,оҕотун бырахпыт күүлэйи батыспыт эр дьон муох курдуктар

Бэйэҕит:
Хараххытыгар
Сыыс киирбитин, эбэтэр мэйиигитин ыраастаан, дьон олоҕун ырытан тугу туһанаҕыт, дьахтар буоллун Эр киһи буоллун оҥорбут аньыыларыттан ханна да куоппаттар, ол олох сокуона, ону эһиги манна ырытан быһаарбаккыт чахчы

Ноябрь:
Хас киьи баар да соччо мнения баар, киьини ырытан туьа суох бары

идеальнай ботахпыт оннук бола сатыыбыт эрэ, хас ийэ а5а о5олорун бырахпыттара биллибэт, хас тулаайах О5о хаалбыта биллибэт, сорохтор мээнэ хаалларан бараллар, сорохтор ыалдьан елен хааллараллар конечно саныырга ыарахан, сорохторго о5о айас да уескээбэт, киьи оло5ун бэйэтэ оностуохтаах ди саныыбын, аргы ден баар туохха тириэрдибэтэ5э буоллар онтон сылтаан элбэх семья арахсыбыта боло, онон оннук дьон оло5ун ырытымыа5ын дьоллоох буолун 🙌🏻🙌🏻🙌🏻

Джорджиана:
Причина
Мою одноклассницу бросила мать, когда она училась в 6 классе, а детей в семье было трое! Не пила, не курила, не гуляла, а была тихой домохозяйкой. Причина ухода: систематическое избиение мужа (отец одноклассницы) и последний раз отец одноклассницы сломал челюсть и она (мать одноклассницы) после выздоровления ушла куда глаза глядят, до сих пор неизвестно где она! Прошло почти 20 лет.

СУ
30.03.2025 08:43

Итиннэ хайа эрэ өттүнэн пособие буруйдаах

A
Angel 2
30.03.2025 10:16

Оо барахсаттар, билигн права Биир дьахтар да Эр киһи да тэннэр Онон Эр киһи ииттин оголорун, того тиранныахтаагый, сымыанан кэпсэнэ олороллор дуу учуей дьоннор курдук, учуей Эр киһиттэн дьахтара барбат 💯бээлэрэ кыыллаан кырбаан куттаан бараннар конечно кырбыахпт диэн бербэттэр уонна судка хотоллоро чоккай бо оготун быраган барда диидии 😡😡😡бээгит буруйдаахт кэһэйин иитин ээ, мать одиночкалары киһи аһынар оннук курдук дьээдьэлэр эрэй диэни биллиннэр, ого улааттагна синбир ийэтин булар, дьээдьэ кердербекке кынан баран суеһу ытана олордохторо дии, теһелеех Харах уутунан суунуллубуттара болой ийэлэр оголорун былдьатан 😡Эр киһи суеһутуттэн барыта, тох барыта иэстэбиллээх болар ого мехэ баар диидии туес охсунан бутун, иитин раз сами так хотели.

A
Angel 2
30.03.2025 10:19

Ийэ саамай сепке этэр саамай чиэьинэй олоххо баары суруйбут эр дьоннору

СУ
12.04.2025 08:49

Хайа да тиран киһиттэн тахсан барар кыах өрүү баар буо. Оҕолору кыбыммытынан. Дьиэ уот туппат. Төрөппүттэригэр, дьиэ снимайдаан. Онтон на раздел биэрэн, алимент, пособие. Сокуон син биир өрүү ийэ өртүгэр.

🐊
🐊 1
23.04.2025 12:38

Уус Алдан чечэтин эттин диэ…))

Добавить комментарий